Бодибилдердар иккис чемпионаттара Дьокуускайга буолла

Бодибилдиҥҥа уонна фитнескэ Саха сирин иккис аһаҕас чемпионатыгар 44 кыттааччы өрөспүүбүлүкэ аатыттан Россия чемпионатыгар кыттар иһин күрэстэстэ.


«Бодибилдинг – бу физическэй да, моральнай да өттүнэн улахан сыраны эрэйэр судургута суох үлэ. Ол эрээри, түмүк күүтүллүбүтү хас эмэ бүк куоһарар», — диэн СИА-ҕа Таатта улууһуттан кыттар Сардаана Осипова эттэ.

Бодибилдинг федерацията Саха сиригэр 2012 сыллаахха тэриллибитэ. Ол кэнниттэн сүүһүнэн кыргыттар, уолаттар бу көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктаналлар.

«Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо спорду, чөл олоҕу өрө тутуулара үрдээн иһэр. Санаа күүһэ эрэ буолбакка, эт-хаан кыаҕа улаатарыгар дьулуһар буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, бу икки өйдөбүл быстыспат ыкса ситимнээхтэр», — диэн тэрээһиҥҥэ кыттыбыт көҥүл тустууга Россия биэс төгүллээх, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Виктор Лебедев эттэ.

Чемпионакка сэттэ категорияҕа күрэстэстилэр. «Бодибилдинг» уонна «Фитнес бикини» таһынан — «Пляжный бодибилдинг» хайысхаҕа кытыннылар.

«Кыттааччылар Россия кубогар бэлэмнэнэллэр. Соторутааҥҥыта Уһук Илин федеральнай уокурук кубога ыытыллыбта. Бу хайысха тэтимнээхтик сайдар», — диэтэ Саха сиригэр бодибилдинг уонна фитнес федерациятын салайааччыта Александр Гренадеров.

This post was published on 18.04.2016 15:48 15:48