Чинчийээччилэр П.А. Ламутскай “Сир иччитэ” арамаанын эбээн олоҕун майгытын сиһилии хоһуйарынан этнографическай, дьиҥнээх буолбут түгэҥҥэ тирэҕэрэринэн историческай диэн эмиэ быһаараллар. Бу ыстатыйаҕа “Сир иччитэ” арамаан ыал олоҕун сиэрин, үгэһин ситэри тиэрдэринэн итилэргэ эбии көс эбээн олоҕун үөрэҕинэн эмиэ сыаналаныан сөптөөҕө дакаастанар. Салгыы — «Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар ааҕыҥ.
Ааптар: Филиппова Нина Игнатьевна, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр үнүстүүт үлэһитэ
Күлүүс тыллар: арамаан, эбээн, көс омук, үгэс.
Платон Ламутскай «Сир иччитэ» диэн арамаана 1987 с. сахалыы тылынан туспа кинигэнэн бэчээттэнэн үгүс дьон сэҥээриитин ылбыта. Дьиҥэр, эбээн суруйааччыта бу айымньытын төрөөбүт тылынан, бэйэтэ суруйарынан уонча сыл сыралаһан, 1984 сыллаахха суруйан бүтэрбит эбит. Онтон 1986 сыллаахха сахалыы баллыр тылбааһын оҥорбутун П.Д. Аввакумов чочуйан, оҥорон бэчээттэппит. Эбээн бастакы арамаанын үгүс суруйааччы, литэрэтиирэ чинчиһитэ А.В. Кривошапкин, П.Д. Аввакумов, С. Дадаскинов, В.Б. Окорокова, С.М. Петрова, Ю.Г. Хазанкович, Л.П. Григорьева, о.д.а үрдүктүк сыаналаабыттар эбит.
Айымньыга көс олохтоох булчут эбээн олоҕор XX-с үйэ саҕаланыытыгар Халымаҕа сүдү кыыл, сир иччитэ – сэлии (мааман) өлүгэ тоҥ буортан көстөн таһаарбыт аймалҕана, быһылаана, содула хоһуйуллар эрээри арамаан хабар иитэ, эргимтэтэ быдан киэҥ. Чинчийээччилэр арамааны эбээн олоҕун майгытын сиһилии хоһуйарынан этнографическай, дьиҥнээх буолбут түгэҥҥэ тирэҕэрэринэн историческай диэн эмиэ быһаараллар. “Сир иччитэ” арамаан ыал олоҕун сиэрин, үгэһин ситэри тиэрдэринэн итилэргэ эбии көс эбээн олоҕун үөрэҕинэн сыаналаныан эмиэ сөптөөх.
Арамааҥҥа Маркани – улахан ыал аҕа баһылыга. Кини ийэтэ Экичэ, аҕата Этэйлэ, быраата Тинькани, кийиитэ Гарпук – бары бииргэ олороллор. Бэйэтэ кэргэнэ Агундьалыын, элбэх оҕолоох. Онон, кырдьаҕастарын көрөр-истэр иэһин, оҕолорун иитэр кыһалҕатын ылынан толору ыал олоҕун дьаһайан олорор. Кини аҕа буолан төһөнү кыайарыттан, тугу быһаарарыттан оҕо-дьахтар, кырдьаҕас-кыаммат олоҕо тутулуктааҕын өйдүүр.
Эбээн дьахтара көс ыалын олоҕун, аһын-таҥаһын бэрийэр-дьаһайар бараммат түбүгүттэн ордон, быыс булан кэргэн ылар уолун, сүктэр кыыһын таҥаһын тигэр, бэлэмниир, оҕуруолаан киэргэтэр аналлаах. Агундьа ол сиэринэн улахан кыыһа Мэҥдэк эргэ сүктэн барарыгар анаан атын аҕа ууһугар тиийэн туора көрүллүбэтин, сирдэрбэтин, сэнэппэтин диэн кыаҕа баарынан ийэ илиитин сылааһын иҥэрэн таҥаһын-сабын тэрийэр, дьахтар киһи сатыахтаах үлэтигэр, кийиит буолан тиийдэҕинэ тутуһуохтаах сиэригэр, олох-дьаһах тэрээһинигэр уһуйар. Тириини таҥастыырыгар, имитэригэр, иистэнэригэр кыыһын, кийиитин ыйан-кэрдэн көмөлөһүннэрэр, араас өҥнөөх оҕуруонан киэргэтэргэ, оһуор эгэлгэтин, суолтатын өйдүүргэ үөрэтэр.
