"Билим": Кэҕэ кулгааҕа ханна үүнэрий?

Биология, ботаника үөрэҕин исписэлиистэрэ ааҕалларынан, Саха сиригэр 2000 кэриҥэ үүнээйи (высшие растения) көрүҥэ баар. Ити билимҥэ (наукаҕа) биллэринэн. Санаан көрдөххө, хас үүнээйи баар да, соччо аат баар буолуохтаах. Оннук буолбатах эбит. Биир үүнээйи хас да ааттаах эбэтэр… отой да аата суох, умнуллубут буолуон сөп. Онуоха биолог, эколог П.А. Гоголева (Күрүлгэн, 2017, 4(57) №-гэр): «Хас да үүнээйи сахалыы эрэ аата баар, нууччалыыта суруллубатах, онон ол ханнык үүнээйи оннук ааттаммытын, аныгы дьон, билбэппит. Холобура: бөллөҥө уга, дьиэрэҥ тумса, эмэһилик, мэгээрсин, кэҕэ кулгааҕа, хаан төбө, харачаас, хаххан борбуйа, чыычаах уйата, от уола, хаппар (саһыл тумса) уо.д.а.» – диэн бэрт оруннаахтык баар кыһалҕаны көтөхпүтүгэр тирэҕирэн, кэҕэ кулгааҕа диэҥҥэ тохтуоххайыҥ.

Ааптар: Егор Револьевич Николаев, Гуманьытаарынай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтүн саха тылын салаатын үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата

Ньургуһун. Бастаан ньургуһун диэн саха барыта билэр тылын, үүнээйитин көрүөххэйиҥ. Саас аайы тыллар, ырыаҕа ылланар, тоҥ буору тобулар ньургуһуммут (нууччалыы аата – прострел эбэтэр норуокка биллэр аата сон-трава) арааһа да элбэх эбит: тырыттаҕас ньургуһун (күөх ньургуһуммут), араҕастыйар ньургуһун, Турчанинов ньургуһуна, айаан ньургуһуна, Даурия ньургуһуна.

Ньургуһуну араас улууска түөлбэлээн эмиэ атын-атыннык ааттыыр түгэннэрэ баар. Холобур, Үөһээ Халымаҕа – астра, Ньурбаҕа – бириэй от. Аатырбыт ботаник А.А. Макаров биир үлэтигэр ньургуһун харалдьыт үүнээйитэ, сааскы ньургуһун ‘прострел желтеющий’ диэн суруллубут. Өксөкүлээх Өлөксөй ургуһун диэн бэлиэтэммит. Манна даҕатан эттэххэ, бүрээттэр ургы ʻподснежникʼ, монгуолларга яргуй ʻподснежникʼ диэн ааттыыллар. Дьэ, ханнык тылы санатарый?

Сылгы ньургуһуна. Ньургуһуну тилэх баттаһа аны атын, чараас, маҥан эминньэхтээх ньургуһун тыллар – сылгы ньургуһуна. «Определитель высших растений Якутии» (1974) суруллубутуттан көрдөххө: ветреница, Anemone L. (сороҕор, ветреница лесная, ветряница диэн суруллар) Арассыыйа киэҥ киэлитигэр 50-ча көрүҥэ үүнэр. Итинтэн хас да көрүҥүн дьиэтитэн, саад сибэккитэ гынан, анемона диэн ааттаан үүннэрэллэр. Саха сиригэр сылгы ньургуһуна балачча элбэх көрүҥэ тарҕаммыт: ачаахтаах сылгы ньургуһуна, Ричардсон сылгы ньургуһуна, ойуур сылгы ньургуһуна, тараҕай сылгы ньургуһуна, уһун бытыктаах сылгы ньургуһуна, Сибиир сылгы ньургуһуна. А.Е. Кулаковскай сылгы ньургуһуна ‘цветок с белыми лепестками, похожий на прострел’ диэн быһаарбыт.

