"Билим": Саха уонна кыргыыс тылларыгар «сокуон» тиэримин синиэнимнэрэ

«Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар саха уонна кыргыыс тылларыгар «сокуон» тиэримин үөскээһинин туһунан кэпсэнэр. Тиэримин синиэнимнэрин дефиниционнай, семасиологическэй уонна тэҥниир анаалыһа оҥоһуллар. Ааптардар саха тылын «куолу», «туһаан», «ыйаах», кыргыыс тылын «мыйзам» тиэриминнэрин нууччаттан киирбит «сокуон» тиэримининэн солбуйуу төрүөттэрин быһаарарга холоноллор. Түмүгэр, ыытыллыбыт анаалыска олоҕуран, ааптардар сахалыы суут-сокуон тиэриминин сайдыытыгар бэйэлэрин көрүүлэрин суруйаллар.

Ааптардар:

Гаврильев Семен Леонидович

М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи

бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт маҕыстыраана, Дьокуускай к.

Прокопьева Алена Кирилловна

билэлиэгийэ билимин хандьыдаата,

М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй

үнүбэрситиэт саха тылан хаапыдыратын дассыана, Дьокуускай к.

Күлүүс тыллар: суут-сокуон тиэриминэ; саха тыла; кыргыыс тыла; синонимия; тиэримини оҥоруу.

Саха тылын уонна да атын Арассыыйа Бэдэрээссийэтин өрөспүүбүлүкэлэрин судаарыстыбаннай тылларын ураты ыстаатыстара сокуонунан бигэргэнэр. Бу тыллар судаарыстыба, олохтоох бэйэни салайыныы уонна суут-сокуон уорганнарыгар күннэтэ туттуллаллар. Онтон сиэттэрэн сахалыы тиэримиҥҥэ ордук болҕомто ууруллар буолла.

Ол эрэн билигин да саха тыла дьыала-куолу эйгэтигэр көмө тыл эрэ быһыытынан туттулла сылдьарын чинчийээччилэр суруйаллар: «Сокуоннар, уураахтар, ыйаахтар уо.д.а. нуучча тылынан оҥоһуллаллар, саха тылыгар кинилэри тылбааһынан эрэ билэбит. Аны бу сокуоннар, уураахтар үксүн нуучча тыланан эрэ үлэлииллэр. … Дьыала-куолу тыла көмө эрэ суолталаныаҕыттан, үлэлиир суолтата кыччыаҕыттан, хаачыстыбата мөлтөөбүтэ» [3, c. 37]. Маны таһынан сахалыы суут-сокуон тиэриминэ олох хаамыытынан сайда, кэҥии туруохтаах. Ол инниттэн «тиэримин хасааһа» оҥоһуллуохтаах, ону оҥорорго урут туттулла сылдьыбыт тиэриминнэр туһаныллыахтаахтар диэн санаа эмиэ этиллэр [9, с. 103].

Итинник урут туттулла сылдьыбыт тиэриминнэри булуу чинчийиибит сүрүн сыала буолар. Саха уонна кыргыыс тылларыгар «сокуон» тиэримин эргэрбит синиэнимнэрин ырытар сыал-сорук турар. Бу сыалы ситиһэр туһуттан маннык соруктары туруорабыт: 1) саха уонна кыргыыс тылларын суут-сокуон тиэриминнэрин нууччаттан киирбит тылларынан солбуйуу төрүөттэрин быһаарыы; 2) тиэримини оҥорууга историческэй уонна бэлитиичэскэй быһыы-майгы дьайыытыгар сыана быһыы; 3) эргэрбит тыллары «тиэримин хасааһын» оҥорууга уонна күннээҕи туттууга кэскиллэрин торумнааһын; 4) суут-сокуон тиэриминин сайдар хайысхаларын анаарыы. Эрдэ саха уонна кыргыыс уопсастыба-бэлиитикэ эйгэтинээҕи тиэриминнэрэ анаалыстаммыт эбит буоллахтарына, олор истэриттэн суут-сокуон тиэрминнэрэ ойуччу тутуллан ырытылла иликтэрэ бу чинчийии сонун көстүүтэ буолар.

