Ааптар: Васильева Татьяна Ниловна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата
Саха поэзиятыгар сонет 1931 с. үөскээбитэ уонна 1960-70 сыллардаахтан биһиги литературабытыгар интеллектуальнай жанр быһыытынан биллэр. Сонет форматынан биир бастакынан С. Кулачиков-Эллэй, И. Винокуров-Чаҕылҕан, П. Туласынов, И. Арбита, В. Миронов, А. Бүлүүйүскэй, Н. Герасимов-Айталын уо.д.а. суруйбуттара. 1960-70 сс. ордук элбэх сонет айыллыбыта поэзия өрө көтөҕүллүүтүн, саҥа сүүрээн киириитин, жанрга, истиилгэ сонуҥҥа дьулуһууну, медитативнай, философскай лирика сайдыытын кытта сибээстээх буолуон сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ сонет жанровай формата үгүс поэт хоһоонноругар бэлиэтэммитэ: В. Алексеев, Р. Баҕатаайыскай, М. Ефимов, С. Руфов, Х. Горохов, Н. Харлампьева, С. Онуфриева-Амгинская, С. Юмшанов, В. Петрова-Венера, М. Тимофеев, А. Парникова-Сабарай Илгэ, Н. Босиков, И. Баишев, А. Илларионов уо.д.а.
Онтон В. Сивцев айар үлэтигэр сонет формата сүрүн быһаарар суолталаах буолбута. Хас да сыллаах таһаарыылаах үлэ түмүгүнэн бу форманан суруллубут хоһоон хомуурунньуктара буолбуттара. Ааптар сонеты баһылаан, сайыннаран испитин туоһуларынан «Сонеттар» (1994), «Күрүлгэн» (2000), «Тыал буолан баттаххын тарыаҕым. Талыллыбыт сонеттар» (2004) диэн кинигэлэр буолаллар. Манна сонет проблематиката бу жанровай форма хас да көрүҥнээх буоларын арыйар: таптал туһунан сонеттар, поэтическай манифестар, анабыллар, мифологема, портрет уо.д.а. М.Н. Дьячковская бэлиэтииринэн, киэҥ тематика таһынан поэт тас уонна ис структура сыһыаныгар, сюжет уонна композиция сайдыытын логикатыгар бу жанр буолуохтаах уус-уран айылгытын форматын («естественная художественной природе форма») ситиспит. Ону ааһан, поэт сонеттарын, сүрүннээн, көҥүл форманан суруйара национальнай ураты хоһоон көрүҥэр кубулуйар [1, с. 260].
В. Сивцев саха поэзиятыгар сонет жанровай форма быһыытынан киириитигэр биллэр-көстөр суолталаах. Ол курдук, «Күрүлгэн» диэн сонет хомуурунньугар бу форманан суруллубут 454 хоһоон киирбитэ уонна поэт айар үлэтин биир улахан кэрдиис кэмин кэрэһитинэн буолбута. Ол түмүгэр В. Сивцев лирик поэт быһыытынан сүрүн айар хайысхатын, тус ис иэйиитин эйгэтин кытта билсэбит. Онон сүрүннүүр поэтическай үлэ быһыытынан сыаналаан туран, сахалыы сонет дьөрбөтө сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит айымньылары көрүөхпүт.
Сонет дьөрбөтө – биир кэлимсэ, 14 хоһоонтон турар 15 сонет бөлөхтөнүүтэ. Манна хас биирдии сонет бүтэһик строката онтон кэлэр хоһоон маҥнайгы строкатыгар хатыланар. Ону ааһан, уон төрдүс сонет бүтэһик строката маҥнайгы хоһоон бастакы строкатын хатылыыр. Хас биирдии 14 сонет бастакы строкаларыттан (уочаратын тутуһан туран) турар уон бэһис сонет магистраль диэн ааттанар. Онон айааччыттан үрдүк поэтическай сатабылы эрэйэр туспа эриэккэс жанровай цикл буолар.
