"Билим": «Монгуоллуу-нууччалыы-сахалыы тылдьыты» оҥоруу сүрүн тосхоллоро уонна суолтата

Саха уонна монгуол тылларын сыһыаннаһыыларын өссө дириҥэтэн, систиэмэлээхтик үөрэтэр сыалтан 2018 сыллаахтан олох саҥа, сүрүннээн наукаҕа туһалаах буолуохтаах, академическай хайысхалаах «Монгуоллуу-нуччалыы-сахалыы тылдьыты» оҥоруу саҕаламмыта. Маннык бырайыакка киирсии аныгы чинчийээччилэр саха уонна монгуол тылларын сыһыаннаһыыларын дириҥник үөрэтиигэ интэриэстэрин учуоттаан уонна бу боппуруоска биир кэлим чинчийиилэр суохтарыттан төрүөттээх. Бүгүҥҥү «Билим» альманахха — салгыы ааҕыҥ.

Ааптар: Монастырёв Владимир Дмитриевич, тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр үнүстүүт сүрүн үлэһитэ

Кылгас ис хоһооно: «Монгуоллуу-нуччалыы-сахалыы тылдьыт» бырайыак сыала-соруга саха уонна монгуол тылларын лексическэй састаабыгар сөҥөн сылдьар тыллар алтыспыт эйгэлэрин чопчулааһын, барыллаан ахсааннарын (монгуол тылын билиҥҥи кэмҥэ саамай улахан тылдьытыгар олоҕуран) чуолкайдааһын уонна инники өттүгэр бу проблеманан дьарыгырыыга суолу арыйыы буолуохтаах.

Ыстатыйаҕа саҥа оҥоһуллар тылдьыт тосхоллоро, туох бириинсиптэри тутуһан оҥоһуллара, лиэксикэ ханнык араҥаларыгар сүрүн болҕомто ууруллара, тылдьыт ыстатыйаларын тутула ырытыллар уонна монгуол саха тылларын алтыһыыларын үөрэтиигэ, тыл устуоруйатын чинчийиигэ тылдьыт туһата, суолтата сырдатыллаллар.

Күлүүс тыллар: тылдьыт, тылбаас тылдьыта, бас тыл, монгуол уонна саха тылларын алтыһыылара, дьүһүннүүр тыллар, алтыһар эйгэ, паараласпыт тыллар, ханыылаһар тыллар.

Биллэрин курдук, сахалар тустарынан, кинилэр тылларын туһунан бэлиэтээһиннэр сахалар наука хараҕын далыгар киириэхтэриттэн саҕаламмыта. Бу кэмтэн биһиги өбүгэлэрбитин монгуол тыллаахтары кытта сибээстээн барбыттара. Өссө XVII үйэ саҕаланыытыгар Сибиир маҥнайгы историга, академик Г.Миллер: “Түүр тыллаахтартан сахалар эрэ тыллара былыргы монгуол тылыгар чугас”, – диэн бэлиэтээһини оҥорбута [Миллер, 1937]. Кэлин академик И.Фишер сахалары монгуоллартан араарар уустуктардаах, ол кинилэр уһуннук уонна чугастык алтыспыттарыттан сибээстээх”, – диэн эмиэ суруйан турар. Онон, атын да эрдэтээҥҥи историктар этэллэринэн, сахалар билигин олорор сирдэригэр Монголия истиэптэриттэн кэлбиттэрин ыйаллар. Академик В.Радлов монгуол тылыттан киирии саха тылын лиэксикэтин 26 %-нын ыларын, поляк учуонайа С. Калужинскай 2000 тыл, монгуол тылын сабыдыалын анаан чинчийбит улахан учуонай В.Рассадин 2500 тыл диэн быһаарбыттара. Бу тыллар дорҕооннорун тутулларынан XII-XIV үйэлэр кэмнэрин көрдөрөллөр диэн өйдөбүл олохсуйан турар (Kałużinsky, 1961, Рассадин, 1972, Убрятова, 1950, Широбокова, 2001, с. 242-243, Попов, 1986, c. 47-48). Хомойуох иһин, урукку өттүгэр бу боппуруоһунан анаан-минээн киэҥник ыытыллыбыт чинчийиилэр суохтарын кэриэтэ. Быстах бэлиэтээһиннэр эрэ бааллара. Арай кэнники кэмҥэ анал научнай чинчийиилэр тахсыталаан эрэллэрэ бу боппуруоска улахан интэриэс баарын туоһулууллар [Иванов, 2001, Левин, 2013, Шамаева, 2012]. Онон саха уонна монгуол тылларын лексическэй тиһигин киэҥник хабан, тэҥнээн үөрэтии норуоппут историятын үөрэтиигэ биир улахан тыын суолталаах боппуруос буолуон сөп. Онон, бастатан туран, тылбыт лексическэй баайыгар сөҥөн сылдьар, (монгуол тылыттан киирбит тыллар диэбэппит), сахалыы монгуоллуу ханыылаһар тыллары төһө кыалларынан булан, толорутук көрдөрөр сыаллаах “Монгуоллуу-нууччалыы-сахалыы тылдьыты” оҥорор олох саҥа бырайыакка үлэлэһэ сылдьабыт. Биһиги өттүбүтүттэн бу үлэҕэ ылсан 6 киһи, монгуоллартан Тыл уонна литэрэтиирэ институтун үлэһитэ, алтаистика отделын сэбиэдиссэйэ, наука дуоктара О. Самбуудорж үлэлэһэр. Бу тылдьыт аатыттан көстөрүнэн үс тыллаах тылбаас тылдьыта. Ол эбэтэр, элбэх тыллаах тылдьыттар ахсааннарыгар киирсэр. Тылдьыты 2001-2002 сылларга академик А. Лувсандэндэв уопсай эрэдээксийэтинэн тахсыбыт билиҥҥи кэмҥэ монгуол тылын саамай улахан, 70 тыһыынча тыллаах Улахан академическай монгуол-нуучча тылларын тылдьытыгар олоҕуран оҥоробут. Биһиги манна уопсайынан да тылбаас тылдьыттарын оҥорууга билигин киэҥник туттуллан эрэр, тылбаастанар тыл семантическай тутулуттан сиэттэрэн тыл суолтатын таһаарыы