Аан дойдуга аата суох туох да, ким да суох. Ити көстүү төрөөбүт тылы кытта ыкса ситимнээх. Төрөөбүт тылыҥ хайдах эйгэҕэ үөскээн сайдар, тэнийэр, ааттыырыҥ эмиэ ону кытта ситимнээх буолар. Тылгар, толкуйгар, өйгөр-санааҕар сөп түбэспэт диэн суох. Ол курдук, холобур, саха омук сүөһүнү дьүһүннүүрэ эмиэ олоҕун хайдах тэринэриттэн быһаччы тутулуктаах. Салгыы учуонай ырытыытын «Билим» альманахха ааҕыҥ.
Ааптар: Егор Револьевич Николаев, Гуманьытаарынай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтүн саха тылын салаатын үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата
Түүр омуктарын, тылларын кытта саха тылын тэҥнээн улахан түмүктээх санааны үөскэппит учуонайбыт Николай Климович Антонов “ураа муостаах сүөһүбүт өҥө-дьүһүнэ, сылгы киэнин курдук, булкаас төрдүлээх” диэн быһаарбыта. Ити ааспыт үйэ 70-с сылларыгар этэ. Холобур, өрүөс – сырайыгар маҥаннаах хаар ынах, маҥаас – маҥан төбөлөөх ынах, күрдьүгэс – күрэҥ, кытархай араҕас (рыжий), хараҥа түүлээх – төрүкү түүр тыллара, оттон эриэн – сүүһүгэр маҥаннаах эриэн ынах, саадьаҕай – сиһин ороҕунан маҥаннаах –былыр хаһан эрэ монгуоллуу тыллартан киирбиттэр.
Түөлбэ тылын каартаҕа киллэрбит Спиридон Алексеевич Иванов сүөһү 30-ча өҥүн ырытан көрөн баран маннык диэбитэ: “Өр кэмҥэ саха сүөһүтүн үөскэппит саха омук өҥүн-дьүһүнүн бэлиэтээбитэ барыта сурукка киирэн сылдьар диир кыахпыт суох”.
Этнограф С.И. Николаев-Сомоҕотто саха ынаҕын өҥүн туһунан маннык суруйбута: “Среди большого разнообразия масти якутской коровы преобладают черная, красная, белая, тигровая. Одновременно белохребетность, белогрудость, белая полоса за лопатками, охватывающая туловище, белоногость, белоголовость, белолобость, белощекость являются характерными для масти преобладающего большинства якутского скота”.
Кэлиҥҥи чинчийиилэртэн холобурдаатахха, Иванова З.И. “Генофонд антигенов крови крупного рогатого скота Якутии” (1997) үлэтигэр ала дьүһүннээх баһыйарын бэлиэтээбитэ: “… в популяции якутского скота преобладают пестрые животные с характерными типами пегости (78%). Зарегистрировано 25 различных вариантов масти из 6 основных видов: черная, рыжая, красная, бурая, тигровая и белая, в каждой по несколько форм пегости (беспорядочная пестрота, белохребтовость, белобокость, белоголовость). Часто наблюдаются белые отметины на голове – звездочка, проточина, лысина, мазок, пестрина и очки”.
***
Саха ынаҕын сүрүн өҥө-дьүһүнэ билигин уус-уран айымньыга, олоҥхоҕо, норуот ырыатыгар, былыргы алгыстарга уонна төһө кыалларынан тылдьыттарга киирбитэ баар. Сүөһү өҥүн аныгы саха туох диэн суолталааҕын быһаарсарыгар уустук. Ол да буоллар, түөлбэ тылдьыттарыттан быһа тардан аҕаллахха маннык.
Араҕас. Ынах уонна сылгы сүөһү дьүһүнэ – ʻрыжий (о масти лошади и коровы)’. Араҕас өҥ билиҥҥи саха тылыгар желтый – саһархай диэн эрэ суолталаах. Оттон араҕас ынах ‘светло-желтый; рыжий’ диэн буоларын тылдьыттар быһаарыыларыттан сэрэйэн билэбит. Ону таһынан өс хоһооҥҥо маннык баар: атах баайыылаах араҕас ат умсаахтыы сылдьар үһү=стреноженный рыжий конь ныряючи живет, говорят (этэҕэ=бокоплав). Бу – Тааттаҕа элбэхтик ахтыллар өҥ-дьүһүн.
Куба араҕас. Сунтаар тыла: ‘рыжийֹ (о масти коровы). Арааһа, ынаҕы сылгы өҥүттэн сиэттэрэн таһаараллар дуу диэх санаа үөскүүр, тоҕо диэтэххэ, сүөһү дьүһүнэ үксэ сылгы өҥүн кытта алтыһар. Холобур, куба араҕас – кутуруга, сиэлэ, самыыта, уорҕата араҕас, ньилбэктэрэ уоннаа түөһэ сырдык араҕас түүлээх (с красноватым хвостом, гривой, крупом и спиной, со светло-желтой грудью и в “чулках” такого же цвета).
Э.К. Пекарскай тылдьытыгар араҕас ‘желтый; желтоватый, палевый, золотистый; рыжий, красный, рыжеватый’ диэн эгэлгэлээх. Бэрт үчүгэй холобурдардаах: араҕас ат ‘рыжий конь’; үрүҥ араҕас ат ‘игреневый конь’; күдэн араҕас ат ‘соловая лошадь’; араҕас тэллэй ‘рыжик (гриб)’; араҕастыҥы ‘желтоватый, рыжеватый, красноватый’; араҕастай атыыр сылгы ‘рыжий жеребец’. Куба тоҕо манна «кыбыллыбытын» түөстэххэ: кубаҕай ‘бледный; белокурый, блондин’; кубархай ‘бледноватый, бледный; блондин’; кубархай иҥнээх ‘бледнолицый; бледный цвет’. Мантан сиэттэрэн таһаардахха, “куба араҕас – өлбөөркөй араҕас дьүһүн” диэххэ сөп.
Алакаас – Аммаҕа, алычыай – Ньурбаҕа. Ала ынах – пегая корова. Ол аата ойоҕосторо маҥан эбэтэр курдуу маҥан өҥнөөх.
Эриэгий, эриэгийэ. Садын дьоно-сэргэтэ итинник дьүһүннүүллэр эбит. Эриэгий, эриэн – син биир ала диэбит курдук. Манна биир дьикти баар. Былыргы түүр тылыгар kiši alasï ičtin, jïlqï alasï taštïn ʻпестрота (т.е. хитрость) человека изнутри, пестрота животного снаружиʼ (jïlqï – крупный скот, преимущественно лошади) диэн өс хоһооно баар. Оттон сахаҕа эмиэ үүт-үкчү итинник өс хоһоонун бары бэркэ билэбит: киһи эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар эбэтэр киһи эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар. Манна даҕатан эттэххэ, араас суруйуулары сыныйан көрдөххө, бастаан көтөр эриэнэ эрэ диэннээх өс хоһоон баара. Сүөһү эриэнэ диэннээх кэлин тэнийбит. Эриэгийэ дьүһүн Сэһэн Болоҕо ынах аата буола сылдьар: Эриэгийэ, Эриэлдьэ ‘пеструха, пеструшка; кличка пестрой коровы’.
Иэдьэгэй эриэн ‘грязнопестрый’. Иэдьэгэй – монгуоллуу тылларга тарҕаммыт тыл: ээзэгэй ‘творог’. Биһиэнин курдук иэдьэгэй. Сүөһүбүт өҥө иэдьэгэй курдук бытархай, быдьыр эриэннээҕин иһин буолуо. Бу өҥ былыргыттан тарҕанан, хата, баччааҥҥа диэри тиийэн кэлэн сурукка киирэн хаалбыт. Холобур, С.А. Зверев-Кыыл Уолун “Хаһаа ырыатыгар” маннык баар:
Иэйэхсит эмээхсин
Иэдьэгэй эриэни иэнигитэр,
Томторук эриэни туһаайар,
Хара саадьаҕайы айар,
Холлоҕос эриэни уйгулуур,
Ураа муостааҕы тоҕуорутар,
Уйуллаах кутуруктааҕы субурутар,
Үөрбэ муостааҕы үөрдүүр
Кэскиллээх кэй бараана бу эбит.
Эриэн ынах эгэлгэтэ элбэх.
Абыйга ала дьүһүн биир көрүҥэ – курдаах. Итиннэ чугас суолталаах өҥ көрүҥэ орто халымаларга баар – курдуустаах, курдустаах – илин өттө хара эбэтэр кыһыл, оттон ортотунан маҥан кур курдук ойуулаах.
Кыһыл. Абыйга, үөһээ Халымаҕа кытархай эбэтэр кугас ынаҕы итинник ааттыыллар (рыжая масть коровы, лошади). Орто Халымаҕа уонна үөһээ Халымаҕа кычылымаан диэн дьүһүнү тупсаран биэрэр тыл баар. Эмиэ итинник суолталаах.
Боломос. Боломос өҥнөөх сүөһү – хараҥа маҥан дьүһүннээх. Биһиги билиҥҥи тылбытынан быһаардахха – бороҥ (серый). Пекарскайга боломос буолбут ‘посерело’ диэн тыл баара бэлиэтэммит. 2004-2018 сс. тахсыбыт 15 туомнаах Улахан тылдьыппытыгар болоорхой диэни ‘пепельного цвета, темно-серый’ диэн быһаарбыттар. Кырдьык, корова пепельной масти диэтэххэ хараххар ордук ырылыччы көстөн кэлэр курдук дуу…
Суумматах. Сүөһү маннык өҥүн урукку кэмҥэ Үөһээ Халымаҕа булан сурукка киллэрбиттэр: серовато-темная масть.
Харааччыйа. Индигиир түөлбэтин тыла – хара дьүһүннээх ынах. үөһээ Халымаҕа өссө тупсаран биэрбиттэр – харанай.
***
Сүөһү маҥан, хара, кыһыл, эриэн, бороҥ диэн сүрүн өҥнөрүттэн тахсыбыт өҥ-дьүһүн эгэлгэтэ сүнньүнэн туох эрэ бэлиэлээх, толбонноох, эбирдээх буоллаҕына, өссө атын өҥнөр ааттара үөскүүр.
Кыалыктаах. Ленскэй сахаларыгар баар тыл – өттүгэр ойуулаах диэн суолталаах. Туох ойуулааҕа туохха майгынныырыттан тутулуктаах. Холобур, кыалыктаах: кыалык – кыаны уонна чокууру сылдьарга аналлаах кыра тирии саппыйа (биир өттүгэр хататтаах буолар).
Ыҥыырдаах. Абыйдар түөлбэ тыллара. Ойоҕоһугар ыҥыырга майгынныыр маҥан ойуулаах.
Эрэбэдэйдээх. Абый түөлбэ тылыгар – сүөһү дьүһүнэ. Бэрэмэдэй диэнтэн үөскээбит тыл – акка ыҥыыр үрдүнэн биллэҕэ быраҕарга анаан кэтит тириинэн холбуу тигиллибит икки тирии хааһах.
Дьаҕыллаах. Таатталарга баарын суруйан тылдьыкка киллэрбиттэр. Саннын хаптаҕайыгар эбэтэр моонньугар сүрүн өҥүттэн туспа (үксүн хараҥа) дьүһүннээх улахан ойуулаах. Дьиҥинэн, сылгыны эрэ буолбакка, ынах сүөһүнү эмиэ итинник дьүһүннүүллэр эбит. Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар хара дьаҕыл диэн ала хотойу (орлан) ааттыыллар.
