22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Билим": Саха тылын уус-уран истиилигэр антонимы туттуу

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха тылыгар антонимнары үөрэтии ситэтэ суоҕун бэлиэтээн этэр тоҕоостоох. Антонимнар тустарынан Н.К. Антонов “Саха билиҥҥи тыла” диэн босуобуйатыгар маннык быһаарар: “Антонимнар диэн утарыта суолталаах тыллар ааттаналлар. Саха тылыгар антонимнар хойуутук туттуллаллар, онон антонимнары үөрэтии төрөөбүт тыл баайын билэргэ уонна ону таба тутта үөрэнэргэ улахан туһалаах” [1: 40], диэн суруйар «Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэт дассыана Ефремова Надежда Анатольевна.


Уус-уран истиилгэ антонимнары сатаан дьүөрэлээн туттуу тылы киэргэтэр бэйэтэ туспа ньыма буолар. Нуучча тылын үөрэхтээхтэрэ уус-уран истиилгэ ойуулуур-дьүһүннүүр кыаҕын байытар оксюморон, антитеза, акротеза, амфитеза, диатеза, контекстуальнай антонимнар баалларын тоһоҕолоон этэллэр.

Оксюморон – утарыта суолталаах тыллары биир ситимҥэ киллэрэн, сомоҕотуйбут суолталаах уобараһы үөскэтэргэ туттуллар ньыма. Үксүн айымньы аатыгар, хоһооҥҥо туттуллар: “Маленький большой человек”, “Что за умница дурак!”. Саха тылыгар оксюморон сомоҕо домоххо көстүөн сөп: илини-арҕааны билбэт / үрүҥү-хараны араарбат. Маннык тылынан тугу да илдьиритэн өйдөөбөт, акаары киһини этэллэр. Эбэтэр: баһа-атаҕа биллибэт – олус киэҥ диэн суолтаҕа туттуллар.

Норуот остуоруйатыгар уот ыла кэлбит уолтан кырдьаҕас оҕонньор “Сымыйа кырдьык икки ардынан кэпсээннэ кэпсээ, оччоҕо биэриэм” диэн сорудахтаабытын холобур гынан аҕалыахпытын сөп. Манна “сымыйа кырдьык икки ардынан” диэн тыл ситимигэр киһи эмиэ да итэҕэйэр, эмиэ да итэҕэйбэт ураты дьиибэ кэпсээн диэн сомоҕо өйдөбүл үөскүүр.

Антитеза утарыта өйдөбүлү тэҥнии тутан уопсай хартыынаны чиҥэтэн ойуулуурга тутталлар. Оксюморонтан уратыта диэн биир сомоҕо уобараһы буолбакка, икки тус-туспа өйдөбүлү тэҥнээн этэр. Антитеза өс хоһоонугар элбэх: Элбэх тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс. Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл. Тот тоҥуй, аччык амарах. Алдьатар дөбөҥ, оҥорор уустук.

Антитеза литературнай айымьыга ааҕааччы болҕомтотун тардарга, уобараһы атын уобараска тэҥнии тутан, кини хаачыстыбатын, олоҕун уратытын сырдатарга табыгастаах. Холобур, Амма Аччыгыйын “Сааскы кэм” романыгар бырааттыы Мэхээлэ уонна Киргиэлэй Дьөгүөрэптэри ойуулуурун холобурдуоҕуҥ. 1. Мэхээлэ Дьөгүөрэп киэнэ бары быһыыта түргэн-дөбөҥ, нарын-намчы. Киргиэлэй Дьөгүөрэп – барыта холку, киэҥ, томороон. 2. Дьон утуйа сыттахтарына Мэхээлэ үлэтигэр барар, күн арҕаалыырын кытта үлэтиттэн төннөр. Киргиэлэй хойут үлэтигэр киирэр, түүн төннөр. 3. Мэхээлэ омуннаах, санаатын тута биллэрэр. Киргиэлэй … сирбитин-сөбүлээбитин дөбөҥнүк биллэрбэт киһи. 4. Мэхээлэ бастыҥ уус. Киргиэлэй хоро салаҥ. 5. Мэхээлэ төҥкөйбөккө хонойон туран, сүр кыараҕастык тэлэн, быыстала суох сабан от охсор. Киргиэлэй көммөккө эрэ, бөкчөйөн сылдьан сүрдээх киэҥник тэлэн, бэрт бытааннык охсон эҥсэр. 6. Мэхээлэ дьадаҥы, Киргиэлэй баай. 7. Мэхээлэ бэрт ыраастык олорор, туттар, дэлэйдик аһыыр. Киргиэлэй наһаа күтүр, кэмчитик туттар, маратык таҥнар, үгүс сылгытыгар-ынаҕар кулут буолар (Амма Аччыгыйа).

Акротеза – утарсар өйдөбүллэри харсыһыннарыы түмүгэр, биир бэлиэни чорботон этии. “Подчеркнутое утверждение одного из признаков или явлений реальной действительности за счет отрицания противоположного” [2: 19]. Саха литэрэтиирэтигэр “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык” Суорун Омоллоон кэпсээнин бары билэбит. Бу кэпсээн аатыгар дьадаҥы саха оҕотугар (хараҥа олоххо) үөрэхтэнэр кыах (сырдык тыкпыт) үөскээбитин уобарастаан этии иһиллэр. Акротеза чаҕылхай холобурун өссө таабырыҥҥа көрүөхпүтүн сөп: Тыла суох да, бары тылынан кэпсэтэр баар үһү (ой дуораана); Кынаттаах да көппөт, тараахтаах эрээри тарааммат баар үһү (бөтүүк). Көстөрүн курдук, бэриллибит холобурдарга антонимныы тыллар суохтар буолан баран, бэйэ-бэйэлэрин кытта хатыйсар өйдөбүллэр үөскээбиттэр. Манна даҕатан эттэххэ, акротеза публицистикаҕа туттулларын “Сиэрэ суох быһыы туһунан сиэрдээх ыйытыы”, “Умуллубат уот умуллубут” диэн Софрон Данилов уочаркалара бигэргэтэллэр.