буолбакка, тылбаас хайа тылга оҥоһулларыттан, ол тыл уратытыттан эмиэ таһаарыыны сүрүн бириинсип оҥостон үлэлии сылдьабыт. Ол эбэтэр, боростуойдук өйдөөтөххө саха тыла хайдах ылынарынан. Онон лексикографтар тылларынан эттэххэ, тыл словнига монгуол уонна саха тыллара туохха ханыылаһалларынан, майгыннаһалларынан, ол өттүн хото көрдөрүү буолуохтаах. Бастатан туран, холобур, тулалыыр эйгэни, айылҕа көстүүлэрин бэлиэтиир (быдаан, дьэргэлгэн, салгын, чаҕылҕан, долгун, дабаан), туттар сэби-сэбиргэли бэлиэтиир (баҕадьы, дэйбиир, кыһа, сүгэ, сүүр, саадах, хотуур), итэҕэлгэ сыһыаннаах (адьарай, албас, ап, дэлбиргэ, илбис), сүөһү иитиитигэр сыһыаннаах (сүөһү, кунан, субан, ходуһа, мэччирэҥ, адаҕа.), сүөһү дьүһүнүн бэлиэтиир (дьүһүн, дьаҕыл, чакыр, улаан, саарыл, малааннаах), аска-үөлгэ сыһыаннаах (чөчөгөй, сүөгэй, иэдьэгэй, умдаан, хоргун, үрүмэ), киһи салааларын бэлиэтиир (орой, дьулай, таҥалай, көмүскэ, күөмэй, дьабадьы, былчыҥ, бэрбээкэй, тоҕонох), уруу-аймах тиэрминнэрин (ходоҕой, бэргэн, бадьа, өбүгэ, амыдай) [Афанасьев, 1996, с. 81-83] бэлиэтиир тыллары хото киллэрэ сатыахтаахпыт. Паараласпыт тылларга (адаар-быдаар, ибир-сибир, им-дьим, токур-бокур, халты-мүлтү, өйөө-убаа), синонимнарга (орой-дьулай, төбө-дьолоҕой, өҥ-дьүһүн, иҥсэ-идэмэр, сир-дойду) киирэн сөҥө сылдьар ханыылаһар тыллары эмиэ киллэрэн иһэбит. Биллэрин курдук, саха тыла дьүһүннүүр тылларынан олус баай. Бу тыллартан үөскээбит туохтуурдар, даҕааһыннар, сыһыаттар араҥалара эмиэ киэҥ. В. Рассадин дьүһүннүүр туохтуурдар монгуол тылыгар киэҥник туттуллаллара, бу тыл түүр тылларыттан биир улахан уратылаһар өрүтэ буолар уонна сорох монгуол тылларын кытары ыкса алтыспыт эрэ түүр тылларыгар сайдыбыт диэн бэлиэтээһинэ [Рассадин, 1980, с. 75] оруннаах. Ол курдук, Л.А. Афанасьев ааҕыытынан Э.К. Пекарскай тылдьытыгар уопсайа 4600 дьүһүннүүр тыл киирбит [Афанасьев, 1993, с. 7]. Бу ураты көстүү буоларын быһыытынан, тылдьыты оҥорооччулар маннык тыллары арааран, анал образн. диэн бэлиэлээх биэрэбит, холобур: арзайх – ардьай, арзгай – ардьаҕар; болцойх – болтой, болцгор – болтоҕор; бүлтүйх – бүлтэй, бүлтгэр – бүлтэҕэр; дарбайх – дарбай, дарвагар – дарбаҕар; жорвойх – чорбой, жорвогор – чорбоҕор; малийх – малай, малигар – малаҕар; марзайх – мардьай, марзагар – мардьаҕар; сартайх – сартай, сартгар – сартаҕар маннык төһө баҕарар салҕаан бара туруохха сөп. Ол курдук дьүһүннүүр туохтуурдар көрүҥнэринэн уларыйыылара эмиэ биир курдуга көстөр, холобур биир тэҥник хатыланан көстүүнү көрдөрүү: бүлтэҥнээ – бүлтгэнэх, кылбаҥнаа – гялбаганах, мардьаҥнаа – марзганах, килбэҥнээ – гилбэгэнэх о.д.а.

Дьиҥинэн ыллахха, атын тыллар туохтуурдара хайа баҕарар тылга киириилэрэ олус сэдэх. Ону нуучча тылыттан саха тылыгар киирэн туттулла сылдьар туохтуурдар суохтара даҕаны туоһулуур. Онтон дьүһүннүүр туохтуурдар хото ханыылаһыылара, көрүҥнэрэ сөп түбэсиһиилэрэ биһиги өбүгэлэрбит уһуннук алтыһан олорбуттарын туоһута. Онон саха тыла монголлуу тыллары кытта сыһыаннаһыыта уһун уонна уустук устуоруйалаах, ол иһигэр, сорох ааптардар бэлиэтээбиттэрин курдук, тус-туһунан кэмнэргэ атын-атын монголлуу тыллары кытта ыксалаһа сылдьыбыт буолуон эмиэ сөп.

Тылдьыкка хас биирдии тылбаастанар монгуол бас тылын сэргэ бу тыл транскрипцията, онтон быа суругунан суруллар старомонгольскай барыйаана, ол латыыныскай буукубаларынан хайдах ааҕыллыыта бэриллэр. Онтон нууччалыыта уонна сахалыы тылбааһа, ол кэнниттэн анал бэлиэнэн паараласпыт тыллар, холбуу тыллар уонна сомоҕо тыллар бэриллэллэр. Словарнай ыстатыйа кэннигэр саха тылын кытта ханыылаһар тыллар баар буоллахтарына, суолталара ыйыллан биэриллиэхтэрэ. Старомонгольскай барыйаан транскрипциятын биэрии бу тылга ханыылаһар саха тылларын булууга көмөлөөх буолуоҕа, ол курдук билиҥҥи монгуол тылыгар атыннык, онтон старописьменнай монгуол тылыгар суолталара, ааҕыллыылара кытта маарыннаһар тыллар баар буолуохтарын сөп, холобур, АВГА I [awɢa], [awaɢ] ᠠᠪᠠᠭ᠎ᠠ (abaγ-a) 1. Дядя по отцу (брат отца). ¤ Абаҕа. АНДГАЙ [andɢai] ᠠᠨᠳᠠᠭᠠᠶ (andaγai) Клятва, присяга. ¤ Андаҕар, бирисээгэ., АРВАГАР [arwaɢar] ᠠᠷᠪᠠᠭᠠᠷ (arbaγar) Растрепанный, косматый, лохматый. ¤ Арбаҕар, сэбирийбит, сэбиркэй түүлээх., АРСГАР [arasɢar] ᠠᠷᠰᠠᠭᠠᠷ (arsaγar) Торчащий во все стороны. ¤ Асраҕар, АРЦ [arʦ] ᠠᠷᠴᠠ (arča) Можжевельник. ¤ Кытыан. Тэҥн. як. арчы, ЗОЛ [ʣol] ᠵᠣᠯ (ǰol) Счастье, удача. ¤ Дьол, табыллыы, сатаныы. о.д.а. Старомонгольскай барыйааннарга сүрүн суолталарын эмиэ биэрбит киһи диэн баҕа санаа баар. Онно эмиэ сөп түбэсиһиилэр баар буолуохтарын сөп. Билигин сахалыы тыллаах ааптардар монгуол толору тылдьытын бэрийэ олорон, олох саҥа ханыылаһыылары булуохпутун сөп, көстөр да курдуктар. Ол гынан баран, билигин бырайыакпыт сүрүн чааһыгар – тылдьыт словарнай ыстатыйаларын суруйууга улахан болҕомтобутун ууран үлэлии сылдьабыт. Тэҥниир матырыйаалы биэрии, үлэ иккис этээбэ 2023 сылтан саҕаланыахтаах, онтон бэчээккэ бэлэмнээһин уонна 2025 сылга бэчээттээн таһаарыы буолуохтаах. Манна анаан-минээн, Арассыыйа монголистарын, түүр, монгуол тылларыгар анал идэлээх дьону кытыннаран үлэлэтэр былааннаахпыт, үлэлэһиэхтэрин баҕаралларын биллэрэн тураллар. Наукаҕа, чуолаан тыллары тэҥнээн үөрэтиигэ олус улахан, туһалаах бырайыак буоларын ыйаллар. Ис Монголия учуонайдарын эмиэ кыттыннаран үлэлэтэр баҕа баар. Онон ити бэйэтэ туспа эмиэ улахан үлэ буолуоҕа.

Улахан тылдьыт холобуругар олоҕуран этэр буоллахха, бу тылдьыкка монгуол диэн бэлиэлээх 644, бүрээт тылыттан 464, калмыык тылыттан 64 ханыылаһар сөп түбэһиилэр бэлиэтэнэн тураллар.

Тылдьыт сүрүннээн тылбаас тылдьыта буолуоҕа. Бастатан туран, норуот өйүгэр-санаатыгар иҥмит, сөҥмүт (узуальнай) суолталаах тыллары бас тыл быһыытынан биэрии. Монгуоллар тылдьыттарыгар киирбит олус элбэх киирии тыллары (үксүгэр нууччаттан), араас (байыаннай, медицинскэй, музыкальнай, тимир суол, абыйаассыйа, бэлиитикэ, билим) тиэрминнэрин тылдьыкка биэрбэппит. Маны тэҥэ араас түһүк пуормаларын, туохтуур туһаайыыларын, киэптэрин, сыһыат туохтуурдарын эмиэ ылбаппыт. Чопчу лексическэй суолталаах эрэ тыллар киирэллэр. Өскөтүн бас тыл хас да графическай барыйааннардаах түбэлтэтигэр литературнай эрэ барыйаана ылыллар. Тылбаас тылдьыта буоларын быһыытынан, үксүгэр, сөп түбэһэр суолталаах эквиваленнары көрдүүбүт. Суолталара чуолкайдык арыллыбат түбэлтэлэригэр холобурунан суолталарын арыйыыга көмөлөһүннэрэбит. Ол гынан баран, сорох түбэлтэлэргэ, биир тылынан кыайан тылбааһа бэриллибэт буоллаҕына (холобур, этнографияҕа сыһыаннаах тиэрминнэргэ) энциклопедическай хабааннаах быһааран биэрэр ньыманы эмиэ киэҥник туһанабыт. Быһаарыыларбытын элбэх хатылааһыннара сыыс тыла суох, судургутук, омук ааҕааччыта тута ылан туһанарын курдук гына оҥорорго кыһанабыт. Үлэ техническэй өттө, словарнай ыстатыйалар тутуллара Улахан быһаарыылаах тылдьыты оҥоруу бириинсиптэригэр олоҕураллар.

Бу тылдьыт кэлин сахалыы монгуоллуу ханыылаах тыллар анал тылдьыттарын оҥорууга тирэх буолуон сөп дии саныыбыт.

Инники өттүгэр бу тылдьыт тыл үөрэҕэр эрэ буолбакка, саха-монгуол норуоттарын историческай сибээстэһиилэригэр туох эмэ саҥаны этиэн сөп. Аҥаардас саха эрэ тылыгар буолбакка түүр, монгуол тыллаахтарга эмиэ туһалаах тылдьыт буолуо диэн эрэнэбит.

Литэрэтиирэ

  1. Афанасьев П.С. Саха билиҥҥи тыла. Лексикология. – Дьокуускай: 1996. – 191 с.
  2. Афанасьев Л. А. Фоносемантика образных слов якутского языка : автореф. Диссертации … кандидата филологических наук : 10.02.06 / Л. А. Афанасьев. – Якутск, 1993. – 18 с.
  3. Иванов Н.М. Монголизмы в топонимии Якутии / отв. ред. д.ф.н., проф. Н.Д. Дьячковский. – Якутск : АН РС (Я), Ин-т гуманит. исслед., 2001. – 204 с.
  4. Калужинский С. Некоторые вопросы монгольских заимствований в якутском языке (Предварительные замечания на основе материалов «Словаря якутского языка» Э.К. Пекарского) / С. Калужинский // Труды института языка, литературы и истории ЯФ СО АН СССР. – 1961. – Вып. 3 (8). – С. 5-21.
  5. Левин Г.Г. Историческая связь якутского языка с древними тюркскими языками VII — IX вв. : дисс. … докт.филол.наук. Специальность 10.02.02 — Языки народов Российской Федерации. – Якутск, 2013. – 468 с.
  6. Миллер Г.Ф. История Сибири / Г. Ф. Миллер. – Москва ; Ленинград: АН СССР, 1937. – Т. 1. – 607 с.
  7. Попов Г.В. Слова «неизвестного происхождения» якутского языка (сравнительно-историческое исследование). – Якутск: Якутское книжное издательство, 1986. – 148 с.
  8. Рассадин В. И. Бурятизмы в якутском языке// О. Н. Бетлингк и его труд «О языке якутов». – Якутск, 1972. – С. 167-179.
  9. Рассадин В.И. Монголо-бурятские заимствования в сибирских тюркских языках / В. И. Рассадин. – Москва : Наука, 1980. – 114 с.
  10. Убрятова Е.И. Исследования по синтаксису якутского языка / Е. И. Убрятова. – Москва : Ин-т востоковедения АН СССР, 1950. – Ч. 1. – 304 с.
  11. Шамаева А.Е. Монгольские параллели диалектной лексики якутского языка : автореф. дис…канд.филол.наук. Якутск, 2012. – 22 с.
  12. Широбокова Н.Н. Историческое развитие якутского консонантизма / Н. Н. Широбокова. – Новосибирск: Наука, 2001. – 151 с.

This post was published on 04.02.2022 11:01 11:01