Таба көлөлөөх көс ыал тугу бултаабыттарынан аһаан-таҥнан олорор. Онон булт сиэрин кытаанахтык тутуһар. Мэҥдуни тииҥ буһа турар күөһүттэн эт хотороору эһэтэ Этэйлэттэн улаханнык дьарыллар. Күөһү булчут буккуйуо, тыытыа суохтаах эбит. Күөһү эрэ буолуо дуо, атын да дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах дьахтар толорор үлэтигэр эр киһи чугаһыа, толоруо суохтаах. Аньыы. Булт ханнар, Байанайа өһүргэнэр үһү. Итинник аньыы олус элбэх. Холобур, чааркааҥҥа ылларан баран тыыннаах олорор кырынааһы Гаркуни уол баһын маһынан хампы охсон өлөрбүтэ эмиэ аньыы эбит. Ол аньыыны тэйитээри Маркани уолугар кырынаас хампы барбыт төбөтүн хайаҕаһынан тымтык маһынан мэйиитин ытык курдук булкуйтарар, аньыытын дьалбарытар тылы этиттэрэр. Онон кырынаас мэйиитэ үлтү ытыллан уол аньыытын умнуо, көрдөһүүтүн ылынан чааркаанын, сохсотун тумнубакка киириэ диэн булчут дьон бэйэлэрин алы гынар үгэстэрин уолугар көрдөрөр. Тыл киһини араҥаччылыыр, харыстыыр, ыраастыыр эбэтэр самнарар, алдьатар, өлөрөр-өһөрөр да кыахтааҕар эбээн итэҕэлэ олус күүстээх. Ол иһин бэйэни харыстанар, кырыыстан-таныартан көмүскэнэр алгыс тылын сатаан туттарга, этэргэ оҕону эмиэ эрдэттэн үөрэтэллэр.
Маркани эдэр дьоҥҥо – уолаттарыгар Мэҥдунилаах Гарпунига, быраатыгар Тиньканига алгыырынан, көрдөһөрүнэн муҥурдаммакка, “аар тайҕатыттан тугу эмэ дук гынаттарыан баҕарар киһи элбэхтик хаамыан-сүүрүөн наадатын”, булчут бэйэтэ сатабыллаах, хорсун-хоодуот, сырыыны-айаны тулуйумтуо, дьулуурдаах буолуохтааҕын өрүү санатар эбит. Ону бигэргэтэн булка табыллыбыт-табыллыбатах түгэннэриттэн, булт умсулҕанын туһунан кэпсиир. “Булчут сонордьут ыт курдук буолуохтаах,” – диир Маркани. Булт сырыыта муҥурун булларбатах айылҕа барахсантан быһаччы тутулуктааҕын, күнэ-дьыла, аһылыга уларыйарыттан, сир быһыытын-таһаатын кытта ситимнээҕин өйдөтөр. Онон булчут киһи күнү-дьылы кэтээн көрөр, сылыктаан, билгэлээн билэр үөрүйэхтэрин иҥэрэргэ дьулуһар.
Ити курдук булчут буолар уол оҕо кыратыттан эһэ-эбэ, ийэ-аҕа, убай-эдьиий үөрэҕин көрөн, истэн, кэтээн үөрэнэр аналлаах. Кыра уоллара Гаркуни эһэтин батыһан чугас эргин туһахтаан, чааркааннаан, кыыл, көтөр суолун билэ, араара үөрэнэн улам туһа киһитэ, булчут буола уһуйуллар. Бэл сыаналаах булду – саһылы эһэтэ киниэхэ ньымааттаабыт сохсотуттан ылан, улахан булт тордоххо киирэр сиэрин-туомун, үөрүүтүн билсэр. Туох, хайдах. хаһан бултанарын, төһө сыанаҕа турарын, туох атастаһыкка барыан сөбүн эрэ буолбакка, ханнык кыылы, көтөрү ытык диэн тоҕо ааттыыллара, олору өлөрөр, бултуур тоҕо сатамматын, ол туох аньыылааҕын, онтон быыһанар туох сиэр-туом баарын, оҕоҕо, ыччакка ону хайдах иҥэрэллэрин суруйааччы сүрдээх итэҕэтиилээхтик бу дьон күннээҕи олохторугар көрдөрөн ойуулуур. Ону суруйааччы дьоно оҕону буойар-хаайар, сэрэтэр, сүбэлиир, сэмэлиир, такайар тылларын нөҥүө, арыт кэпсэтэр тылларын тамаҕар кыбытан эбэтэр эбэ-эһэ кэпсиир, сэһэргиир сэһэнигэр, үһүйээнигэр киллэрэн биһиэхэ тиэрдэр. Итини барытын ааптар арамааҥҥа сиһилээн, ымпыктаан, ойуулаан хоһуйардааҕар дьон кэпсэтиитин, санаатын-оноотун ситимигэр киллэрэн, уйулҕата оонньуурун нөҥүө ордук биэрэр сатабыллаах эбит.
Аҕа ууһунан бүччүмнүк олордоллор да син атын бэйэлэрин курдук көс олохтоох дьоннуун көрсүһэн, алтыһан, хардары-таары сонун-нуомас истиһэн, ону-маны мэнэйдэһэн, атастаһан, эр-ойох ылсыһан, уруу-аймах тардыһан олороллор. Бу курдук ардыгар бултуйан, онтон дьоллонон, ардыгар мэлийэн, хоргуйан өлө сыһа олоруохтара эбитэ буолуо. Булт ыырын, таба аһылыгын батыһар көс ыал олоҕун оҥкула өбүгэлэртэн ыла олохсуйбут үгэһинэн салаллан иһиэх этэ. Ону баара олох хаамыыта, тастан киирэн үксээн иһэр уларыйыылар киһи майгытыгар, онтон сиэттэрэн үгэс, сиэр өйдөбүлэ халбаҥнааһыныгар эмиэ тиэрдэр эбиттэр.
Сир анныттан быган тахсыбыт сүдү кыыл көстүбүтүн көс эбээн ыала улаханнык айыыргыыр. Онон харахтаахха көрдөрүө, кулгаахтаахха иһитиннэриэ суох буолан, буорунан-тааһынан, отунан-маһынан көстүбэт гына көмөн кистииллэр. Ол да буоллар, Маркани сэлии муоһун атыыһыттар сэргииллэрин, эмиэ түүлээҕи курдук хамаҕатык ылалларын истибиттээх буолан кыыл муоһуттан дьоҕус соҕуһу кэрдэн ылан уурунар. Онтун батарбыта биллэн хаалан аймалҕан, араллаан тахсар, булт турбата, таба өлүүтэ, куор дьаҥа туруута барыта Маркани сэлиини булбут аньыытыгар ааҕыллан сэмэҕэ-суҥхаҕа түбэһэр, туора көрүллэр, өс-саас суола арыллар. Бэйэтэ этэригэр дылы “кырыы харах кынчарыйыытыгар кыбыллар, кытаанах тыллаах кырыыһыгар кыйданар”. Арай олох уларыйар тыына биллэн, сир иччитин –сэлиип үөрэх туһатыгар диэн ыраахтааҕы ыйааҕынан хостотон соҕуруу ыытаннар, политсыылынай С.Мицкевич куор ыарыытыттан эмтээн Марканилаах олохторо арыый көнүөҕэр ааҕааччы эрэллээх хаалар.
“Сир иччитэ” арамаан омос көрдөххө биир улахан көс ыал, биир аҕа ууһун олоҕун көрдөрөр. Ол эрээри суруйааччы айымньыга бу ыал олоҕор тыктаран киһи уонна айылҕа, кэм-кэрдии, ааспыт уонна аныгы олох, кырдьаҕас уонна эдэр, баай уонна дьадаҥы, үтүө быһыы уонна мөкү майгы, бэйэ дьоно уонна туора уустар, о.д.а. бэрт уустук сыһыаннар ситимнэрин арыйар. Онон ааҕааччыга олох сэһэнин эйгэтэ быдан киэҥ ыырданан тиийэр.
Айымньыга Платон Афанасьевич Степанов-Ламутскай тус бэйэтэ көс олохтоох булчут эбээн оҕото төрөөбүт норуотун, бэйэтэ иитиллибит, өйүнэн-санаатынан, этинэнэн-хаанынан иҥэриммит бэркэ билэр эйгэтин хоһуйар. Арамаан бэркэ табыллыбыт биир төрүөтэ ол буолуон сөп. Платон Афанасьевич Степанов 1920 сыллаахха Кэбээйи улууһугар Ламыҥха нэһилиэгэр таас Дьааҥы арҕас хайаларын быыһыгар эбээн омук биир улахан салаата уутуйан олорор дойдутугар төрөөбүт. Биэс бииргэ төрөөбүттэртэн улаханнара эбит. 1937 сыллаахха учуутал тиэхиньикимин эбээннии-эбэҥкилии салаатын бүтэриэҕиттэн ыла эбээн тылын, литературатын учууталынан, оскуола сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн түөрт уонча сыл устата эбээн олохсуйбут хотугу улуустарыгар Кэбээйигэ, Саккырыырга, Усуйаанаҕа, Муомаҕа, Орто Халыма Березовкатыгар үлэлээбит. Саҥа ананан тиийбит сирин аайы эбээн оскуолатын арыйан үлэлэтэргэ дьулуспут. Онто сороҕор кини атын сиргэ ананан көһөн бардаҕын аайы сабыллан иһэриттэн олус хомойор. “Ийэм тыла буолан, саҥардахха босхотунан, эттэххэ улгумунан, истэргэ сылааһынан эвен тылыттан ордук күндү суоҕун билбитим” диэн таптыыр төрөөбүт тылын туһунан суруйар. Оттон төрөөбүт тылынан үөрэммэт, үөрэппэт оҕо тыла сүтэрин билэр буоллаҕа.
Үлэлээбит сирин аайыттан кырдьаҕастартан эбээн үһүйээннэрин, сэһэннэрин ырыатын-тойугун, остуоруйатын хомуйбут, баай матырыйаалы муспут. Ону кини айар үлэтин тирэҕин, сүрүн үөрэҕин быһыытынан ылынар эбит. Таптыыр кэргэнинээн Евдокия Дмитриевналыын уон оҕону төрөтөн, улаатыннаран үөрэхтээх үлэһит дьон оҥортообуттар. 1939 сыллаахтан эбээннии уран тыллаах хоһоонноро, кинигэлэрэ бэчээттэнэр буолбуттар, суруйааччы быһыытынан киэҥник биллэр. Кини туһунан эбээн поэта Василий Баргачан бэрт истиҥник ахтар: «Платон Афанасьевич Степанов чахчы норуотун төлкөтүнэн төлкөлөнөн олорон ааспыт киһи буолар. Тыллыын-өстүүн, өйдүүн-санаалыын, оннооҕор күлүүтэ-оонньуута дьиҥнээх эбээн бу сылдьар дэтэр этэ. “ Былатыаны кытта кэпсэппит киһи аччык сылдьан эмискэ сибиэһэй, сүмэһиннээх эти хабыалыы түспүт курдук санааччы уонна астынааччы”, – диэн кырдьаҕастар саҥарсалларын өйдүүбүн». Платон Афанасьевич бэйэтэ олорбут олоҕун устатыгар эбээн олоҕун укулаатыгар тахсар уларыйыылары, тыл туттуллар эйгэтэ аччаан иһэрин, төрүт үгэс, сиэр-туом. итэҕэл сүтэр, умнуллар суолга киирбитин илэ көрөн, ол кыһалҕатын сүрэҕэр чугастык ылынан, бу боччумнаах арамааны суруйбут, көс эбээн олоҕун үөрэҕин, ыччатын иитэр үгэстэрин арыйан төрөөбүт норуотугар бэлэх ууммут. Арамаан сахалыы, нууччалыы бэчээттэнэн, аахпыт дьон эбээн омук баай дууһалааҕын, чараас сүрэхтээҕин, айманар куттааҕын биллибит. Аны бу бэлэх дьиҥнээхтик силигэ ситэрин туһугар хайаан да маҥнай суруллубутун курдук эбээннии тылынан бэчээттэнэн тахсара, ол туһугар эбээн омук тыына уһууругар кыһаллар дьон санаатын ууран үлэлэһэллэрэ наада эбит.
Литэрэтиирэ
- Ламутскай П. Сир иччитэ. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1987.
- Ламутскай П. Сырдыкка айан. – Дьокуускай: Бичик, 1993, 2007.
- Нюҥия дукамҥа: сборник творческих работ учащихся, посвященный жизни и творчеству П.А. Ламутского на эвенском, якутском и русском языках / Сост. У.П. Тарабукина, О.К. Потапова. – Якутск: Компания “Дани-алмас”, 2007.
- Эвенская литература: сборник / сост. В.Огрызко. – М.: Литературная Россия, 2005.
- Кейметинов-Баргачан В. Платон Аки. Ахтыы. // Чолбон. – 1980 – №11.
This post was published on 08.04.2022 11:02 11:02