"Билим": Күн диэкиннэн дуу, күн диэкинэн дуу?

Түөлбэ тыла уус-уран айымнььыга уонна норуот тылынан айымньытыгар туттуллара көрүлүннэ, чуолаан түөлбэлии түһүктээһин. Бүгүн СИА «Билим» альманах уочараттаах таһаарыытыгар түөлбэлии түһүктээһин уус-уран литэрэтиирэҕэ бэриллиитин ырытан көрдүбүт. Ол курдук, тардыылаах араарыы түһүк, холбуу түһүк, туттуу түһүк, миэстэ түһүгэ уонна эбиитин хос түһүктээһин чинчийиигэ хабылыннылар. Түөлбэлии түһүктээһин сүнньүнэн норуот тылынан айымньытыгар, ол курдук остуоруйаларга уонна олоҥхоҕо туттуллар эбит. Суруйааччы тылыгар сэдэхтик көстөр. Уопсайынан, түһүктээһин литэрэтииринэй тыл нуорматын тутуһар.

Ааптар: Винокурова Надежда Ивановна, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института

Түөлбэ тыла уус-уран айымнььыга туттуллара кэнники кэмҥэ улам аҕыйаан, мөлтөөн иһэр. Ити өйдөнөр: литэрэтииринэй тыл нуормата кытаанахтык олохсуйда, ааҕааччы үөрэхтэннэ, сайынна, тылын култуурата үрдээтэ. Ити көстүү хайдаҕа суруйааччы ханнык сиргэ-түөлбэҕэ төрөөбүтүттэн эмиэ обургу тутулуктаах. Киин сиртэн ыраах түөлбэ тыла, биллэрин курдук, уопсай тыл уратытын, былыргы көстүүтүн ордук иҥэрэ, араҥаччылыы сылдьар. Онон онтон төрүттээх суруйааччы айымньытыгар түөлбэ тылын сабыдыала балачча биллэр. Оттон кииҥҥэ төрөөбүт киһи айар тылыгар дьиҥ түөлбэттэн киирии тылы быдан кэмчитик туттар.

Түһүктээһиҥҥэ түөлбэлии көстүү (араас халыып) балачча баара интэриэһиргэтэр. Ити саха тыла сайдыбыт историческай суола-ииһэ уруулуу түүр тылларын киэниттэн улахан уратылааҕын туоһулуур.

Тардыылаах араарыы түһүкна билигин сэдэхтик көстөр. Биһиги матырыйаалбытынан, тардыылаах араарыы түһүк уус-уран да, атын да тиэкискэ сэдэхтик даҕаны буоллар син көстөр. Оҕурдук хомуйбут матырыйаалбыт көрдөрөрүнэн, билиҥҥитэ 120 тахса холобур баар.

Холобур:

«Кыра көрдөһүү оҕотуна суруйа түһэн кулу эрэ», – диэн кулгааҕар бырдах буолан сипсийии бөҕө [АА ТА 1 326]. [Орулуоһап:] [аргыый]. …Ыл, кырдьык, сурук оҕотуна суруй [АА ТА 3 160]. «… Хараап быһаҕаһыгар буораах-та кут, быһаҕаһыгар таас сарпатына кут уонна уолбунаан үс сыл аһыыр аспытын, таҥнар таҥаспытын тэрий» [ЯС 2 18].

Маны түөлбэтиҥи барыйаан курдук көрүөххэ сөп. Оҕурдук бу халыып дулгаан тылыгар эрэ туспа түһүк быһыытынан туттуллар.

Е.И. Убрятова холбуу түһүк суолтатын, халыыбын сиһилии ырытан баран, эбэҥки тылыттан киирбит диэн сабаҕалыыр. Бу түһүк ыйыллар икки тылга суолтата уруулуу, биирдиҥи, сыһыарыыта барыйааннааҕа адьас үүт-үкчү. Оҕурдук эбэҥки тылыгар –нун дэгиттэр туттуллар, оттон –нан уруулууну көрдөрөр тылга сыстар. Саха тылыгар эмиэ итинник: -лыын уларыйар бары тылга туттуллар, оттон –лаан уруулууну эрэ бэлиэтиир ааттарга сыстар кыахтаах [1, c. 248-250]. Ити санаатын кэлин саха уонна эбэҥки тыллара сыһыаннаһыыларын туһунан ыстатыйатыгар олохтоон бигэргэтэр [2].

Холобурдар:

Микиитэ аҕатынаан сатаан өйдөспөттөр [АА СК 2 447]. Микиитэ Кэдээкинниин Сүбэлиирэби кытта барыстылар [АА СК 2 501]. Сайын аайы тахса сырыттахпына, Күүрэй Чуккуойап дьахтарынаан Настаайалыын сүрдээх үчүгэйдик көрсөөхтүүллэр [РК СК 271]. … Суут албын ойоҕунаан дьиэлэригэр суохтар [ЯС 39].

Хос түһүктээһин (двойное склонение) Реас Кулаковскай айымньыларыгар син дэлэй: миэ-хэ-ҕэ, эйиэ-хэ-ҕэ, киниэ-хэ-ҕэ, биһиэ-хэ-ҕэ, эһиэ-хэ-ҕэ; онуо-ха-ҕа, итиниэ-хэ-ҕэ, эйиги-н-ниин; киһиэ-хэ-ҕэ (тэҥ. киһи-гэ), уҥуох-туу-ну.

Холобур:

Оттон миэхэҕэ, күрүүр киһиэхэҕэ, бары-барыта наадалаах [РК СК 72]. Хаххаланыах, саһыах баҕалаах киһиэхэҕэ, миэхэҕэ, дьэ халтай тэбэн түһэн тыа аххан түбэспит [РК СК 268].

Туттуу түһүгү ылан көрдөххө, билигин литературнай нуорма быһыытынан туттуу түһүк –нан халыыба ылыллар. Онон –ннан халыып билиҥҥи арпагыраапыйаҕа сыыһанан ааҕыллар. Ол Сахалыы таба суруйуу тылдьытын 26 быраабылатыгар ыйыллан турар [1, c. 459]. Ол да буоллар олоҥхо тылыгар –ннан халыып өлгөмнүк көстөр.

Холобурдар:

Эйэннэн-сүбэннэн, хата,

… [балтыгын] … Таһырдьа анньан кулу. [МО 212]

Муома олоҥхолоругар эбии маннык түөлбэлии түһүктээһин холобурдара көстөллөр: үтүөннэн [МО 163], күн диэкиннэн [МО 168], сырдыгынан-хараҥаннан [МО 177], көс дайдыннан [МО 182], сааннан ытан көссүһүөҕэ [МО 185], тиҥэһэ сылгыннан [МО 213].

Ынта Никиитэ [Н.Александров], Үөһээ Бүлүү олоҥхоһута, эмиэ ардыгар –ннан халыыбы туттар. Эбиитин үрүмэ оннугар үрүмү диэн түөлбэ барыйаанын киллэрбитэ баар: Үрүмүннэн өҕүйбүт, Сыаннан сыыҥтаабыт [КББ 99].

М.Т. Шараборин-Кумаарап, Өлүөхүмэ олоҥхоһута, ити халыыбы хаста да туттубута баар: Биилкэннэн бэссиһэн, Луоскуннан тутуһан [УДБ 124], алтан проволока быаннан [УДБ 126], Хабаланан хааһан, Боппуусканнан боһойдоон [УДБ 161].

И.А. Николаев-Куоҕас Уйбаан, Кэбээйи олоҥхоһута, айымньытыгар –ннан халыып эмиэ көстөр: Суон сулууннан, Халыҥ халыымынан кэпсэтэн ылбытым [БСМБ 136]; Аҕыс ат баараннан тардар Аркыыма кинигэлээх [БСМБ 183].

Итилэргэ тэҥнээтэххэ, Горнай олоҥхолоругар –ннан түһүк биирдэ эрэ туттуллубутун буллубут: Киһиттэн кириһинэн ордук, Сахаттан сааннан ордук [ГО 17].

Миэстэ түһүгэ саха остуоруйаларыгар көһүннэ. Бу аҕалыллыбыт холобурдартан сылыктаатахха, харата уонна ордуга оннугар миэстэ түһүгэ сыһыарыылаах барыйааннар харатына уонна ордугуна киирбиттэр: онно күһүн сир харатына буолан… [ЯС 135]; онтон киирэн, дьэ куһун хомуйан тахсыбыта, уон ордугуна икки көҕөн эбиттэр [ЯС 135]; отут ордугуна алта [ЯС 137]; сүүрбэ ордугуна биэс хаас [ЯС 136].

Бу ыстатыйаҕа түөлбэлии түһүктээһин уус-уран литэрэтиирэҕэ бэриллиитин ырытан көрдүбүт. Ол курдук, тардыылаах араарыы түһүк, холбуу түһүк, туттуу түһүк, миэстэ түһүгэ уонна эбиитин хос түһүктээһин чинчийиигэ хабылыннылар. Хомуллубут матырыйаалларга тирэҕирэн маннык түмүгү таһаарыахха сөп. Түөлбэлии түһүктээһин сүнньүнэн норуот тылынан айымньытыгар, ол курдук, остуоруйаларга уонна олоҥхоҕо, маны таһынан Амма Аччыгыйа уонна Реас Кулаковскай курдук суруйааччылар айымньыларыгар көстөр эбит. Аныгы, билиҥҥи кэм суруйааччылара литэрэтииринэй тыл нуорматын тутуһар буоланнар, түһүк түөлбэлии барыйаанын кинилэр үлэлэригэр кыайан булуллубата. Түөлбэлии түһүктээһин уус-уран айымньыга туттуллара кэнники кэмҥэ улам аҕыйаан, мөлтөөн иһиэҕэ диэн сабаҕалыахха сөп.

Күлүүс тыллар: саха тыла, түөлбэ, түһүк, хос түһүктээһин, холбуу түһүк, норут тылынан айымньыта, уус-уран литэрэтиирэ

Литэрэтиирэ

  1. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2015. – 488 с.
  2. 2. Убрятова Е.И. Исследования по синтаксису якутского языка. Ч.1. Простое предложение. – М.; Л., 1950. – 306 с.
  3. 3. Убрятова Е.И. Взаимодействие языков на материале взаимоотношений якутского и эвенкийского языков // Доклады и сообщения Института языкознания АН СССР. – 1956. – №9. – С. 85-92.

Кылгатыы

БСМБ – Бүдүрүйбэт сүһүөхтээх Мүлдьү Бөҕө // Саха боотурдара: 21 томнаах. – 11-с том. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – 256 с.

ГО – Горнай олоҥхолоро // Саха боотурдара: 21 томнаах. – 8-с том. – Дьокуускай: Бичик, 2010. – 314 с.

КББ – Н.Александров-Ынта Никиитэ. Көр Буурай бухатыыр / И.Н. Григорьев суруйуута. – Дьокуускай, 2000. – 192 с.

МО – Муома олоҥхолоро//Саха боотурдара: 21 томнаах; 4-с том.- Дьокуускай: Бичик, 2004. – 240 с.

СК 1 – Амма Аччыгыйа. Сааскы кэм. Роман. – Дьокуускай, 1994. – 368 с.

СК 2 – Амма Аччыгыйа. Сааскы кэм. Роман. – Якутскай, 1982. – 752 с.

ТА 1 – Амма Аччыгыйа. Талыллыбыт айымньылар. – 1 т. – Якутскай, 1966. – 511 с.

ТА 2 – Амма Аччыгыйа. Талыллыбыт айымньылар. – 2 т. – Якутскай, 1967. – 652 с.

ТА 3 – Амма Аччыгыйа. Талыллыбыт айымньылар. – 3 т. – Якутскай, 1969. – 510 с.

РК СК – Реас Кулаковскай. Сэһэннэр, кэпсээннэр. – Якутскай: Кинигэ изд-та, 1984. – 280 с.

УДБ – М.Шараборин-Кумаарап. Улуу Даарын бухатыыр / А.Д.Неустроева суруйуута. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 272 с.

ЯС – Якутские сказки [Саха остуоруйалара]. – Т. 2. – Якутск, 1967. – 292

This post was published on 17.09.2021 11:01 11:01