"Билим": Уйбаан Бөтүрүөбүс саха тыла сайдарын туһугар туруулаһар учуонай

Арассыыйа Бэдэрээссийэтин  үрдүк анал үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт бочуоттаах бэтэрээнэ, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, СӨ С.А. Новгородов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ хаһаайына, Учууталлар Учууталлара,  саха тылын хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ И.П.Винокуров 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэтэ бу дьыл ахсынньы ыйын 10 күнүгэр буолан ааста.  «Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар кини туһунан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ, тыл билимин дуоктара Гаврил Гаврильевич Филиппов суруйуутун ааҕыҥ. 

 Уйбаан Бөтүрүөбүс Винокуров – үнүбэрсиэт учуутала

АБ ҮПҮӨ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, ХИБҮ бочуоттаах бэтэрээнэ, б.б.х., саха тылын хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ И.П.Винокуров 1941 с алтынньы ый 7 күнүгэр Таатта улууһугар Уус Таатта нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүтэ. 1961 с Ытык Күөл орто оскуолатын бүтэрээт, “Калинин” холкуоска үлэлээбитэ. 1963-1968 сс. Саха судаарыстыбалыы үнүбэрсиэтигэр үөрэнэн баран, салгыы аспырантыыраҕа киирбитэ уонна 1971 с. болдьоҕор билим хандьыдаата буолар үлэни көмүскээбитэ.

1971-1979 сс. ассыстыан, 1979 с. аҕа учуутал, 1991 с. дассыан, 2011 с. бэрэпиэссэр дуоһунастарыгар талыллан үлэлээбитэ. Ол кэм устата хаапыдыра сэбиэдиссэйин, дэкээни үөрэх үлэтигэр, кэтэх үөрэххэ, иитэр үлэҕэ солбуйааччы; боросойуус бүрүөтүгэр, кэмитиэтигэр чилиэн быһыытынан үтүө суобаһынан үлэлээбитэ.

Хаапыдыраҕа саха тылын бары салааларын: сиинтэксиһи, морполуогуйаны, лиэксикэни, саҥа дорҕоонун, түөлбэ тылын, саха тылын устуоруйатын, тылы таба суруйууну, сурук бэлиэтин, тиэрмин үөрэҕин уонна саха тылыгар түһүк систиэмэтэ, айымньы тыла анал куурустары үөрэппитэ.

 Уйбаан Бөтүрүөбүстүүн биһиги саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратыгар 1974 сылтан саҕалаан бииргэ үлэлээбиппит. Кини мин үнүбэрсиэккэ 1968 с. үөрэнэ киирэрбэр, үөрэҕин бүтэрэн, аспыраанаан эрэр кэмэ эбит. Кини Н.Д. Дьячковскай салалтатынан, Анатолий Нелунов Н.С. Григоьев салалтатынан аспырантыыраҕа бииргэ үөрэммиттэрэ. Уйбаан Бөтүрүөбүс 1971 с. аспырантыыратын бүтэрээт тута Саха сиригэр тэриллибит диссэртээссийэ сэбиэтигэр ”Саха тылыгар түһүк ситимнэрин суолтата солбуйсуута” [1] диэн үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээн, оччолорго саамай эдэр билим хандьыдаата диэн буолбута. Үлэтин сүрүн сыаналааччы бэрэпиэссэр Е.И. Убрятова эдэр киһи чинчийэр дьоҕурун бэлиэтии көрөн, уонна тиэмэтэ сайдар тосхолун бэлиэтээн, олус үрдүк сыанабылы биэрбитэ. Остуоруйа дьоруойун иннигэр үс суол арыллыбытын курдук, маннык диэбитэ: “Иван Петрович иннигэр үс хайысха арылынна: биир – синиэньим үөрэҕэ, бу олус кэскиллээх суолга бү үлэ бигэ үктэл буолуоҕун сөп; иккиһэ – морполуогуйа, атын түүр тылларын кытта түһүк халыыптарын тэҥнээн үөрэтии; үсүһэ – сиинтэксис, түһүк ситимин чинчийии. Барылара кэскиллээхтэр. Иван Петрович күүскэ ылсан уоттанан-күөстэнэн үлэлээтэҕинэ, сотору кэминэн номуука дуоктара буолар үлэни суруйар кыахтааҕын бу үлэтэ толору көрдөрөр”.

Ити кырдьык, улахан сыанабыл этэ. Сорохтору, холобур, нууччалыы майгылаах дьону өрө көтүтэр, кынаттыыр тыл. Уйбаан Бөтүрүөбүскэ (кини майгытыгар) төттөрү дьайбыт курдук. Кини тоҕо эрэ уоттанан-күөстэнэн номуукаҕа салгыы үлэлииргэ дьулуспатаҕа.

Олоҕун кэпсээнэ

1941 с. алтынньы ый 7 күнүгэр Таатта улууһугар Уус Таатта нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүтэ. Дьоно эрдэ өлөннөр, аймахтарыгар иитиллибитэ. Иитэр дьоно киниэхэ үтүө сыһыаннаахтара эрээри тулаайах буолуу өйө-санаата кини быһыытыгар-майгытыгар, олоҕун илгэтигэр кытаанахтык иҥмитэ биллэр. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ, саахымакка дьоҕура эрдэ арыллан, оройуон, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттара.

1961 с. Ытык Күөл оскуолатын бүтэрэн баран, оччотооҕу ирдэбилинэн дойдутугар «Калинин» холкуоска 2 сыл үлэлээбитэ. 1963 с. СГУ-га саха салаатыгар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕэр дьоҕурун көрдөрөн, тута аспырантыыраҕа ылыллыбыта уонна чинчийэр үлэтин болдьоҕун иннинэ бүтэрбитэ. Бу ол кэмҥэ сэдэх көстүү этэ.

1971 с. саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратыгар ассыстыанынан үлэҕэ ылыллыбыта. 1979 с. аҕа учуутал, 1991 с. дассыан, 2011 с. бэрэпиэссэр дуоһунастарыгар талыллан үлэлээбитэ.

Үлэлээбитин устата хаапыдыра сэбиэдиссэйин солбуллубат солбуйааччы, дэкээни иитэр уонна кэтэххэ үөрэххэ солбуйаач­чы буолан, үнүбэрсиэт, бакылтыат боропсойуустарын кэмитиэтин чилиэнинэн, саахымат кулуубун чилиэнинэн көхтөөхтүк, таһаарыылаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Оччолорго уопсай үлэ үрдүктүк сыаналанар эрэ буолбакка, дьон туһугар үлэ үтүө көстүүтэ буолара.

Уйбаан Бөтүрүөбүс Валентина Васильевна Николаева диэн Улахан Аантан төрүттээх кыыһы кэргэн ылан, Надя диэн кыыс оҕоломмуттара омук тылын идэлээҕэ буолбута, уһуннук омук сиригэр билим эйгэтигэр үлэлээбитэ. Билигин кыыһа Надежда Ивановна аҕатын туйаҕын хатаран омук сиригэр бил­лэр, саха тылын аангылыйа тылынан чинчийэр учуонай. Билигин Уйбаан Бөтүрүөбүс 80 сааһын уонна үнүбэрсиэт тэриллибитэ 65 сылын биэнсийэҕэ тахсан олорон көрсөр.

Үнүбэрсиэт учуутала

Үнүбэрсиэккэ, оччолорго хаапыдыраҕа дуоһунас уларыйыыта судургута суох буолан эбитэ, Уйбаан Бөтүрүөбүс билим хандьыдаата киһи балачча уһун кэмҥэ ассыстыанынан сылдьыбыта. Ассыстыантан саҕалаан, бэрэпиэссэргэ диэри устудьуоннарга, сүнньүнэн, сиинтэксиһи, морполуогуйаны, таба суруйууну, сурук бэлиэтин, сахалыы тиэримин үөрэҕин  үөрэппитэ. Наада тирээтэҕинэ, дэҥнэтэн, саҥа дорҕоонун, түөлбэ тылын, лиэксикэни, саха тылын устуоруйатын, истилиистикэни, уус-уран айымньы тылын да үөрэтэрэ. Куурустааҕы уонна дьупулуом үлэтин салайан устудьуону билим бырыынчык үлэтигэр уһуйбута ахсаана суох элбэх.

Уйбаан Бөтүрүөбүс сөҥ дорҕоонноох модьу куолаһа ыраах көрүдүөргэ дуорайан иһиллэр буолара. Одьутуоруйа аанын сэгэтэн көрдөххө, уҥа илиитигэр миэллээх, хаҥаһыгар холобурдуур хаартачыкатын биэтэҥнэтэн, уоһун үмүрүччү туттан, хааһахтан хостуурдуу куолаһын араастаан оонньотон, уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн-ипсээн сэгэйэ турарын устудьуоннар умсугуйа истэн олорор буолаллара. Кэпсээнин кэрэхсээн ыйыттахтарына: “Ээ, итинтиҥ маннык дьээбэлээх…” диэн сиэллээн-кутуруктаан быһаарар үгэстээҕэ. Уйбаан Бөтүрүөбүскэ такаллыбыт саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара билигин да үлэлии сылдьаллара үгүс буолуо. Элбэх куурус устудьуоннарыгар кураатардаан, ыкса билсибит эдэр дьонноро “Учууталбыт Уйбаан Бөтүрүөбүс...” диэн истиҥ тылларынан туоһулаһаллара элбэх буолара.

Уйбаан Бөтүрүөбүс биир бэлиэ уратытынан, үөрэтэр дьиссипилиинэлэригэр барытыгар учуобунньук, эрчиллии босуобуйата, бэрэбиэркэлэнэр ыйынньык оҥорон туттара буолар [2]. Ити кини үлэтигэр кытаанах ирдэбиллээҕин, биридимиэтин лаппа баһылаабытын туоһута буолара. Кини үнүбэрсиэт “бастыҥ учуутала”, “үөрэх бастыҥ босуобуйатын ааптара”, “бастыҥ кураатар” бэлиэлэрдээх учуутал этэ. Эдэр учууталлары истиҥ сыһыаннаах, ирдэбиллээх настаабынньык буолан, уонна тус холобурунан элбэххэ уһуйара.

Уйбаан Бөтүрүөбүс устудьуоҥҥа, кэллиэгэлэригэр ирдэбилэ өрүү олохтоох, билэри, сатыыры тус оҥорбут, саҥардыллан иһэр үөрэҕин босуобуйаларыгар олоҕурар буолан, мэлдьи бигэ чиҥ буолааччы. Ол иһин бииргэ үлэлиир дьоҥугар көстөр холобур, дьиҥнээх аптарытыат этэ.

Чинчийээччи

Үнүбэрсиэккэ үлэлиир учуутал хайаан да үлэлиир билимин хайа эрэ салаатыгар уйуонай истиэпэннээх буолара ирдэнэр. Ити олохтоох: билим төрүттэрин үөрэтэр уонна идэлээх дьону бэлэмниир буолан, ону бэйэтэ сатыыр, баһылаабыт буолуохтаах. Ол эрээри үрдүк үөрэх учуутала чинчийэр үнүстүүт үлэһитэ буолбатах, сүрүн бириэмэтэ үөрэтэр үлэтигэр ананар. Ол иһин кини чинчийэр үлэтин билим хандьыдаата дуу, дуоктара дуу буолар үлэни көмүскээбитинэн сыаналыыбыт. Ол бары учууталга кыаллар, табыллар буолбатах.

Уйбаан Бөтүрүөбүс, баҕарбыта, дьулуспута буоллар, билим дуоктара буолар үлэни суруйуох этэ диэбиппит. Биһиги бары да ону күүппүппүт, баҕарбыппыт, арыт сорук туруоран да көрөрбүт. Дэлэҕэ, хаапыдырабыт сэбиэдиссэйэ Н.Д. Дьячковскай: “Саахымаккын тохтот, номууканан дьарыктан”, – диэ дуо. Уйбаан Бөтүрүөбүс, ону баара, сыллата куорат, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр киирбит буолан иһэрэ. Ол эмиэ ситиһии да, таттарыы да буоллаҕа!

Уйбаан Бөтүрүөбүс дуоктар буолар үлэтин сүрүн былаанын да, идиэйэтин да хаапыдыраҕа дьүүллэспиппитин өйдөөбөппүн. Баҕар, Николай Демьяновичтыын кэпсэппиттэрэ буолуо да, Уйбаан Бөтүрүөбүс биирдэ да чинчийэр үлэтин наадатыгар анаан, хомондьуруопка да, ыстаһырыакпа да туһамматаҕа. Ол эрээри кини түһүк систиэмэтигэр моногурааппыйа суруйар баҕалааҕын туһунан арыт санаатын этэр буолара. Саха тылыгар түһүк систиэмэтигэр босуобуйа суруйбута [3].  Кырдьыгынан эттэххэ, уус-уран литэрэтиирэ түөрүйэтигэр арамаан суруйарга “арамаанныы толкуйдааһын” баар буолуохтаах дииллэр. Ол курдук дуоктар буолар үлэни оҥорорго оннук таһымнаах идиэйэ баар буолуохтаах курдук. Баҕар, Уйбаан Бөтүрүөбүскэ ол киирбэтэҕэ буолуо…

Кини дьиҥ иһигэр олус элбэх боппуруоска аралдьыйбакка, морполуогуйа уонна сиинтэксис; таба суруйуу, тиэрмин уонна сурук бэлиэтин; айымньы тылын уонна суруйааччы истиилин хасыһан үөрэппитэ [4]. Уйбаан Бөтүрүөбүс саха уус-уран литэрэтиирэтин олус үчүгэйдик билэр. Онон тиһигин быспакка Кулаковскай, Алампа, Ойуунускай, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Софрон Данилов, Күндэ, П.Тобуруокап, П.Аввакумов, Н.Заболоцкай о.д.а. суруйааччылар айымньыларын уонна тылларын ырытан кэрэхсэбиллээх ыстатыйалары суруйара. Кэмпириэнсийэлэргэ дакылааттыыра. Онон харытын ньыппарынан, дьирээлэһэн уус-уран айымньы тылыгар икки хомуурунньугу таһаартарбыта [5]. Түһүк боппуруоһун сырдатан моногурааппыйа оҥоруох санаалааҕа да, кэлин кыыһыгар Надежда Ивановнаҕа сэлээннээбитэ быһыылааҕа.

Уйбаан Бөтүрүөбүс суруйбут ыстатыйалара чопчу боппуруоска ананаллар уонна хайаан да туох эрэ кэрэхсэбиллээх, сонуннаах буолаллар. Холобур, туохтуур буолбат халыыбын, кырамаатыка синиэньимин, учуонайдар түһүгү көрүүлэрин, суруй­ааччылар истииллэрин, тылы туттууларын, сиинтэксистэрин туһунан сонуннук сиһилиирэ кэрэхсэтэллэр. Чинчийии нэбиэллэлэрин (новеллаларын) кур­дук ылынан, чинчийээччи мындырын, кыраҕытын, дириҥин сөҕөҕүн (6).

Онно Уйбаан Бөтүрүөбүс ураты көрүүлээх, туспа истииллээх чинчийээччи буолара биллэр, көстөр.

Саха тыла сайдарын туһугар

Уйбаан Бөтүрүөбүс – Саха тылын идэлээҕэ эрэ буолбатах. Кини Саха тылын уонна култууратын бакылтыатын тэрийсэн, атаҕар туруорааччылартан биир тутаах киһилэрэ буолар. Саха тылын уонна төрүт култуура идэлээхтэрин бэлэмнээһин кэскилин төрүттэспит үтүөлээх. Саха тылын өрүтүннэрии уонна сайыннарыы бырагырааматын олоххо киллэриигэ Гуманьытаарынай чин­чийэр уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар бэрэбилиэмэлэринэн дьарыктанар үнүстүүт, Учууталлар идэлэрин үрдэтэр уонна Омук оскуолатын чин­чийэр үнүстүүттэр, үөрэх министиэристибэтин үлэһиттэрин, салайааччыларын кытта биир санаанан салайтаран үлэлиирэ. Ити тэрилтэлэргэ улахан аптарытыат этэ. Кини тылын истэллэрэ, аахсаллара. Уһун кэмҥэ «Таба суруйуу тылдьытын» оҥоруста [7], «Улахан Быһаарыылаах Тылдьыт» оҥоһуутугар кыттыста [8]. Үнүстүүттэр таһаарар үлэлэрин сыаналыыра, сүбэлиирэ, Учууталларга улахан уопутуттан бэрсэрэ.

Уйбаан Бөтүрүөбүс учууталларын М.А. Черосов уонна Н.Д. Дьячковскай «туйахтарын хатаран» оскуолаҕа саха тылын үөрэтэр бырагырааматтан, ыйынньыктан саҕалаан, үөрэнэр кинигэлэри, БКЭ сорудахтарын оҥоруунан утумнаахтык уонна айымньылаахтык дьарыктанар [9]. Кинилиин мин маҥнай «Саҥа дорҕоонун, тыл баайын, тыл тутулун» ыйынньыгын, салгыы «Сиинтаксис ыйынньыгын» оҥорбуппут. Өссө «8-9 кылаастарга үөрэнэр Сиинтэксис учуобунньугун» М.Е. Филипповалыын кыттыһан таһаартарбыппыт. Бу кэлин Уйбаан Бөтүрүөбүс кэллиэгэлэрин кытта Саха тылыгар 5-9 кылаас учуобунньуктарын оҥоруста [10]. Онон кини үнүбэрсиэккэ үөрэппит устудьуоннара салгыы оскуолаҕа тиийэн үлэлииллэригэр биир утуму тутуһалларын олохтооччулартан биир улахан уопуттаахтара буолар.

Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Иван Петрович биһикки Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтин үлэһиттэринээн оскуолаларга саха тылыгap уонна литэрэтиирэтигэр алымпыйааданы ыытары көҕүлээбиппитин маҥнай учууталлар өйдүөбэтэхтэрэ: «Биһиги үлэбитин бэрэбиэркэлээри гынаҕыт» — дэспиттэрэ. Ол үрдүнэн үөрэтэр устудьуоннарбытынаан, кэллиэгэлэрбит көмөлөрүнэн алымпыйа­аданы Дьокуускайга, улууска, эрэгийиэҥҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийэри ситиспиппит. Бу хамсааһыны Уйбаан Бөтүрүөбүс кэргэнин Валентина Васильевна дойдутуттан Улахан Аан оскуолатыттан саҕалаабыппыт бэлиэ суолталаах.

Ити курдук Уйбаан Бөтүрүөбүс бэйэтэ, кэргэнэ, кэргэнин аймахтара Кини саха тылын биллэр-көстөр идэлээҕэ буолар сүдү үлэтин күүскэ өйүүллэрэ, билигин да өйүүллэр.

Уйбаан Бөтүрүөбүс үлэлиир кэмигэр илиитин иһинэн барыта – 94 билим үлэтин,  билими сырдатар – 5, үөрэххэ анаан – 52  (хос тахсыбыттыын) кинигэни, таҥмыт-эрэдээсийэлээбит үлэтэ – 22, ахтыы суруга – 17 таһаарбыт. Кэлин даҕаны сүрэҕин баҕатынан суруйа-бичийэ сылдьар.

Уйбаан Бөтүрүөбүс киһи быһыытынан

Уйбаан Бөтүрүөбүс биһикки олохпут устата саха тылын хаапыдыратыгар идэбитин ылбыт тэрилтэбитигэр (кини 1971 сылтан, мин 1974 сылтан) бииргэ үлэлээтибит. Ол кэм устата “Эн – мин” дэһиспэккэ эйэ дэмнээхтик сырыттыбыт. Иккиэммитин билимҥэ уһуйбут киһибит – хаапыдырабыт сэбиэдиссэйэ Н.Д. Дьячковскай буолар. Ол кэм устата дьиэбитигэр ыҥырсан биирдэ да бырааһынньыктаабатах эбиппит. Ол – маарыҥнаһар иитиибититтэн буолуон сөп. Уйбаар Бөтүрүөбүс алҕас да биир үрүүмкэ арыгыны испэт, табаҕы тардыбат, дийиэтэни тутуһан аһыыр. Биирдэ 50 сааһын туолбутугар үөлээннээҕэ Иван Егорович Алексеев уонна мин биир шампанскай тутуурдаах тиийэммит сэмэлэммиттээхпит. Хаапыдыраҕа, бакылтыакка буолар биэчэрдэргэ, бырааһынньыктарга, ыһыахтарга көхтөөх, бэрт сэһэннээх-сэппэннээх, мэлдьи ырыа ыллыыр, үксүгэр, попуруулуур. Бакылтыат, үнүбэрсиэт дуобакка уонна саахымакка хамаандаларыгар биир сүрүн тэрийээччи, Арыт соҕуруу барар хамаандаҕа кыттан, сүргэтэ көтөҕүлэн кэлээччи. Дьокуускай куорат саахымаччыттарын кулуубугар сылдьарын сөбүлүүрэ. Покровскайдыыр суол 13 биэрэстэтигэр Н.К. Антоновтыын ыаллыы даачатыгар тэпилииссэлээх буолара, арыт хаппыыста олордон боруобалыыра.

Дойдумсах, онон Тааттаҕа барыы буоллаҕына үөрүүнэн кыттааччы. Үөрэппит устудьуоннарын үксүлэрин умнубакка өйдүүр, билэр буолара. Кинини устудьуоннара да өрүү сылаастык ахтар-саныыр эбит этилэр. Оттон Уйбаан Бөтүрүөбүс үнүбэрсиэккэ үөрэппит учууталларын, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин барыларын туһунан бэрт сылаас, истиҥ ахтыылары суруйталаабыта кинигэлэргэ киирбиттэрэ элбэх баар…

Литэрэтиирэ

  1. Винокуров И.П. Синонимика падежных конструкций в якутском языке. – Якутск, 1971. – 20 с.
  2. Винокуров И.П., Черосов М.А., Винокуров И.П. Саха тылын сиинтэксиһэ: судургу этии. Дьокуускай: Изд-во Ягу, 1991. – 188 с.
  3. Саха билиҥҥи тыла. Морполуогуйа (Антонов Н.К., Филиппов Г.Г., Винокуров И.П., о.д.а.). – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 288 с.
  4. Программы основных курсов по якутскому языкознанию. Якутск: Изд-во ЯГУ, 2004. – 33 с.
  5. Винокуров И.П., Винокурова Н.И. Саха тылын арпагырааппыйата Дьокуускай: СГУ изд-вота, 2009. с. – 78
  6. Винокуров И.П., Винокурова Н.И.  Арпагырааппыйаҕа эрчиллии. Дьокуускай: СГУ изд-вота, 2005. – 59 с.
  7. Винокуров И.П., Винокурова Н.И. Саха тылын пунктаассыйата. Кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоҥҥа. Иккис тахсыыта. Дьокуускай: СГУ изд-вота, 2005. – 70 с.
  8. Винокуров И.П. Саха тылыгар падеж систиэмэтэ. Дьокуускай: Изд-во Якут унив-та, 1977. – 104 с.
  9. Винокуров И.П., Винокурова Н.И. Саха тылын арпагырааппыйата Дьокуускай: СГУ изд-вота, 2009. – 78 с.; Винокуров И.П., Винокурова Н.И. Саха тылын пунктуаассыйата  Дьокуускай: СГУ изд-вота, 2000. – 70 с.
  10. Винокуров И.П. Уран тыл улуу ууһа. Дьокуускай: СГУ изд-вота, 2008. – 114 с.
  11. Винокуров И.П. Айымньыга нуучча тыла (Амма Аччыгыйа «Сааскы кэминэн») // Проблемы двуязычия (многоязычия) в современном социокультурном пространстве. Якутск: Изд-во ИГИ сО АН РС(Я), 2007. – 228 с.; о.д.а.
  12. Нелунов А.Г., Слепцов П.А., Винокуров И.П., о.д.а. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2015. – 480 с.
  13. Саха тылын улахан быһаарыылаах тылдьыта. 1,2,3,4,5 Т (Винокуров И.П. эрэдээктэр састаабыгар). – Новосибирск: Наука, 2005 о.д.а.
  14. Винокуров И.П., Васильев Ю.И., Филиппов Г.Г. Саха тыла. Оскуола программата. 5-11 кыл. Дьокуускай: Сахаполиграф изд-вота, 1994. – 52 с.
  15. Винокуров И.П. Сахалыы таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылалара. – Дьокуускай: Бичик, 2016. – 52 с.
  16. Винокуров И.П. Саха тыла. Тургутук: Абутируеҥҥа көмө. Дьокуускай: Изд-во ЯГУ, 2006. – 100 с.
  17. Винокуров И.П., Филиппов Г.Г. Саха тыла. Саҥа дорҕооно, тыл баайа, тыл тутула: Кырамаатыка ыйынньыга. Дьокуускай: Бичик, 1996. – 190 с.
  18. Винокуров И.П., Филиппов Г.Г. Саха тыла. Сиинтэксис: Грамматическай ыйынньык. – Дьокуускай: Бичик, 2007. – 76 с.
  19. Винокуров И.П., Филиппов Г.Г., Филиппова М.Е. Саха тыла. 8-9 кылааска үөрэнэр кинигэ. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 120 с.

This post was published on 17.12.2021 11:04 11:04