СИА сирэйигэр «Билим» альманах тахсар буолбута сылтан орто. РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института араас тиэмэҕэ наука үлэһиттэрин чинчийиилэринэн ыстатыйалары таһаарар. Холобур, бүгүҥҥү ыстатыйа билиҥҥи саха тылыгар нуучча тылыттан киирии тыллары таба суруйууга ананар. Чинчийии сыала – киирии тыллар олохторугар бүтэй дорҕооннор туттуллар уонна сэргэстэһэр нуормаларыгар саҥа көстүүлэри ырытыы. Ааптар кэлиҥҥи кэмҥэ киирии тылларга тыл ортотугар уонна бүтүүтүгэр бүтэй дорҕоон сэргэстэһиитигэр саха тылын дорҕооннорун тиһигэр суох саҥа көстүү баар буолбутун «Сахалыы таба суруйуу тылдьытын» (2015) матырыйаалыгар олоҕуран ырытар.
Ааптар: Васильева Надежда Матвеевна, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института.
Биллэрин курдук, нуучча тылыттан киирии тыллары таба суруйуу саха арпагыраапыйатын устуоруйатыгар биир уустук боппуруоһунан буолар. Урукку арпагыраапыйа (1962) киирии тыллары, киэҥник туттуллар дьиэ эргиннээҕи тыллартан уратылары, нууччалыы көрүҥүнэн суруйтарара. Ол түмүгэр сахатыйыах уонна тылбаастаныах да үгүс киирии тыл нууччалыы көрүҥнээх суруллубута. Түөрт уонча сыл буолан баран оҥоһуллубут сахалыы таба суруйуу быраабылалара уонна тылдьыта (2001) киирии тыллары икки барыйааннаан: сахалыы да, нууччалыы да – суруйууну көҥүллүүрэ. Кэнники кэмнээҕи арпагыраапыйа (2015) киирии тыллары, сахалыы солбугунан кыайан бэриллибэт, тылбаастаммат буоллахтарына, барыйааннаан суруйбакка, сахатытан суруйуу тосхолун тутуһар. Билим, тиэхиньикэ, бэлиитикэ эйгэтигэр туттуллар уонна саха тылын сокуонугар дэбигис бас бэриммэт тыллар олохторо нууччалыы көрүҥүнэн суруллаллар диэн ыйыллар. Маннык тыллар кэлин киэҥник тарҕанан сахалыы туттуллар буоллахтарына, сахалыы суруллуохтарын сөп диэн хос быһаарыы бэриллэр [6, с. 461]. Нуучча тылларын сахатытан суруйуу саха тылын дорҕооннорун араҥаччылыыр, ийэ тыл төрүт сокуоннарын харыстыыр, тылы чөллүүргэ, ыраастыырга туһуламмыт хайысха буоларын чинчийээччилэр ыйаллар [7, с. 41]. Онон саха тылын дорҕооннорун сокуонугар бас бэринэр, сахатыйар кыахтаах киирии тыллар сахалыы көрүҥүнэн суруллаллар. Онуоха сахатытыы киритиэрийдэринэн манныктары ааттыахха сөп: саха тылын дорҕооннорун сокуоннарынан уларыйыыта, тыл киирбитэ өр буолбута, киэҥник, элбэхтик туттуллара, этэргэ табыгастааҕа, о.д.а. [6, с. 5]. Ол эрээри сахатытыыга саха тылын дорҕооннорун тиһигин кэһии эбэтэр туорааһын баар буолуон сөп. Нуучча тылын сабыдыалынан дорҕооннор сэргэстэһэр нуормаларыгар саҥа көстүүлэр баар буолбуттарын саха тылын дорҕооннорун чинчийбит бэрэпиэссэр Н. Д. Дьячковскай бэлиэтээбитэ [2, с. 152]. Ол курдук, киирии тылларга с дорҕоон аһаҕастар быыстарыгар (холобур, бэсиэдэ, носуос, усулуобуйа, биэсэлкэ), п дорҕоон тыл саҕаланыытыгар (холобур, паапка, паар, пиибэ, пуун) уонна ортотугар (холобур, паапа, таапачыка) туттулларын, тыл ортотугар бүтэй дорҕоон кэккэлэһэн суруллар (холобур, алмаас, инбэлиит, туормас, хармаан) саҥа нуормата баар буолбутун туһунан ырыппыта [3, с. 23, с. 64; 2, с. 151-152]. Онон Н. Д. Дьячковскай научнай балаһыанньатын, көрүүтүн салалта курдук ылынан, ону учуоттаан, «Сахалыы таба суруйуу тылдьытын» (салгыы – тылдьыт) хаттаан эрэдээксийэлээн оҥорорго нуучча тылыттан элбэх киирии тылы сахалыы көрүҥүнэн суруйуу хайысхата ылыллыбыта [6].
