СИА «Билим» альманаҕын 2022 сылга салгыы таһаарар. Саха сирин учуонайдарын интэриэһинэй ыстатыйаларын элбэх киһи умсугуйан ааҕар. Бүгүн суруналыыстыка биир кэрчик кэмин «баары баарынан» кэпсээбит Силип Бөтүрүөбүс саҥа кинигэтин ырытыы тахсар. «Бу кинигэ көрүҥүн быһаарар эбит буоллахха, докумуоннарга олоҕурбут ахтыы (мемуарно-документальный жанр) диэн буолар. Бу ахтыы кинигэ “Саха сирин бэчээтэ үйэлэр кирбиилэригэр” диэн икки чаастаах таһаарыы маҥнайгы түһүмэҕин курдук өйдөнөр. Ааптар оччотооҕу докумуоннарга олоҕуран, үлэтин-хамнаһын көнөтүнэн сиһилииргэ дьулуһар. Ол да иһин кинигэ “Баары баарынан” диэн ааттаннаҕа«, — диир тыл үөрэхтээҕэ Торотуойап.
Ааптар: Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап, тыл үөрэҕин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ
Уол оҕо олоҕо хаһан баҕарар түһүүлээх-тахсыылаах буолар. Өс хоһоонугар этиллэринии, “Уол оҕо биир күн — ат уорҕатыгар, биир күн — ат өрөҕөтүгэр”. Кинигэни аахтахха, итиниэхэ атылыы түгэн Силип Бөтүрүөбүс олоҕор хаста да буолбут эбит. Кини итини барытын эрдээхтик итиэннэ чиэстээхтик этэҥҥэ туораабыт. Онуоха мэлдьи олоҕун аргыһыгар итиэннэ кыһалҕалаах кэмигэр илиилэрин утары ууммут, өйөөбүт-убаабыт дьонугар-сэргэтигэр махтанар. Ити курдук бу кинигэ үгүс сирэйэ махтал тыынынан илгийэр.
Кинигэ сүрүн ис хоһоонун маннык түһүмэхтэр саас-сааһынан арыйаллар.
- Киирии тыл оннугар
- Оҕо саастан силис тардан
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин телерадиохампаанньатыгар
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын аппараатыгар
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин дэпэртээмэнигэр
- Саха бэчээккэ
- 15 сыл бииргэ
- Тирэҕим – дьиэ кэргэним
- Ахтар-саныыр ытык дьонум, сүгүрүйэр сүдү дьонум
- Саха бэчээтэ инникилээх дуо (түмүк тыл оннугар)
Манна ааптар олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын олуктара дьэҥкэтик итиэннэ ситимнээхтик көстөр.
Саха бэчээтин 115 сыллаах устуоруйата “Саха дойдута” диэн хаһыат тахсыаҕыттан, ол аата 1907 с. от ыйын 1 күнүттэн ыла саҕаланар. Билигин ол күн Саха бэчээтин күнэ диэн биллэр. Оттон Силип Бөтүрүөбүс Саха Өрөспүүбүлүкэтин иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэтигэр, бэчээтигэр үйэ чиэппэриттэн ордук кэм үлэлээбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн “Бэлэм буол” хаһыат эдэр кэрэспэдьиэнэ, бэл диэтэр, Элиэньин куоратыгар юннаттар бүтүн сойуустааҕы сүлүөттэригэр кыттар чиэскэ тиксэн турардаах. Ону барытын ааҕан-суоттаан хабаатыннардахха, саха бэчээтин устуоруйатын 4/1-гэр Силип Бөтүрүөбүс суола балачча биллэрдик ыйдаҥаран көстөр.
Кинигэбит ааптара: “Былыргыттан быйылгыга диэри судаарыстыбаҕа сулууспалааһын, былаас уорганыгар үлэлээһин – чиэс уонна олус үрдүк эппиэтинэс,” — диир. Кини олоҕун улахан аҥаарын салайар үлэҕэ анаабыта. Соморсун оскуолатын дириэктэрэ, оттон нэһилиэк бэрэссэдээтэлэ, 1986 сыллаахтан ССКП Амма оройуонунааҕы кэмитиэтин бырапагаанда уонна аҕытаассыйа салаатын сэбиэдиссэйэ, 1988 с. оройкуом тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ, 1991 с. норуот дьокутааттарын оройуоннааҕы сэбиэттэрин тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйэ.
Силип Бөтүрүөбүс 6 сыл “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа эппиэтинэстээх дуоһунастарга олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ улуустар тэлэ/устуудьуйаларын үлэтэ бэркэ сэргэхсийбитэ. Иван Михайлович Андросов ахтыытын аахтахха, бастаан утаа сахалыы тахсар биэрии 30 эрэ % ылар эбит буоллаҕына, кини салайар кэмигэр биэрии 80 % сахалыы тылынан тахсар буолбут. Бу эттэххэ эрэ дөбөҥ. Төһөлөөх сыра-сылба, күүс-күдэх бараммыта буолуой? Төһөлөөх үлэ-хамнас тигинэччи барбыта буолуой? Манна Силип Бөтүрүөбүс эмиэ быһаччы кыттыгастаах.
Кинигэ ааптара бэчээт курдук уустук салааны 20 сыл быһаччы салайар уонна салайсар кэмнэригэр Ил Дархан ыйаахтарын, бырабыыталыстыба уураахтарын, дьаһалларын, тус сыаллаах барыллары бэлэмнээһиҥҥэ элбэхтик кыттыбыта. Ол курдук 15 сыл Бэчээт дэпэртээмэнигэр, 5 сыл – Саха бэчээккэ салайар-тэрийэр үлэҕэ үлэлээбитэ.
Элбэхтэн аҕыйах холобуру ылан көрүөҕүҥ. 2000 с. араадьыйа, тэлэбиидэнньэ уонна бэчээт эйгэтигэр граннар олохтоммуттара, “СӨ бэчээтин туйгуна” бэлиэ баар буолбута. 2001 с. бырабыыталыстыба анал дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ уонна улуус хаһыаттара сылтан сыл мунньуллан испит олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбата оҥорор уонна типэгирээпийэ бэчээттиир өҥөлөрүн иһин өр кэмҥэ мунньуллубут иэстэриттэн төлөрүйбүттэрэ. 2001-2002 сс. улуустар хаһыаттарын эрэдээксийэлэрэ офсетнай бэчээккэ көспүттэрэ, бэчээттиир тиэхиньикэлэрэ, көмпүүтэрдэрэ саҥардыллыбыта, о.д.а.
Силип Бөтүрүөбүс сүрүн болҕомтотун каадыры аттаран туруорууга, чуолаан, суола-ииһэ мөлтөх кырыы уонна хотугу улуустар эрэдээксийэлэрин каадырынан хааччыйыыга итиэннэ салалталарын бөҕөргөтүүгэ туһаайбыта. Инньэ гынан эдэр исписэлиистэргэ сөптөөх үлэлиир усулуобуйаны тэрийэн, идэтийбит суруналыыстар соччо таласпат сирдэригэр Абыйга, Аллайыахаҕа, Усуйаанаҕа, Эдьигээҥҥэ, Орто Халымаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Булуҥҥа, Анаабырга, о.д.а. улууска эрэдээктэрдэри анаан-минээн аҕытаассыйалаан, тылыгар киллэрэн, үлэҕэ ыыталыыра, сорохтору бэйэтэ арыаллаан тиийэн миэстэтигэр олохтуура. Кинилэр ахтыылара “Дьоһун кылаатын киллэрбитэ” диэн кинигэҕэ киирдилэр. Итиннэ даҕатан эттэххэ, кэллиэгэлэрэ Силип Бөтүрүөбүһү сатабыллаах салайааччы, үтүө сүбэһит, чугас доҕор быһыытынан үрдүктүк сыаналыыллар.
“Тирэҕим — дьиэ кэргэним” диэн олукка “Эр киһи инникитин, кини карьератын кэргэнэ оҥорор. Хайдахтаах да эр бэрдэ дьиэтигэр-уотугар өйөбүлэ суох буоллаҕына, олоҕор, үлэтигэр үрдүк ситиһиилэммэт. Эйигин өйдүүр-өйүүр кыыһы таба көрөн, таптаан олоҕуҥ доҕоро оҥосторуҥ – ол эн олоххор табыллыыҥ” диэн уот харахха этэр. Силип Бөтүрүөбүс холоонноох доҕорун Любовь Николаевнаны көрдө көрөөт сөбүлээн кэбиспит эбит. Ол кэмтэн үйэ аҥаарыттан ордук кэм элэс гынан ааспыт. Билигин Силип Бөтүрүөбүс — үс оҕо амарах аҕата, сүүрбэччэ сиэн уонна хос сиэн тапталлаах эһэтэ, хос эһэтэ.
Кинигэ ааптара Тыл – Сурук – Бэчээт сайдарын туһугар тугу ситиһиэхтээхпитин субу курдук чопчулуур:
- Бастакытынан, Сурук-бичик уонна Бэчээт күнүн суолталарын дириҥэтэн, инники сорукпутун тобулар, сүбэ-соргу сомсор быһаарыылаах тэрээһин, “норуот инникитин быһаарар күннэр” курдук өйдүөххэ диэн этэр.
- Иккиһинэн, “Саха бэчээтэ салгыы сайдарын туһугар саха тыла тыыннаах, чөл туруктаах буоларын ситиһиэхтээхпит” диир.
- Үсүһүнэн, ураты болҕомто араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ биэриилэрин тылыгар-өһүгэр ууруллуохтаах. Ол курдук суруналыыстар ыраастык саҥарарга, суруйарга дьулуһуохтаахтар диэн тоһоҕолуур.
- Төрдүһүнэн, “Ийэ тылбытын кэлэр көлүөнэлэргэ, ыччат дьоммутугар тыыннаах хааллардахпытына, үйэлэргэ өлбөт-сүппэт айымньылар суруллуохтара. Суруллубут — суоруллубат” диэн санаатын үллэстэр.
- Бэсиһинэн, “Тылбыт чөл буоларын хааччыйыахтаах бигэргэммит былааннары, бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ кыахтаах, баҕалаах салайааччылар, каадырдар наадалар” диэн сүрүн этиилэрин туомтуу тардар.
Итини этэн туран, “Саха бэчээтэ – сарсыҥҥылаах! Салгыы сайдар кыахтаах!” диэн сырдык санаалаах Силип Бөтүрүөбүс кинигэтин түмүктүүр.
“Баары баарынан” кинигэ таҥыллыыта олус тупсаҕай, ааптарын тыла-өһө бэрт ыпсаҕай. Силигин ситэрэн, үгүс түгэни үйэтитэн, элбэх хаартыска киирбит, ол сэргэх сэһэргээһин ис хоһоонун өссө ордук дириҥэппит. Кинигэҕэ үгүс үтүө дьон аата-суола ахтыллыбыт, кэрэ мөссүөнэ үйэтитиллибит. Дьэ, ити курдук 2 чаастаах таһаарыы бары өттүнэн сиппит-хоппут диэн сыаналыыбын.