"Билим": Нууччалыы-сахалыы тылбаас дьыала истиилэ сайдыытыгар суолтата

«Билим» альманах бүгүҥҥү ыстатыйатыгар саха тылыгар дьыала истиилин сайдыытын араас кэрдиис кэминээҕи тылын-өһүн уратыта, уопсастыба-бэлиитикэ уонна суут-сокуон эйгэтин тиэрминнэрин тылдьытын оҥоруу көрүллэр. Нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тылбаас түөрүйэтин төрүттээччи Петрова Т.И. саха тылыгар дьыала истиилэ нууччалыыттан сүһэн ылыы буолбакка, тыл үөрүйэҕин тутуһан, тылбаастанар халыыбын биэрбитэ ыйыллар.

Ааптар: Иванова Саргылана Владимировна, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, дассыан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт

Күлүүс тыллар: саха тыла, туттулук истиил, дьыала истиилэ, нууччалыы-сахалыы тылбаас, сахалыы-нууччалыы тылбаас, уопсастыба-бэлиитикэ тиэрминэ, суут-сокуон эйгэтин тиэрминэ, судаарыстыба иһинээҕи тылбаас.

 Дьыала истиилэ өйдөбүлү толору, чуолкайдык көрдөрөр уратылаах, элбэх халыып тыллаах-өстөөх докумуон, сурук истиилэ буолар. Суут-сокуон, быраап эйгэтин хааччыйар, салалта дьаһайар докумуоннарын оҥорууга, дипломатическай үлэҕэ-хамнаска туттуллар. Нуучча тылыгар дьыала истиилин туттуллар эйгэтинэн үс араҥаҕа араараллар: сокуону оҥоруу истиилэ, суут истиилэ (юрисдикционнай), салалта истиилэ (административнай), маны таһынан дипломатическай истиил [3, 329 с.].

Петрова Т.И. бэлиэтииринэн: «хайа да омукка дьыала истиилин экстралингвистическэй бэлиэтэ, ирдэбилэ биир. Сахалыы дьыала истиилэ саҥа үөскээн эрэр буолан, нууччалыы дьыала истиилин батыһар, тыла-өһө маарыннаһара элбэх, үксүгэр тылбаас даҕаны буолар» [6, 7 с.].

Н.Е. Петров «Синтаксические средства выражения модальности в якутском языке» диэн үлэтигэр саха суругунан литературнай тыла олохсуйар уонна сайдар кэмигэр нуучча тылын үтүө сабыдыалын бэлиэтиир [5]. Бу чинчийиигэ олоҕуран саха тылыгар дьыала истиилин сайдыытын маннык кэрдиис кэмҥэ араарыахха сөп: 1) Сэбиэскэй былаас олохсуйар сыллара; 2) холбоһуктааһын, Аҕа дойду улуу сэриитин кэмэ; 3) саха суругунан литературнай тыла төрүттэнэр уонна сайдар кэмэ. Бу кэрдиис кэмнэргэ дьыала истиилин тылын-өһүн маннык уратытын бэлиэтиэххэ сөп:

  1. Сэбиэскэй былаас олохсуйар сылларыгар уопсастыба-бэлитиикэ литэрэтиирэтэ киэҥник тэнийбитэ бэлиэтэнэр. Ыҥырыы сурук, туһаайан этии онтон да атын аҕытаассыйалыыр матырыйаал нууччалыыттан сахалыы тылбаастаммыта. Маннык ис хоһоонноох тиэкис сиинтэксиһин уратытынан ыҥырыы-этии, лозунг-этии, дьаһайар-этии, риторическай, соруйар, күүһүрдэр этии туттуллара буолар. Холобур: Объединяйтесь!’ Тэриллиҥ!; ‘Уменьшим нужду, искореним обман’ Кыһалҕаны кыччатыаҕыҥ, албыны аччатыаҕыҥ (П. Ойуунускай).
  2. Холбоһуктааһын, Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр уопсастыба-бэлиитикэ литэрэтиирэтин суолтата күүһүрэр. Н.Е. Петров суруйарынан: «Огромную силу воздействия на массы приобрели ораторский, газетный, общественно-публицистический, торжественный, деловой, канцелярский стили с их специфическими средствами выражения модальности» [5. 53 с.]. Бу кэмҥэ уураах, дьаһал тиэкиһигэр хайааһыны оҥорору модьуйар, сыал-сорук курдук ирдиир, дьыала истиилин салайар, дьаһайар айылгытыгар сөп түбэһэр —арга халыыптаах үлүбүөй туохтуур туттуллан барбыт. Холобур: ‘Досрочно выполнить пятилетний план’ Биэс сыллаах былааны болдьоҕун иннинэ толорорго: ‘Основное внимание уделять повышению качества и эффективности производства’ Сүрүн болҕомтону оҥорон таһаарыы хаачыстыбатын уонна көдьүүһүн үрдэтиигэ уурарга.
  3. Саха литературнай тыла сайдар кэрдиис кэмигэр дьыала тылын биир бэлиэ уратытынан нууччаттан киирии тыллары тылбаастыырга —ыы уонна —ааһын сыһыарыы туттуллан барбыта буолар: сайдыы, салайыы, хамсааһын, бэлиэтээһин. П.А. Слепцов суруйарынан: «Переводная литература, влияние русского языка обусловили небывалую активацию аффиксов —ыы и –ааһын» [10. 49 с.].
  4. 1920-1960 с.с. официальнай докумуон сахалыы оҥоһулла сылдьыбыт. Ол кэмҥэ мунньах боротокуола, дуогабар, сайабылыанньа, дэбиэринэс, биллэрии, дьаһал о.д.а. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр сахалыы суруллара. Оччотооҕу кэм докумуона толоруу да, тыл-өс да өттүнэн биир халыыба суоҕа дьыала истиилэ сайда илигиттэн тахсара.

Салгыы саха тылыгар билиҥҥи кэмҥэ дьыала истиилэ туттуллуутун көрөргө киирэбит. Билигин сокуон, уураах, ыйаах, дьаһал нууччалыыттан сахалыы тылбаастанар. Бу туһунан П.А. Слепцов маннык суруйар: «Билиҥҥи кэмҥэ, бытааннык да буоллар, бу тылбаас тыла тупсар суолга киирэр. Ол холобурунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятын (Төрүт сокуонун) кэлиҥҥи эрэдээксийэтин ыйыахха сөп. Биһиги кэммитигэр «Ил Түмэн» хаһыакка бэчээттэнэр ыйаахтар, сокуоннар тылбаастара эмиэ көнүөх курдук. Бу бөлөх тылбаастар тылларыгар түргэн тосту уларыйыы тахсар кыаҕа суох. Ол эрээри бу биһиэхэ мэлдьи баар буолуохтаах, онон мэлдьи сайда туруохтаах, тылбаас тыла сыыйа көнөн барыа диэн эрэниэххэ сөп» [10, 487 с.].

Суут-сокуон тиэрминин тылбааһа тиэрмини оҥоруу биир улахан салаата буолар. Бу эйгэ тиэрминин уонна халыыбын нууччалыы-сахалыы тылдьытын П.А. Ойуунускайтан, Алтан Сарынтан саҕалаан Алексеев Б.Н., Никонов В.Н. [1], Григорьев А.Г. [2] оҥорбуттара.

