Бүгүҥҥү «Билим» альманах таһаарыытыгар билэлиэгийэ билимин хандьыдаата Евдокия Герасимова чинчийиитин сыалынан «Надежда» ырыа нууччалыыттан сахалыы тылбааһын ырытыы буолар. Бу бастакы холонуу. «Бу чинчийии саха уус-уран тылын өһүн-байытар сыаллаах истилиистикэ, тылбаас практическай дьарыктарыгар матырыйаал быһыытынан туттуллуон сөп. Үлэ түмүгэ: ырыа тылбааһыгар ис хоһоонун, эрэл санааны саҕар күүстээх иэйиитин тиэрдии ситиһиллибит, уус-уран формата сүнньүнэн тутуһуллубут«, — диир учуонай.
Ааптар: Герасимова Евдокия Софроновна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата
Күлүүс тыллар: саха тыла, тылбаас, уус-уран тылбаас, поэтическай тылбаас, ырыа тыла.
Уус-уран поэзия тылбааһа саха литэрэтиирэтин байытар, култууралар алтыһыыларын биир бэлиэтэ буолар. Норуот тыла туруктаах, кэскиллээх буоларын туһугар ырыа тылбааһыгар тыл үөрүйэҕин тутуһан, уус-уран тыл этигэн баайын сөпкө туттан тиэрдиэх тустаахпыт. “Надежда” ырыа 1971 с. Николай Добронравов тылыгар, Александра Пахмутова матыыбыгар айыллыбыт. Быйыл бу ырыа 50 үбүлүөйдээх сылын туолла. Норуоттар сомоҕолоһууларын бэлиэ күнүгэр нуучча улуу композитора Александра Николаевна Пахмутова көҕүлээһининэн Бүтүн Арассыыйатааҕы хуор толоруутун аахсыйата буолан ааста. “Эрэл” ырыа дойду үрдүнэн турбут хамсык ыарыыны утарар, дьоҥҥо-сэргэҕэ барыта этэҥҥэ буолуо диэн эрэллээх санааны саҕар. Киһи ыарыытын 50 бырыһыана санааттан турар диэн этэллэр, онон биһиги инникигэ эрэллээх, күүстээх эр санаалааах буоллахпытына хамсыгы кыайыахпыт диэн ыҥырыы буолар. Бүтүн дойду үрдүнэн бу ырыаны араас омук барыта бииргэ ыллаата. Сахалыы бу ырыаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, ырыаһыт Алексей Егоров уонна поэт-мелодист Виктор Хон–Омук Уола тылбаастаатылар. Онон, тылбаас көмөтүнэн бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сахалыы ырыа дуораһыйан иһиллибитэ култууралар алтыһыыларын, сомоҕолоһууларын туоһута буоларын чинчийии тоҕоостооҕунан сыаналыыбыт.
Хайа баҕарар омук туспа литэрэтиирэлэнэригэр, литэрэтиирэлии тыла атаҕар турарыгар тылбаас, чуолаан, уус-уран тылбаас сүдү суолталаах. Саха тыла салгыы сайдарын туһугар, уус-уран тылбаас бу ирдэбилин тутуһуох тустаахпыт: айымньы ис хоһоонун толору тириэрдии; айымньы ааҕааччыга дьайыытын ситиһии; тыл үөрүйэҕин тутуһуу; айымньы истиилин, көрүҥүн учуоттааһын; айымньы тутулун тутуһуу.
Уус-уран тылбааска хоһоонунан айымньы, үгүс хааччахтаах буолан, биир уустук жанр буолар: “Поэтическая форма традиционно поставлена в жесткие рамки ограничений. Ритм, размер, количество стоп, рифма, тип чередования рифм, каденция, строфа, рефрен, звукопись – это те особенности формы, которые, сочетаясь, придают стиху особый параметр музыкальности, те внутренние каркасные балки, которые сообщают архитектурному сооружению стиха неотразимую привлекательность. Ни в каком другом тексте игра формы не имеет такого важного значения, нигде больше эстетическая информация не представлена такой концентрацией средств, как в поэзии. Поскольку, как мы уже выяснили, в художественном тексте эстетическая информация доминирует, то доминантами перевода являются все названные формальные особенности” [1, с. 318].