Биллэн турар, нуучча сокуона киириэн иннинэ сахалар бэйэлэрэ тутта сылдьыбыт тиэриминнэрэ сурукка-бичиккэ бүтүннүү киирбэтэх буоланнар, олору бүтүннүү сөргүтэр кыаллыбат. Ол эрэн этнография, тыл, история, фольклор, архыып чинчийиилэрин түмүктэринэн сахалар сокуон буолбут үгэстэрин уонна тиэриминнэрин чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллыбыта.

Д. Кочнев «Очерки юридического быта якутов» үлэтигэр (1899) саха маннык тиэриминнэрэ киирэ сылдьаллар: саат төлөбүрэ, үҥсүүлээх киһи, дэҥсик, куолуһут, туоһу, кэрэһит. Ааптар бу тиэриминнэри айанньыттар бэлиэтээһиннэриттэн, олохтоох омуктар үгэстэрин туһунан официальнай докумуоннартан, олоҥхоттон, үһүйээннэртэн ылбытын ыйар [12, c. 153].

Маны таһынан саха үгэстэриттэн тардыылаах суут-сокуон тиэриминнэрэ орто үйэлэрдээҕи түүр уонна монгол уопсастыба-бэлиитикэ эйгэтин тиэриминнэрин кытта тэҥнии тутан үөрэтиллиэхтээхтэр. Холобур, Н.К. Антонов саха тылын лиэксикэтин историятын чинчийэригэр саха, монгол, түүр тылларыгар маннык тиэриминнэри ханыылыыр: дьүүл – шүүх (монг. суут), куолу (сокуон) – хуули (монг. сокуон), буруй – буруу (монг. буруй), дьэгдьиирнэгжих (монг. дьэгдьий), туоһу – танухчу (түүр. туоһу), үҥүү (жалоба) – үҥкүй (түүр. кланяться), кырдьык – кертүк (түүр. кырдьык) [2, c. 42].

Кэлин, тиэриминнэри чинчийии сайдан истэҕин аайы, олор үөскүүр ньымаларын быһаарыыга ураты болҕомто ууруллар буолар. Чинчийээччилэр тиэримини үөскэтэр универсальнай үстүрүмүөннэри буларга дьулуһаллара. П.А. Ойуунскай, Г.В. Баишев-Алтан Сарын, А.И. Софронов, А.А. Иванов-Күндэ уо.д.а. бу боппуруоска үлэлэспиттэрэ. Бастаан утаа араас санаа, көрүү баара, утарыта турсуу да суох буолбатах этэ. Сорох чинчийээччи тиэримини оҥоруу саха тылын уонна кини уруулуу тылларын ис күүстэригэр олоҕуруохтаах диирэ, сорох нууччаттан киирии тыл диэки охторо, маны таһынан бу икки ньыманы холбоон туһаныахха диэччилэр эмиэ бааллара. Оттон П.А. Ойуунускай киирии тыл хайаан да саха тылын киэбин кэтиэхтээх диэн этэрэ, оннук буолбатаҕына: «Был бы создан третий язык, одинаково чуждый и русским, и якутам», – диэн суруйар [14, с. 105]. Итини сэргэ кини Алтан Сарын тиэримини уруулуу тыллартан киллэрэргэ дьулуһарын кэрэхсээбэт этэ [14, с. 90].

Араас көрүү элбэҕин үрдүнэн ХХ үйэ 20-30-с сылларыгар сахалыы тиэримин оннун булан, сайдан барбыта, тиэримини оҥоруу сүрүн бириинсиптэрэ быһаарыллыбыттара. Ол эрэн 1930-с сылларга дойду үрдүнэн быһыы-майгы сытыырхайан, билим эйгэтин репрессия хаарыйан, тиэримини оҥоруу уостан барбыта. Итини сэргэ нууччалыы алпаабыт олохсуйуоҕуттан киирии тиэриминнэргэ көһүү саҕаламмыта. Ол кэнниттэн 1990-с сылларга диэри, аҕыйах тылдьыт тахсыбытын аахсыбатахха, тиэримин үлэтэ тохтуу быһыытыйбыта.

Суут-сокуон тиэриминнэрин сааһылааһын 2000 сылларга эрэ саҕаламмыта. Ол курдук, 2000 с. бастакы 9 тыһыынча кэриҥэ тыллаах Нууччалыы-сахалыы юридическэй тылдьыт тахсыбыта. Россия Холуобунай кодексэ сахалыы тылбаастанан, 2002 с. бэчээттэммитэ.

