Быйыл «БКД» национальнай бырайыагынан 260 км суол өрөмүөнүгэр 4,952 млрд солк көрүллэр, ол иһигэр 3,035 млрд солк федеральнай бюджеттан уонна 1,917 млрд солк өрөспүүбүлүкэ суолга пуондатыттан тыырыллар.
«Управтодор» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитеттар ардыларынааҕы суолларга өрөмүөн оҥоһуллар. «Умнас», «Амма», «Дьааҥы», «Мүрү», «Бороҕон», «Бөтүҥ», «Уолба — Булуҥ», «Харбалаах», «Өймөкөөн», «Мухтуйа», «Тиксии — аэропорт», «Бүлүү — Кыһыл-Сыыр», «Анаабыр», «Кэбээйи», «Лүүчүн» суоллар хабыллар.
39 эбийиэк уопсай уһуна 265,18 км.
Сүрүн үлэ сайын ыытыллар, регион килиимэтин учуоттаан. Тутуу матырыйаалын бэлэмнээһин, контракт быһыытынан, кулун тутарга саҕаланар.
This post was published on 27.02.2023 16:01 16:01