Ону таһынан, чуолаан, хоһоонунан айымньыга иэйии дэгэтин тиэрдии ордук суолталаах: “В художественных, особенно в поэтических, произведениях очень важна информация эмоционально-экспрессивная, создаваемая особым отбором выразительных средств, рассчитанных на определенное воздействие на читателя” [4, с. 9].
Оттон маны саха тылыгар тириэрдэр биллэн турар уустук. Тоҕо диэтэххэ “Тылбаас – үрдүк искусство, күүрээннээх айар үлэ, ааптары кытары куоталаһыы, үтүө тылбаас уопсайынан уус-уран литература бастыҥ ситиһиитэ, ол эрээри бүтэһиктээх тылбаас суох” [9, с. 493]. Хоһоонунан айымньыны тылбаастыырга айымньы ис хоһоонун, иэйиитин тириэрдэри таһынан, кээмэйэ эмиэ тутуһуллуохтааҕын поэт, тылбаасчыт С. Руфов “нууччалыы хоһоон кээмэйин биһиги бэйэтигэр маарыннатан биэрэ сатыырбыт ордук” диэн тылбаас биир сүрүн бириинсибигэр киллэрэр [8, с. 267].
Транслатологическай наардааһыҥҥа ырыа тылын, хоһоонтон саҕыллан тахсар буолан экспрессивнэй тиэкискэ киирэрин таһынан, аудиомедиальнай тиэкис буолар диэн нуучча тылын үөрэҕэр этиллэр: “Аудиомедиальные текст… оформляется с учетом применяемых технических средств, выступая в сочетании с невербальными текстовыми компонентами – изобразительных средств, музыки, жестов и т.п. [1, с. 247]. Оттон музыкальнай айымньыны ырытыы музыковедческий текст диэн сыаналанар эбит: “Музыковедческий текст. Под этим названием мы объединяем тексты, посвященные теории и истории музыки, музыкальному творчеству и анализу отдельных музыкальных произведений” [1, с. 276].
Саха тылын үөрэҕэр ырыа тылын-өһүн анаан-минээн дириҥник чинчийии суох да буоллар, биирдиилээн тыл үөрэхтээхтэрэ бу эйгэҕэ сыһыаннаах кыһалҕаны ыстатыйаларыгар ахталлар. Ол курдук, балай да киэҥник ылсыһан, саха тылын үөрэхтээҕэ Л.Е. Манчурина саха тылын үөрэҕэр ырыаны маннык сыаналыыр: “Ырыа – тыл уонна музыка искусствота буолар. Ырыа диэн хоһоон уонна мелодия искусствота. Сороҕор ырыаны толоруу искусствотын курдук эмиэ сыаналыыллар. Туох да диэбит иһин, ырыа үксүгэр тыллаах буолар, оттон сахалыы ырыа төрөөбүт тылынан, ийэ тылынан суруллар хоһоонунан айымньы буолар. Атыннык эттэххэ, ырыа хоһооҥҥо айыллар эбэтэр бэлэм муусукаҕа хоһоон суруллар. Хоһоон ырыа туллар тутааҕа, дьардьамата, этэ-сиинэ, тыына, дууһата буолар. Онон хоһоон хайдаҕыттан (табыллыбыт/табыллыбатах, үчүгэй/куһаҕан, сытыы/сыппах, нарын/модороон) хайдах ырыа тахсара улахан тутулуктаах” [5].
Ырыаны айааччылар эмиэ ырыа тылыгар-өһүгэр сүрүн болҕомтолорун уураллар: “В якутской песне язык играет огромную роль; слова песен не должны быть пустым набором слов, они должны быть наполнены смыслом. В этом и заключается особенность якутских песен [3]. Ону таһынан, бу уустук жанрга иэйии эмиэ улахан оруоллаах: “Сүрэҕи-быары ортотунан киирэн иэйии кэрэтин тилиннэрэр, санаа сырдыгын саҕар, матыыптыын нарын, тыллыын астык саха ырыатыттан ордук сахаҕа туох баар буолуо буоллаҕай?! Үөрэр, эрчимирэр түгэҥҥэ, арыт санааргыыр, санньыйар да кэмнэргэ доҕор буолан уоскутуо, атас буолан арыаллыа. Ырыа киэҥ сыһыытынан дьаарбатар, иэйии кэрэ сирдэринэн тэлэһитэр” диэн ырыаһыт Алексей Егоров сыаналыыр [3].