Гуманитарнай чинчийии үнүстүүтүгэр 2005 с. «Лингвистические аспекты терминологии якутского языка» диэн диссертацияны Е. И. Оконешников көмүскүүр. Бу үлэҕэ саха тиэрминин сайдыытын кэрдиис кэмнэрэ уонна уратылара ойууланаллар. Тыл бэйэтин ис кыаҕын туһанан тиэрмини үөскэтии ньымаларын тобулуу бу үлэ сүрүн сыалынан буолар [16, с. 5]. Итинник хабааннаах чинчийиини уопсастыба-бэлиитикэ тиэриминнэригэр 2013 с. А. С. Акимова ыытар. Ол түмүгүнэн ааптар тиэрмини үөскэтэр ньымаларын өлүүлэрин бу курдук быһаарар: лиэксикэ-семантическэй (15%), сыһыарыылар көмөлөрүнэн (29%), синтагматическэй (23%), тыл бэйэтин ис кыаҕынан (19%) уонна атын тыллартан киирии (14%) [1, с. 149].

Оттон бу иннинэ этиллибит сөргүтүллүөн сөптөөх тиэриминнэри, бастатан туран, араас тылдьыттан булуохпутун сөп. Туох да мөккүөрэ суох чинчийээччилэр бастакынан Э.К. Пекарскай тылдьытын туһаналлар. Бу тылдьыкка этнография, фольклор элбэх чахчылара, атын түүр, монгуол тылларын кытта тэҥнээһиннэр, эргэрбит уонна түөлбэ тыллара бааллар.

Бу тылдьыттан өрөбөлүүссүйэ иннинэ туттулла сылдьыбыт куолу, ыйаах, туһаан диэн сокуон синиэнимнэрин ылан көрүөххэ. Уонна кыргыыс тылыгар буолбут уларыйыылары кытта тэҥнээн, бу тыллар тоҕо «сокуон» диэн киирии тылынан солбуллубуттарын быһаарарга холонуохха.

Куолу. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар куолу диэн тыл «предписание, инструкция, повеление; право, позволение; способ, средство, обыкновение, обычай; обряд, установление, постановление, правило, закон, порядок, сообразность» диэн тылбаастана сылдьар уонна маннык холобурдардаах: «ӓр куолутугар кīр; бӓjӓтiн нӓсiliӓгiттӓн џахтар ылыаҕын куолута суох; урукку куолутунан; кiсi куолутунан; бары дjахтар куолутунан; оччотōҕу џыл куолутунан; мин санāм маiгыта-куолута; куолу бысытынан (маiгытынан)» [17, 1225-1226 стлб.].

Тылдьыт ыстатыйатыттан көстөрүнэн, тыл чопчу биир суолтата суох уонна туохха сыһыаран этиллэриттэн көрөн ис хоһооно уларыйар.

Куолу диэн монгуолтан киирии тыл буолар (бур. хуули, монг. хууль, сурук.-монг. хаули) уонна бастаан сокуон диэн суолтаҕа туттулла сылдьыбыт буолуон сөп. Н. К. Антонов саха тылын лиэксикэтин историятын туһунан үлэтигэр саха, монгуол уонна түүр тылларын дьүөрэлэһиилэригэр олоҕуран итинник санааны этэр [2, c. 42]. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар маннык холобуру булабыт: Ölӧрсӱбӱт ӧlӧрӧн кӓбicӓр ӧмӱгӓ (өбүгэ – ааптар бэл.) куолута [17, стлб. 1226].

Аныгы монгуол тылыгар сокуон диэн суолтаҕа хууль диэн тыл туттуллар. Улахан академическэй монгуоллуу-нууччалыы тылдьыттан маннык холобурдары булуохха сөп: хууль ёс ‘законность; законы, право’; хууль ёсны ‘законный’; иргэний хууль ‘гражданский кодекс’; эрүүгийн хууль ‘уголовный кодекс’; үндсэн хууль ‘конституция’; хууль цаазыг биелүүлэх ‘осуществлять закон’; хууль ёсны арагч ‘законный опекун’; хууль бусаар ‘незаконно; противозаконно; незаконным путем’; хууль нийтлэх ‘устанавливать законы’; хууль тогтоогч ‘законодатель; законодательный’ [6, с. 176-177]; байгалийн хууль ‘законы природы’ [4, с. 215]; бүгд хууль ‘кодекс, соборное уложение’ [4, с. 299]; ёс суртахууны хууль ‘моральный кодекс’ [5, с. 144].

