Болҕойуҥ! Босхо Wi-Fi нөҥүө харчыгытын уордарыаххытын сөп

Уопсастыбаннай миэстэҕэ – аэропуорка, атыы-эргиэн кииннэригэр, тырааныспарга, кафеларга, гостиницаларга о.д.а. босхо Wi-Fi баар ситимигэр холбонор аны сэрэхтээх буолбутун туһунан иһитиннэрдилэр.


IT-технологияны баһылаабыт түөкүттэр дьон дааннайын устан ылан, баан каартатыттан харчыларын уоруохтарын сөп. Ол туһунан ESET хампаанньа “Яндекс сонуннарыгар” сэрэттэ https://versia.ru/rossiyan-predupredili-ob-opasnosti-pri-podklyuchenii-k-besplatnomu-wi-fi .

Күн бүгүн нэһилиэнньэ улахан аҥаара босхо Wi-Fi өҥөтүнэн туһанар уонна маннык куттал баарын туһунан ситэ билбэт. Түөкүттэр илиилэригэр киирэн биэрбэт туһугар смартфоҥҥа хайаан да антивирус туруорар наадалааҕын уонна бэрэбиэркэлэммит эрэллээх Wi-Fi туһанарга ыҥыраллар, диэн суруйар «Саха сирэ», edersaas.ru

This post was published on 16.12.2019 14:02 14:02