Нууччалыы-сахалыы ырыа тылбааһа балай да үгүс. Сүнньүнэн, Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр суруллубут ырыа тылбаастаммыта. Холобур, “Священная война” (В.Лебедев-Кумач) / “Ытык сэрии” (Иннокентий Егоров), “Вечер на рейде” (А. Чуркин) / “Киэһэ муора хомотугар” (Илья Чаҕылҕан), “Под звездами Балканскими” (М. Исаковский) / “Балкан сулустарын анныгар” (Иннокентий Егоров), “Каким ты был” (М. Исаковский) / “Эн уруккуҥ курдуккун” (Иннокентий Егоров), “Одинокая гармонь” (М. Исаковский) / “Соҕотох хормуоска” (Феоктист Софронов), о.д.а. тылбаастаммыттара биллэр.
Инники этиллибитин курдук, уус-уран тылбаас ирдэбилигэр, айымньы ис хоһоонун толору тириэрдэри, ааҕааччыга дьайыытын ситиһэри таһынан айымньы тутула тутуһуллуохтаах. Ону Семен Руфов: “Дьиҥнээх тылбаас – ис хоһоонун ситэри биэрии, тас нуорматын толоруу тутуһуу ыраас холобура” диэн сыаналыыр. Онон, бастатан туран, ырытар ырыабыт тас нуормата төһө тутуһуллан тылбаастаммытын көрөбүт:
НАДЕЖДА | ЭРЭЛ | ||
1. Светит незнакомая звезда | 2/5/2=9 | 1. Билбэт сулуспут эмиэ тыкта | 2/3/2/2=9 |
Снова мы оторваны от дома | 2/1/4/1/2=10 | Ким эрэ дьиэтиттэн тэйэ хаамта | 1/2/3/2/2=10 |
Снова между нами города, | 2/2/2/3=9 | Эмиэ атын-атын куораттар | 2/2/2/3=9 |
Взлётные огни аэродромов… | 3/2/5=10 | Көтөр аал суолларын уоттара… | 2/1/3/3=9 |
Здесь у нас туманы и дожди, | 1/1/1/3/1/2=9 | Бу манна туманнар, ардахтар | 1/2/3/3=9 |
Здесь у нас холодные рассветы, | 1/1/1/4/3=10 | Бу манна аргыардаах сарыаллар | 1/2/3/3=9 |
Здесь на неизведанном пути | 1/1/5/2=9 | Бу манна мунаархай аартыкка | 1/2//3/3=9 |
Ждут замысловатые сюжеты… | 1/6/3=10 | Күүтэллэр араас эҥин санаалар. | 3/2/2/3=10 |
Припев: | |||
Надежда – мой компас земной, | 3/1/2/2=8 | Эрэл баар – сирдээҕи сирдьит | 2/1/3/2=8 |
А удача – награда за смелость. | 1/3/3/1/2=10 | Табыллыы – бу эр санаа бэлэҕэ | 3/1/1/2/3=10 |
А песни довольно одной, | 1/2/3/2=8 | Ыллыаҕым бар дьоммор анаан | 3/1/2/2=8 |
Чтоб только о доме в ней пелось. | 1/2/1/2/1/2=9 | Төһө да ыраах мин сырыттарбын. | 2/1/2/1/4=10 |
2. Ты поверь, что здесь, издалека, | 1/2/1/1/4=9 | 2. Итэҕэй бу манна ыраахтан | 3/1/2/3=9 |
Многое теряется из виду, – | 3/4/1/2=10 | Үгүһү көрбөккүн болҕойон | 3/3/3=9 |
Тают грозовые облака, | 2/4/3=9 | Хараҥа былыт да ардаабат | 3/2/1/3=9 |
Кажутся нелепыми обиды. | 3/4/3=10 | Хомойор хоргутар да сатаммат. | 3/3/1/3=10 |
Надо только выучиться ждать, | 2/2/4/1=9 | Кэм-кэрдии күүтэргэ үөрэтэр | 1/2/3/3=9 |
Надо быть спокойным и упрямым, | 2/1/3/1/3=10 | Холку буол, иннигин биэримэ. | 2/1/3/3=9 |
Чтоб порой от жизни получать | 1/2/1/2/3=9 | Ардыгар олохтон булуоҕуҥ | 3/3/3=9 |
Радости скупые телеграммы… | 3/3/4=10 | Аччыгый үөрүүлээх да түгэни. | 3/3/1/3=10 |
Нууччалыытыгар устуруока сүһүөҕүн ахсаана сахалыы тылбаастанарыгар 5 сиргэ биирдии сүһүөҕүнэн кэһиллибит. Түөрт устуруокаҕа биирдии сүһүөҕүнэн эбиллибит, биир устуруокаҕа бииринэн көҕүрээбит: 1. Взлётные огни аэродромов / Көтөр аал суолларын уоттара (10 / 9 сүһүөх). 2. Здесь у нас холодные рассветы / Бу манна аргыардаах сарыаллар (10 / 9 сүһүөх). 3. Многое теряется из виду / Үгүһү көрбөккүн болҕойон (10 / 9 сүһүөх). 4. Надо быть спокойным и упрямым / Холку буол, иннигин биэримэ (10 / 9 сүһүөх). Бастакы түөрт холобурга устуруока сахалыы тылбаастанарыгар биирдии сүһүөҕүнэн көҕүрээбитин, ырыа оҥороллоругар аһаҕас дорҕооннору икки төгүл уһатан биэрэн, нууччалыытын кытта тэҥ ахсааннаах буолара ситиһиллибит: уоттара / уоттараа-аа, сарыаллар / сарыаллаа-аар, көрбөккүн / көрбө-өккүн, биэримэ / биэримээ-ээ. Онон нууччалыытын курдук сахалыы тылбааһыгар 10-нуу сүһүөх буолбут. Биир устуруокаҕа сүһүөх эбиллиитэ бэлиэтэнэр: Чтоб только о доме в ней пелось / Төһө да ыраах мин сырыттарбын (9 / 10 сүһүөх). Манна сахалыытыгар биир сүһүөх эбиллэн 10 буолбут. Дьиҥэ, мин диэн тыл эбиллибэтэҕэ буоллар, ырыа тылын суолтата да, грамматитческай тутула да кэһиллиэ суоҕун сөп этэ: Төһө да ыраах сырыттарбын (9 сүһүөх). Тоҕо диэтэххэ, сырыттарбын бастакы сирэй буолара тардыылаах сыһыарыы көмөтүнэн эмиэ бэриллэр, онон аһары сиһилээһин курдук буолбут.
Маны таһынан хоһоон рифмата сорох устуруокаҕа тутуһуллар. Холобур: 1. Светит незнакомая звезда Снова мы оторваны от дома / Билбэт сулуспут эмиэ тыкта Ким эрэ дьиэтиттэн тэйэ хаамта. 2. Снова между нами города, Взлётные огни аэродрома / Эмиэ атын-атын куораттар Көтөр аал суолларын уоттара. 3. Здесь у нас туманы и дожди, Здесь у нас холодные рассветы, Здесь на неизведанном пути / Бу манна туманнар, ардахтар Бу манна аргыардаах сарыаллар Бу манна мунаархай аартыкка.
Салгыы ырыа тылын лиэксикэтэ, морполуогуйата уонна сиинтэксиһэ нууччалыыттан сахалыы тылбааһыгар хайдах бэриллибитин маннык көрөбүт.
