21 Сэтинньи 21.11
  • -27°
  • $ 100,22
  • 105,81

"Билим": Оҕо илиитин-атаҕын сайыннаран толкуйдуур, саҥарар, суруйар дьоҕурун күүһүрдүү

Хаартыска: Наталья Спиридонова
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Билим» СИА бырайыага салҕанан барар. Бүгүн уочараттаах таһаарыыга Наталья Спиридонова «Учуонайдар этэллэринэн, киһи толкуйдуур дьоҕура кини саҥата сайдарыттан тутулуктаах. Киһи мэйиитигэр саҥарары уонна хамсанары хонтуруоллуур чаастар бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сыталлар. Онон оҕону хамсатан, кыра хамсаныылары илиитинэн оҥотторон, кини мэйиитин уонна саҥарар дьоҕурун сайыннарабыт», — диэн ыстатыйатын саҕалаата.

Бу манна нейрогимнастика олус үчүгэйдик көмөлөһөр. Атыннык мэйии гимнастиката эбэтэр йогата дииллэр. Маннык дьарык киһи мэйиитигэр саҥа нейроннары үөскэтэр буолан, саҥалара уонна хамнаналлара мөлтөх оҕолорго олус туһалаах. Маннык оҕолорго үөрэхтэригэр уонна дьону кытта алтыһалларыгар нейрогимнастика көмөлөһөр. Туоһулаан эттэххэ, кинилэр өйгө туталлара, болҕомтолоох буолаллара, дьон саҥарарын ылыналлара, бэйэлэрин саҥалара, толкуйдуур, айар-тутар, бэйэни салайынар, сыаналанар дьоҕурдара уонна доруобуйалара тупсар.

Онон маннык дьарыктар гиперактивнай, болҕомтото суох оҕолорго ордук надаалар. Ол гынан баран, оскуолаҕа киириэхтээх оҕолорго уонна бары да үөрэнэччилэргэ маннык дьарыктар элбэх көмөнү оҥоруохтарын сөп.

Нейрогимнастика дьарыга  мэйии икки чааһын тэҥинэн үлэлэтэр буолан, сайыннарар күүһэ улахан. Бу дьарыктарга элбэх тэрил наадата суох. Сорудах таһыма аргыый ыараан иһиэн сөп. Оҕолор бэйэлэрэ сорудах толкуйдууллара өссө көдүүстээх.

Холобурдар:

1 холобур. Илии киистэтин хамсатыы.

Геометрическай фигуралары оҕолорго түҥэтэбит. Иккилии тэҥ фигураны биэрэбит: төгүрүмтэ, овал, үс-муннук, кыбадыраат, көнө-муннук, биэс-муннук уонна да атын буолун сөп. Хас биирдии фигураҕа илии киистэтин хамнаныытын аныыбыт. Холобур, төгүрүмтэ – сутурук, квадрат – ытыс кырыыта, үс-муннук – ытыс уо. д.а.

Сорудаҕы бастаан судургу оҥоробут. Фигуралары пааранан уурабыт, оҕолор биир-биир илиилэрин хамсаталлар, фигура үрдүгэр уураллар. Манна оҕолор ханнык хамсаныы ханнык фигураҕа сөп түбэһэрин өйдүүллэр, илиилэрин, мэйиилэрин эрчийэллэр.

Онтон фигуралары булкуйан уурабыт. Манна болҕомтолоро күүһүрэр, хамсаныыларын хонтуруоллууллар. Дьарыгы сатаабыт оҕолор, аны түргэнник оҥорорго дьаныһаллар. Бу кэннэ сорудах уларыйар: бэйэлэрэ фигуралары булкуйаллар, элбэхтэ эрчиллэллэр.

Сорудаҕы өссө уустугурдуохха сөп: фигураҕа сөп түбэһэр хамсаныылары уларытабыт, саҥаны айабыт. Манна өйгө тутар дьоҕурдара ордук күүскэ сайдар.

2 холобур. Тарбаҕы хамсатабыт.

Маннык сорудахтары оҕолор олус сөбүлүүллэр. Сатанар буоллаҕына, үөрэллэр. Мотивациялара үрдүүр. Үөрүйэхтэрин өссө чиҥэтэргэ талаһаллар.

Манна биһиги мэйиибит икки аҥаарын үлэлэтэбит. Хас биирдии илиибитинэн атын-атын фигуралары көрдөрөбүт. Төрөппүт бастаан көрдөрөр, оҕо үтүктэр.

Аан бастаан тарбахтары сылытабыт: хардары-таары бэйэ-бэйэлэрин куустаран сыҕарытан иһэбит. Улахан эрбэҕи уонна ылгын чыкыйын хатыһыннарабыт. Онтон тарбахтары саратабыт уонна биир тарбаҕынан сыҕарытан иһэбит. Онтон төттөрү барабыт. Ол кэннэ сүрүн дьарыкка киирэбит.

Холобур, уҥа илиибитинэн биэс тарбаҕы көрдөрөбүт (ону күнчээн диэн ааттыахпытын сөп), иккис илиибитинэн үс тарбаҕы (лук диибит).

Уҥа илиибитинэн икки тарбаҕы көрдөрөбүт (куобах), хаҥас илиибитинэн – сөмүйэни уонна лгын чыкыйын (ынах).

Күн, төлөппүөн.

Үчүгэй, ыт.

Бу сорудаҕы уустугурдан иһэбит: фигуралар икки ардыларыгар эбии хамсаныы киллэрэбит, холобур, ытыспытын таһынабыт. Эмиэ көрдөрөбүт, оҕо үтүктэр.

Ити курдук араас фигуралары оҥоруохха сөп: уҥа илиибитигэр ылгын чыкыйа уонна сөмүйэ өрө тахсаллар (ынах буолар), хаҥас илиигэ – ылгын чыкыйа, орто тарбах, аата суох өрө тураллар (бу бөтүүк). Илиибитин уларытабыт, эрчиллэбит. Оҕолор илиилэрэ үөрэннэҕинэ, икки ардыгар хамсаныы эбэбит.

Хамсаныы араас буолуон сөп (ытыһы таһыныы эрэ буолбатах), холобур: биир илиибитинэн мунну төбөтүн тутабыт, иккис илиибитинэн кулгааҕы. Илиибитин сарыннарбытыгар хардарыта уурабыт, төбөбүт үрдүгэр ытыспытын таһынабыт уо.д.а.

Бу кэннэ оҕолор сорудаҕы бэйэлэрэ айаллар, бэйэ-бэйэлэрин үөрэтэллэр.

3 холобур. Илиини барытын хамсатабыт.

Биир илиибитин үөһээ-аллара хамсатабыт, иккис илиибитин үөһээ, аллараа, туора, бэйэбитигэр. Бастаан хас биирдии илии хамсаныытын үөрэтэбит. Онтон икки илиибитинэн тэҥинэн үлэлиибит. Бу кэннэ илиибит хамсаныытын уларытабыт.

Биир илиибитинэн төбөбүт оройун таарыйабыт, иккис илиибитинэн испитин имэринэбит. Бу кэннэ эмиэ илиибитин уларытабыт. Ол кэннэ атын сорудахтары оҕолор эмиэ бэйэлэрэ айаллар.

4 холобур. Абстрактнай эттиктэри кытта үлэ. Тылы, өйү сайыннарыы.

Уон иһинэн сыыппаралары ылабыт. Хас биирдии сыыппараҕа ханнык эмит тылы аныыбыт (кыыллар, өҥнөр, маллар…).

Холобур, 1 – кыһыл, 2 – араҕас, 3 – хара, 4 – маҥан. Оҕолорго сыыппаралар эрэттэрин биэрэбит. Кинилэр бу эрээти ааҕаллар, ол эрэн сыыппара аатын эппэккэ, бэриллибит тыланан солбуйаллар.

1 – кыһыл, 2 – араҕас, 3 – хара, 4 – маҥан.

1       1       2        1       2       2       1       2        2       1       1       2       1

1       2       3        2       1       3       3       2        1       1       3       1       1

3       2       1        3       2       4       4       2        4       1       1       4       3

5 холобур. Араас ооньуулар.

  • «Ким түргэнник быаны маска эрийэрий?».

Быа ортотун булабыт. Түмүгүнэн бэлиэтиибит. Икки уһугар маска баайабыт. Икки тэҥ ыраах буолуохтаах. Икки оҕо күрэхтэһэр. Ким түргэнник быаны маска эрийэн, ортотугар  тиийбит, ол кыайар.

  • «Ким түргэнник кумааҕыны имитэн сутуругар кистиирий?».

Хас биирдии оҕоҕо икки илиитигэр салфетканы туттарабыт. Бары тэҥҥэ имитэн саҕалыыллар. Түргэнник сутуругар кистээбит оҕо кыайар.

Ааптар: Наталья Спиридонова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын төрүт тыллары үөрэтии, харыстааһын уонна сайыннарыы киинин научнай үлэһитэ, преподаватель, тьютор, «МS» үөрэтэр киин методиһа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА