«Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар уруулуу саха уонна алтаай тылларыгар кыһыл өҥ бэлиэтиир суолталара, семантикалара, тэҥнээн ырытыллар. Ыстатыйаҕа ааптардар өҥ сүрүн бэлиэтиир сүрүн суолтатыттан ураты үөскээбит суолталарын чинчийиигэ болҕомто ууруллар. «Омук-омук кыһыл өҥү араастык ылынар. Холобур, Инандж Э.С. нуучча култууратыгар кыһыл өҥ «кэрэ» суолтаҕа туттулларын, ону Красная площадь, прекрасное лицо, красные речи уо.д.а. тыллар кэрэһэлииллэрин этэр. Эрдэлээн эттэххэ, алтаай тылыгар кыһыл өҥ эмиэ кэрэ суолтаҕа туттуллара бэлиэтэнэр«, — диэн бэлиэтээтилэр учуонайдар.
Ааптардар: Эртюкова Лилия Михайловна, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт маҕыстыраана уонна Прокопьева Алена Кирилловна, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, дассыан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт
Күлүүс тыллар: саха тыла, кыһыл, алтаай тыла, семантика, хроматическай өҥ.
Бары түүр тылларыгар кыһыл өҥү кызыл тыл бэлиэтиир. Бу өҥ хроматическай, ол аата өҥнөөх өҥҥө киирсэр. Үгүс чинчийээччи бу тыл этимологиятын кыыс туохтууру кытта ситимниир [8, 200 с.; 5, 177 с.]. Түүр тылларыгар кыһыл өҥ уоту кытта сибээстээх.
Кыһыл өҥ түүр тылларыгар үксүлэригэр биирэ Тенишев Э.Р, Дыбо А.В. үлэлэригэр ыйыллар: тув. kyzyl, тоф. qyzyl, хак. xyzyl, шор. qyzyl, др.-тюрк. qyzyl, крх.-уйг. qyzyl, хал. qyzyl, тур. kyzyl, турк. Gyzyl, сал. Gyzil, узб. qizil, кар. kyzyl, кум. qyzyl, балк. qyzyl, тат. kyzyl, башк. kyzyl, ног. kyzyl, каз. qyzyl, ккалп. qyzyl, кирг. kyzyl, галт. kyzyl, туба kyzyl [10, 844 с.; 13, 428 с.]. Манна кыһыл тыл кыыс туохтууртан ‘быть красным, раскаленным’ үөскээбитэ сабаҕаланар диэн этиллэр.
Омук-омук кыһыл өҥү араастык ылынар. Холобур, Инандж Э.С. нуучча култууратыгар кыһыл өҥ «кэрэ» суолтаҕа туттулларын, ону Красная площадь, прекрасное лицо, красные речи уо.д.а. тыллар кэрэһэлииллэрин этэр [4, 86-92 с.]. Эрдэлээн эттэххэ, алтаай тылыгар кыһыл өҥ эмиэ кэрэ суолтаҕа туттуллара бэлиэтэнэр [6, 131 с.].
Саха тылыгар кыһыл өҥ бэлиэтиир суолталара.
Пекарскай Э.К. тылдьытыгар кыһыл икки суолтата бэриллэр: 1) красный, алый; 2) краснота. Манна кыһыл тыл түүр кӹс ‘краснеть, раскаливаться’ туохтууруттан төрүттээх [Пек. стлб. 1437-1438].
Кыһыл тыл көспүт суолтатыгар кыыһыр, уордай өйдөбүлү биэрэр, итийбит тимири кытта ситимнииллэр [9, 603 с.].
Тыл лиэксикэлии суолтата (ТЛС1) ‘хаан курдук өҥнөөх’. Өҥ сүрүн суолтата – айылҕа барамайын (натурфакт) уонна киһи оҥорон таһаарбыт малын (артефакт) өҥнөрүн көрдөрүү. Бу өҥ кыыл-сүөл бииһин-ууһун (род) көрүҥүн (вид), от-мас арааһын араарарга бэлиэ быһыытынан туттуллар: зоология тиэриминнэрэ: кыhыл саhыл ‘красная лиса’, кыhыл балык (горбуша), кыhыл харах (кыhыыдай) ‘плотва красноперка’, кыhыл кута ‘бомбардир’ (хомурдуос); тимир арааһа: кыhыл көмүс ‘золото’; үүнээйи тиэриминэ: кыhыл отон (түөлбэ) – уулаах отон, кыhыл салахай ‘красная водоросль’, кыhыл талах (дьахтар талаҕа) ‘свидина’, кыhыл тэллэй ‘подосиновик’, кыhыл кытыан (кытыан) ‘можжевельник’, кыhыл мас ‘красное дерево’; буор арааһа: кыhыл кумах ‘горный песок’; туттар тэрил: кыhыл кирпииччэ ‘огнеупорный кирпич’ (букв. красный кирпич), кыhыл көмүс боччук (истор.) ‘глиняный горшок, в котором плавили золото’, кыhыл соhо (кырааска) ‘охра’; киһи сааһа: кыhыл оҕо ‘новорожденный младенец’; биология тиэриминэ: кыhыл эттик ‘эритроцит’, кыhыл субай — убаҕас сырдык кыhыл хаан ‘алая жидкая кровь’.
ТЛС2 ‘кытарымтыйан көстөр, кытархай, кугас’ (рыжий). Холобур: [Украинец] кыhыл бытыктаах этэ. Эрилик Эристиин.
ТЛС3 ‘Гражданскай сэрии кэмигэр саҥа Сэбиэскэй былааhы көмүскэhэр байыаннай киhи, дьон’ истор. (красный, красные) (истор., воен.). Холобур: Улахан уолаттар кыhылларга барбыттара. Эрилик Эристиин. ‘кыhылга сыhыаннаах’ (относящийся к красным). Бу көспүт суолта буолар. Кыһыл даҕааһын аат ааттыйыыта көстөр. Гражданскай сэрии саҕана аармыйа кыһыл өҥүнэн бэлиэтэнэриттэн үөскээбит суолта буолар. Холобур: Сир ахсын кыhыл этэрээттэр тэриллибиттэрэ. Н. Габышев. Кини кыһылларга кыттыспыта.
ТЛС4 ‘сырдык сэбэрэлээх, тэтэркэй’ (белокожий; румяный). Кыhыл хааннаах. … Кыhыл хааннаах оҕо киhи суот тардан лаhырҕата олорор. М. Доҕордуурап.
Саха тылыгар Сэбиэскэй кэмҥэ кыһыл тыллаах анал саҥа өйдөбүллэр үөскээбиттэрэ: кыhыл билиэт ‘партийный билет’; кыhыл дуоска (бочуот дуоската) ‘доска почета’; кыhыл муннук ‘специальное помещение или стенд для агитаций’.
Маны таһынан кыһыл тыллаах үгүс сомоҕо домох саха тылыгар туттуллар:
- Кыhыл атахтаа — ‘барааччыны-кэлээччини олус диэн эрэйдээ, сындалыт’ (утомлять, доставлять много страданий путнику (о местности)). Холобур: Айанньыт бөҕөнү кыhыл атахтаабыт– сис хайалар ааттыын да дьиктилэр, саллыылаахтар. Багдарыын Сүлбэ // Кыhайан дэлби онно-манна сырытыннар, сүүрт. Заставлять, вынуждать много, долго ходить, обходить. Кыhалҕа обургу кыhыл атахтаан, тиийбэтэххэр тиийэн, түгэммэтэххэр түгэнэн эрдэҕиҥ эбээт. Н. Босиков.
- Кыhыл атахтаах — ‘кыhалҕаланан, онно-манна барытыгар бара-кэлэ сатыыр’ (гонимый нуждой). Холобур, Кыhалҕалаах быдан былыргыттан кыhыл атахтаах. В. Титов.
- Кыhыл илиитинэн — ‘туох да сэбэ суох, илии эрэ күүhүнэн’ (соотв. голыми руками). Холобур, Кылана-кылана, Кыhыл илиилэринэн кыдыспыттар. П. Ойуунускай. Бу суолу – хаайыылаахтар кыhыл илиилэринэн туппуттара. И. Федосеев. Кини аарыма бөҕөнө кытта кыhыл илиитинэн киирсэн турардаах. П. Аввакумов.
- Кыhыл сыгынньах -‘таҥаhа суох’ (раздетый). Холобур, Кыhынын тиийэн, Кыhыл сыгынньах Кытара сүүрбүт. Өксөкүлээх Өлөксөй.
- Кыhыл тыл — ‘туох да олоҕо суох кураанах тыл’ (пустословие, фразерство). Интернационализм диэн кыhыл тыл буолбатах. В. Ленин (тылб.).
- Кыhыл тылынан кынаттанар — ‘тугу да суолталааҕы гыммакка, кураанах тылынан эрэ сылдьар. Быть краснобаем, фразером; много болтает, мало дело делает’. Холобур, Дьиҥэр, тугу оҥордохторой, — кыhыл тылларынан кынаттанар буоллахтара дии. Н. Якутскай.
- Кыhыл тылынан кыырар — ‘кураанах лахсыырынан дьарыктанар. (заниматься пустой болтовней). Холобур, Кэнники диэкинэн олус кыhыл тылынан кыыран, көҥүл баран эрэбит. Далан.
- Кыhыл тылыгар олордор (түhэрэр) — ‘кими эмэ күүскэ мөҕөр-үөҕэр, мөҕө, үөҕэ тоhуйар'(крепко ругать, бранить кого-л.; встречать кого-л. крепкой руганью, бранью). Холобур, Күнүскү чаай кэннигэр Өлөксөй дьиэтигэр кэлбитигэр, ийэлээх ойоҕо кыhыл тылларын үрдүгэр түhэрдилэр. Д. Токоосоп. Тугу да сатаабаккын, кыайбаккын диэн, мэлдьи мөҕөн, кыhыл тылыгар олордоро. Н. Түгүнүүрэп.
- Кыhылынан көр — ‘кытарбыт, кыыhырбыт хараххынан көр’ (смотреть налитыми кровью глазами, злобно). Холобур, «Кугастаайы» диэн кыhылынан тиэритэ көрөн кэбиспит – уот кугас оҕустаахтар. Амма Аччыгыйа.
- Кыhыл ытыhынан-‘туга да суох, кураанах’ (с пустыми руками). Холобур, [Ыалдьыты] утары уунара суох кыhыл ытыспынан көрүстүм. Н. Лугинов. [Сыбаайбаҕа] кыhыл ытыспытынан тиийэбит дуо? С. Дадаскинов.
- Кыhыл этинэн көрөр — ‘аhаҕас дириҥ баастанар’ (иметь живую открытую рану). Икки ньилбэгин тириитэ соролонон түhэн, бүтүн ый тухары кыhыл этинэн көрөр. А. Сыромятникова. [3, 385-386 с.]
Алтаай кызыл тылын семантиката. Алтаай култууратыгар кыһыл өҥ эдэри, кэрэни, доруобуйаны бэлиэтиир. Бу өҥ уоту, хааны, күүһү, олоххо дьулууру биэрэр аналлаах.
Алтаай норуота кыһыл өҥү үчүгэй, үтүөнү биэрэр өҥүнэн ааҕар. Холобур, «Хайдах олороҕун?» («Кандый jÿруҥ?») ыйытыыга алтаай киһитэ «Кызыл-кÿреҥ jÿрÿм» диэн хоруйдуур (букв.: красно-коричнево живу), ол аата «үчүгэйдик олоробун». Алтаайдарга кыһыл өҥ ытык өҥ (сакральнай) буолар, харысхал өҥө дииллэр.
Алтаай «Ойротско-русский словарь» тылдьытыгар кызыл диэн тыл икки суолтата ыйыллар: 1. кыһыл: кызыл мааны ‘красное знамя’, кызыл-коҥыр ат ‘красно-рыжий конь’; 2. румяный: кызыл jаакту ‘краснощекий, румяный’ [7, 103 с.].
Майзина А.Н. кызыл тыл үгүс суолталааҕын бэлиэтиир: 1) кыһыл; 2) тэтэркэй ‘алый, румяный (о цвете лица)’; 3) кугас ‘рыжий’; 4) сиппит, буспут ‘спелый’; 5) көсп. эдэр, доруобай, бөдөҥ ‘молодой, здоровый, крепкий’; 6) көсп. кэрэ ‘красивый’; 7) олох, букатын ‘абсолютно, совершенно’.
Кыһыл өҥ сүрүн суолтатынан (ТЛС1) натурфактар уонна артефактар өҥнөрүн бэлиэтиир: кызыл кӱн ‘кыһыл күн’, лампаныҥ кызыл оды ‘лаампа кыһыл уота’ [6, 128 с.].
Кызыл лэксиэмэ үүнээйи, кыыл тиэриминнэрин үөскэтэргэ туттуллар: кызыл тал ‘верба’, кызыл тыт ‘лиственница’, кызылгат ‘красная смородина’ (букв.: красная ягода), кызыл тазыл ‘красный корень’; кызыл тÿлкÿ ‘рыжая лиса’; кызыл jес ‘красная медь’ уо.д.а.
ТЛС2 ‘тэтэркэй’ (алый, румяный) (сирэйи этэргэ). Бу суолта киһини, чуолаан киһи иэдэһин, ойуулууурга туттуллар. Холобур: А байа тÿнде дезе оныҥ эки кызыл сопогын, эки кызылкачарын тÿженип кондып (11, 198 с.) – ‘А прошедшей ночью мне снились ее два красных сапога и две румяных щеки’.
ТЛС3 – ‘рыжий’. Киһи баттаҕын, бытыгын өҥүн ойуулуурга туттуллар. Холобур: Оттыҥ кызыл jаркыныныҥ таҥдагына аныҥ тегин де кызыл сагалы там кыскылтым билдирген (12, 240 с.) – ‘От красного зарева огня его и так-то рыжая борода показалась еще краснее’. Сылгы мааһын этэргэ эмиэ туттуллар: кызыл aт ‘рыжий конь’.
ТЛС4 ‘сиппит, буспут’ (спелый). Кыһыл өҥ сир аһа буспутун бэлиэтиир. Холобур: Колындагы эки кызыл аламаны ого: «Ме, балам» – деп, эмди ле табыштырып берер кÿÿндÿ (11, 9 с.) – ‘Со словами «На дочь=моя (букв.: ребенок=мой)» [она] готова была сейчас же отдать отдать два наливных яблока, находящихся в руках’.
Көспүт суолталары көрүөҕүҥ.
ТЛС5 ‘эдэр, доруобай, бөдөҥ’ (молодой, здоровый, крепкий). Бу суолта сайдыыта кыһыл өҥ символикатын кытта сибээстээх. Эрдэ этиллибитин курдук, алтаай култууратыгар кыһыл өҥ эдэри, доруобуйаны бэлиэтиир, тыллыыны, сиппити биэрэр. Алтаай тылыгар эдэр сааһы кызыл-маралы ‘багульник’ кытта тэҥнииллэр. Холобур: Бир тужындабис те кызыл-марал кыстар болгон эдис ле. Эмди ле чырчыйдыс, эмди ле карыдыс (12, 231 с.) – ‘Когда-то и мы были юными девушками (букв.: красный багульник девушками). Это нынче мы покрылись морщинами, это сейчас мы состарились’.
ТЛС6 ‘кэрэ’ (красивый). Кыһыл өҥ кэрэни бэлиэтиир, ордук дьахтар кэрэтин ойуулуурга туттуллар. Холобур: Кымыс будук jогынаҥ да кызыл, jараш (1, 323 с.) – ‘Кымыс и без косметики хороша (букв.: красная), красива’.
ТЛС7 ‘олох, букатын’ (абсолютно, совершенно). Бу кызыл лэксиэмэ күүһүрдэр суолтаҕа туттуллар: кызыл эт ‘абсолютно голый, обнаженный’ (букв.: красное тело). Холобур: Эрлик-Аба кирле, кызыл эт албатыга тынын кийдирип салды, албаты jӱгӱриже берди (2, 27 с.) – ‘Эрлик-Аба зашел, абсолютно голому народу вдохнул жизнь, народ забегал’.
Кыһыл тыл ‘олох, букатын’ (абсолютно, совершенно) күүһүрдэр суолтаҕа туттуллара кызыл mac арахсыспат ситимҥэ баара туоһулуур: кызыл тас кырлар – абсолютно лысые горы, кызыл mac шайрак ‘абсолютно лысый длинноногий ягненок’. Манна кызыл jылаҥаш ʹабсолютно голый, в чём мать родилаʹ диэн арахсыспат ситими эмиэ киллэриэххэ сөп. Саха тылыгар бу суолтаҕа кус сыгынньах ситим туттуллар, манна кус тыл куш/хуш, кубаҕай ʹбледныйʹ диэн, ол аата маҕан тыл суолтата буолар.
Саха уонна алтаай тылларыгар кыһыл тыл биэрэр суолталарын табылыыссаҕа көрүөххэ сөп:
Суолта | Саха кыһыл тыла | Алтаай кызыл тыла |
‘хаан курдук өҥнөөх’ | + | + |
‘кытарымтыйан көстөр, кытархай, кугас’ | + | + |
‘Гражданскай сэрии кэмигэр саҥа Сэбиэскэй былааhы көмүскэhэр байыаннай киhи, дьон’ | + | + |
‘сырдык сэбэрэлээх, тэтэркэй’ | + | + |
‘кытарымтыйан көстөр, кытархай, кугас’ | + | + |
‘сиппит, буспут’ | + | + |
‘эдэр, доруобай, бөдөҥ’ | _ | + |
‘тэтэркэй’ | + | + |
‘кэрэ’ | – | + |
‘олох, букатын’ | + | + |
Онон, саха кыһыл уонна алтаай кызыл тылларын суолталарын чинчийии маннык түмүктэри биэрдэ: иккиэннэригэр тыл үчүгэйи бэлиэтиир суолталаах.
Уратылаһар өрүттэрэ диэн манныгы ааттыахха сөп: алтаай тылыгар кыһыл тыл кэрэ суолтаны биэрэр, холобур, Аржана кыһыл ‘Аржана красивая’. Бу суолта саха тылыгар көстүбэт. Саха тылыгар сырдык сэбэрэлээх киһини кыһыл хааннаах дииллэр, холобур, кыһыл хааннаах оҕо.
Алтаай тылыгар олох ‘жизнь’ кыһыл өҥүнэн символланар. Бу үгүс сомоҕо домоҕунан бигэргэнэр, холобур, кызыл тыын ʹжизньʹ, кызыл тынын кыйар ʹубитьʹ. Сахалар ‘олоҕу’ үрүҥ / хара тыын диэн ааттыыллар (үрүҥ тыыммын өллөйдөө, хара тыыммын харыстаа), оттон алтаайдар кызыл тын (букв. красное дыхание) дииллэр. Ол эрээри Пекарскай Э.К. тылдьытыгар ‘олох’ күөх тыын (букв. голубое дыхание) диэнинэн эмиэ бэриллэрэ ыйыллар.
Сомоҕо тылларга маннык майгыннаһар толору сөп түбэсиһиилэр бэлиэтэннилэр: 1) сах. кыһыл тылынан ‘туох да олоҕо суох кураанах тыл’ (пустословие, фразерство) (букв. красным языком) – алт. кызыл тилле ‘одним лишь языком, на словах’ (букв.: красным языком); 2) сах. кыһыл илиитинэн ‘туох да сэбэ суох, илии эрэ күүһүнэн’ (голыми руками) – алт. кызыл колло ‘голыми руками’ (букв.: красными руками); 3) сах. кыһыл ытыһынан ‘туга да суох, кураанах’ (с пустыми руками) (букв. с пустыми ладонями) – алт. кызыл кол ‘с пустыми руками’ (букв.: красные руки).
Кыһыл хроматическай (өҥнөөх) өҥ алтаай тылыгар саха тылынааҕар суолтата элбэҕэ быһаарылынна: кызыл / кыһыл: алтаай – 7, саха – 4.
Өҥҥө норуот итэҕэлэ көстөр. Бу өттүнэн өҥ суолталарын чинчийии олус интэриэһинэй, инникитин чинчийиини эрэйэр.
Литэрэтиирэ
- Адаров. А. Öлÿмниҥ чаҥкыр кужы. – Горно-Алтайск, 1993.
- Алтай кеп куучындар. – Горно-Алтайск, 1994.
- Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15 т. Т. V: (Буква К: күөлэһис гын – кээчэрэ) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск : Наука, 2008. – 616 с.
- Инандж Э.С. Слова цветообозначения «черный» и «красный» в славянских и тюркских языках // Филологические науки. Вопросы теории и практики. – – №4-3 (34). – С. 86-92.
- Кононов А.Н. Семантика цветообозначений в тюркских языках // Тюркологический сборник 1975. – М., 1978. – С. 158-179.
- Майзина А.Н. Семантическое поле цветообозначений алтайского языка в сопоставлении с монгольским языком : дис. … канд. филол. наук : 10.02.20. ГорноАлтайск: РГБ, 2006
- Ойротско-русский словарь / Сост. Т.М. Тощакова, Н.А. Баскаков. – М., 1947.
- Петрова Т.И., Бугаева Т.Г. Общие основы и лексические модели в словах, обозначающих признак «красный» в тунгусо-маньчуржских и других алтайских языках // Проблема общности алтайских языков. – Л.: Наука, 1971. – С. 191-202.
- Сравнительно-историческая грамматика тюркских языков. Лексика. – М.: Наука, 2001. – 822 с.
- Сравнительно-историческая грамматика тюркских языков. Пратюркский язык-основа. Картина мира пратюркского этноса по данным языка / [отв. ред. Э.Р. Тенишев, А.В. Дыбо]. – М.: Наука, 2006. – 908 с.
- Укачин Б. Туулар туулар ла бойы артар. – Горно-Алтайск, 1971.
- Укачин. Б. Сӱӱш ле ӧштӧжу. – Горно-Алтайск, 1981.
- Этимологический словарь тюркских языков. Том 9 (дополнительный). Этимологический словарь базисной лексики тюркских языков / Составитель Дыбо А.В. – Астана: ТОО «Prosper Print», 2013. – 616 с.
This post was published on 01.04.2022 11:01 11:01