Лиэксикэтэ. Бастатан туран, тиэрмин суолталаах тыллар уус-ураннык тылбаастаммыттар. Холобур: 1) Взлётные огни аэродрома / Көтөр аал суолларын уоттара. 2) Ждут замысловатые сюжеты / Күүтэллэр араас эҥин санаалар. 3) Надежда – мой компас земной / Эрэл баар – сирдээҕи сирдьит. 4) Радости скупые телеграммы / Аччыгый үөрүүлээх да түгэни. Тылбаастанар тиэкискэ тиэрмин суолталаах аэродром, сюжет, компас, телеграмма диэн тыллар төһө даҕаны сахалыы эквивалентнай барыйааннара суоҕун иһин, тылбаасчыттар транкрипция дуу, транслитерация дуу ньыматынан буолбака, дьүөрэ тылынан уус-ураннык тиэрдибиттэр. Иккиһинэн, уус-уран тылбааска хоһуласпыт уонна ханыыласпыт тылы туттуу биир этигэн ньыма буолар. Холобур: 1) Снова между нами города / Эмиэ атын-атын куораттар. 2) Кажутся нелепыми обиды / Хомойор-хоргутар да сатаммат. 3) Надо только выучиться ждать / Кэм-кэрдии күүтэргэ үөрэтэр. Үсүһүнэн, уус-уран ньымаҕа дьүөрэ тылы туттуу көстөр. Холобур: 1) Снова мы оторваны от дома / Ким эрэ дьиэтиттэн тэйэ хаамта. 2) Тают грозовые облака / Хараҥа былыт да ардаабат. 3) Здесь на неизведанном пути / Бу манна мунаархай аартыкка. Манна оторваны, грозовые, путь диэн тыллары туруору буолбакка, дьүөрэ тылларынан тэйэ, аартык, хараҥа диэн тылбаастаммыта уус-уран тиэкискэ оруннаах.
Морполуогуйата. Бастатан туран, тылбаастаммыт тиэкискэ саҥа чааһын уларытыы маннык бэриллэр. Холобур: 1) Кажутся нелепыми обиды / Хомойор-хоргутар да сатаммат (Аат тыл / Аат туохтуур). 2) Снова мы оторваны от дома / Ким эрэ дьиэтиттэн тэйэ хаамта (Сирэй солбуйар аат / Быһаарыыта суох солбуйар аат). 3) Светит незнакомая звезда / Билбэт сулуспут эмиэ тыкта (Даҕааһын аат / Аат туохтуур). 4) А песни довольно одной / Ыллыаҕым бар дьоммор анаан (Аат тыл / Туохтуур). Иккиһинэн, туохтуур кэмин уларытыы көстөр. Холобур: Светит незнакомая звезда (билиҥҥи кэм) / Билбэт сулуспут эмиэ тыкта (билигин ааспыт кэм). Үсүһүнэн, элбэх ахсааны биир ахсаанынан солбуйуу тыл үөрүйэҕин тутуһан тылбаас буолар. Холобур: 1) Тают грозовые облака / Хараҥа былыт да ардаабат. 2) Радости скупые телеграммы / Аччыгый үөрүүлээх да түгэни. Төрдүһүнэн, элбэх ахсаан халыыбын уларыппакка тиэрдии көстөр. Холобур: 1) Здесь у нас туманы и дожди / Бу манна туманнар, ардахтар. 2) Взлётные огни аэродрома / Көтөр аал суолларын уоттара. 3) Здесь у нас холодные рассветы / Бу манна аргыардаах сарыаллар. Маннык көстүү тыл үөрүйэҕиттэн туорааһын курдук буолар эрээри, хоһоонунан айымньыгар тыл сүһүөҕүн тэҥнииргэ туттуллар, итиэннэ уус-ураннык хоһуйан этиигэ күүһүрдэр ньыма буолар.
Сиинтэксиһэ. Бастатан туран, тыл ситимин уларытыы көстөр. Холобур: Светит незнакомая звезда / Билбэт сулуспут эмиэ тыкта. Манна нууччалыытыгар сыстыы ситим сахалыы тылбаастанарыгар тардыы ситиминэн бэриллибит. Тардыы ситимэ бу түгэҥҥэ истиҥ чугас сыһыаны бэлиэтиир дэгэт суолталаммыта, айымньы иэйиитин тириэрдэргэ туһуланар. Иккиһинэн, кэпсиирэ миэстэтин уларыппакка тиэрдии хоһоон тутулун кэспэт. Холобур: 1) Ждут замысловатые сюжеты / Күүтэллэр араас эҥин санаалар. 2) Многое теряется из виду / Үгүһү көрбөккүн болҕойон. 3) Чтоб порой от жизни получать Радости скупые телеграммы / Ардыгар олохтон булуоҕуҥ Аччыгый үөрүүлээх да түгэни. Үсүһүнэн, аттарыы халыып сахалыы уус-ураннык сиһилээн этэри ситиһэр. Холобур: 1) А удача – награда за смелость / Табыллыы – бу эр санаа бэлэҕэ. 2) Надо быть спокойным и упрямым / Холку буол, иннигин биэримэ. 3) Снова мы оторваны от дома / Ким эрэ дьиэтиттэн тэйэ хаамта.
Маны таһынан, тылбаастаммыт тиэкискэ тылы эбии уонна көҕүрэтии ньымата көстөр. Холобур, тылы эбии: 1) Тают грозовые облака / Хараҥа былыт да ардаабат. 2) Радости скупые телеграммы / Аччыгый үөрүүлээх да түгэни. Сахалыы тылбааһыгар тылы эбии ньымата хоһоон рифматын оҥорууга туһуламмыт. Оттон тылы көҕүрэтии, холобур: 1) Здесь у нас туманы и дожди / Бу манна туманнар, ардахтар. 2) Надежда – мой компас земной / Эрэл баар – сирдээҕи сирдьит саха тылын үөрүйэҕин тутуһан тылбаас уонна хоһоонунан айымньы форматыгар устуруокаҕа тыл ахсаанын тэҥниир сыаллаах.
Инники этиллибитин курдук, тылбаас судургута суох, ордук уус-уран айымньы, чуолаан хоһоонунан айымньы тылбааһа уустук буолар. Эбиитин ырыа, буолаары буолан, киэҥник биллибит ырыа тылбааһа ыарахан. Бастаан ис хоһоонун биэриэхтээххин, тыынын таба тутуохтааххын, онтон хас биирдии тылыҥ, этииҥ ырыа музыкатыгар, тэтимигэр таба олоруохтаах. Хас дорҕоон, сүһүөх ‒ барыта суолталаах. Ол ылбычча таба туттарбат. Ол да буоллар, бу ырыппыт “Надежда” ырыабыт сахалыы тылбааһа балай да сиппит. Ол курдук, ырыа тылын ис хоһоонун, эрэл санааны саҕар күүстээх иэйиитин, иэйээнин тиэрдии ситиһиллибит. Итиэннэ уус-уран формата сүнньүнэн тутуһуллубут.
Түмүктээн эттэххэ, бүтэһиктээх тылбаас диэн суох дииллэринии, инникитин бу тылбастаммыт “Эрэл” ырыа тылын-өһүн өссө чочуйуохха, тупсарыахха да син, тылбаас атын да барыйааннара айыллыахтарын сөп. Онон, бу тиэмэни салгыы чинчийэр, үһүс күпүлүөтүн тылбаастыыр, атын түүр тылларын кытта тэҥнии тутан чинчийэр сорук турар.
Литэрэтиирэ
- Алексеева И.С. Введение в переводоведение. Учебное пособие для для студ. филол. и лингв, фак. высш. учеб. заведений. – СПб.: Филологический факультет СПбГУ; М.: Издательский центр «Академия», 2004. – 352 с.
- Васильева А.А., Васильева С.А. Тылбаас үөрэҕин сахалыы тиэрминэ: устудьуоҥҥа көмө кинигэ. – Дьокуускай: Алаас, 2019. – 92 с.
- Егоров А.В. Норуот тыллаах буолуутугар ырыа сүдү суолталаах. – Кыым. – 06.10.2020.
- Казакова Т.А. Теория перевода: курс лекций для студентов IV курса дневного отделения. – М., 2007. – 263 с.
- Манчурина Л.Е. Аныгы ырыа тыла, халыыба, ис хоһооно. – Билим: научно-популярные статьи на якутскомязыке. sakha.ysia.ru
- Петрова Т.И. Тылбаас уопсай теорията: Көмө кинигэ. – Дьокуускай: Саха университетын изд-та, 2007. – 38 с.
- Петрова Т.И., Васильева А.А. Нууччалыы-сахалыы тылбаас. – Дьокуускай, 2000. – 80 с.
- Руфов С.Т. Литература эйгэтигэр: ыстатыйалар, дакылааттар, рец., тыл этиилэр, ахтыылар. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 590 с.
- Слепцов П.А. Сахалыы тылбаас (ааспыты анаарыы, билиҥҥитэ, соруктар) // Ступени и проблемы якутского языкознания. – Якутск, 2008. – С. 480-495.