Билиҥҥи саха тылыгар куолу диэн тыл сокуон диэн суолтаҕа туттуллубат. Суолтатын ордук чуолкайдык биэрэр киирии тылларынан солбуллубут (сокуон, быраабыла, бэрээдэк уо.д.а.). Онтон атын суолталарыгар сахалыы тылларынан солбуллубут (үгэс, ньыма, уураах уо.д.а.). Саха тылын улахан быһаарыылаах тылдьытыгар куолу диэн тыл кэпсэтиигэ эрэ туттулларын бэлиэтээн туран, икки суолталааҕа ыйылла сылдьар: 1) туох эмэ буолуутун быһыыта-майгыта, олоҕурбут үгэс, үөрүйэх; 2) тугу эмэ оннук буолуохтаах диэн тылынан быһааран саҥарыы, үөрэтии, өйдөтүү.

Куолу диэн аат тылтан –һыт сыһыарыы көмөтүнэн үөскээбит куолуһут диэн тыл эмиэ билигин суолтата уларыйан туттулла сылдьар. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар куолуһут тиэримин үс суолталаах: 1) законник, следующий обычаям правилам, порядкам; 2) знаток права; адвокат, который берет на себя обязательство вести дело во всех инстанциях русских судов; 3) человек, выставляющий себя за знающего обычаи, порядок, правила. [17, 1226 стлб.]. Оттон билигин бу тыл кэпсэтиигэ үксүгэр сөбүлээбэти биллэрэргэ туттуллар: Бу да киһи, быһа куолулаан! (кэпс.); Ээ, дьэ кини куолуһут бэрдэ (кэпс.); Дьэ, улахан да куолуһут буолкун бу аҕыйах хонук иһигэр [13, с. 73].

Итинник быһыы-майгы суут-сокуон биир сүнньэ суоҕуттан, ким элбэхтик «куолулаабыт» кыайыылаах хааларыттан төрүөттээх буолуон эмиэ сөп.

Ыйаах. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар ыйаах диэн тыл үс суолтаҕа ыйылла сылдьар [ыj + āх от ый ‘указывать’]: 1) указание пути, дороги: манна кӓlӓр ыjāҕы бilэҕiн ӓ-ӓт!; 2) указание, веление, повеление, приказ, приказание, указ, разрешение, предписание, заповедь, наставление, учение, инструкция, правило, устав, закон. Ыjāҕа суох; 3) судьба, рок, определение, назначение, предопределение, предназначение свыше Чыҥыс Хāн ыjāҕа; Букатын ӧlӧргӧ ыjāҕым-оҥорȳм суох iбiт [18, 3768 стлб.].

Оттон билиҥҥи саха тылыгар үс суолталаах: 1) итэҕ. анал, дьылҕа, оҥоһуу; 2) тугу гынары ыйан, быһааран биэрии; 3) үрдүкү былаас уорганын сокуон күүһэ күүстээх уурааҕа; 4) дуоһунастаах салайааччы толорторо биэрбит дьаһала, бирикээһэ [8, 365-366 с.]. Нууччалыы-сахалыы юридическэй тылдьыкка ыйаах диэн тиэрмин эмиэ киирэ сылдьар [21, с. 88].

Туһаан. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар соҕотох суолталаах – сокуон. Маны таһынан ити тыл бастаан туһаҕан диэн көрүҥнээҕэ ыйыллар. Аны итинтэн –лаах сыһыарыы көмөтүнэн үөскээбит туһааннаах диэн тыл икки суолталаах: 1) законный; назначенный, определенный; настоящий. Тусāннāх Тоjон доҕорум, тусāннāх доҕордōх оҕонjорум; тус бӓйӓҥ тусāннāx кыттыгас кынан; тусāннāx (или тустāх) суорумнjу; тусāннāxхын кытта тутус! 2) званый гость (на свадьбе), каждый из родственников невесты, приглашенных на свадьбу родителями жениха [18, 2858 стлб.].

Холобур, бу тылы П. А. Ойуунускай «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхотугар туттар: Түрбүөннээх түптүрү түгэн / Түөкүнүттэн төлөрүтэ кэлбит / Туһааннаах доҕорбуттан / Туора хаамыам этэ дуо? [15, с. 225].

Ол эрэн билигин туһаан лексема сокуон диэн суолтаҕа туттуллубат, тыл грамматикатыгар этии чилиэнин бэлиэтиир. Ол аата урукку тиэрмини кытта биир ааттаах (омоним) эрээри, атын суолталаах тиэрмин үөскээбит эбит.

Урукку тиэриминнэри киирии тиэриминнэринэн солбуйууну П. А. Слепцов бу курдук быһаарар: «Процесс семасиологической обработки подобных слов ведет к активизации синонимических ресурсов языка, их обогащению за счет лексических заимствований. Такая мобилизация синонимических средств, способствуя семантической определенности слов типа майгы, куолу, сир, суол, кэм, быһыы, эрэй и т.п., не имевших в разговорном языке четких семасиологических границ, ведет не только к точности, но и к компактности, сжатости выражения мысли за счет сокращения различных поясняющих, специализирующих слов ввиду терминологической определенности синонимов» [23, с. 63].

Итини сэргэ суут-сокуон тиэриминэ, атын да дьыала-куолу тылын курдук, биир халыыптаах, ыстандаарка эппиэттиир буолуохтаах [24, с. 275]. Ол аата туттуллар тиэримин биир эрэ суолталаах, чопчу өйдөнөр буолара ирдэнэр.

Ыйыллыбыт ирдэбилгэ сөп түбэһэр инниттэн туттулла сылдьыбыт тиэриминнэр (туһаан, ыйаах, куолу) нууччаттан киирбит сокуон диэн тиэримининэн солбуллубут буолуохтарын сөп.

Итиниэхэ майгынныыр түбэлтэ кыргыыс тылыгар эмиэ баар.

Ол курдук кыргыыс тылыгар сэбиэскэй кэмҥэ закон диэн тиэримин туттулла сылдьыбыта. Нууччалыы-кыргыыстыы тылдьыкка (1957) бу курдук холобурдар бааллар: закондор жыйнагы ‘сокуоннар хомуурунньуктара’; шайлоо закону ‘быыбар сокуона’; эмгек жөнүндөгү закондордун кодекси ‘үлэ туһунан сокуоннар кодекстэрэ’; закондун статьясы ‘сокуон ыстатыйата’; закон боюнча ‘сокуон быһыытынан’; закондон тышкары ‘сокуону таһынан’ [19, с. 207].

Саха тылыттан уратыта диэн бу тиэрмин кыргыыс тылын дорҕоонун тутулун ирдэбилинэн уларыйбатах. Онтон сиэттэрэн бу тыл хойут, нууччалыы таба суруйуу баһылаабытын кэннэ киирбит диэн сабаҕалыыбыт. Маны таһынан эмиэ саха тылыгар курдук тыл суолтатын чопчулааһын көстүүтэ эмиэ буолуон сөп. Итини сөпкө өйдүүр туһугар тиэрмин өрөбөлүүссүйэ иннинэ хайдах суолтаҕа туттуллубут көрөр тоҕоостоох.

Кыргыыстыы-нууччалыы тылдьыкка тиэрмин суруллуутун уонна саҥарыллыытын 3 көрүҥэ киирэ сылдьар: мыйзам, мийзам уонна мийзан (соҕур.) [11, с. 46].

Мыйзам тиэрмин сокуон диэн бастакы суолтатыгар арааб тылыттан киирбит уонна эргэрбит диэн бэлиэтэммит, ол аата тылдьыт тахсар кэмигэр (1985) бу тыл туттуллубата билиннэ. Итинтэн үөскээбит мыйзамдуу ‘сокуоннай’, мыйзамсыз ‘сокуоннайа суох’, мыйзамсыздык ‘сокуоннайа суох быһыы’, мыйзамчы ‘сокуонньут’ курдук тиэрминнэр эмиэ эргэрбит тыл ахсааныгар ыйыллар. Өссө биир суолтата – «словом среди правящей киргизской верхушки называлось «Степное положение» 1892 года» диэбиттэр. Тылдьыкка маннык холобурдары булабыт: мыйзам жыйнагы ‘сокуон хомуурунньуга’; кылмыш мыйзамы ‘холуобунай сокуон’. Итини таһынан ырытар тылбыт ый аатыгар туттуллар – мыйзам айы (балаҕан ыйа) уонна күһүн салгыҥҥа көтөр ооҕуй ситимин аатыгар [эмиэ онно, с. 46].

Ол аата саха да, кыргыыс да тылларыгар киирии тиэримини ылыныы төрүөтэ биир эбит (биир тыл элбэх суолталаныытын суох оҥоруу, суут-сокуон тиэриминнэрин чопчулааһын). Уонна ити кэмҥэ кыргыыс тылыттан араабтыы тиэриминнэри туоратыы үлэтэ ыытыллыбытын эмиэ болҕомтоҕо ылыахха наада [10, 91 c.]. Ол эрэн билигин мыйзам тиэрмин сөргүтүллэн, кыргыыс тылыгар киирии тиэримин оннугар толору туттулла сылдьар тыыннаах тыл буолар [20, с. 139].

Аны туран сахалыы куолу, туһаан и ыйаах диэн тиэриминнэр аныгы быраап тиһигэр барсыбат түҥ былыргы, судаарыстыба суох эрдэҕинээҕи суут-сокуон, норуот үгэһин быстыспат сорҕотун курдук эмиэ көрүллүөхтэрин сөп. Оттон кыргыыс тылыгар араабтартан киирбит суут-сокуон тиэриминнэрэ, биллэн турар, исламныы шариат суутун кытта сибээстээхтэр. Онон дьон өйүгэр-санаатыгар аныгыны былыргыттан араараары киирии тиэримини туһаммыт буолуохтарын сөп.

Итини бигэргэтэрдии нуучча тылыттан «закон» диэн тиэримин христианствону ылыныы кэннэ сүтэ сылдьыбыта суруллар: «постепенно исчезает из светского законодательства на несколько столетий и в таком важнейшем источнике права как Русская Правда он уже не встречается» [22, с. 280]. Төһө эрэ кэм ааспытын кэннэ, урукку олоҕу-дьаһаҕы уонна сокуону кытта ситимэ дьон өйүгэр-санаатыгар суураллыбытын кэннэ, тиэримин төннөр үгэстээх эбит.

Ол эрэн куолу, туһаан и ыйаах диэн тиэриминнэр билигин ис хоһоонноро уларыйан, атын суолтаҕа күннэтэ, киэҥник туттулла сылдьаллар. Онон урукку суолталарын сөргүтэр буоллахха, эмиэ ис хоһоонноро кэҥээн, хос быһаарыыта суох ылбычча өйдөммөт туруккка киириэхтэрин сөп. Итини болҕомтоҕо ылар тоҕоостоох.

Онон, саха уонна кыргыыс тылларыгар «сокуон» тиэрмин синиэнимнэрин ырытыыны бу курдук түмүктүүбүт:

1) киирии тиэримини туттуу төрүөтүнэн биир тыл элбэх суолталаныытын суох оҥоруу, суут-сокуон тиэриминнэрин чопчулааһын, түҥ былыргы уонна аныгы быраап өйдөбүллэрин араарыы буолаллар;

2) тиэримини оҥорууга историческэй уонна бэлитиичэскэй быһыы-майгы улахан оруоллааҕа көстөр;

3) тиэримин хасааһын («запасник терминов») оҥорорго сорох эргэрбит тыллар суолталара, ис хоһоонноро уларыйан, билигин туттулла сылдьалларын болҕомтоҕо ылыллыахтаах;

4) кыра туорааһыннары учуоттаан, суут-сокуон тиэриминин сайдар тосхоллоро, сүрүннээн, манныктар: бастакытынан – киирии тыллары ылыныы, иккиһинэн – туттуллубат буолбут, эргэрбит тиэриминнэри сөргүтүү; үсүһүнэн – элбэх суолталаах тыллары чочуйан ис хоһооннорун чопчулааһын.

Литэрэтиирэ

  1. Акимова А. С. Способы образования якутской общественно-политической терминологической лексики: дисс. … к. филол. н. – Якутск, 2013. – 171 с.
  2. Антонов Н. К. Исследования по исторической лексике якутского языка: автореф. дисс. … д. филол. н. – Алма-Ата, 1973. – 54 с.
  3. Афанасьев Л. А. Саха тылын сайдар туруга // Сахалыы тиэрмини оҥоруу: научнай ыстатыйалар хомуурунньуктара / Эпп. ред. А. Г. Нелунов. – Дьокуускай: СР НА ГЧИ, 1995. – С. 22-39.
  4. Большой академический монгольско-русский словарь: в 4 т. / Отв. ред. Г. Ц. Пюрбеев. – М.: Аcademia, 2001. Т. 1. А-Г. – 520 c.
  5. Большой академический монгольско-русский словарь: в 4 т. / Отв. ред. Г. Ц. Пюрбеев. – М.: Аcademia, 2001. Т. 2. Д-О. – 536 c.
  6. Большой академический монгольско-русский словарь: в 4 т. / Отв. ред. Г. Ц. Пюрбеев. – М.: Аcademia, 2001. Т. 4. Х-Я. – 532 c.
  7. Большой толковый словарь якутского языка: в 15 т. / Под ред. П. А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2007-2017. Т. IV: (Буква К). – 672 с.
  8. Большой толковый словарь якутского языка: в 15 т. / Под ред. П. А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2007-2017. Т. XIV: (Буквы Ч, Ы). – 592 с.
  9. Готовцева Л. М. Саха тылыгар тиэрмин хаһааhын оҥоруу туһунан // Сахалыы тиэрмини оҥоруу: научнай ыстатыйалар хомуурунньуктара / Эпп. ред. А. Г. Нелунов. – Дьокуускай: СР НА ГЧИ, 1995. – С. 103-110.
  10. Дмитриева Е. В. Об истории развития медицинской терминологии в Кыргызстане // Материалы конференции. Филология и Лингвистика. – 2015. – № 10. – С. 88-97.
  11. Киргизско-русский словарь: в 2-х кн. / Сост. Юдахин К. К. – Фрунзе: Главная редакция Киргизской советской энциклопедии, 1985. Кн. 2. Л-Я. – 480 с.
  12. Кочнев Д. А. Очерки юридического быта якутов. – Казань: Типо-литография Императорского университета, 1899. – 192 с.
  13. Неустроев Н. Д. Төрүөбүт сирбэр, тапталлаах дьоммор. Пьесалар, кэпсээннэр, очеркалар, тылбаас, хоһооннор, суруктар, бэлиэтээһиннэр, докумуоннар. – Дьокуускай: Бичик, 1995. – 336 с.
  14. Ойуунускай П. А. Талыллыбыт айымньылар: 3 томнаах. – Дьокуускай: Бичик, 1993. 3 т. – 480 с.
  15. Ойуунускай П. А. Талыллыбыт айымньылар хомуурунньуктара. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 320 с.
  16. Оконешников Е. И. Лингвистические аспекты терминологии якутского языка: дисс. … д. филол. н. – Якутск, 2005. – 230 с.
  17. Пекарский Э. К. Словарь якутского языка: в 3-х т. – М.: АН СССР, 1959. Т. 1. – 686 с.
  18. Пекарский Э. К. Словарь якутского языка: в 3-х т. – М.: АН СССР, 1959. Т. 3. – 692 с.
  19. Русско-кыргызский словарь / Под ред. Юдахина К. К. – М.: Государственное издательство иностранных и национальных словарей, 1957. – 992 с.
  20. Русско-кыргызский словарь юридических терминов и иных понятий / Юридикалык атоолордун жана башка түшүнүктөрдүн орусча-кыргызча сөздүгү. – Бишкек: Турар, 2014. – 536 с.
  21. Русско-якутский юридический словарь / Под ред. А. Г. Нелунова. – Якутск: Бичик, 2000. – 96 с.
  22. Сидорова А. В. Содержание термина «закон» в дохристианском праве Древней Руси // Наука XXI века: актуальные направления развития. – 2016. – № 1-2. – С. 279-282.
  23. Слепцов П. А. Об основных тенденциях развития лексики современного якутского литературного языка // Актуальные вопросы якутской лексикологии и лексикографии: Сб. научных статей / ЯФ СО АН СССР. –Якутск: ЯФ СО РАН СССР, 1980. – С. 42-90.
  24. Стилистический энциклопедический словарь русского языка / Под ред. М. Н. Кожиной. – М .: Флинта: Наука, 2003. – 696 с.

This post was published on 12.11.2021 11:01 11:01