2000 сыллаахха 9 тыһ. кэриҥэ судаарыстыбаннай, гражданскай, холуобунай, олох-дьаһах, дьиэ кэргэн, аан дойдутааҕы быраап, криминалистика уонна криминология тиэрминнэрин «Нууччалыы-сахалыы юридическай тылдьыта» бэчээттэнэн тахсыбыта [1]. 2002 сыллаахха А. Нелунов, Л. Аммосова, Н. Аргунов уо.д.а. ааптардаах «Российскай Федерация холуобунай кодекса» тылбаастаммыта [8]. Бу икки үлэ, сахалыы тыллаах дьон бэйэлэрин сокуон өттүнэн бырааптарын туһанан, сууту, силиэстийэни о.д.а. төрөөбүт тылларынан ыытары ирдиир буолан, Саха өрөспүүбүлүкэтин суутун-сокуонун үлэтигэр киэҥник туттуллар.

Ол эрээри, бу үлэлэр ааптардара бэйэлэрэ да бэлиэтииллэринэн, саха тылыгар дьыала истиилэ толору туттуллубат буолан, сорох тиэрмин хас да синиэньимэ туттуллар. Ити туһунан Е.И. Оконешников маннык суруйар: «Синонимические пары терминов могут существовать до тех пор, пока общественное развитие и языковая ситуация не внесут свои коррективы. В процессе терминологизации решающая роль принадлежит языковому узусу, что предполагает возможность выбора того варианта, который соответствовал бы определенной социально-речевой ситуации и был бы действительно эффективен в этой ситуации» [4]. Дьыала истиилин тиэрминин хас да барыйааныттан тыл үөрүйэҕин, үгэһин тутуһан, ис хоһоонунан сөп түбэһэр биир табыгастааҕын талар ирдэнэр.

Саха тылыгар дьыала истиилэ сайдыытыгар саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ туттулук истиил уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас түөрүйэтин оҥорбут Петрова Т.И. улахан өҥөлөөх. Кини бэлиэтээбитинэн, икки тыллаах тылбаас төрөөбүт тыл уратытын харыстыырга тирэх буолар.

Т.И. Петрова аныгы саха тылыгар нуучча тылын сабыдыалынан тахсар уларыйыыны, нуорматтан туорааһыны ырыппыта, тыл-өс култууратын үрдэтэргэ үлэлээбитэ [7]. Чуолаан дьыала истиилин морполуогуйатыгар уонна сиинтэксиһигэр маннык көстүүнү бэлиэтиир:

— аат тыл биир ахсаанын оннугар элбэх ахсааны туттуу, тардыылаах аат тылы үтүрүйүү;

-ыы, -ааһын сыһыарыылаах үөскээбит аат тыл атын халыыбы: аат туохтууру, сыһыат туохтууру, сыһыат туохтуурдаах аттарыы халыыбы солбуйуута. Холобур: Олох сайдыытын туһугар – олох сайдарын туһугар оннугар; буруйга тардыллар быһыыланыы – буруйга тардыллар быһыы оннугар, буруйдааһын миэрэтэ – буруйдуур миэрэ оннугар, быраабы хааччахтааһын – быраабы хааччахтыыр суол оннугар уо.д.а.

— тыл ситимин уларытыы: сыстыы ситим оннугар салайыы ситимин (тыс этэрбэс – тыстан этэрбэс), тардыы ситим оннугар салайыы ситимин (оттук сыаната – оттукка сыана) туттуу.

Петрова Т.И. тыл-өс култуурата намтыыр сүрүн төрүөтүнэн нуучча тылыттан туруору тылбааһы, литературнай нуорма, туттулук истиил олохсуйа иликтэрин ааҕар. Ол түмүгэр икки тыл кырамаатыкатын халыыба буккуһуутун, туттулук истииллэри бутуйууну, дьыала истиилэ атын истиилгэ өтөн киирэн төрөөбүт тылынан толкуйдуурга харгыс буоларын бэлиэтиир.