Амфитеза – икки утарсар өйдөбүлү холбуу тутан, хомуур суолтаҕа туттуу. Амфитеза ханыыласпыт тылынан бэриллэр түбэлтэтэ элбэх, маныаха утарсар тыллар биир грамматическай тутуллаахтар: Эдэрдиин-кырдьаҕастыын бары кулуупка мустубуттар. Турар-турбат барыта кэлбит. Көтөр-сүүрэр бииһин ууһа саас кэлэн, уһун уутуттан уһуктубут. Саха тылыгар тылы ханыылаан туттуу барамай биир буолбатаҕын, элбэҕин көрдөрөр.

Амфитеза таабырыҥҥа эмиэ көстөр: Сайыннары-кыһыннары тыына бургучуйар баар үһү (оһох буруота). Манна “куруук, мэлдьи” диэн кэҥэтэр суолтаҕа туттуллубут.

Саха төрүт тылыгар “барыта, бүттүүн” диэн хомуур өйдөбүлү этэргэ акротеза өс хоһоонугар туттуллубут холобурун аҕалыаҕыҥ: Аттаах ойбоно, сатыы тайаҕа. Бу өс хоһооно билиҥҥи саха тылыгар туттуллубат буолан умнуллан эрэр: дьон бары тохтоон, аһаан-сиэн, сынньанан, хонон-өрөөн ааһар сирин итинник этэллэрэ. Манна аттаах/сатыы диэн утарсар өйдөбүллэр холбоһон, “дьон барыта” диэн киэҥ суолтаны бэлиэтииллэр.

Диатеза диэн утарсар өйдөбүллэр икки ардыларыгар баар атын “орто кээмэй” өйдөбүлү үөскэтэргэ туттуллар ньыма. Холобур, итии – тымныы диэн антонимнар икки ардыларыгар “сылаас” диэн ортоку суолтаны бэлиэтиир тыл баар. Диатеза кэпсэтии тылыгар туттулларын холобурдуубут: Үрүҥ диэҕи үрүҥ буолбатах, хара диэҕи хара буолбатах (ол аата бороҥ); Эмиэ да итии, эмиэ да тымныы (ол аата сылаас).

Уус-уран истиилгэ контекстуальнай антонимнар үгүстүк туттуллаллар. Ол эбэтэр суолталарынан ылан көрдөххө, антонимныы буолбат эрээри, утарсар өйдөбүллэри бэлиэтиир тыллары этэллэр. Холобур: Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук. Бу өс хоһоонугар “тэбиэн саҕа/түөн саҕа” диэн тэҥнэбилинэн “улахан/кыра” диэн антоним бэриллибит. Оттон үрүҥ/хара хаачыстыба антонима санаа диэн тылга сыстан логическай ситим үөскэппит. Контекстуальнай антонимнар остуоруйаҕа чаҕылхайдык бэриллэллэр. Холобур: Улахан кыыһа Кэлии Куо диэн ааттаах, модороон ньуурдаах, этиргэн көйгө кыыс. Кыра кыыс Кырынаас Куо диэн ааттаах, туртаҕар ньуурдаах, нарын бэйэлээх кыыс; Үрүҥ көмүс дьааһык аһылыннаҕына, алтан дьааһык сабыллар үһү (халлаан сырдыыра).

Хоһоонунан айымньыга антоним уус-уран уобараһы күүһүрдэрин тэҥэ, сүһүөҕү тэҥнииргэ, риитими оҥорорго туттуллар: “Мэ!” – диэтэххэ, / мичик гына. “Аҕал”, — диэтэххэ, / антах хайыһар (Өксөкүлээх Өлөксөй); Хара баттах хамсыыра / маҥан хаар үрдүгэр, / тулаайах уол ытыыра / балаҕан иһигэр (Эллэй).

Түмүкпүтүгэр, антонимнар туттуллууларын туһунан биһиги манныгы бэлиэтиибит. 1) Антонимнар норуот тылынан уус-уран айымньытыгар – өс хоһоонугар, таабырыҥҥа, остуоруйаҕа тыл кыаҕын көрдөрөр этигэн ньыма буолаллар. 2) Уус-уран истиилгэ, биирдиилээн суруйааччы айымньытыгар уобараһы күүһүрдэргэ, буола турар быһыыны-майгыны чаҕылхайдык ойуулуурга, ааҕааччы болҕомтотун тардарга, оттон хоһоонунан айымньыга рифманы оҥорорго, сүһүөҕү тэҥнииргэ көмөлөөхтөр.

Литэрэтиирэ:

  1. Антонов Н.К. Саха билиҥҥи тыла. – Дьокуускай, 1982. – С. 40.
  2. Введенская Л.А. Учебный словарь антонимов русского языка. — М – Ростов-на-Дону: Март, 2005. – С. 15-23.
  3. Никитина Н.А. Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын “Сааскы кэм” романын стилистическэй уратыта // Саха тыла: уус-уран истиил. Научнай ыстатыйа хомуурунньуга. 2-с таһаарыы. / Л.Е. Манчурина эрэд. – Дьокуускай: СГУ, 2006. – С. 64-65.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА