Боксер Василий Егоров бүгүн финал аҥарыгар тахсар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын лидера Василий Егоров бүгүн, тохсунньу 19 күнүгэр, Самараҕа ыытылла турар Россия Кубогар финал аҥардааҕы киирсиигэ тахсар.

Киниэхэ утары Москваттан эдэр боксер Артур Нагапетян киирсиэҕэ, суруйар ЯСИА.

Старт Саха сирин бириэмэтинэн киэһэ 7 чааска буолар.

Василий Егоров уонна Артур Нагапетян үһүс пааранан тахсаллар.

Трансляцияны YouTube-ханаалга Россия боксаҕа Федерацията көрдөрөр.

This post was published on 19.01.2024 14:01 14:01