2007 с. Петрова Т.И. “Саха тыла: дьыала истиилин тыла-өһө” диэн нууччалыы-сахалыы тылбаас устудьуоннарыгар анаммыт үөрэх кинигэтин таһаарбыта [7]. Бу үлэҕэ дьыала истиилин тылын-өһүн, тутулун уратытын туһунан саха тылыгар бастакынан ырытан суруйбута. Ааптар дьыала тылын сорох халыып тылын, этиитин нууччалыыттан сахалыы тылбааһын ис хоһоонунан (сыал-сорук, этикет ирдэбилэ, көрдөһүү, эппиэт, аккаас о.д.а.) уонна саҥа чааһынан (туохтуур, атынтан туһаайыылаах туохтуур, аат тыл, аат туохтуур о.д.а.) наардаан киллэрэр. Т.И. Петрова бу ааттаммыт үлэлэрэ сахалыы дьыала истиилин тиэкиһин оҥорорго улахан көмө буолаллар.

Дьыала истиилин биир бэлиэ уратыта халыып тыл, этии туттуллара буолар. Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тылыгар дьыала истиилигэр мэлдьи туттуллар халыып баар буолла, ол эрээри сэргэ туттуллар тиэрмин да, халыып да араас барыйаана баар. Билиҥҥи кэмҥэ саха тылын нуорматыгар, үөрүйэҕэр сөп түбэһэр биир барыйааны талан туттар уолдьаста. Дьыала истиилин араас тиэкиһигэр олоҕуран ыйынньык, босуобуйа, дьыала тылын тиэрминнэрин толору тылдьытын оҥоруу саҕаланара наада. Түмүктээн эттэххэ, билигин саха тылыгар дьыала истиилэ нууччалыыттан тылбаас көмөтүнэн сайдар. Саха тылын ис кыаҕыттан тахсыбыт, төрүт үөрүйэҕин кэспэт, хомоҕой тыллаах-өстөөх дьыала истиилэ салгыы сайдар кыахтаах.

Литэрэтиирэ 

  1. Алексеев Б.Н., Никонов В.Н. Русско-якутский юридический словарь. – Якутск: Изд.-во Бичик, 2000. – 100 с.
  2. Григорьев А.Г. Хомуурунньук. – Дьокуускай, 2003.
  3. Кожина М.Н., Дускаева Л.Р., Салимовский В.А. Стилистика русского языка. Учебник. 4-е изд., – М.: Флинта, Наука, 2011. – 464 с.
  4. Оконешников Е.И. Омонимы в «Якутско-русском словаре» // Актуальные вопросы якутской лексикологии и лексикографии. Сборник научных трудов. – Якутск, 1995: Якутский филиал СО АН СССР, 1980. – С. 105-114.
  5. Петров Н. Е. Синтаксические средства выражения модальности в якутском языке. – Новосибирск: Наука, 1999. – 284 с.
  6. Петрова Т.И. Саха тыла: дьыала истиилин тыла-өһө. «Нууччалыы-сахалыы тылбаас» идэтийиигэ анал куурус матырыйаала. – Дьокуускай, 2007. – 82 с.
  7. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. Дьокуускай: Полиграфист, ЯНЦ СО РАН – 1996. – 117 с.
  8. Российскай Федерация холуобунай кодекса[На якут. яз.] / Саха Республикатын наукаларын Академията. Гуманитарнай чинчийии института; [Нууччалыыттан тылбаастаатылар Л. Н. Аммосова о.д.а.]. – Дьокуускай: Якут. фил. Изд-ва СО РАН, 2002 (Якут. фил. Изд-ва СО РАН). – 294 с.
  9. Слепцов П.А. Нууччалыы-сахалыы тылбаас историятыттан // Саха тыла – ийэ тыл. Анал таһаарыы 5 №. – Дьокуускай, 1999. – 48 с.
  10. Слепцов П.А. Сахалыы тылбаас (ааспыты анаарыы, билиҥҥитэ, соруктар) // Ступени и проблемы якутского языкознания (сборник научных статей). – Якутск, 2008 – 542 с.

This post was published on 25.03.2022 11:01 11:01