БКЭ туттарааччылар апелляцияҕа сайабылыанньаны "ыраахтан" ыытыахтарын сөп

Саха сиринээҕи үөрэх министиэристибэтин иһинэн үлэлиир үөрэх хаачыстыбатын мониторинныыр киин дириэктэрэ Надежда Попова иһитиннэрбитинэн, БКЭ түмүктэригэр сөбүлэспэтэхтэр апелляцияҕа докумуону «дистанционно» ыытыахтарын сөп.


«Өскөтүн урукку сылларга апелляция сирэй көрсүһүүгэ ыытыллар эбит буоллаҕына, үөрэх министиэристибэтин кытта сайабылыанньалар ыраахтан көрүллэр киэптэрин механизмын толкуйдаан таһаардыбыт», — диэтэ Надежда Попова.

Маннык быһаарыы коронавирус эксээмэни туттарааччыларга тарҕамматын туһугар ылыллыбыта.
Санатар эбит буоллахха, БКЭ-ни туттарыы от ыйын 3 күнүттэн саҕаланар.

This post was published on 30.06.2020 17:01 17:01