Малааннаах. Абый, Бүлүү, Дьааҥы, Орто Халыма, Өлүөхүмэ, Сунтаар түөлбэлэригэр баар тыл. Суолтата: маҥаас – бэйэтин дьүһүнүттэн уратыта суох сирэйэ олоччу эбэтэр муннуттан сүүһүгэр диэри маҥаннаах. Өлүөхүмэҕэ өссө малаан диэн туспатык ааттыыллар. Маҥааспыт да эгэлгэлээх буолар эбит: күрүҥ маҥаас, хара маҥаас, кугас маҥаас, кыһыл маҥаас, ачыкылаах маҥаас, былааттыы маҥаас, о.д.а. Маҥаас дьүһүн көтөргө эмиэ баар: маҥаас туруйа (журавль даурский), маҥаас суор.
Мордурҕастаах. Бүлүүгэ, Ньурбаҕа туттуллар тыл: маҥан дьураалардаах эбэтэр дьураалаах (хара эбэтэр хараҥа өҥнөөх ынах баһын, көтөр төбөтүн туһунан). Атыннык өрүөстээх диэн ааттанар. Мороду дьүһүнүгэр майгынныырын иһин.
Тыстыы һырай. Ньурба түөлбэтин тыла. Сирэйигэр маҥан дьураалаах ынах. Маҥаас диэн дьүһүнү бэлиэтиир тыл түөлбэлии көрүҥэ.
Олооччулаах. Абый, Орто Халыма түөлбэ тыла. Олооччу – мараҕа кэтэр кылгас остоох этэрбэс.
Этэрбэстээх. Үөһээ Халымаҕа атаҕар этэрбэскэ маарынныыр маҥан ойуулаах ынаҕы итинник ааттыыллар.
Дьарҕаалаах. Сиһин батыһа үрүҥнээх, үрүҥ систээх. Нууччалыы полосатая диэххэ сөп буолуо. Саадьаҕай диэн ынах дьүһүнүн Абыйга, Орто Халыма түөлбэ тылыгар атыннык ааттыыр тыллара. Манна даҕатан эттэххэ, оноолоох саадьаҕай, салбырҕас саадьаҕай, саппыйа саадьаҕай, сарбынньах саадьаҕай, таллан саадьаҕай, хара саадьаҕай, тоноҕос саадьаҕай, баҕарах саадьаҕай, моҕотой саадьаҕай, о.д.а. диэн ынах сүөһү өҥүн араараллар. Хамсыыр харамай эмиэ саадьаҕай буолар: таллан саадьаҕай моҕотой, саадьаҕай тоҥсоҕой. Оскуолаҕа биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин туһунан остуоруйаны бары аахпыппыт, Константин Тимофеев остуоруйа-киинэтин үгүспүт көрбүтэ. Ол гынан баран ол биэс ынах хайдах өҥнөөх этилэрий? Арааһа, ол хоруйа Иван Гоголев-Кындыл “Бэйбэрикээн эмээхсин” диэн оҕолорго хоһоонунан остуоруйатыгар (1960) баар буолуон сөп. Онно Бэйбэрикээн ынахтарын өҥө маннык суруллар:
Биэс саадьаҕай ынахтаах,
Бэйбэрикээн диэн ааттаах
Эмээхсин үүт-сүөгэй астаан,
Буруота буккурастаан,
Олорбута алааска,
Дьыбардаахха, куйааска.
Ити курдук, саха ынаҕын өҥө саха омук тулалыыр эйгэ өҥүн-дьүһүнүн төһө ырылыччы ойуулаан көрөрүн сиһилии арыйар. Өҥнүүр-дьүһүннүүр уратыбыт билигин төһө чөл сылдьарый, хас саха киһитэ ынах өҥүн эндэппэккэ билэн ааттыан сөбүй?
This post was published on 17.06.2022 11:01 11:01