В. Сивцев айар үлэтигэр ордук улахан болҕомтону биэс сонет дьөрбөтүгэр уурабыт. Бастакы «Сарсыҥҥыга эрэл» (1991) цикл, публицистическай тематикалаах да буоллар, 90-с сс. саҥаларыгар буолбут общество олоҕор уларыйыылар уонна бэйэтин көлүөнэтин дьонун инники дьылҕатын туһунан дириҥ толкуйдары арыйар. Бу айымньы туһунан П.В. Сивцева-Максимова бэлиэтээн турар: «Надо заметить, что присущие поэтическому стилю В. Сивцева рассудительность, психологическая самоуглубленность находят в этом жанре близкую к своей естественной художественной природе форму: автор «без труда» избегает «излишней» метафорической образности, иносказаний, сравнений». Икки чаастан турар сонет формата (8-6) ахтылҕан уонна бүгүҥҥү күн туһунан толкуйдары холбоон, кэм уонна история дьиҥ хайдах баарынан алтыһыыларын бэлиэтиир курдук [2, с. 210]. Сонет тыҥааһыннаах санаатыгар кэм драматическай ис хоһооно, көлүөнэ трагедията көстөр: нус-хас олох көстүүтүнэн ылына үөрэммиттэрэ, уонунан сыллар тухары итэҕэйбиттэрэ, биирдэ үрэллэн хаалар. Нравственнай-эстетическэй идеаллар уонна символлар сүтэллэр, баҕа санаа уонна сырдык ыра туһата суох курдук буолан тахсар:
Yрэлиннэ итэҕэлим,
Киэн туттар үөрэҕим –
Кимиэхэ этэбин хомолтобун?
Ким да миигин аралдьыппат,
Кыhыл болуоссат хардарбат –
Аны кимий холобурум?
[3, с. 390]
Киһи эмискэ бэриллибит көҥүлү атыҥырыы көрсөр, онон тула оргуйа турар олох, уруулга салайааччыта суох уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ далайга устар аалга тэҥнэнэр. Кини сарсыҥҥы күҥҥэ эрэлин сүтэриэн куттанар, ол эрээри бу өйдөммөт кэм сотору ааһыа диэн чугас дьонун уоскутар. Маннык түгэннэргэ лирическэй герой бэйэ төрүтүгэр төннөн, норуот муудараһын күүһүнэн уонна халбаҥнаабат төрүт үгэһинэн кытаанах санааланар. Сүрүн герой өйүгэр-санаатыгар тосту уларыйыы бэлиэтэнэр: оҥоһуу идеалтан дьиҥнээх уонна сөптөөх итэҕэлгэ төннүү.
Сонет дьөрбөтүн лирическэй геройа ыра санаа уонна дьиҥнээх олох икки арда ырааттар ырааппытын өйдүүр уонна киһилии быһыыны, сиэри-майгыны умнубут, туохха да тэҥнээбэт тулалыыр эйгэттэн кэлэйэр [1, с. 256]. Салҕыы автор дьон-норуот өйө-санаата уларыйан, политическай буккуллуу тахсыбытын туһунан толкуйдуур. Саҥа сирдээччи кэлэн, барыта орун-оннугар түһүө диэн эрэнэр:
Yчүгэйи, куhаҕаны араарыахха,
Yлүбээй олорууттан тохтуохха,
Yҥэр, үрдүк сыаллаахха [3, с. 395].
Ол эрэн, герой бэйэтэ да бу уустук түгэнтэн тахсар суоллары тобулар, сүбэ-ама биэрэр:
Тумаҥҥа кус оҕотунуу
Бары даҕаны ыhылынныбыт,
Ким эрэ кэлэн холбуоҕунуу
Быар куустан, төhө өр турабыт?
Урааҥхай сахалар күүhү түмэн
Биир сыалга мустарбыт буоллар,
Көмүөл мууhунуу буому силэйэн
Көҥүл муораҕа тахсар суол баар…
[3, с. 398]
Айымньы уларыта тутуу, олох содулларын, норуот инники дьылҕатын туһунан тойоннооһун буолар. Ол да буоллар, публицистическай тема маннык сытыытык киириитэ сонет эстетическэй эйгэтин уларытыан сөп.
В. Сивцев иккис сонетын дьөрбөтө – «Төрөөбүт алааһым салгына» (1994) – бастакы айымньы тиэмэтин салҕыыр. Манна төрөөбүт дойду, уобарас быһыытынан, бастаан оҕо саас ахтылҕанын нөҥүө арыллар (1-3 сонеттар), онтон сүрүн чааһыгар автор тапталлаах сирин-уотун инники дьылҕатын туһунан толкуйдуур (4-15 сонеттар). Хас биирдии сонекка поэт дойдутун туһугар ыалдьара, долгуйара, инники кэскилигэр, сайдыытыгар бүк эрэнэрэ хоһуллар. Ааспыт үйэ үгэһэ уонна билиҥҥи кэм сайдыыта алтыһан, инники олоҕу түстүүр философиялара арыллар. Сонет дьөрбөтүн ис хоһоонун холбуур биир сүрүн матыыбынан үөлээннээхтиин кэпсэтии, сүбэ-ама биэрии, алгыс тылын тиэрдии буолар. Ону таһынан, үгэс буолбут «киһи – айылҕа оҕото» уус-уран концепция поэт уонна айылҕа сыһыанын олоҕун быһыытынан арыллар. «Лирический герой испытывает чувство восхищения перед её многообразием и совершенством. В сонетах звучит мысль о том, что она способствует духовно-нравственному становлению и самоопределению человека, осмыслению важнейших вопросов бытия» [1, с. 257].
Салҕыы «Ийэм тыына» (1995) диэн икки катрентан уонна икки терцеттэн турар, abba abba cdc dcd (иногда ddc) рифмалаах сонет дьөрбөтө кэлэр. Классическай сонекка форматынан сөп түбэһэр эрээри, көҥүл сонекка чугас. Ол эрэн маннык көрүҥ автор үгүс айымньыларыгар көстөрүнэн, туспа стиль быһыытынан бэлиэтэнэр. Бу циклга ийэ, сүрүн уобарас быһыытынан, идеяны уонна ис хоһоону быһаарар. Саамай күндү киһини ахтар, көрдүүр матыып, күн күбэй ийэ тыына хас биирдии сонекка иһиллэр:
Аан Алахчын Хотун курдук
Арчылыыр, аhынар бэйэҕин
Билигин суохтуубун куруук.
[3, с. 418]
Муунтуйар, дууһата ыгыллар, соҕотохсуйар кэмигэр, поэт ийэтин кытта кэпсэтэр, тирэх, хахха көрдөөн, ыҥырар. Сорох түгэҥҥэ ийэтэ бэйэтэ кэлэр:
Күн-дьыл тумарыгын быыhыттан
Арыт миигин сэмэлиирдии,
Хас хардыыбын ааҕа билэрдии
Көрөн ааhаҕын, ийэм барахсан.
[3, с. 422]
Сонет дьөрбөтүн хас биирдии хоһооно сырдык тапталынан, үйэлээх махталынан тыынар. Ийэ уобараһа лирическай герой олоҕун, общество сайдыытын кытта тэҥҥэ сайдан, хардыылаан, сонеттан сонекка көһөн, кэм суолталанар:
Кэпсиигин ааспыты ахтан,
Ойуур маhын охторордуу
Отутус сылларга чулуу дьону
Урусхаллаабыттарын санатан.
Идеал эстибит күнүгэр
Иринньэх ыччат дьоммут
Суолун сүтэрэн муммут,
Атах балай хааман эрэр.
Ол иhин Айыы үөрэҕинэн
Арыгыттан тэйитиэххэ,
Уустук идэҕэ көлүйэн,
Алмааhы да эллэтиэххэ,
Бэйэтин да эллиэххэ
Өбүгэ үтүө үгэhинэн.
[3, с. 425]
Ийэ уобараһа уонна кэм быһаарыллыыта сиэр-майгы, экология проблемаларын, публицистика нөҥүө көстөр. Мантан сиэттэрэн, поэт ийэтин уобараһа хомуур суолталанар:
Сир үрдүгэр үтүөнү үксэтэр
Ийэлэр күн курдуктар,
Өлбөт айыы дууhалаахтар,
Өлбүтү да тилиннэрэллэр.
[3, с. 429].
Онон В. Сивцев сонеттарыгар тус өйдөбүл бүтүн киһи-аймах өйдөбүлүн кытта силбэһэр – глобальнай проблема лирическэй геройга быһаччы сыһыаннаах иэйии, тус санаарҕабыл буолан иһиллэр. Киһи аналын туһунан толкуй психологическай күүрээнэ, автобиографическай тосхол поэт айар үлэтигэр классическай сонет биир көстүүтэ буолар.
Төрдүс сонет дьөрбөтүгэр — «Кэргэммэр» (1995) – эпистола сүрүннээх айымньыга тапталга билинии уонна олох туһунан толкуй бииргэ түмүллэн арыллар. Ол эрэн поэт таптал тиэмэтин дириҥэтэр сыалтан философскай идеяны арыйыыга тардыһара ураты уус-уран дьайыыны оҥорбот. Сонет дьөрбөтүн сүрүн идеятынан дьахтарга сүгүрүйүү, дьылҕаҕа махтал буолар:
Мунар-тэнэр уххаммар
Эйиэхэ кэлэр ыллыгы
Сүтэрбэтэх дьылҕаны
Биэрбит айыы таҥарабар.
Сүгүрүйэбин күн ахсын.
Олохпор өhөс айанньыт,
Мин, умнубаппын алгыскын.
[3, с. 437].
Сонетнай Дама мэтириэтэ тас кэрэ көрүҥүн, мааны дууһатын хоһуйууга арыллар, үгэс буолбут уобарас айыллар. Поэт куруук күүс-көмө буолар, эрэйи чэпчэтэр кыаҕар сүгүрүйэр. Кини – аанньал, эрэллээх аргыс, сырдык таҥара, «Дьылҕа хотуна», «Үөрүү аргыстаах Айыыhыт». Автор бэйэтин поэтическай биографиятын арыйарыгар, туох баар ситиһиитигэр бииргэ олорон кэлбит сылларын сылытар кэргэнин тыыныгар махтанар. Кини таҥараҕа тэҥнээх сырдык сэбэрэтэ, таптала бэйэтэ даҕаны, сахаларга дьиэ-уот сырдыгын, ырааһын бэлиэтиир символынан, — хатыҥ уобараһынан, — арыллар:
Yтүөҕэ эрэл кыната
Yүнэр дьиҥнээх тапталтан,
Сэбирдэх сэбирдэҕи хаhыҥтан
Быыhаан ыларын саната.
Баҕар, баараҕай хатыҥ
Дьиэ кэргэн сүрэ-кута,
Иллээх олоҕун тускута
Көстөрүн курдук сананным.
Ийэ хатыҥ көстүбэт тэрчитин
Бүтүннүүтүн сүрэххэр-быаргар
Кууhан турар кэриэтэҕин.
[3, с. 443]
Бу айымньы уонна сонет дьөрбөтүн сүрүн философскай санаатынан дьиҥнээх таптал эрэ үтүөҕэ, итэҕэлгэ, эрэлгэ кынаттыыр кыахтааҕа буолар. Ол да буоллар, лирическэй герой таптал туһунан сонекка даҕаны төрөөбүт дойдутун гражданина буоларын умнубат. Бүтүн кинигэ тухары маннык «полифония» холобура соҕотох буолбатах. Публицистическай тыҥааһын маннык күүскэ туттуллуута поэт хас биирдии айымньыга кэм уонна олох суолтатын, дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан толкуйдуу сатыырыттан төрүөттээх (В.Сивцев сонеттара 1991-95 сс. суруллубуттара):
Хаама туруом сарсыҥҥыбар
Сахам төрдө тиллиитинэн,
Чулуу дьоно көстүүтүнэн,
Сахам тылынан саҥарарбар.
Бэйэ бодобутун тардынан
Омуктардыын тэбис-тэҥҥэ,
Бэйэбитин сэнэммэккэ
Олоруохпут үүнэн-сайдан.
[3, с. 446]
Сонет кинигэтин түмүктүүр айымньытын, «Пушкин» (1999) диэн сонет дьөрбөтүн, улуу поэт ытык сирдэринэн суоллааҕы бэлиэтээһин курдук сыаналыахха сөп (автор ыйарынан: Михайловскай – Москва – Дьокуускай). В.Сивцев айымньыта – Пушкиҥҥа анабыл, сүдү талааҥҥа, толкуйга сүгүрүйүү, онтон сонет дьөрбөтө – улуу суруйааччы уҥуоҕар венок кэриэтэ. Сүрүн уобарас «эрэй-муҥ ырыаhыта», «өй-санаа буурҕаhыта», «айар тыл аҕата» буолан арыллар. Саха поэта Михайловскайга бара сылдьыыта историяны, үйэлээҕи кытта алтыһыы кэриэтэ: айар үлэ абылаҥын, улуу айааччы олоҕун дьикти алыптаах кэрэһиттэрин кытта билсии:
Кырдьык уонна улуу – судургу буолаллар,
Мин сөҕөн, мин таалан саҥата суох турдум
Дьиктини айсыбыт мас остуол аттыгар.