Кэлиҥҥи кэмҥэ эмтээх оту хомуйуу, отоһут идэтэ хаттаан тиллэн, омук быыһанар суолун эмиэ тобулар, төрөөбүт сирбит бэлэҕин толору туһанар күнэ-дьыла үүннэ. Үһүстээн бэчээттэммит К.П. Токумова, П.П. Токумов «Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ» кинигэлэригэр (2019) сылгы ньургуһунун туһунан бэрт дьикти чахчыны киллэрбиттэр: «бу үүнээйини сорох улууска, сүнньүнэн, Бүлүүгэ куба кулгааҕа диэн ааттыыллар».

Сылгы ньургуһунун синонимнара итинэн эрэ бүппэттэр. Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин олохтооҕо, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Петрова Екатерина Матвеевна иһитиннэрбитинэн, Нам эҥээригэр сылгы ньургуһунун лоокуут дииллэр. Лоокуут – дэҥҥэ көстөр түөлбэлээн ааттааһын диэххэ сөп. Кыараҕас, кыра түөлбэ тыла (узколокальное диалектное слово) киэҥ араҥаҕа, Нам улууһугар да иһиллибэтэх, биллибэккэ, бэлиэтэммэккэ хаалбыт буолуон сөп. Баҕар, Намтан соччо ырааҕа суох Кэбээйиттэн үүнэн-сайдан тахсыбыт Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн норуот номоҕор олоҕуран суруйбут драматын сүрүн дьоруойун аата ити түгэни кытта эмиэ ыкса ситимнээх буолуон сөп дуо диэн эмиэ эридьиэстиэххэ сөп.

Кэҕэ кулгааҕа=собо тыла. Саха сирэ киэҥ. Ол иһин да буолуо, биир үүнээйи араас ааттаах буолара өйдөнөр. Холобур, кэҕэ кулгааҕын Бүлүүгэ собо тыла диир буоллахтарына, Үөһээ Бүлүүгэ грушанканы собо тыла дииллэр эбит. Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх К.П. Токумова кинигэтигэр кыһыл собо тыла ‘грушанка мясокрасная’ диэн быһаарыллар. Оттон Э.К. Пекарскай тылдьытыгар: собо тыла ‘карасий язык (березка, грушица, подкопытник, румянка, подъячник’. «Определитель высших растений Якутии» арыйабыт: грушанка красная – кыһыл собо тыла.

Кэҕэ кулгааҕа=ньургуһун. Ньургуһун Саха сиригэр барытыгар кэриэтэ үүнэр. Ол тэҥинэн атын-атыннык ааттанар. Ол ордук түөлбэ тылдьытыгар ырылхайдык көстөр.

Түөлбэ тылын биир бастакынан хомуйан саҕалаабыт, чөкөппүт А.Е. Кулаковскай кэҕэ кулгааҕын туох да диэн быһаарбатах, «?» бэлиэтин туруорбут. 1976, 1995 сс. түөлбэ тылдьыттарын арыйан көрдөххүтүнэ, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ленскэй улустарыгар ньургуһуну кэҕэ кулгааҕа диэн ааттыылларын булуоххут. Оттон саха саҥата ыраас буоларын туһугар турууласпыт Тамара Ивановна Петрова сахалыы-нууччалыы тылдьытыгар кэҕэ кулгааҕа ‘подснежник’ диэн киллэрбит.

