24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бокуруопка сахалар кыстыкка киирэллэр

12:19, 14 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр.


Сир-дойду барыта тоҥор. Сахалар оһохторун күүскэ оттор, бастакы идэһэни өлөрөр кэмнэрэ. Сорох күөллэргэ муус киһини уйар буолар, бастакы муҥха саҕаланар.

Бокуруоп күнүн билгэтэ

Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.

Былыргы сахалар дьылы ааҕыылара

Балаҕан ыйын 7 күнүттэн алтынньы 14 күнүгэр диэри – күһүн. Алтынньы 14 күнүттэн ыам ыйын 22-гэр диэри – кыһын. Ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 3 күнүгэр диэри – саас. Бэс ыйын 3 күнүттэн балаҕан ыйын 7-гэр диэри – сайын.

Ирбэт хаар түстэ, кыстыкка үктэннибит, кыһыҥҥы күн саҕаланна. Сайыҥҥы Ньукуолаҕа дылы 220 хонук баар. Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох туустаахпыт.

© edersaas.ru сайтан: http://www.edersaas.ru/bokuruop-kystykka-kiirii-ta-arata/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар