Бэйэтин кэмигэр сүҥкэн үлэни оҥорбут, саха таабырыннарын чинчийбит Сардаана Платоновна Ойунская ааҕан таһаарбытынан, 15 тыһыынчаттан тахса таабырын хомуллан, илиинэн суруллан архыыпка хараллан сытар. Итиччэ баайтан 5/1 эрэ хат-хат хатыламмат, бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат эбит. 1975 сыллаахха тахсыбыт “Саха таабырыннара” хомуурунньукка бастаан утаа 6 тыһ. тахса таабырыны киллэрбиттэрэ. Ол гынан баран, эрэдээксийэлээһин кэнниттэн 2855 таабырыны талан ылан бэчээттээбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, улуус-улуус аайы биир таабырын биир ис хоһоонноох, соннук майгынныыр тыллаах буолар эбит. Түөлбэ эбэтэр эргэрбит тыллардаах таабырын ахсаана аҕыйах. Онон таабырын саха тыла киэҥ да киэҥ Сахабыт сиригэр биир кэлимник сайдыбытын, уларыйбатаҕын, ураты күүстээх айылгылааҕын көрдөрөр. Салгыы «Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар ааҕыҥ.
Ааптар: Егор Николаев, гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтүн саха тылын салаатын үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата
С.П. Ойунская таабырыннарын Э.К. Пекарскай тылдьытыттан, С.В. Ястремскай, И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай, В.Л. Приклонскай, Р.К. Маак, Н.Д. Неустроев, С.А. Новгородов уо.д.а. сыылынайдар, айанньыттар, суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрин үлэлэриттэн, биирдиилээн дьон көрөн-истэн хомуйан мунньубута.
Саха таабырыннарын сүрүн ис хоһоонун таба көрөн Вацлав Серошевскай “Якуты” үлэтигэр маннык эппитэ: «Добрая треть, если не половина, якутских загадок касается скотоводства или оттуда заимствует свои сравнения». Кырдьык, таабырыннарбыт үгүстэрэ сүөһү, сылгы иитиитин тула эргийэллэр: үрүҥ ас, иһит-хомуос, ынах сүөһү, сылгы өҥө-дьүһүнэ, быһыыта-таһаата, ат тэрилэ, от үлэтэ, ынаҕы уулатыы, хотон, о.д.а. Ол аата саха тыыннаах буолбут тирэнэр тирэҕин, акылаатын ырылыччы ыйа сылдьаллар. Саха сүөһүнү, сылгыны иитэн саха омук, сахалыы тыллаах буолбута диэн этиллэр. Онтон атын төрүөт суохха дылы.
Биллэн турар, үгүс таабырыҥҥа урукку олохпут көстөр. Аныгы таабырыннар баалларын өссө ырыта, үөрэтэ, иһигэр киирэ иликпит, тоҕо диэтэххэ, тылынан уус-уран айымньы кэм тыынын уйан, тургутууну ааһан суураллыахтаах эбэтэр уостан уоска бэриллэн үйэтийиэхтээх.
Саха омук урукку олоҕо диэн тиэмэҕэ иэҕэн аҕаллахха, айыы итэҕэлин кытта ситимнээх. Айыы диэн көннөрү итэҕэл эрэ буолбакка, айыллыы, айымньы, айылҕа диэн өйдөбүллэри кытта ыксалаһар. Ол таабырыннарга эмиэ көстөр эбит. Холобур, Э.К. Пекарскай тылдьытыгар 700-тэн тахса таабырын баара биллэр. Онуоха барытыгар кэриэтэ, хас биирдии тылыгар, таайыытыгар айыы диэн өйдөбүл төһө киэҥник арыллар:
айыы оҕуһа (куолакал);
айыы оҕото хара кылы сыыйар (уулуу киирбит ат);
айыы уола кыһыл былаатын талбаатаабытын ким да көрбөтөх үһү (кустук);
айыы кыыһа аҕыс төргүүлээх үһү (тыһы ыт эмиийэ);
айыы кыыһа кыһыл көмүс кырыымпанан ыллаатаҕын аайы, үрүҥ туньах ыһыллан иһэр (аһыҥа оту ньимси сиирэ);
айыы (таҥара) уола ыас (ыаһы) ыстыыр үһү (үүн).
Ити таабырыннартан ордук былыргыта, эрдэтээҥҥитэ сылгыга сыһыаннааҕа буолуохтаах диэн сэрэйиллэр. Сылгы таҥаралаах, сылгыга сүгүрүйэр түүр омуктарга киирсэр буоламмыт, ити уратыбыт бигэтийбит, оҕону кыратыттан олоххо үөрэтэр таабырыҥҥа кубулуйбут. Түүр омуктарыгар таабырыннары эттээн-мииннээн ырытыы кэмчи. Таабырыннарын ис хоһоонун ырытыы өссө аҕыйах, тоҕо диэтэххэ, итэҕэл уларыйдаҕын, олох-дьаһах хамсаан истэҕин аайы, урукку суолта эмиэ умнуллар. Ол да буоллар, көрдөөтөххө көмүс да көстөр дииллэринии, туба-кижи (туба киһитэ) диэн алтаайдар биир биис уустарын түөлбэ тылларыгар “тенъерининъ уулы темир санъыс тайнап туру=сын неба жует железную серу (лошадь жует удила)” диэн таабырын баар. Сахалар ыаһы ыстыыр аттара алтаайдар сераны ыстыыр аттарын кытта уруулуу-аймахтыы буолбута, ама, соҕурууттан көтөллөөх, итии дойдуттан иэтиилээх эбиппитин арыйбат диэн ким мөккүһүөй? Саха омук быһыытынан атаҕар турарыгар ити эмиэ суолталаах.
Ыт эмиэ айыы кыыла, харамайа диэн, биир өттүнэн, омос көрдөххө, дьиктитик иһиллэр. Ыһыахха ыты киллэриллибэт, ыты баайыллар, ыт кутуругар абааһы сөрүөстэн киирэр диэммит тоҕо таабырыҥҥа кэлэн айыы диэҥҥэ сыстыбыта эмиэ барыбытын толкуйдатыан сөп.
Отчут саха күнтэн-дьылтан уонна аһыҥаттан тутулуктаах – Сахабыт сирин айылҕатыгар үөскээбит таабырын. С.П. Ойунскаяҕа көлүйээн кыыһа көтүөлээн эрэр үһү (аһыҥа) диэн үөрэх кинигэлэригэр, үгүс хрестоматияҕа киирбит таабырын баара даҕаны үгүһү этэр. Кырыымпалаах аһыҥа сүөһүнү иитэр омукка улахан суолталаах. Аһыҥа – кураан дьыллар туоһута. Онон бу таабырын хаһан эрэ кураан сатыылаабыт кэмигэр үөскээн тарҕаммыт диэн сабаҕалыахха сөп.
Саха былыргы олоҕо-дьаһаҕа сүрэхтэнии киириэҕиттэн ыла тосту уларыйбытын билэбит. Бастаан ааппытын уларыппыттара. Ол да буоллар, ааттарбыт дьүһүн кубулуйан аны хос аакка көспүттэрэ. Куту-сүрү сүтэрбэт туһугар охсуһуубут ол буолар. Оттон саҥа ылыммыт итэҕэлбит таҥара дьиэтэ, саалтыыр, миэрэ диэнтэн саҕалаан күннээҕи халандаарбытыгар киирбитэ. Охонооһойоп, Бөтүрүөп, Ньукуолун, Ыспааһап, Сэмээнэп, о.д.а. таҥара күннэрин урут да, билигин да эндэппэккэ билэбит, төрүт бэйэбит киэнэ оҥостон олохпут укулаатын итинэн сирдэтэн муоһалыыбыт. Оттон айыы итэҕэлэ соччо-бачча иннин биэрбэккэ, аны саҥа итэҕэли кытта силлиһэн, айыы оҕуһа эбэтэр атыыра буолан саҥалыы дьүһүннэммитэ. Оҕуспут ханна барыай, билигин да баар: соҕуруу дойду оҕуһа мөҕүрүүр үһү; аан дойду атыыра кистээбит (куолакал). Ардыгар куолакалбыт күлүмэн, чыычаах буолар: күлүмэн аҕабыыт күнүн аайы биэтэҥнии-биэтэҥнии ыллыыр үһү; соҕуруу дойдуттан былыыр-былыр кыһыл көмүс чыычаах көтөн кэлбитэ үһү. Сороҕор аны туос иһит буолан ылар: күҥкээһиннээх күтүр ыаҕас, сайҕааһыннаах саар ыаҕас баар эбит.
Соторутааҕыта саха университетыгар хатыыстан өр кэмҥэ буортуйбат силим (клей) оҥорор аныгылыы ньыманы тобулбуттарын туһунан суруйбуттара. Сордоҥ, хатыыс хабаҕыттан (плавательный пузырь) силими сахалар былыр-былыргыттан оҥороллор. Устуорук Ф.Ф. Васильев ол ырысыабын умнубуппут быһыылаах диэн “Военное дело якутов” үлэтигэр суруйан турар. Силими анаан-минээн элбэхтик оҥороллоругар туоһу – туспа ааттаах-суоллаах аналлаах иһит. Ол – тахтай (клеянка).
Бу дьикти туос иһит, кырдьык, умнуллубут быһыылаах. Эбэтэр кыараҕас түөлбэҕэ эрэ итинник ааттаах буолуон эмиэ сөп. Тылдьыкка көрдөххө, тахтай Орто Халыма, Саккырыыр түөлбэ тылларыгар ‘чабычах’ диэн суолталаах. Силими оргутан оҥоруу кистэлэҥэ М.Н. Ионова (Андросова), Э.К. Пекарскай, С.В. Ястремскай, И.А. Худяков хомуйбут таабырыннарыгар таайтаран этиллэр:
таабырын төрдө там-татахай (там-тахай; там-татай) баар үһү (тахтайдаах силим);
таабырын төрдө там татай баар үһү (клей в посуде);
тэҥкэ мас тайахтаах (туос тахтай тутааҕын туһунан; с посохом из долгой лиственницы аккуратный железный есть, говорят (в клеянке варят клей, ручка клеянки);
тиэрэ халлаан дьиэлээх (силимнээх туос тахтай туһунан);
опрокинутое небо – дом его, длинное дерево – посох (берестяная клеянка, посудинка, в которой варят клей);
тэйгэл тиит тирэхтээх (тахтай, тахтай тутааҕа);
тиэрэ халлаан хаппардаах (туос тахтай туһунан);
опрокинутое небо – сумочка его, большая лиственница – посох, с золотой колотушкой муть-шаман есть, говорят (клей в клеянке).
Ол гынан “таабырын төрдө там-татахай” диэн таабырыны таайтардахтарына, И.А. Худяков суруйарынан, дьон бары күлэ, сэргии түһэллэр эбит: “ээ итини бары бэркэ билэбит” диэн. Онон таабырын сүрүн быһаарыытыгар силим да, тахтай да мээнэҕэ киирбэтэх буолуохтаах. Бу Орто дойду сил саҕаттан силбэнэн турарыттан сэдиптээтэххэ.
Кымырдаҕас арыыта (хайаҕа; Ленскэй түөлбэтигэр кымырдаҕас иигэ дииллэр) диэн сүһүөх, уҥуох ыарыытыгар туттулларын бары билэбит. Бүтэй куйаас сатыылаатаҕына кымырдаҕас оргулун үрдүгэр сүөгэйдиҥи-арыытыҥы төбүрэх курдук өрө кыынньан, оргуйан тахсар үһү. Ол ону таба тайанан ыллахха сыыска түспэт ааттаах эмп буолар үһү. Кымырдаҕас, арааһа, түүр омук култууратыгар эмиэ туох эрэ улахан суолталана сылдьыбыт быһыылаах. Дэлэҕэ биир сүрүн ойуубут-мандарбыт “кымырдаҕас ойуу” диэн ааттаныа дуо. Алтаайдар куу кижи=куба киһи диэн түөлбэ тылларыгар “агаш аразында тьаглу казаным кайнап тьат=среди деревьев с маслом мой котел кипит (кымырдаҕас уйата)” диэн таабырыннара сахалыы “сир анныгар силим кыынньар үһү (кымырдаҕастар); ойуурга олгуй оргуйар үһү (кымырдаҕас уйата) диэннэрин кытта олус чугас.
Айылҕабыт сылыйан, аныгы саха ыала аны ыҥырыа иитэн мүөт ылар, атыылыыр урбаан саҥа көрүҥүн тэринэр буоллулар. Мүөт диэн тылбыт ойуулаан-дьүһүннээн маннык таайтарыллар эбит: тамалҕан төрдүгэр таҥара хайаҕа сытар үһү (ыҥырыа мүөтэ). Үөнтэн-көйүүртэн таҥараҕа ордук чугастара мүөттээх ыҥырыа диэн элбэх омук мифологиятыгар ахтыллар. Таҥара ыҥырыаны айарыгар: “Бу күн сирэ баарын тухары баар буолуоҥ”, – диэбитэ үһү диэн үһүйээн эмиэ баар.
Тойон ыҥырыа (шмель) туһунан маннык таабырыннар бааллар:
мөҥүрүүр, муостаах, түүлээх да буоллар оҕус буолбатах;
солко-түрбэ таҥастаах Догдоохоон ойуун дуораанныйар үһү;
соҕуруу дойдуттан торбос саҕынньахтаах оҕолор кэлбиттэр үһү;
торҕо-түрбэ таҥастаах тойон киһи баар үһү.
Саха мыкырык муостаах хара эриэн ынаҕар холоммутуттан да сылыктаатахха, таабырын балачча саастаах. Атыы-тутуу, эргиэн-урбаан сайдыытын, саха олоҕо уларыйарын торбос тириитэ, солко-торҕо таҥас диэн өйдөбүллэрин таабырынннарга киллэрэн көрдөрбүттэр.
Таабырын төрдө там-татахай таайылла сатыыр таабырына итинник. Сыыппара үйэтэ халбархай, ааһар былыт албыныгар, көтөр былыт көлдьүнүгэр холоонноох. Оттон сир-буор үлэтэ, төрүт дьарыкпыт, ынахпыт-сылгыбыт, айылҕабыт – туллар тутаахпыт, баар суох эрэлбит, аһыыр аспыт, таҥнар таҥаспыт, төрүт олохтоох омук буолар сүрүн бэлиэбит. Ону кэрэһилиир сахабыт тылын ойуутун-мандарын утум-ситим тиһэммит байдам-сайдам олохпут уйгутун оҥостубуппутун курдук оҥосто олордохпут буоллун.
This post was published on 29.10.2021 11:01 11:01