«Билим» альманахха бүгүн тахсар ыстатыйаҕа Бүлүү Бороҕонугар олорбут сэһэнньит Прокопий Степанович Колтовской кинигэтигэр олоҕуран, ааптар ураты баай тылын-өһүн туһунан бэлиэтээһиннэр киирдилэр. Суруйуу сыала саха тылын туруга чөл буоларын туһугар сэһэн уус-уран тылын туһаныахха диэн санааны тириэрдии, умнуллан эрэр тыл эгэлгэ көстүүтүгэр болҕомтону туһаайыы буолар. Сэһэнньит омук тустаах өйүн-санаатын туоһулуур бэргэн этиилэрин, эргэрбит тыллары, этиини оҥоруу араас ньымаларын сатабыллаахтык туттарын көрдөрөр холобурдар киирдилэр. Маннык суруйуулары үөрэтиэххэ, туһаныахха диэн түмүк оҥоһуллар.
Ааптар: Гоголева Марина Трофимовна, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана
Күлүүс тыллар: сэһэнньит, баай тыл, этии көрүҥнэрэ, архаизмнар.
Билиҥҥи саха кэпсэтэр тыла-өһө улам уларыйан, этигэн кэрэтэ сүтэн эрэрин күннээҕи олохпутугар көрө-билэ сылдьабыт. Норуот тыыннаах тылын күннэтэ истии аҕыйаабыт кэмигэр үчүгэй тыллаах-өстөөх сэһэнньит кинигэтэ бэчээттэнэн тахсара өрүү күүтүүлээх түгэн буолар.
Бүлүү Бороҕонугар олорбут сэһэнньит Прокопий Степанович Колтовской сааһыран баран, уһулуччу дьаныардаахтык үлэлээн, уон биир кинигэни суруйан, онтун үксүн бэйэтин үбүгэр таһаартаран, үс кинигэни оҥорууга кыттыһан, бар-дьонугар үйэлээх бэлэҕи хаалларбыта. Кини көлүөнэ дьоно сэрии уот кураан сылларыгар оҕо саастара хаарыллан, аас-туор олоххо дуоһуйа оонньообокко, ситэ үөрэммэккэ хаалбыттарын да иһин, эйэлээх олох оргуйар үөһүгэр сылдьан, улуу дойдубут уйгутун уһансыбыт үтүөлээхтэр. Кинилэргэ бааллар дьиҥнээх сахалыы тылы, сиэри-майгыны эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн сылдьар ытык-мааны дьоммут. Прокопий Степанович олохтон ылбыт баай билиитин-көрүүтүн ыччакка тиэрдэрин ытык иэһин курдук санаан, былыргы сэһэннэри, үһүйээннэри, аҕа ууһун кэпсээннэрин, бэйэтин уус-уран суруйууларын түмэн, итиччэ элбэх кинигэни бэчээттэппитэ. Кинини тыл үөрэхтээхтэрэ М.П. Алексеев-Дапсы, В.В. Илларионов, М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, поэт М.Е. Тимофеев, учуонайдар А.А. Павлов, М.П. Григорьев үчүгэйдик билэр киһилэрэ этэ. Бастакы кинигэтэ “Бүлүү Бороҕоно” диэн аатынан 2008 сыллаахха тахсыбыта. Прокопий Степанович бэйэтэ айылҕаттан мындыр киһи буолан, сээркээн сэһэнньиттэри истэн, кэпсээннэрин сыыска-буорга түһэрбэккэ тиһэн ылан, өйүгэр хатаан иһэрэ кэлин суруйар идэни баһылыырыгар олук уурбут. Кимиэхэ баҕарар төрөөбүт норуотун ааспыт олоҕо, үйэлээх үгэһэ, сиэрэ-туома кэрэхсэбиллээх кэрэ кэпсээн буолар буоллаҕа. Ол өттүттэн да ыллахха, кини кинигэлэрэ дириҥ ис хоһоонноохтор, этнографияны, историяны, ономастиканы үөрэтэргэ — барытыгар суолталаахтар.
“Ааспыт анысханнаах кэмнэргэ” диэн кинигэ тылыгар-өһүгэр сыһыаннаан, маннык бэлиэтээһиннэри оҥорбуппун билиһиннэриим.
Баара-суоҕа биэс уонча сыл анараа өттүгэр Бүлүү Бороҕонугар норуот тылынан ус-уран айымньыта силигилии сайдыбыт кэмэ эбит. Манна олорбут республикаҕа тиийэ биллибит олоҥхоһуттар Трофим Гоголев, Василий Каратаев, Афанасий Васильев, сээркээн сэһэнньиттэр Иосиф Мальцев, Петр Каратаев, остуоруйаһыт Прокопий Прокопьев уо.д.а. дьоро киэһэ кэтэһиилээх ыалдьыттара буолаллара. Ол дьон устар ууну сомоҕолуур уус-уран тылларын бүгүҥҥү күҥҥэ диэри илдьэ кэлэн үйэтитэр кыах киһи аайы бэриллэр буолбатах. Ааптар “Ааспыт анысханнаах кэмнэргэ” кинигэтигэр таайым Петр Семенович Каратаев кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, остуоруйалара киирдилэр диэн быһаарбыт. Ол гынан баран кини ол кэпсээннэри оҕотук сылдьан истибититтэн төһөлөөх уһун кэм аастаҕа буолуой?
Норуот тылынан уус-уран айымньыта киһиттэн киһиэхэ бэриллэн иһэр сокуонунан, айымньы хайа да көрүҥэ дьоҕурдаахха түбэстэҕинэ, тыла-өһө байан, чочуллан биэриэхтээх. Бу кинигэҕэ киирбит сэһэннэри көрдөххө, ити чахчы эбит. Ааҕа олорор киһиэхэ саха былыргы олоҕо-дьаһаҕа иһирэх кэпсэтии ылбаҕай тылынан ойууланан, утум-ситим арыллан иһэр. “Саас уу атахтаммытын кэннэ балыктара бүтэн эмиэ аччыктаан бараллар. Улахан уол онно-манна сылдьан бултаһан көрөр да, оҕун тэбиитэ кыра, мөлтөх буолан, улахан буосалааҕы өлөрбөт. Дэҥ-оһол хабдьы өлөрөн аҕалар. Балыктарын хаҕын тамнаабыттарын онтон-мантан булан сииллэр да, эмээннээх ас буолуо дуо? Биир күн үҥүүлэрин, атараларын ылан, үрэхтэригэр киирэллэр. Били уолан, балык бөҕө хаалан, кинилэри өллөөбүт сирдэрэ чүөмпэтэ туолан, уу бөҕө буолбут. Бүгүн-сарсын уу чааратын үрдүнэн охсууһу” [1, с. 159]. Бу кэрчиккэ билиҥҥи саха тылыгар элбэхтик туттуллубат буолбут тыллар уу атахтаммытын кэннэ, дэҥ-оһол, эмээннээх, атара, өллөөбүт, чааратын үрдүнэн баалларын сэргэ, этиини оҥоруу араас ньымаларын туттуу көстөр, сэһэн этии, ыйытар курдук эрээри ыйыппат этии, этии кэпсиирэтэ бигэргэтэр киэбинэн бэриллиитэ. Дьэ, маннык эгэлгэлээн этиини, хомоҕойдук саҥарыыны биһиги туттубат буолан эрэрбит мэлдьэх буолбатах.
Сахалыы саҥа кэрэтин, этэр кыаҕа туспатын туоһулуур биир холобурунан манна кэми (бириэмэни) бэлиэтиир тыллар сонуннук көстөллөрө буолар. Холобур: Киэһэ, күн мас баһыгар түһэн, лаглайа киирэн эрдэҕинэ [1, c. 9], Бэрэттэмэй хамначчыта Сэмэн тутумдьу саҕана, аан-даам тымныы тымныы адаҕыйан турдаҕына [1, с. 10], Быйылгы хаар үрдүнэн барар санааҕын бырах [1, с.25], Сааскы күн үөһэ турдаҕына, биир оҕуруос күөлгэ киирэн кэлэр [1, с. 40], Сааскы күн дьааһыгыран эрдэҕинэ [1, с. 135], Сааскы күн ортото кэлтэгэйдээбитин кэннэ [1, с. 149], Кыһын биир сарсыарда, күн саҥа уһаан, мас саҕатыгар тэмтэйэ тахсар буолтун кэннэ [1, с. 172 ]. Бу курдук былыргы киһи күн-дьыл кэмин айылҕаҕа тахсар уларыйыыларынан сирдэтэр буолан, бириэмэни чопчу быһаарар кыахтаах эбит.
Сахалыы уус-уран тыл биир суол уратыта анал ойуулуур-дьүһүннүүр тылын баайа буолар. Атын омук тылыгар элбэх тылынан, этиинэн бэриллэр өйдөбүл саха тылыгар биир эрэ тылынан этиллиэн сөп. Тыл маастардара маны кыайа-хото туталлар. Амма Аччыгыйын “Сааскы кэмин” кэрэхсэтэр күүһэ ааптар дьүһүннүүр тылы олус бэргэнник туттарыттан эмиэ төрүөттээҕэ чуолкай. Норуот кэпсэтэр тыла онуоха уолбат ойбон тэҥэ буолар. Прокопий Степанович кинигэтигэр тыл суолтата чопчу бу эрэ түгэҥҥэ анаммыт курдуга сөхтөрөр, элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕаллахха: Тустар дьон курдук өрө холомолоһо сылдьыбыттар [1, с. 10], Оҕонньор түөһүн тылынан тайаҕар тирэнэн сагдьаллан турарын кубулуппакка туран, уол кэлээтин кытта, тайаҕынан уот ортотугар уолу таҥнары тарыйан кэбиһэр [1, с. 74], Соһуллар, хаамар аҥардаах дэллэкэччиһэн уолу кытта барса турар [1, с. 76 ], Аагылыскай иннэ буолан сырдык киирэр хайаҕаһынан уол таһырдьа кылыгыр гынан хаалар [1, с. 113], Аҕалара оҥорон биэрбит хайыһардарын кэтэн суур-саар тэбэ тураллар [1, с. 157]. Аны айымньы персонаһын майгытын арыйар, ойоҕос саҥа киллэһиктээх сэһэн этиитэ эмиэ бэрт сонуннук иһиллэр: “Уол туран абааһы бухатыырын баһын сүгэр сиригэр сүгэн, соһор сиригэр соһон, сылайдаҕына сынньанар киһибин буолан, син ыраахтааҕы дыбарыаһын ааныгар тириэрдэр [1, с. 76]”.
Кинигэҕэ сахалыы куолунан кэпсэнэр нуучча остуоруйалара эмиэ киирбиттэр, бу – култууралар алтыһыыларын туоһута. Манна норуот айымньытын тылын-өһүн туттуу элбэҕэ ааптар бэйэтэ тыл баайдааҕын кэрэһэлиир: Күн судаар, сыалыһар буола сылаанньый, хара саһыл буолан мөлбөй [1, с. 70], Сарсыарда тыҥ саҥа хатан эрдэҕинэ илин диэкиттэн тыстаах-баттахтаах хардаҥ эһэ тириитин саҕа хап-хара былыт өрө сүүрэн тахсар [1, с. 80], Куобах кутуруга уот буолан илин халлан эрбийэтин аннын диэки сындыыс уотун курдук түргэннээхтик сүтэн хаалар [1, с. 108].
Ити курдук төһө баҕарар холобуру кинигэттэн аҕала туруохха сөп. Ону ааҕааччы бэйэтэ булан сэргээтин диэн тохтуохха. Бүтэһик түһүмэх араллааннах сахтарга олорон ааспыт ойууттар, удаҕаттар тустарынан үһүйээннэри түмэр. Норуот фольклорун биир уратылаах көрүҥүнэн биллэр маннык сэһэннэр эмиэ бэрт сонун ис хоһоонноохтор, баай тыллаахтар. “Үс Бүлүү айдарыылаахтара” диэн кыттыгас кинигэтигэр Кындараачай ойуун туһунан Прокопий Степанович сэһэнэ баар. Онно ойуун, ыйык маска иитиллэ сытан, кырдьаҕас Умсан ойуун кыыс оҕо кутун абааһылартан хайдах ирдэһэн аҕалбытын туһунан кэпсэнэр. Сэһэнньит тылыттан холобуру аҕалыым. “Чугас олорор ыаллары кэрийэн, эр киһи оннук алдьархай буоллубут диэн дьон тардыһан, чугас эргин сири көрдөөн үлтү үктүүллэр да, оҕону булбаттар.”, “Оҕо дьоно, сүтүктээх эрэйдээхтэр, уй тайаҕын тутан, сордонон-муҥнанан бараннар, орто дойду олоҕун эриирэ-мускуура баһыйан, туспа дууһалаах дьон быстыахтара дуу, ойдуохтара дуу, олороохтообуттар” [2, с. 305]. Бу кыра кэрчиктэн да көрдөххө, сэһэнньит хайдах курдук тылы сатаан туттара, кэпсиир түбэлтэтигэр саха киһитин быһыытынан сыанабыла, уйулҕа хамсааһынын уустаан-ураннаан этэр кыахтааҕа үчүгэйдик биллэр.
Сээркээн сэһэнньит П.С. Колтовской саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан сайан киирэр маннык уус-уран тыллаах суруйууларын анаан-минээн үөрэтиэххэ, төрөөбүт тылбыт бааайын харыстыырга тирэх гыныахха.
Сахалыы куту-сүрү иҥэриигэ, сиэри-майгыны иитиигэ сэһэн дьайыыта олус күүстээх, ону ыччаты иитиигэ көдьүүстээхтик туһаныах тустаахпыт.
Литэрэтиирэ
- Ааспыт анысханнаах кэмнэргэ: үһүйээннэр, остуоруйалар / Прокопий Колтовской. – Дьокуускай: Компания «Дани-Алмас», 2008. – 188 с.
- Үс Бүлүү айдарыылаахтара / [Хомуйан оҥордулар: М.П. Григорьев, П.С. Колтовской, А.А. Павлов]. – Дьокуускай: “Бичик”, 2019. – 400 с.