18 Балаҕан ыйа 18.09
  • $ 91,43
  • 101,51

"Билим": Саха уонна татаар остуоруйаларыгар анал ааттар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар саха уонна татаар остуоруйаларыгар баар антропонимнары суолталарынан бөлөхтөргө наардаан икки тыл уратытын учуонай Анна Шкулёва таһаарда. Бу наардааһын түмүгэр икки уруулуу тылллаах норуот уратылаһар өрүттэрэ дьэҥкэтин көстөн тахсаллар. Ол курдук, татаар остуоруйаларыгар бэйэлэрин итэҕэллэрин сабыдыала биллэрдик көстөр. Маны таһынан антропонимнар тулалыыр эйгэ, айылҕа, уопсастыба тутулугар уратылаһыылары көрдөрөллөр.

Ааптар: Шкулёва Анна Дмитриевна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн магистрана

Күлүүс тыллар: саха остуоруйадара, татар остуоруйалара, анал ааттар, суолтанан наардааһын, түүр тыллара.

Остуоруйа – норуот тылынан уус-уран айымньыта, фольклор биир көрүҥэ, киһи бэйэтин баҕатын, олоҕун-дьаһаҕын эбэтэр араас быһылаан туһунан өйтөн оҥорон кэпсиир дьиктилээх-дьиибэлээх, кэрэхсэбиллээх фантастическай кэпсээнэ. Остуоруйа норуот сиэрин-майгытын түмүллүбүт духуобунаһа. Анал аат көмөтүнэн барамай атын, кинини кытта биир көрүҥнээх барамайдартан туспа араарыллар.

Бу үлэҕэ саха уонна татаар остуоруйаларыгар баар антропонимнары суолталарынан бөлөхтөргө наардаан икки тыл уратытын таһааарарга холоннубут.  Саха тылыгар Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон уонна Г.У. Эргис остуоруйаларын хомуруунньуктарыттан барыта 141 антропонимы булан үлэбитигэр туһанныбыт. Оттон татаар остуоруйаларын хомуйбут М.А. Васильев, Л.Ш. Замалетдинов, Л.Б. Хабибуллина, Т.Р. Шакирова, Х.Х. Ярмухаметов хомуурунньуктарыгар баар 185 остуоруйаттан 100 антропонимы булан суоталарынан наардаан көрдүбүт.

Саха остуоруйаларыгар баар 141 антропонимы суолталарынан көрөн барыта 13 бөлөххө наардаатыбы:

  1. Хамсыыр-харамай. Бу бөлөх биэс арааска арахсар:
  • сир кыылларын ааттарыттан үөскээбит анал ааттар: Хахайдаан баатыр, Саһылыкаан эмээхсин, Нэгэй Тугут (нэгэй – ´киһи кэлэйиэн, сиргэниэн курдук куһаҕан´ [3: 505]. Остуоруйаҕа куһаҕан санаалаах, өһүөннээх бэрсэнээс);
  • дьиэ кыылларын ааттарыттан үөскээбит А.А.: Өҥөй Бөтүүк, Ылдьаа Борооску;
  • көтөрдөр ааттарыттан үөскээбит А.А.: Күөрэгэй, Кэҕэчэлээн Куо, Туллук, Хаан Тураах, Киргиллээн баатыр;
  • балык, сыылааччылар көрүҥнэрин ааттарыттан үөскээбит АА: Баҕа Ойох, Эмсэхсит Моҕой (дьону тутан олорор куһаҕан санаалаах саар), Лыыбырда (лыыба – ´күһүн муус тоҥуута бултаан холбоҕо кутан мунньубут мунду´ [3: 157]. Лыыбырда оҕонньор балыктаан аһылыктанар эбит);
  • үөн-көйүүр аатыттан үөскээбит АА: Быт-Быт оҕонньор (үөн саҕа кыра уҥуохтаах, түмүгэр чааскы кырыытынан хаама сылдьан итии мииҥҥэ түһэн өлөн хаалар), Чоху ойуун, Үрүмэччи Куо, Чаачаан-Чуучаан, Хомурдуос;
  1. Үүнээйилэр ааттарыттан үөскээбит АА син балайда көстөллөр: Отон бухатыыр (оҕото суох эмээхсин отон сиэн баран уон күнүнэн Отон бухатыыры төрүүр), Сибэккичээн, Лабаа Лабысхаан, Тэллэй эмээхсин;
  2. Барамай аатыттан үөскээбит АА эмиэ көстөллөр: Оҕуруо Бичик, Чуор-Чуораан, Ньаалбааннаах;
  3. Дьиэ-уот, тутуу аатыттан үөскээбит АА: Күүлэ-Күүлэкээн (30 сылы быһа туппут күүлэтэ үрдүгэр түһэн өлөн хаалар);
  4. Туттар тэрил аатыттан үөскээбит АА: Сүүтүк-Сүүтүгүйээн (намыһах уҥуохтаах бэрсэнээс), Хамыйахаан;
  5. Таҥас-сап аатыттан үөскээбит АА: От Сыалдьа (уокка иттэ олорон умайан өлөн хаалар), Тиэрэ Сыалдьыйа эмээхсин, Көтөр Саҥыйах баатыр, Мутук Кур, Лэглээр Бэргэһэ, Сириттэҕэс Сэлээппэ;
  6. Халлаан эттиктэрин аатыттан үөскээбит АА: Ыйдаҥа тойон, Күн Туналыкса, Кустук, Туманнаах бухатыыр, Чолбонтой тойон, Үргэл тойон, Тумарык саар;
  7. Бэрсэнээс омсотун бэлиэтиир тыллартан үөскээбит АА: Алаа Моҕус (саха тылыгар моҕус (мокус), маҕыс (маясыс) «айаҕымсах, топпот» киһини бэлиэтиир) уо.д.а.
  8. Киһи майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын бэлиэтиир тыллартан үөскээбит ааттар аҕыйаҕа суохтар: Тутум Түөкэй, Дьэргэстэй Куо, Алдьархай Айдаан, уо.д.а.;
  9. Бэрсэнээс быһыытын-таһаатын, туттуутун-хаптыытын ойуулуур тыллартан үөскээбит ааттар: Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин (бэйбэрий – ´түргэнник, кыараҕастык атыллаан хаамп, сүүр (намыһах уҥуохтаах, кылгас атахтаах сонос киһи туһунан´ [3: 438]), Соххор Доҕолоҥ, Додой, Хонолдьуйа, Босхоҥ Бэлгэдьэ, Күөгэй Намсын уо.д.а.;
  10. Киһи этин-сиинин бэлиэтиир тыллартан үөскээбит ааттар: Сүөҕэй Сүһүөх, Хабах Мэйии, Сытыган Өттүк, Сис Кээдэй, Тоҕонохоон, Сытыган Бэрбээкэй, Сэбирдэх Түөс, Эрбэхтэй, Кыл-Күөмэй (остуоруйаҕа күөмэйэ быстан өлөр) уо.д.а.;
  11. Киһи олоҕун илгэтин (уопсастыбаҕа балаһыанньатын), солону, чыыны-хааны көрдөрөр тыллартан үөскээбит ааттар: Айыы Дархан, Эрэйдээх-Буруйдаах дьадаҥы, Дьэллик Дьэһэгэй тойон;
  12. Идэни көрдөрөр тыллартан үөскэбит АА: Тиит Солооччу, Хаас Хаастааччы.

Татаар остуоруйаларын баар анал ааттар суолталарынан көрөн 13 бөлөххө наардаатыбыт:

  1. Хамсыыр-харамай аатынан ааттаммыт АА: Арсангали (´великий лев´), Арслан (´лев´ [2: 41]), Сандугач (´соловей´ [2: 522]), Турай (´молодой кабан´ [2: 321]);
  2. Үүнээйигэ сыһыаннаах АА: Бадигуль (´красивый цветок/роза´ [2: 444]), Гульсылу (´красивая как цветок´ [2: 444]), Зайтуна (´оливковое дерево´ [2: 463]), Имян (´дуб´ [2: 146]), Соломторхан (остуоруйаҕа солуоматтан оҥоһуллубут бэрсэнээс) уо.д.а.;
  3. Күндү таастарга, минералларга сыһыаннаах АА: Алмаз, Биктимир (´стальной, железный´), Таш батыр (таш – ´камень´ [2: 310]), Тимерджан (тимер – ´железный + джан – душа, человек´ [2: 322]), Фаида (´жемчужина, бриллиант´) уо.д.а.;
  4. Халлаан эттиктэрин аатыттан үөскээбит АА: Айгали (´величественный как месяц´ [2: 25]), Чулпан (´утренняя звезда, планета Венера´ [2: 378]), Зухра (´звезда´ [2: 468]);
  5. Дьиэ-уот, тутуу аатыттан үөскээбит АА: Рауза (´райские кущи, цветник´ [2: 514]);
  6. Саа-саадахтан, тэрилтэн үөскээбит АА: Сайфулмулюк (´меч монархов´);
  7. Кэм-кэрдии өйдөбүлүн бэлиэтиир ааттар: Былтыр (´прошлогодний´ [2: 68]), Кич батыр (´вечер´), Тан батыр (´заря´), Тен батыр (´ночь´);
  8. Таҥараны, итэҕэли кытта сыһыаннаах ааттар: Габдулла (´раб, слуга Аллаха´ [2: 88]), Гайнулла (´наблюдатель Аллаха´ [2: 94]), Галимулла (´всезнающий Аллах´ [2: 98]), Ибрагим (´отец народов´ [2: 136]), Марьям (´служащая Богу´ [2: 487]), Хадича (´имя жены пророка Мухаммета´ [2: 546]), Якуп (´имя пророка´ [2: 408]) уо.д.а.;
  9. Мифическэй харамайдар ааттарыттан үөскээбит АА: Жалмавыз (´обжора, ненасытная утроба. В татар. волшебных сказках присутствует в виде старухи-людоедки´), Убыр Таз (´мифический персонаж, оборотень, покойник´);
  10. Майгыны-сигилини, өйү-санааны бэлиэтиир тыллартан үөскээбит ааттар: Абдул (´мужественный, могучий, храбрый´ [2: 16]), Зариф (´деликатный; сладкоречивый´ [2: 131]), Хасан (´хороший, добродетельный´ [2: 366]), Халима (´терпеливая´ [2: 548]), Юмарт (´щедрый, великодушный´ [6: 311]) уо.д.а.;
  11. Бэрсэнээс быһыытын-таһаатын, туттуутун-хаптыытын ойуулуур тыллартан үөскээбит ааттар: Алтынчеч (´золотистые волосы´), Жилаяк (´«ноги-ветер», быстро передвигается´), Зулькарнай (´двурогий´), Шомбай (´коренастый, крепкий´ [2: 395]) уо.д.а.;
  12. Кэрэни, нарыны-намчыны бэлиэтиир тыллартан үөскээбит АА: Джамиля (´красивая, красавица´ [2: 456]), Зулейха (´здоровая, с красивой фигурой´ [2: 467]), Сылу краса (´красивая, стройная´ [2: 526]);
  13. Идэни, киһи олоҕун илгэтин (уопсастыбаҕа балаһыанньатын), чыыны-хааны көрдөрөр тыллартан үөскэбит АА: Жанбек (´господин´ [2, с. 117]), Зенки (´пастух´), Малика (´царица´ [2: 485]), Муллагали (´учитель, наставник´ [2: 219]), Хатип (´оратор´ [2: 368]), Шахмара (´представитель знати´), Ярлыахмет (´бедняк´).

Ити курдук, остуоруйаҕа баар үгүс анал ааттар хас биирдиилэрэ тус бэйэ суолталаахтар, ааттары бэрсэнээстэргэ көннөрү иҥэрбэттэр, ханнык-баҕарар норуот остуоруйалар бэрсэнээстэрин туох суолталааҕын арыйан, бэргэнник, мындырдык ааттаабыта көстөр. Бу наардааһын түмүгэр саха уонна татаар остуоруйаларыгар баар антропонимнар бөлөхтөрүнэн наардаааьыннара төһө да маарыннастар, ис иһигэр киирдэххэ икки норуот уратылаһар өйдөбүллэрэ дьэҥкэтин көстөн тахсар. Ол курдук, татаар остуоруйаларыгар бэйэлэрин итэҕэллэрин сабыдыала биллэрдик көстөр. Маны таһынан саха остуоруйаларыгар суох араас үүнээйигэ, чыыҥҥа-хааҥҥа сыһыаннаах антропонимнар тулалыыр эйгэ, айылҕа, уопсастыба тутулугар уратылары көрдөрөллөр.

Литэрэтиирэ:

  1. Замалетдинов Л.Ш. Татарские народные сказки. – Казань: Татарское книжное изд-во, 2019. – 317 с.
  2. Сагаутдинов Ш.Ш. Татарские имена: происхождение, значения, примеры. – Алматы, 2011. – 569 с.
  3. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. – Новосибирск: Наука, 2005-2018.
  4. Сивцев Д.К. – Суорун Омоллоон. Полное собрание сочинений и трудов. Т. 7. – Якутск, 2007. – 304 с.
  5. Эргис Г.У. Якутские сказки = Саха остуоруйалара : в двух томах. – Якутск: Якутское книжное изд-во, 1964-1967 с.
  6. Ярмухаметов Х.Х. Татарские народные сказки. – Москва: Гос. изд-во детской литературы Министерства просвещения РСФСР, 1957. – 313 с.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА