Боксер Василий Егоров саҥа тренерынан Геннадий Ковалев буолла

Россия түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Василий Егоров саҥа тренерынан 37 саастаах Геннадий Геннадиевич Ковалев буолла. Кини спорт үтүөлээх маастара, Арассыыйа биэс төгүллээх, Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх үрүҥ көмүс хаһаайына, Афинатааҕы уонна Пекиннааҕы Олимпиадалар кыттыылаахтара.


Геннадий Ковалев Виктор Фархутдинов салайааччылаах Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын тренерскай штабыгар киирэр. Кини Краснодарга «Левша» диэн бокса оскуолалаах. Ковалев Егоровтыын былырыын күһүнтэн Артур Пахомов суох буолуоҕуттан үлэлиир. Санатар буоллахха, Василий өссө биир тренерынан бииргэ төрөөбүт убайа Николай Михайлович Егоров буолар.

This post was published on 01.02.2021 13:01 13:01