Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, «Бочуоттаах настаабынньык» диэн судаарыстыбаннай наҕараада олохтонно. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһииннэрэринэн, бу бэлиэни хас да көлүөнэ эдэр үлэһиттэри үөрэппит-такайбыт, бэйэтин уопутун, билиитин-көрүүтүн биэрбит үлэһиккэ туттарыахтара.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах настаабынньыга» түөскэ кэтиллэр бэлиэ үтүө суобастаах үлэ, элбэх киһиэхэ өр сыллаах көдьүүстээх настаабынньыктааһын, тус кылаат иһин бэриллиэҕэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Ол курдук, эдэр исписэлиистэргэ идэлэрин баһылыылларыгар, үлэ саҥа ньымаларыгар, үөрүйэхтэригэр үөрэнэллэригэр, сатабыллаах, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх буолалларыгар көмөлөспүт, Киһи быһыытынан ситэн-хотон тахсалларыгар олук уурсубут киһи настаабынньык диэн ааттанар.
Сэбиэскэй кэмҥэ настаабынньыктааһын уопута киэҥник тарҕаммыта. Бу уопут үлэҕэ көдьүүстээх буоларга эрэ туһалаах буолбатах этэ, көлүөнэлэр алтыһыыларыгар, үлэ кэлэктииптэригэр иллээх сыһыан олохтоноругар эмиэ көмөлөөҕө. Ол үгэс сөргүтүллэр.
This post was published on 02.05.2024 09:29 09:29