Бу ыстатыйаҕа тылдьытынан нуормаламмыт киирии тыллары таба суруйарга бүтэй дорҕооннор туттуллууларыгар уонна сэргэстэһиилэригэр саҥа көстүүлэри ырытабыт (ааптар урукку чинчийиитигэр эбии курдук көрүөххэ сөп [хол., көр: 1]. Киирии тыллар олохторугар бүтэй дорҕооннор сэргэстэһэн туттуллар түбэлтэлэрин көрүөҕүҥ:
- нг сэргэстэһиитэ. Саха тылыгар суох көстүү. Нуучча тылыттан киирии тылларга уларыйбакка оннунан хаалар, икки ардыларгар кыбытык аһаҕас дорҕоон турбат, холобур: ангыына, ангаар, ириингэ, кунгаас, кэнгириэс, кэнтингиэн, монгуол, сынгаа, сылаанга, ыстаанга, эрэнгиэн.
- тб сэргэстэһиитэ: путбуол, путбуолка. Саха тылыгар маннык сэргэстэһии туттуллубат, онон сахатытыыга нууччалыы суруллуутунан хаалар. Бу тыллары сахатытан суруйуу сахалыы хаһыаттарга дэҥҥэ көстөр.
- нк сэргэстэһиитэ: куонкурус. Маннык саҥа көстүү 2002 с. тылдьыкка бастаан киирбитэ [5, с. 152]. Онтон ыла сурукка үөрүйэх буола олохсуйда, сахалыы бэчээккэ бу тыл киэҥник туттуллар.
- см сэргэстэһиитэ: кэсмиэтикэ. Маннык сэргэстэһиигэ киирии тылга аһаҕас дорҕоон кыбытыллан арахсар, холобур, космос – куосумас, смена – симиэнэ, смета – симиэтэ, смеситель – симэсиитэл, смола – сымала о.д.а. Бу түбэлтэҕэ см арахсыбакка нуучча тылыгар хайдах баарынан туттуллар, П. А. Ойуунускай тылдьытыттан утумнаммыт буолуон сөп [4, с. 232].
- пх сэргэстэһиитэ: сопхуос. Бу икки тылтан турар киирии холбоһук совхоз (советское хозяйство) сахатытан бэриллиитэ саха тылыгар суох саҥа көстүүнү үөскэтэр.
- йт сэргэстэһиитэ: саайт. Саха тылыгар тыл олоҕун бүтүүтүгэр бу икки дорҕоон сэргэстэһэн туттуллубат. Маннык сэргэстэһии тылдьыкка нуорма быһыытынан киирэр, сыһыарыы эбиллэригэр уларыйар: саайт – саайды, саайка.
- ддь хоһулаһыыта: бүддьүөт. Саха тылыгар дь сурукка хоһулаһан туттуллубат. Саҥарар саҥаҕа рдь сэргэстэһиитин ддь курдук этиэххэ сөп, холобур, атыддьах – атырдьах, кыддьаҕас – кырдьаҕас, күддьэх – күрдьэх, сурукка иккис барыйаана нуорма быһыытынан олохтоммута. Бу тыл дьыала-куолу тылыгар, хаһыаттарга, аан ситимҥэ утумнаахтык туттуллан, үөрүйэх буолан эрэр.
Ити курдук киирии тыллары нууччалыытыгар чугаһатан суруйуу өрөбөлүүссүйэ инниттэн саҕаламмыт [8, с. 110-121] уонна биһиги кэммитигэр улам маассабай буолан иһэрэ көстөр. Киирии тылларга дорҕоон сэргэстэһиитигэр маннык туттууну П. А. Ойуунускай тылдьытыгар эмиэ көрөбүт, холобур, ангаар, аангылыйалыы, бүдьдьүөт, сопхуос, о.д.а. [4].
Акадьыамык П. А. Слепцов нууччалыы этимоннарыгар чугаһатан саҥарарга дьулуһуу түмүгэр уонна онно тирэҕирэн сурукка эмиэ балайда элбэх тыл киирбитин, холобур, с дорҕоон аһаҕастар быыстарыгар туттуллар кыахтаммытын бэлиэтээбитэ (араспысаанньа, бирисээгэ, муусука, нойосуус, кырыыса о.д.а.) [9, с. 228]. Н. Д. Дьячковскай п бүтэй дорҕоон киирии тылларга тыл ортотугар дэҥҥэ туттулларын ыйбыта. Билигин маннык туттуу кэҥээн, эбии саҥа тыллар баар буоллулар, холобур, арпагыраапыйа, бырапагаанда, бэнэпиис, бэпэчиитэл, дэпиис, дэписсиит, кыраапык, кыраапыка, кырапаа, кырапыын, лапыат, луупа, маапыйа, манагыраапыйа, мапыат, монопуолуйа, тэрэпиийэ, тэрэпиэп, уруупар о.д.а. Маны сэргэ саха тылыгар сс хоһулаһан туттуллуута эмиэ сэдэх (холобур, иссиһии, көссүү, ньаассын, үссэн). Урукку өттүгэр киирии тылларга аҕытаассыйа, датаассыйа, массыына, маасса, мөссүйүөн, милииссийэ курдук тылларга туттуллар эбит буоллаҕына, билигин тылдьыкка маннык туттуу элбэх түбэлтэтэ сахатыйан киирдэ, холобур, анатаассыйа, бэнтилээссийэ, бэрэпиэссэр, бэссэстибэ, дассыан, дэлэгээссийэ, импилээссийэ, инбэстииссийэ, кэссиэтэ, мэссэнээт, сиэссийэ, тыраасса, тэпилииссэ о.д.а. Саха тылыгар нь дорҕоон тыл ортотугар өрүү хоһулаһан туттуллар. Ол эрээри саҥа бырааабыланан уонна тылдьытынан биирдэм нь дорҕоон аньыы (грех) уонна онтон үөскүүр тылларга (аньыы-буруй, аньыы-кэйии, аньыылаах, аньыылаах-харалаах, аньыылан, аньыырҕаа, аньыырҕааччы, аньыы-хара) соҕотохтуу суруллар. Киирии тылларга бу дорҕоон тыл ортотугар аһаҕас дорҕооннор икки ардыларыгар утумнаахтык туттуллар (холобур, абаньыан, абаньымыан, гиэньий, көньүүһүнэ, лииньийэ, маҕыньыыт, миньэрээл, мэхэньисээтэр, саньытаар, тириэньэр).
Онон, билиҥҥи саха тылыгар нуучча тылын сабыдыалынан саха дорҕооннорун тиһигэр урукку өттүгэр суох саҥа көстүүлэр (бүтэй дорҕооннор сэргэстэһиилэрэ, хоһулаһан туттуллуулара о.д.а.) баар буоллулар. 2002 с. тахсыбыт сахалыы таба суруйуу тылдьытыгар нх, рнь, тк курдук сэргэстэһии нуорма быһыытынан олохтоммут буоллаҕына (холобур, быранхыыт, харньыыр, буутка, этикиэткэ), тылдьыт кэнники эрэдээксийэтигэр итинник суруйуу туоратыллыбыта.
Литэрэтиирэ:
- Васильева Н. М. О новых консонантных связях в заимствованных словах (по материалам орфографического словаря якутского языка, 2002 г.) // Филологические науки. Вопросы теории и практики. – 2015. – № 7 (49). – С. 19-21; Васильева Н. М. Об орфографической адаптации в якутском языке начальных согласных в русских заимствованиях // Научный диалог. – 2018. – № 5. – С. 41-48.
- Дьячковский Н. Д. Звуковой строй якутского языка. Консонантизм. – Якутск: Кн. изд-во, 1977. – 256 с.
- Дьячковскай Н. Д. Саха билиҥҥи тыла. Фонетика. – Дьокуускай: СГУ изд-та, 2000. – 184 с.
- Ойуунускай П. А. Нууччалыы-сахалыы тиэрминнээх арпагыраапыйа тылдьыта // Платон Ойуунускай. Талыллыбыт айымньылар. III том. – Дьокуускай: Бичик, 1993. – С. 123-455.
- Сахалыы таба суруйуу тылдьыта. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2002. – 543 с.
- Сахалыы таба суруйуу тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2015. – 480 с.
- Слепцов П. А. Государственнай тыл – национальнай литературный тыл // Саха тыла – ийэ тыл (анал таһаарыы 5№). – Дьокуускай, 2005. – С. 35-37.
- Слепцов П. А. Русские лексические заимствования в якутском языке (дореволюционный период). – Якутск: Якуткнигоиздат, 1964. – с. 196.
- Слепцов П. А. Ступени и проблемы якутского языкознания. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2008. – 544 с.
Күлүүс тыллар: саха тыла, таба суруйуу тылдьыта, киирии тыллар, сахатытыы, бүтэй дорҕоон сэргэстэһиитэ.