22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Билим": Тыаһыт “Чолбон” диэн бэчээттэммэтэх ыстатыйата

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыаһыт “Чолбон” ыстатыйата – саха литературатын сайдыытын суолун арыйар сүдү суолталаах, интэриэһинэй ис хоһоонноох үлэ. Тыаһыт “Чолбон” биһиги бастакы суруйааччыларбыт бары кэриэтэ бэчээттэммит, куорсун анньынан тахсыбыт сурунааллара буоларын өйдөөн туран болҕомтоҕо ылбыт буолуохтаах. Кэлин, бу ыстатыйа бэчээттэннэҕинэ, литература историятын үөрэтиигэ улахан көмөлөөх буолуо этэ. Биһиги санаабытыгар, манна бэриллибит библиографическай испииһэк литератураны чинчийээччилэр кэрэхсэбиллэрин ылыан сөп. Салгыы СИА бүгүҥҥү «Билим» таһаарыытыгар ааҕыҥ.

Николай Николаевич Павлов-Тыаһыт (1904-1974) – репрессияҕа түбэһэн өр кэмҥэ умнуллууга хаалбыт саха сэбиэскэй суруйааччыта, тылбаасчыт, кириитик, очеркист. Кини Хаҥалас улууһун I Маалтаанытыттан төрүттээх. Кэлиҥҥи сылларга Чурапчы улууһугар үөрэҕирии оройуоннааҕы салаатын инспекторынан, Хайахсыт нэһилиэгэр уонна Чурапчыга нуучча тылын учууталынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саха тылын үөрэтиигэ аналлаах пособиелар ааптардара, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх үлэһитэ (1962).
Тыаһыт айар үлэнэн 1920-1940 сылларга ордук күүскэ дьарыктаммыта. Дьон-сэргэ кини аатын умна быһыытыйан баран кэлин, толору реабилитацияламмытын эрэ кэннэ айымньыларын ааҕар буолбута. Тыаһыт ордук биллэр айымньыта — “Кууһума” сэһэн – бэйэтин кэмигэр сөптөөх сыанабылы ылбатар даҕаны, проза курдук бөдөҥ жанрга кинигэ буолан тахсыбыт бастакы айымньылартан биирдэстэринэн буолар. Тыаһыт эрдэтээҥи суруйуулара (1920-1930-с сс.) “Кыым”, “Автономная Якутия”, “Эдэр бассабыык” хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ, кэлиҥҥилэрэ “Бэлэм буолга”, “Хотугу сулуска” тахсыбыттара. Ол да буоллар, Тыаһыт үгүс үтүө айымньылара бэчээккэ тахсыбаккалар дьиэ кэргэнин архыыбыгар харалла сыталлар. Хомолтолооҕо диэн, суруйааччы аата билиҥҥээҥҥэ диэри ааҕааччы киэҥ араҥатыгар улаханнык биллибэт уонна “Кууһуматтан” атын дьоһуннаах үлэлэрэ сөптөөх сыанабылы ылбакка сылдьаллар.

Тыаһыт олоҕун, айар үлэтин ордук дириҥник үөрэппит, ырыппыт киһинэн литературовед, кириитик Н.З. Копырин (1923-2011) буолар. Кини 1999 сыллаахха таһаарбыт “Тыаһыт” диэн монографиятыгар Тыаһыты суруйааччы эрэ быһыытынан буолбакка, тылы чинчийээччи, талааннаах очеркист, тылбаасчыт уонна литературнай кириитик быһыытынан арыйбыта. Маны таһынан, монографияҕа суруйааччы библиографията уонна эрдэ бэчээттэммэтэх сорох ахтыылара сыһыарыы быһыытынан киирбиттэрэ. Н.З. Копырин үлэтэ олус үрдүктүк сыаналанар, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри маннык улахан үлэни Тыаһыт туһунан ким да оҥоро илик. Арай суруйааччы төрөөбүтэ 115 сылын көрсө 2019 сыллаахха кини төрөппүт уола Н.Н. Павлов уонна кийиитэ А.Е. Павлова “Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ” диэн ахтыы кинигэтин бэчээттэтэн таһаарбыттара. Кинигэҕэ кинилэр эдьиийдэрэ, Тыаһыт ииппит кыыһа, С.П. Ойунская хомуйбут матырыйааллара түмүллэн киирбиттэрэ.

Суруйааччы олоҕун тиһэх сылларыгар төһө кыалларынан элбэх үлэни оҥорон хаалларарга дьаныспыт эбит. Кини тус архыыбыгар 1971 сылтан бэттэх уус-уран айымньылар уонна литературнай-критическэй ыстатыйалар рукописьтара аҕыйаҕа суохтар. Сороҕо массыыҥкаламмыт, сороҕо илиинэн суруллубут матырыйааллары көрдөххө, суруйааччы айар нэһилиэстибэтин чөмчөтөн, тугу этиэн, сурукка түһэрэн үйэтитиэн баҕарбытын бэрт тиэтэлинэн түмүктүү сатаабыт курдук санааҕа кэлэбит. Ол курдук, кини архыыбыттан биир бөдөҥ, суолталаах булумньунан “Чолбон” диэн ыстатыйа буолар.

“Чолбон” диэн ыстатыйа 29 сирэй устата илиинэн суруллубут. Бу ыстатыйа Тыаһыт тиһэх үлэтэ буолар, ол туоһута – рукопись кэннигэр “12/1-1974” диэн бэлиэлээх. Кэлин, 1996 сыллаахха “Чолбон” сурунаал 4-с нүөмэригэр ыстатыйаттан быһа тардыы бэчээттэммит (4 сирэй). Ол эрэн ыстатыйаны толору эрэ ырыттахха, кини саха литературатын историятын үөрэтиигэ сүҥкэн суолталааҕа өйдөнөр.

“Чолбон” сурунаал Саха сиригэр литература да, кириитикэ да сайдыытыгар улахан өҥөлөөх сурунаал буолар. Тыаһыт “Чолбон” сурунаалга бэйэтэ хаста да бэчээттэнэн турар. Ол курдук кини маҥнайгы айымньылара – “Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах” уонна “Сарсыардааҥҥы отчут” кэпсээннэр — 1928 сыллаахха “Чолбон” 2-с уонна 5-6 нүөмэрдэригэр тахсыбыттара.

Тыаһыт “Чолбон” диэн ыстатыйата үс чаастан турар. Бастакы чааһыгар сурунаал хайдах төрүттэммитин туһунан кэпсэнэр. Ааптар “Чолбон” редколлегиятын састааба уларыйбытын, ол эрэн сурунаал сүрүн идиэйэтын тутан хаалбытын туһунан маннык бэлиэтиир: “1928 сылтан ыла, Софронов уонна Леонтьев үлэттэн туоратыллыбыттарын кэннэ, сурунаалы П.А. Ойуунускай салалталаах, уларыйа-тэлэрийэ турар састааптаах редакциялар таһаарар буолтара. Бу икки тус-туһунан састааптаах редакциялар саҕана “Чолбон” сүрүн туһаайыыта тосту уларыйбатаҕа, онон сиэттэрэн сурунаал суолтата күдьүүс сыаналаныахтаах”. Тыаһыт ыстатыйатын бастакы чааһыгар сүрүннээн сурунаал маҥнайгы нүөмэригэр болҕомтотун уурар. Манна кини “Аан тылга” сурунаал тугу таһаарар буоларын туһунан балаһыанньаны уонна суруйааччыларга анаммыт быһаарыы суругу ырытар. Кириитик маҥнайгы нүөмэр кэннигэр бэчээттэммит библиографияны аҕалар. Бу библиография Саха сиригэр 1922-1926 сылларга бэчээттэммит айымньылар ааттарын, ааптардарын, сылларын көрдөрөр. Тыаһыт библиография билигин да улахан суолталаах диэн бэлиэтиир.

Ыстатыйа иккис чааһыгар ааптар сүрдээх суолталаах үлэни оҥорбут. Манна кини “Чолбон” сурунаал 1926 сылтан 1929 сылга диэри бары нүөмэрдэригэр тахсыбыт айымньылары бэчээттэммит бэрээдэктэринэн наардаан, хас биирдии ааптарга туспа библиографическай испииһэк курдук оҥорон киллэрбит. Бу, биллэн турар, олус элбэх сыраттан тахсыбыт үлэ буолар.

Тыаһыт библиографическай испииһэгэр бастаан ааптарын аатын (псевдонимын) суруйар. Ол кэннэ айымньы аатын, жанрын, хаһыс нүөмэргэ бэчээттэммитин суруйар, сылын бэлиэтиир. Айымньыларга бэйэтин санаатын сыанабыл курдук киллэртээн биэрэр, ону кытта кылгас ис хоһоонннорун арыйар. Ордук ыстатыйаларга, кэпсээннэргэ тохтоон ыларын бэлиэтии көрдүбүт. Сорох сыанабыллара кээмэйдэринэн уһуттар, онон айымньыны үөрэтиигэ көмө буолуохтарын сөп. Холобура, А.И. Софронов “Тыйаатыр диэн тугуй, кини туох суолталааҕый?” диэн 1926 сыллаахха “Чолбоҥҥо” бэчээттэммит ыстатыйатыгар бу курдук быһаарыыны биэрэр: “Ааптар театр суолтатын үс суолунан быһаарар. Бииринэн, утуйбут, кистэлэҥ санааны уһугуннаран, киһини сайыннарар оскуола. Иккиһинэн, киһи күннээҕи эрэйин-буруйун театр умуннарар, сүрэҕин-быарын сынньатар. Үсүһүнэн, киһи бэлиэтии көрбөт олох-дьаһах кистэлэҥин театр көрдөрөн, киһини үөрэтэр, өйүн-санаатын кэҥэтэр, дириҥэтэр. Мантан атыннык театр суолтата өйдөммөт этэ оччолорго, ордук үһүс пууҥа НЭП саҕаланыытын саҕанааҕы садаачаны сөпкө быһаарар. Софронов даҕаны, Леонтьев даҕаны НЭП сабыдыалын таба өйдүүллэрэ. Соҕурууҥҥу литературнай сүүрээннэри, мөккүөрдэри сэҥээрэллэрэ айымньыларыттан көстөр”.
Салгыы Н.Д. Неустроев уонна П.И. Оросин-Хайыкы айымньыларын испииһэктиир. Ол кэннэ кириитик В.Н. Леонтьев ыстатыйаларыгар тохтуур.

В.Н. Леонтьев “Ойуунускай «Кыһыл Ойууна»” ыстатыйатын Тыаһыт табыллыбатах үлэнэн ааттыыр, ол кини уопута суоҕуттан, кириитик быһыытынан ситэ илигиттэн тахсыбыт диэн быһаарар: “Кыһыл Ойуун” сүрүн идеятын, философскай түмүктээһиннэрин, композициятын ааптар таба өйдөөбөтөҕө оччотооҕу литературнай таһымыттан тутулуктаах”.

“Саха художественнай литературатын, кини сайдыытын туһунан” ыстатыйаҕа В.Н. Леонтьев саха литературатын уратытын уонна кини инники сайдыытын туһунан суруйар. Тыаһыт бу ыстатыйаҕа ааптар оҥорбут түмүктээһиннэрин сэргии аахпыт, ол иһин сиһилии ырытарга санаммыт. Кини ыстатыйаны кэҥэтэн, дириҥэтэн биэрэр курдук эбии быһаарыылары киллэрбит. Саха литературатын А.Е. Кулаковскай хоһоонноро, В.В. Никифоров “Манчаары түөкүн” драмата уонна А.И. Софронов, К.О. Гаврильев кэпсээннэрэ биллэрдик сайыннарбыттарын бастатан туран бэлиэтиир. Ыстатыйаҕа 1917 сыллааҕы революция кэнниттэн тэриллибит “Саха аймах” общество литература сайдарыгар эмиэ кырата суох кылааттааҕа ахтыллар, Тыаһыт ону кытта сөпсөһөр, ити обществоҕа сылдьыбыт дьоннортон биллэр саха суруйааччылара, тылбаасчыттара үөскээбиттэрэ диэн этэр. В.Н. Леонтьев саха литературата тылбаас буолбаккка “самобытнай” буолуохтаах диэн түмүктээһинин сөбүлүү көрбүтүн биллэрэр. Тыаһыт кириитик В.Н. Леонтьев үлэлэрин үксүн сэргиир эбит диэн түмүккэ кэлэбит.

Тыаһыт Саха бастакы идэтийбит музыканнарыттан биирдэстэрэ, самодеятельнай композитор Ф.Г. Корнилов “Чолбоҥҥо” бэчээттэммит ыстатыйаларын библиографияҕа эмиэ киллэрбит. Ф.Г. Корнилов “Аан маҥнай саха ырыата үөрэхтээх сахалар истэригэр тарҕанан испитин туһунан” диэн 1927 сыллаахха бэчээттэммит ыстатыйатын кылгас ис хоһоонун суруйбут. Кини кэнниттэн испииһэккэ Г.В. Баишев-Алтан Сарын айымньыларыгар кэлэр. “Чолбон” сурунаалга бу ааптар кэпсээннэрэ, хоһоонноро уонна саха тылын туһунан ыстатыйалара бэчээттэммиттэр эбит. Тыаһыт кини ыстатыйаларыгар бэлиэтээһиннэри оҥортообут. Г.В. Баишев-Алтан Сарыны кытта Тыаһыт педтехникумҥа билсибиттэр эбит. Кини үлэни ылыста эрэ оҥорон баран тэйэрин, уһулуччу элбэх билиилээҕин ахтан ааһар. Г.В. Баишев-Алтан Сарын тылы үөрэтиигэ, тылбаастыырга дьаныардаахтык үлэлэспитин, ол эрэн сорох ардыгар өйдөммөт тыллары арыйарын туһунан кини маннык суруйар: “Нууччаттан үс үйэ тухары киирэн, саха тылын байыппыт тыллары (куурусса, бараан, сокуон диэннэри) тюрктуу, монголлуу тылларынан солбуйан, эбэтэр тыыннаах уонна өлүктүйбүт аффиксаларынан саҥа тыллары үөскэтэн, сахалыы тыллар семантикаларын кэҥэтэн тылы барҕардар идеялааҕа. Онон сорох ардыгар кини позицията өйдөммөт буолара. Бараан дэппэт – “хой”, куурусса (куутук) дэппэт – “табык”, сокуон дэппэт – “куолу” дэтэр этэ…”. Тыаһыт кини уларытыыларын кытта соччо сөпсөспөтөр даҕаны, Г.В. Баишев-Алтан Сарын саха тылын терминологиятын биллэрдик байыппыта диэн этэр. Кириитик Г.В. Баишев-Алтан Сарын үлэлэрин анаан-минээн үөрэтиэххэ наада, оччоҕо эрэ кини үтүө өҥөтө быһаарыллыа, сыыһалара көннөрүллүө этилэр диэн санаатын түмүктүүр.

Бу кэнниттэн Тыаһыт Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон “Чолбоҥҥо” бэчээттэммит үлэлэрин наардыыр. Кини эрдэттэн даҕаны бу суруйааччыны сэҥээрэрэ, кини айымньыларыгар сыанабыл суруйбута. Айымньылары испииһэктээн баран уопсай түмүк быһыытынан маннык кылгас быһаарыы киллэрэр: “Суорун Омоллоон “Чолбоҥҥо” ордук хойукку сылларга элбэх айымньыларын бэчээттэппит. Ол иһигэр “Охоноон”, “Аанчык”, “Сордоох суха”, “Күөх Көппө” курдук кэрэхсэбиллээх, саҥа тематикалаах, уус-уран өттүнэн сиппит-хоппут айымньылары бэчээттэтэн талаанын бигэргэппит эбит”. Маныаха кини сэбиэскэй суруйааччылартан Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоону чорботорун, кини айар үлэтин сөбүлүүрүн өйдүөххэ сөп: “Субу сылларга даҕаны Суорун барыларыттан уһулуччу дириҥник хаһыйан, тылын-өһүн кыайа тутан, уобараһын чочуйан букатыннаах суолун булунарга бэлэм буолбут эбит. Бары эдэрдэртэн кини киэҥник эрдэ биллэр буолбутугар “Чолбон” суолтата улахан”.

Салгыы бэлиэтээһиннэрэ суох көннөрү испииһэктэр кэлэллэр. Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, С.Р. Кулачиков-Эллэй, П.А. Ойуунускай, Н.М. Андреев-Түгүнүүрэп, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, А.А. Иванов-Күндэ, Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын, С.С. Васильев-Борогонскай, С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ, А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай айымньыларын уонна А.Я. Игнатьев, Г.И. Гермогенов-Эргис тылбаастарын киллэрэр. Тыаһыт библиографическай испииһэгэ өссө улахан буолуон сөп эбит даҕаны, кини сорох айымньылары киллэрбэтэх, ону иккис чаас түмүгэр: “Бэрт аҕыйах ааптардары, кимнэрэ биллибэт эбэтэр суруйууларын суолтата суох буолан испииһэккэ киллэрбэтим”, – диэн быһаарар.

Ыстатыйа үһүс чааһыгар “Чолбон” сурунаалга бэчээттэммит айымньылары испииһэктээн баран, уопсай түмүк оҥорор: “Чолбоҥҥо” бэчээттэммит кэпсээннэрэ (сэһэннэр уонна романнар оччолорго үөскүү иликтэрэ), хоһоонноро, ыстатыйалара, оннооҕор нууччалыыттан тылбаастара проблемнай боппуруостары хабаттыыр эбиттэр”. Сурунаалга тахсыбыт айымньылар тиэмэлэрин уратылара кинилэр атын-атын редакциялар үлэлиир кэмнэригэр бэчээттэммиттэриттэн тутулуктаах буолуон сөп диир, онон салгыы кини “Чолбон” икки редакциятын тэҥниир уонна туох уопсай өрүттэрдээхтэрин быһаарар.
“Чолбон” икки редакциялааҕа: биирдэрэ Леонтьевтаах киэннэрэ (1926-1927 сыллар бүтүөхтэригэр диэри), иккиһэ Ойуунускайдаах киэннэрэ (1929 сылга диэри). Бу икки редакция бэчээттэппит матырыйааллара тус-туспалардаах буолтарын да иһин сүрүннэрэ – проблемнайдарынан биирдиҥилэр. Тыл уонна кириитикэ боппуруостарыгар кэнники редакция проблемалары ордук чуолкайдык туруорар уонна быраапсайдык тыктарар” -диэн Тыаһыт санаатын үллэстэр. Бастакы редколлегия үлэлиир эрдэҕинэ ааптар ахсаана аҕыйах, иккискэ даҕаны кинилэр соччо элбээбэтэхтэр. Ол эрэн П.А. Ойуунускай салайааччылаах редакция суруйааччыларын ахсаанын элбэтэргэ күүскэ үлэлэспиттэрэ мантан көстөр диэн кириитик быһаарар: “Бииринэн, тылбааһы элбэппиттэр (Горькай, Короленко, Чехов шедеврдэрин), иккиһинэн, аныгы тематикалары хамаҕатыппыттар (Суорун, Эрилик айымньылара), үсүһүнэн, литератураҕа уонна тылга мөккүөрү саҕалаабыттар, төрдүһүнэн, быһаччы историческай тиэмэни көтөхпүттэр (ойуун үөскээбитэ, саха үөскээбитэ), бэсиһинэн, революционнай ахтыыны олохтообуттар (Ойуунускай аатырар ахтыыта), алтыһынан, үгэ, фельетон жанрын үөскэппиттэр”. Тыаһыт редакциялар бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрбиттэрин сурунаалга бэчээттэнэр айымньылар тиэмэ уонна ис хоһоон өттүнэн майгыннаһаларыттан көрүөххэ сөп диэн этэр. Ити санаатын кини Н.Д. Неустроев “Балыксыт Былатыанын” (бастакы редакция) уонна Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон “Охоноонун” (иккис редакция) холобурдаан ситэрэр, итэҕэтиилээхтик дакаастыыр. Оттон критическэй үлэлэр уратыларын В.Н. Леонтьев уонна Г.В. Баишев-Алтан Сарын ыстатыйаларын тэҥнээн көрөн быһаарар. Кинилэр үлэлэрэ олох майгыннаспаттар, ол эрэн кириитикэ сайдан испитэ көстөр диир. Маны барытын этэн туран Тыаһыт биһиги “Чолбон” сурунаалы тосту уларыйбыт курдук саныа суохтаахпыт, төттөрүтүн, сайдыбыт, тупсубут курдук көрүөхтээхпит диир. Кини “Чолбон” сурунаал саха норуотун литературнай баайа буоларын өйдүөхтээхпит диэн сөпкө бэлиэтиир.

Ааптар: Екатерина Гладкина, билэлиэгийэ маҕыыстыра,
“Сахабэчээт” иһинэн “Улус медиа” сетевой таһаарыы кэрэспэдьиэнэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА