Бүгүн СИА сирэйигэр тахсар «Билим» альманах «Сиэри-майгыны көрдөрөр үчүгэй концепт (саха тылын сомоҕо тылын уонна өс хоһоонун тылдьыттарынан)» ыстатыйатыгар саха омугар киһи сиэрин-майгытын үчүгэй өттүн сыаналыыр сомоҕо домохтор уонна өс хоһоонноро ҮЧҮГЭЙ универсальнай концебынан ырытыллаллар. Ааптар саха омук национальнай-култуурунай уратытын арыйар лексемалары ырытар. Киһи үтүө майгытын этэргэ ураты халыып (формула) туттуллара быһаарыллар.
Ааптар: Логинова Арина Григорьевна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн магистрана
Күлүүс тыллар: концепт, саха тыла, сиэр-майгы, ҮЧҮГЭЙ концепт, фразеологизм.
Концепт чинчийиилэрэ тыллары тэҥнии тутан, араас лингвокультуралар олоҕу анаарыыларын арыйаллар.
Саха тылын сомоҕо тылларын тылдьытыгар үчүгэй өттүнэн сыаналыыр сиэри-майгыны көрдөрөр ҮЧҮГЭЙ концепка сыһыаннаах үгүс сомоҕо тыл баара бэлиэтэннэ (16). Санаатынан ыраас, дьону өйдүүр, туора киһи кыһалҕатын кыһалҕа оҥостор киһини саха норуотугар үчүгэй киһи дииллэр. Холобур, ааннаах-үүттээх киһи «киһи кыһалҕатын өйдүүр, туох да иһин көмөлөһөр кыахтаах киһи» [2, с. 82], «сиэри-майгыны, киһи кыһалҕатын өйдүүр киһи ‘человек совестливый, нравственный; понимающий нужды других, сердобольный’» [4, с. 158] диэн быһаарыллар. Манна туох баарынан көмөлөһө сатыыр киһи этиллэр.
Саха норуотугар «киһи киһитэ», «айыы киһитэ» диэн өйдөбүллэр бааллар. Сахалар кэпсэтинньэҥ, дьону кытта биир тэҥник сыһыаннаһар киһини киһи киһитэ, дьон киһитэ (букв. народный человек). Бу майгыны-сигилини саамай улаханнык хайҕааһын буолар. «Дьоҥҥо сирдэрбэт үчүгэй киһи» буол диэн иитэллэр, манна аан бастаан «киһи киһитэ буол, онтон айыы киһитэ буоларга дьулус» дииллэр: «айыы киһитэ – ыраас дууһалаах, сырдык-ыраас киһи» [2, с. 101]. Саха өйдөбүлүнэн, үтүө санаалаах, үтүө сүрэхтээх киһи айыы киһитэ буолар, ол аата айыылары, үрдүкүлэри кытта сыһыаннаан этии. Бу өйдөбүлгэ абааһы киһи «скверный, гадкий человек; дурной во всех отношениях человек’ (букв. [как] черт, человек)» [2, с. 89] диэн сомоҕо тыл утары турар, холобур, Абааһы киһиттэн тугу булан ылыаххыный?
Емельянов Н.В. «Сборник якутских пословиц и поговорок» үлэтигэр үчүгэй киһини бэлиэтиир Күн курдук көнө санаалаах, ый курдук ыраас өйдөөх ‘с прямой душой, как солнце, со светлым умом, как луна’ өс хоһоону булабыт [4, с. 85]. Оттон куһаҕан киһи туһунан сахалар Күн сирин көппөҕүрдэн, айыы сирин ардаҕырдан ‘живет, портя собою солнечный мир, морося дождем божий мир’; Халлааны саппаҕырдан, сири киртитэн, дойдуну буортутан ‘живёт, коптя небо, поганя землю и портя страну’диэн этэллэр [4, с. 95]. Саха омук айылҕа итэҕэллээҕэ манна саамай үрдүк кэриҥ (критерий) буолан көстөр.
Көрсүө киһи байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук ‘Ум разумного глубок, как море, высок, как небо’ [4, c. 84] диэн дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах, сэмэй майгылаах киһини байҕал курдук улахан, халлаан курдук үрдүк диэн суолтаҕа этэллэр, киһини дириҥ байҕалга, үрдүк халлааҥҥа тэҥнээһин киһи дьон быыһыгар уратытын, санаатынан күүстээҕин бэлиэтиир. Манна эталонунан байҕал уонна халлаан буолаллар.
Үтүө санаалаах, бэрээдэктээх киһини этэргэ сахалар киһи киһитэ (букв. человек человека) [2, с. 223], киһилии киһи (букв. человеческий человек) [2, с. 224] диэн тыл олоҕун хатылаан этии баар. Маннык хатыланыы барамай ханнык эмэ хаачыстыбатын күүһүрдэн этэргэ туттулларын бэлиэтиир: «˂…> подчеркивает проявление какого-нибудь качества предмета речи» [3, с. 265].
Киһи киһитэ
киһи | киһи-тэ |
человек-NOM | человек=POSS/3SG |
‘Народный человек’
Киһилии киһи
киһи-лии | киһи |
человек=Adv | человек-NOM |
‘Хороший человек’
Бастакы түбэлтэҕэ тардыы сыһыарыытынан бэриллэр (халыыба – аат тыл+аат тыл), иккискэ – сыһыат түһүгүнэн. Саха тылыгар үгүстүк көстөр тыл олоҕун хатыланыыта көстөр, бу тавтология курдук өйдөнүллүбэт, манна киһилии майгы чиҥэтиллэн этиллэр (букв. «человечный человек»).
Маны таһынан ис минэ киһи «приятный, обаятельный человек» [2, с. 208], киһилии санаалаах «үчүгэй хаачыстыбалаах киһи» [2, с. 224], көмүс киһи (букв. человек-золото) [2, с. 231], көнө сүрэхтээх «чиэһинэй киһи» (букв. имеющий прямое сердце) [2, с. 233], эгилэ-бугула суох киһи «аһаҕас, туох да үөнэ-күрдьэҕэтэ суох, чиэһинэй киһи» [2, с. 395], «хайдах баарынан, көнөтүнэн сылдьар киһи ‘бесхитростный, прямодушный человек’» [1, с. 144] киһи сиэрин-майгытын ойуулаан этэллэр.
Эрэллээх, киһи эрэнэр киһитин эркин курдук эрэллээх киһи [2, с. 209], суон ойуур курдук дурда, халыҥ ойуур курдук хахха ‘защита, словно густой лес, ограда, словно дремучий лес’ [4, c. 82] диэн өс хоһооно баар, киһи улахан хаххаҕа, көмүскэлгэ сылдьара бэлиэтэнэр.
Эйэҕэс киһи үгүс доҕордоох ‘приветливый человек имеет много друзей’ [4, с. 82] диэн сырдык-ыраас санаалаах, сымнаҕас киһиэхэ дьон сыстар, дууһата сытар буолар.
Үчүгэй киһи суола сырдык, куһаҕан киһи суола хараҥа ‘у доброго человека светлый след, у плохого – темный’ [4, c. 90], сахаларга былыр былыргыттан үчүгэй киһи хаһан баҕарар олоҕо сатанар, суола ыраас, көнө буолар диэн өйдөбүл баар, ол өйдөбүлү бу өс хоһооно ситэрэн биэрэр.
Онон, саха өйдөбүлүгэр Айыы итэҕэлин тутуһар, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, дьон кыһалҕатын өйдүүр, эрэллээх, туох да үөнэ-күрдьэҕэтэ суох киһини үчүгэй киһи дииллэр. Манна эталон быһыытынан айылҕа көстүүлэрэ (күн, былыт) туттуллаллар. Тыл олоҕо хатыланан, барамай туох эмэ хаачыстыбатын чиҥэтэн бэлиэтиирэ эмиэ көстөр.
Литэрэтиирэ
- Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. ХV: (Буква Э). – Новосибирск: Наука, – 576 с.
- Нелунов А. Г. Якутско-русский фразеологический словарь = Сомоҕо домох сахалыы нууччалыы тылдьыта Том 1. А-К. – Новосибирскай: РНА СС издательствота, 1998. – 286 с.
- Петров Н.Е. Синтаксические средства выражения модальности в якутском языке. – Новосибирск: Наука. Сиб. Предприятие РАН, – 288 с.
- Сборник якутских пословиц и поговорок. – Якутск, Якуткнигоиздат, 1965. – 248 с.
- Толковый словарь якутского языка. – Новосибирск: Наука, – 680 с.