«Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар ритмика туһунан кэпсэтиэхпит. «Ритмика дьарыгар оҕолор үҥкүүлүүллэр, анал эрчиллиилэри оҥороллор, оонньууллар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору оонньотор табыгастаах. Бу оонньуулар музыка тыаһыыр кэмигэр ыытыллаллар. Оонньуу араас буолуон сөп, холобур – сюжеттаах, сюжета суох», — диэн суруйда ааптар Наталья Спиридонова.
Грек тылыттан тылбаастаатахха «ритмика» (rhythmos) хамнаныы бэрээдэгэ диэн буолар. Ритмика дьарыгар оҕолор музыканы хамнаныы нөҥүө ойуулаан көрдөрөллөр. Ол эбэтэр дьарык кэмигэр оҕолор музыканы истэргэ уонна үөскээбит иэйиилэрин эттэринэн-сииннэринэн тас эйгэҕэ таһаарарга үөрэнэллэр. Онон ритмика дьарыгар сүрүн оруолу музыка оонньуур. Музыкальнай инструмент тыыннаах доҕоһуолун, эбэтэр фонограмманы да туттуохха сөп. Оҕолору музыка араас көрүҥүн кытта билиһиннэрэр олус үчүгэй. Ритмика дьарыга оҕолору музыка характеристикаларын (ньиргиэрдээх, чуумпу, эрчимнээх, бытаан, көхтөөх, санаарҕабыллаах уо.д.а.) билэргэ эрэ буолбакка, искусствоҕа угуйар, музыка эйгэтигэр киллэрэр кыахтаах.
Сюжеттаах оонньуу кэмигэр оҕолор оруолга киирэллэр (остуоруйа, кэпсээн геройдара, кыыллар, көтөрдөр уо.д.а.) оонньууллар. Холобур, марш музыкатын холбуубут, оҕолор саллаат оруолун толороллор. Кинилэр музыка ритмигэр сөп түбэһиннэрэн илиилэрин, атахтарын сөпкө хамнатан хос тула хаамаллар. Араас ис хоһоонноох ырыалары холбоон, сюжеттаах оонньуулары ыытыахха сөп (паровоз, сөмөлүөт, хараабыл, сибэкки уо.д.а. туһунан). Оҕолор бэйэлэрин ырыаҕа баар герой курдук сананаллар, киниэхэ сөп түбэһэр хамсаныылары оҥороллор, үҥкүүлүүллэр, сүүрэллэр-көтөллөр. Туораттан көрдөххө, кыракый үҥкүү буолан тахсар. Ритмика дьарыгар үҥкүү араас элеменнэрин туһаныахха сөп (народнай, бальнай уо.д.а. үҥкүү көрүҥнэриттэн).
Оттон сюжета суох оонньууга оҕолор музыкаҕа сөп түбэһиннэрэн көннөрү хамсаныылары оҥороллор. Холобур, музыка тыаһыыр кэмигэр оҕолор хамсаналлар, оттон тохтоотоҕуна – миэстэлэригэр хамсаабакка тураллар. Музыка оонььуур кэмигэр эрдэ этиллибит хамсаныыны оҥороллор. Холобур, төттөрү-таары хаамаллар, сүүрэллэр, ыстаналлар, илиилэринэн далбаатыыллар, кылыҥкайдыыллар уо.д.а. Музыката суох оонньууну эмиэ ыытыахха сөп. Холобур, оҕолор сүүрэ сырыттахтарына төрөппүт эбэтэр учуутал ытыһын таһынар. Биирдэ таһыннаҕына оҕолор олоро биэрэллэр, иккитэ – ыстаналлар, үстэ – илиилэрин көтөҕөн тураллар.
Оҕолор түргэнник сылайбаттарын курдук дьарык кэмигэр кыра тохтобуллары оҥорор, эбэтэр уоскутар эрчиллиилэри киллэрэн биэрэр наада.
Алын кылаас оҕолоругар музыкально-ритмическай хамсаныылары үөрэтэр олус туһалаах. Аан бастаан оҕолору биир кэккэҕэ турарга үөрэтэбит, икки ардыларын ырааҕын кэтииргэ. Араастаан турарга (саахымат курдур, биир сурааһыҥҥа уо.д.а.). Оҕолор дьарык кэмигэр бэриллибит хамаанданы ыһыа суохтаахтар. Бу кэннэ ритмико-гимнастическай хамсаныылары оҥотторобут. Аан бастан судургу хаамыылары үөрэтэбит: уҥа, хаҥас; иннигэр, кэннигэр (түөрт, аҕыс ахсааҥҥа). Дьарык таһымын уустугурдан иһэбит. Бу курдук дьарык эрээри иккилии хардыыны оҥотторобут. Бу хаамыыларга ытыс таһынары эбэбит: хас биирдии ахсааҥҥа, эбэтэр чуотунай ахсааҥҥа уо.д.а. Хаамыыны эмиэ уустугурдабыт, холобур, оҕолор хаамалларыгар аҕыс ахсааҥҥа сиргэ түөрт муннугу ойуулууллар. Салгыы ытыс таһынары эбэллэр. Эбэтэр илии хамнаныыта атын буолуон сөп. Ону таһынан хаамыыны атын хамсаныынан уларытыахха сөп. Холобур, ойоҕос диэки киэҥник атыллаан баран, ол үктэммит атахха тирэнэн туруу. Икки өттүгэр оҥоробут. Манна илии хамнаныытын, ытыс таһыныытын эбэбит. Өссө миэстэҕэ туран эбэтэр хардыылаах ойору эмиэ оҥоруохха сөп. Сорудахтары оҕолорго бэйэлэригэр толкуйдатар олус туһалаах. Бүтэһигэр үөрэппит хамсаныыларын оҕолор музыканан оҥоруохтаахтар.
Маны таһынан музыканы истэ үөрэнэллэригэр, оҕолорго ритмическай ойуулары оҥотторобут. Холобур, төрөппүт эбэтэр учуутал ытыһын таһынан музыка таһаарар, ону оҕо үтүктэр. Ойууну уустугурдан иһэбит. Оҕолор бэйэлэрэ эмиэ ритмическай ойуулары айаллар, атын оҕолор үтүктэллэр.
Ритмика дьарыгын анал үөрэхтээх педагог ыытыахтаах. Дьарык бөлөҕүнэн ыытыллара табыгастаах. Көдьүүстээх буоларын курдук нэдиэлэҕэ хаста да тэриллэрэ ордук. Дьарыктанар сир киэҥ, салгылатыллар кыахтаах буолуохтаах. Оҕолор сөптөөх таҥастаах кэлиэхтээхтэр (хамнанарга мэһэйдээбэт, ыга туппат). Дьарыктан дуоһуйалларын, үөрэ-көтө кэлэллэрин курдук, кинилэри хайҕыахха наада.
Онон, ритмика дьарыктара оҕолору хамнатарга эрэ буолбакка, толкуйдатарга эмиэ аналлаахтар. Нейрогимнастикаттан уратыта диэн, оҕолор толору хамнанар, музыка ритмын истэ үөрэнэллэр. Дьарык кэмигэр былчыҥнарын сайыннараллар, координацияларын тупсараллар, бэйэрин сөпкө тутта-хапта сылдьарга үөрэнэллэр. Хас дьарык аайы оҕолор хамсаналлара улам тупсан иһэр, хас да хамнаныыны уочаратынан түргэнник оҥорор буолаллар. Ону таһынан систэрин тоноҕоһо көнөр, музыка көмөтүнэн бэйэлэрин ис туруктарын тас эйгэҕэ көрдөрөргө үөрэнэллэр, уоскуйаллар, налыйаллар.
This post was published on 26.01.2024 14:05 14:05