“Бириэмэни кытта охсустум”. Сардана Трофимова санаатын үллэһиннэ

Саха сирин сүүрүгэ Сардана Трофимова Москватааҕы марафоҥҥа кыайда, саҥа рекорду олохтоото. Кини Токиоҕа буолар Олимпиада нормативын куоһара сүүрбүтүттэн үөрэрин биллэрдэ. Спортсмен бу туһунан суруналыыстарга кэпсээтэ диэн, ТАСС суруйар.


Сардана Трофимова 42,2 км — 2 чаас 28 мүнүүтэ 2 сөкүүндэ сүүрдэ уонна Москватааҕы марафон саҥа рекордун олохтоото. Бу иннинэ 2018 сыллаахха көрдөрүүтэ — 2 чаас 28 мүнүүтэ 31 сөкүүндэ этэ. Токиотааҕы Оонньуулар квалификационнай нормативтара — 2:29.30.

“Дистанция бүтүүтэ ыарахан этэ, ити эрээри старт иннигэр былааннаабыт рекорду олохтооһуну толордум. Оннук, бүгүн миигин утарылаһар киһи суоҕа, ол иһин мин бириэмэни кытта охсустум. 28 мүнүүтэттэн тахсыахпын баҕарбытым да, кыра тиийбэтэ”, – диэтэ Трофимова.

“Олимпийскай нормативы толордум. Үс соруктаах этим: кыайабын, рекорд олохтуубун уонна норматив толоробун диэн. Сорукпун толордум, үөрэбин. Быйыл ахсынньы саҥата Сочига марафонскай сүүрүүгэ Россия чемпионатыгар кыттар былааннаахпын ”, – эттэ спортсменка.

Япония столицатыгар ыытыллар Олимпиада 2021 сыл от ыйын 23 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.

This post was published on 21.09.2020 10:02 10:02