[3, с. 450]
Михайловскайы кытта «көрсүбүтүн» автор дьылҕа бэлэҕин, улуу дьол быһыытынан ылынар, манна кини бүтүн саха норуотун аатыттан тапталга билинэр, сүгүрүйэр үрдүк миссиялаах кэлбитин бэлиэтиир:
Эн курдук олоҕу дириҥник хорутар,
Бар дьонун иннигэр айар тыл күүhүнэн
Өлбөөрбөт сулустуу умайан, күлүмнээн
Олоруон баҕаран хас поэт охсустар!
[3, с. 452]
Автор улуу поэт сахалыы саҥарбытынан, төрөөбүт тылын айар күүһүнэн, этэр кыаҕынан киэн туттар:
Пушкин салҕана турар, бараммат уоҕа
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хатыланар,
Өйө — санаата иhиллэр уу сахалыы.
[3, с. 459]
Пушкин аата ахтылла турдаҕына
Тыыннаах буолуоҕа ийэ тылбыт сүмэтэ…
[3, с. 460]
Манна биири бэлиэтиир тоҕоостоох: поэт уонна поэзия анабылларын туһунан санаалар, саха суруйааччыларыгар – духовнай наставниктарга, доҕотторго, үөлээннээхтэргэ — анабыл сонеттар В. Сивцев лирико-философскай толкуйдарын сүрүн бэлиэтинэн буолаллар. Оттон Александр Пушкин поэт айар үлэтигэр айааччы идеала, эҥкилэ суох ситтэрбэт холобур, Россия символын быһыытынан ураты миэстэни ылар [1, с. 260].
Онон, В. Сивцев «Күрүлгэн» хомуурунньугар киирбит сонеттарын дьөрбөлөрө жанровай форма структурнай ирдэбилигэр эппиэттииллэр: философскай тииптээх толкуй, магистраль уобараһа сыыйа арыллыыта. Айымньылар тутул уонна ис хоһоон өттүнэн жанровай форма араас эгэлгэтин арыйаллар, сахалыы сонет тиэмэ өттүнэн баайын көрдөрөллөр. Сүрүн ис хоһоон быһыытынан гражданскай тематика, натурфилософскай, нравственнай-философскай проблематика арыллар. Гражданскай лирика төрөөбүт дойду, айылҕа уобарастарынан, таптал уонна сүгүрүйүү матыыптарынан көстөр. Натурфилософскай проблематика киһи уонна айылҕа алтыһыытыттан сиэттэрэр толкуйдарга бэлиэтэнэр. Кинилэр сыһыаннарын диалектикатыгар ордук улахан болҕомто киһи тулалыыр эйгэ иннигэр эппиэтинэһин билиниитигэр ууруллар. Киһи аналын туһунан толкуй психологическай күүрээнэ, автобиографическай тосхол поэт айар үлэтигэр классическай сонет биир көстүүтэ буолар.
Сонет кытаанах жанровай форма быһыытынан сүрүн сокуона – идейнай-тематическай сайдыы бириинсибэ. В. Сивцев сонеттарын дьөрбөлөрүгэр сонет ис дьиҥэ көҥүл көрүҥ эбэтэр жанр сонеттартан кинигэ форматын быһыытынан уларыйбат диэххэ сөп. Өр сыллаах айар үлэ түмүгүнэн Василий Тарасович саха лирическай поэзиятыгар сонет, сонет дьөрбөтө кытаанах форма быһыытынан сүрүн таһымҥа тахсыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ. Онтон сонет ханнык баҕарар омук литературатыгар лириканы байытар саҥаттан саҥаны айарга дьулуһуу түмүгүнэн буолар.
Литэрэтиирэ
- Дьячковская М.Н. Избранные работы: вопросы якутского стихосложения. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2015. – 262 с.
- Максимова П.В. Жанровая типология якутской поэзии: Вопросы эволюции и классификации форм. – Новосибирск : Наука, 2002. – 252 с.
- Сивцев В.Т. Күрүлгэн: Сонеттар // Василий Сивцев; Киирии тыла С.Руфов. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2000. – 464 с.
This post was published on 22.04.2022 11:01 11:01