Кэҕэ кулгааҕа=грушанка. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар кэҕэ кулгааҕын талах ото ‘грушанка’ диэн быһаарбыттар. Эмиэ – түөлбэ тыла. А.А. Макаров кэҕэ кулгааҕын ‘грушанка; грушанка красная’ диэн чопчу быһаарбыта кинигэлэригэр суруллан сылдьар. Тааттаҕа кэҕэ кулгааҕа диэн ‘грушанка красная’ сибэккини этэллэр эбит. Ол гынан баран, ыйыталаһан көрдөххө, сорох эрэ нэһилиэккэ итинник дииллэрэ билиннэ. Манна даҕатан эттэххэ, Дьааҥы сахалара грушанка красная үүнээйини эһэ отоно дииллэрин «Русско-якутский словарь» (1968) эрэдээктэрэ, «Говор верхоянских якутов» (1965) монография ааптара П.С. Афанасьев бэлиэтээн, сурукка киллэрэн үйэтиппит. Халымаҕа эмиэ эһэ отоно диэн баар эбит, ол гынан баран суолтата атын: киһи сиэбэт отоно ‘несъедобная ягода’. Сэрэйдэххэ, эһэ отоно – ньургуһун буолбатах.

Кэҕэ кулгааҕа=чемерица. Э.К. Пекарскай тылдьытыгар чемерица өлөтөк уонна кэҕэ кулгааҕа диэн быһаарыллыбыта эмиэ туһугар дьикти (ол гынан баран, саарбахтаан дуу, “?” бэлиэлээх). Тоҕо диэтэххэ, «Определитель высших растений Якутии» быһаарарынан, чемерица ‘өлөтөк’, Чемерица Лобеля ‘көннөрү өлөтөк’ диэн буолар эбит. Билимҥэ биллэринэн, көннөрү өлөтөктөн ураты сытыы өлөтөк ‘чемерица остродольная’ диэн үүнээйи эмиэ баар.

Кэҕэ кулгааҕа уус-уран айымньыга балачча элбэхтик көстөн ааһарын холобурдартан сыныйан көрдөххө, улуустарынан эмиэ суолтата уларыйар эбит.

Сунтаар кыраайы үөрэтээччитэ Г.Е. Федоров «Соргулаах түөрэх: кэпсээннэр, очеркалар» (1991) кинигэтигэр маннык ахтыы-кэпсээн баар: «1922 сыл, ыам ыйа. Кураан, хаҕыс дьыл этэ. Хачаҥха куһаҕан, ыарахан саас буолан сир симэҕэ ханан да быга илигэ. Оннооҕор, кэҕэ кулгааҕа тахса илигэ».

Оҕо аймахха анаммыт элбэх айымньылаах Аким Кондратьев «Кэҕэ кулгааҕа» хоһонноох:

Эбэм бэркэ сэрэнэн

Имэрийдэ – ньургуһуну:

– Кэҕэ кулгааҕа… – сибигинэйэн

Саныы турда уһуну.

Онно, дьэ, өйдөөбүтүм.

Кэҕэ кулгааҕа диэн тугун,

Букатын атыннык көрбүтүм

Буор тумулун ньургуһунун…

Билигин да сонуна сүппэт, тыыннаах хоһооннордоох Альберт Бүлүүйүскэй «Кэҕэ кулгааҕа» хоһоонугар туох баар иэйиитин барытын түмэн эппит:

Кэтэспит ахан сибэкким

Кэҕэ кулгааҕа барахсан

Өссө да тымныы диэбэккэ,

Үүммүккүн күнү тоһуйсан!

(…) Кэҕэ сайыммыт илдьитэ –

Кэҕэ кыылбыт да эппэтэр,

Кини кулгааҕын кэриэтэ,

Килбиктик ааттыыр эбиттэр.

Аатыҥ курдук олус нарын

Алаҕаркаан сибэккигин,

Олох тыйыс бурҕалдьытын

Урусхаллыыр күүстэммиккин.

Күөх ньургуһун кэҕэ кулгааҕа диэн аатынан сунтаардар таабырыннарыгар кытта киирбит. Олоҕун устатын тухары таабырыны хомуйбут И.И. Иванов «Сунтаарым таабырыннара – саха аман өһө» (2014) кинигэтигэр маннык баар: «Кэҕэ кулгааҕа кэһиилээх кэрэ сир баар үһү (булгунньах, сыыр)».

Ол гынан баран, кэлиҥҥи ыйытык көрдөрбүтүнэн, күөх ньургуһуну буолбакка, Сунтаарга, үксүгэр Хочо эҥээригэр (Тойбохой, Маар Күөл) кэҕэ кулгааҕа диэн сылгы ньургуһунун ааттыыллар. Ол айымньыга эмиэ көстөр. Холобур, К.Д. Соколова-Таммах Өксүү «Э. Соколов-Тулусхан чаҕылхай олоҕо: ахтыылар, айымньылар» (2019) ахтыы кинигэтигэр: «Хонууга киирээппитин кытта, сибэкки мүөттээх сыта дыргыйа түстэ, тула туус маҕан кэҕэ кулгааҕа сибэкки хаар курдук хонууга тэлгэммитэ көрүөххэ эчи, үчүгэйиин!».

И. Бахсылыров «Сэрии кэмин оҕолоро – эйэлээх олох уустара: ахтыылар, очеркалар» кинигэтигэр (2013) маннык баар: «Мин оҕо сааһым күөх Ньурба хатыҥ чараҥар, алтан бастаах отунан өрө анньыбыт киэҥ сыһыыларыгар, кытыан уктаах, күөх ньургуһуннаах (кэҕэ кулгааҕа) хонууларыгар, сиэдэрэй сардаана сибэккилээх кытылларга ааспыта».

И.А. Дмитриев-Сиэн Чолбодук «Кэҕэ кулгааҕа» (2000) диэн кэпсээнигэр маннык суруллар: «Ньургуһуну бу эргин кэҕэ кулгааҕа диэн ааттыыллар этэ, ордук, бу Быладьыын оҕо эрдэҕинэ. Билигин сорохтор кинигэттэн, араадьыйаттан эҥин билэн кэҕэ кулгааҕа диир киһи аҕыйаан, наар ньургуһун эрэ диир буолбуттар бу саас, хаар анныттан өрө анньан тахсар аан бастакы кэрэттэн кэрэ, кустук өҥө кутуллубут, сааскы сарыал иҥмит сир симэҕин». Бу кинигэ уонна тоҕо кэҕэ кулгааҕа диэн ааттаабыттарын туһунан санаатын Н. Евсеева бэркэ чопчутук хаһыакка суруйбута: «Кэҕэ кулгааҕа диэн өбүгэлэрбит олус да муударайдык, олус да бэргэнник ааттаабыттар эбит. Сааскы айылҕа аан маҥнай уһуктубут илдьитэ буолан сиртэн ньургуһун – кэҕэ кулгааҕа быгар. Сир үрдүгэр саҥа самаан сайын кэлбитин билгэһитэ – кэҕэ кыыл эмиэ бастакынан этэн чоргуйар. Сир Ийэ истэр кулгааҕа буолбут эбит ньургуһун – кэҕэ кулгааҕа сибэкки».

1957 с. тахсыбыт А.С. Бойтунов «Үөрэнээччилэр тылларын сайыннарыыга үлэлэр: саха тылын учууталларыгар көмө» үөрэх кинигэтигэр маннык сорудахтаах: «Үүнээйи ааттарыттан омонимнары булан суруйуҥ: сылгы туйаҕа, кэҕэ кулгааҕа, кулун кутуруга, тураах тарбаҕа, ыт тыла, ыт тиҥилэҕэ эбэтэр киис тиҥилэҕэ, биэ эмиийэ, баҕа батаһа, абааһы тайаҕа». Оччолорго маннык кинигэ тарбахха баттанара, онон ис хоһооно, тиэкистэрэ ааптартан быһаччы тутулуктааҕа. Кырдьык, бэртээхэй холобурдар.

Нам олоҥхоһута Василий Николаевич Попов-Бочоох «Үөлэн Кыырдьыт» олоҥхотугар маннык хоһуйуллар: «Кини (Күһэҥэй Бөҕө)… кэҕэ кулгааҕа барахсан кичэйэн туран кэҕиэрийэн үүммүт (…) түөлбэ далбар төгүрүккэ түһэн түөлбэлээн олохсуйбут төрүт удьуор бииһин ууһун төрдө»; «Икки киһи Үрүҥ Буур уҥа тэллэҕинэн анньыспыт кырдалын устун кэнники Федора диэн ааттаммыт Төгүрүк эбэ киэҥ нэлэмэн хонуута таҥара кийиитэ, кэҕэ кулгааҕа, боҕуруоскай, онтон да атын араас сибэкки отунан симэммит киэҥ нэлэмэн хочотун уҥа улуу тумула туорайдыы түһэн турар аҕыйах арыы хахыйахтар тиит мастарын бөдөҥ томороон тииттэрин иһигэр туруору мас балаҕан, ону кытта хоспохтоох, сүөһүтэ-аһа баара соччо биллибэт дьиэҕэ кэлэллэр». Манна ханнык ньургуһун кэпсэммитин киһи дэбигис быһаарбат. Арай Намҥа саһархай ньургуһун үүнэрин билэбит…

Кэҕэ кулгааҕа – саха төрүт аһыгар

Этнограф, саха төрүт аһын, кымыс туһунан сиһилии суруйбут, Саха сирин эт атаҕынан кэрийэн матырыйаал бөҕөтүн хомуйбут А.А. Саввин «Пища якутов» үлэтигэр аска туттуллар элбэх үүнээйини үөрэппит. Холобур, үүттээх уонна араас оттоох миин көрүҥнэрэ хайдах астанарын эмиэ ырыппыт. Кииһилэ ас, сүөгэй ас диэн миини үүт анныгар, ымдааҥҥа уонна иэдьэгэй уутугар кииһилэни уонна араас оту кутан аһытан астыылларын. Онуоха маннык үүнээйилэри ааттаабыт: «К ним относятся только те из них, листья и стебли которых растворяются под воздействием молочно-щавелевой кислоты, образующейся в холлоҕосе с пахтаньем, это щавель обыкновенный, щавель курчавый, лук гусиный, лук-чеснок, солонцовая трава, живокость, мышиный горошек, быар от, эмэһэлик, кэҕэ кулгааҕа и др.». Ол гынан баран, төһө да кэҕэ кулгааҕа диэн ааттаммытын иһин, А.А. Саввиҥҥа күөх да, араҕас да ньургуһун эбэтэр сылгы ньургуһуна да буолбатаҕын, үрүмэ от (нардосмия) диэн ааттаах атын үүнээйини эппитин «встречается  по  Татте  на  возвышенных  местах  аласных  и  речных  лугов.  Собирают вместе со щавелем.  После цветения сбор прекращается. Довольно толстые мясистые листья и стебли квасят вместе с щавелем или используют для приготовления ас» диэнтэн сиэттэрэн, чопчу быһаарыахха сөп.

Түмүк

Ити курдук, түөлбэ тылын эридьиэстэээн, билигин да чопчу быһарылла илик чахчылары арыйа сатаатыбыт. Собо тыла, куба кулгааҕа, тараҕай сылгы ньургуһуна, о.д.а. үүнээйи ааттара саха тыла баайын, саха омук тэнийэн олорор сирин-уотун ырылыччы арыйан биэрэллэр. Инньэ гынан, кэҕэ кулгааҕа сылгы ньургуһуна дуу, күөх ньургуһун дуу – өссө төгүл сыта-тура толкуйдаан көрүҥ.

Күндү ааҕааччыларбыт, кэҕэ кулгааҕын туһунан өссө тугу билэргитин, атын да түөлбэ тылын туһунан ааптарга 1953307@mail.ru суруйан ыыттаргыт, тылбыт саҥа үйэҕэ салгыы сайдар, үөрэтиллэр кэскилэ өссө кэҥиэ этэ.

This post was published on 25.02.2022 11:01 11:01