Иван Гоголев-Кындыл «Хара Кыталык» арамааныттан «Огдооччуйа эмээхсиэн, эйигин кытта кэпсэттэхпинэ дууһам сырдыыр… Мин көмүстээх тайҕа атамаана, уһун суол ороспуонньуга ааттаахпын. Дьоннор миигиттэн куттаналлар эрэ. Ыалдьар дууһалаах, таптыыр сүрэхтээх, чараас тириилээх буолуо дии санаабаттар… Мин даҕаны киһибин эбээт. Киһилии олоруохпун баҕарбат үһүбүн дуо?! Сааһырдаҕым аайы ол санаам тулуппат буолла…«. «Билим» альманахха тахсар ыстатыйаҕа саха норуодунай суруйааччыта Кындыл «Хара Кыталык» арамааныгар баар диалогтар араастара, лиэксикэлии, морполуогуйалыы, сиинтэксистии уратылара ырытыллан, айымньыга оруоллара быһаарылынна.
Ааптардар: Иванова Ульяна Афанасьевна, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн маҕыстыраана; Сорова Ирина Николаевна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, тыл билимин хандьыдаата
Күлүүс тыллар: кэпсэтии тыла, диалог, лиэксикэлии, морполуогуйалыы, сиинтэксистии уратылар.
Уус-уран айымньыга суруйааччы бэрсэнээһин, дьоруойун тылын-өһүн, тутта-хапта сылдьарын нөҥүө кини ис санаатын, дьоҥҥо сыһыанын, айымньыга оруолун көрдөрөр. Кэпсэтии тыла ханнык баҕарар тыл төрдө буолар. Билиҥҥи кэмҥэ тыл үөрэҕин сайдыытын уратытынан тыыннаах кэпсэтии тылын үөрэтэргэ интэриэстээҕэ буолар. Эрдэ тыл үөрэхтээхтэрэ кинигэ тылын (уус-уран айымньы, наука, хаһыат уо.д.а) ордук үөрэппит эбит буоллахтарына, билигин кэпсэтии тылыгар болҕомто ууруллар. Онтон сиэттэрэн, саха норуодунай суруйааччыта И. Гоголев – Кындыл «Хара Кыталык» арамааныгар диалог көстүүтүн чинчийии тоҕоостооҕо быһаарыллар.
Уус-уран айымньыга диалог биир сүрүн миэстэни ылар. В.В. Виноградов бэлиэтииринэн, уус-уран айымньы тылын-өһүн араас көрүҥ монологтар, диалогтар, тылынан уонна суругунан саҥа булкуһан үөскэтэллэр [2, с. 162]. Диалог нөҥүө бэрсэнээстэр майгылара-сигилилэрэ, өйдөрө-санаалара, олохторун эйгэтэ, бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннара арыллар. М.М. Бахтин: «Кэпсэтии тылын нөҥүө киһи ис туругун, санаатын арыйыахха сөп. Кэпсэтиигэ хас биирдии этии кимиэхэ эрэ туһаайыллан этиллэр. Холобур, киһи тугу эмэ этээри туран кэпсэтээччитэ хайдах хардарыахтааҕын, быһа холоон сэрэйэр. Кини тугу сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин эрдэттэн сабаҕалыыр уонна “кини маннык диэтэхпинэ, маннык ылынар” диэн бэйэтигэр туһалаах сөптөөх гына саҥарар. Хас биирдии киһи кэпсэтээччитин уруттаан, кини билиитин, итэҕэлин, олоҕу көрүүтүн учуоттуур. Ол онтон кэпсэтии жанра, композицията ол эбэтэр истиилэ тахсар», – диэн быһаарар [1, с. 320].
Саха норуодунай суруйааччыта Иван Гоголев – Кындыл «Хара Кыталык» арамааныгар диалог улахан суолталаах. Диалог нөҥүө киһи майгыта-сигилитэ, өйө-санаата, олоҕун эйгэтэ арыллар. Арамааҥҥа Иван Гоголев бэйэтин санаатын, көрүүтүн ааптар тылын нөҥүө буолбакка, бэрсэнээстэрин саҥаларын нөҥүө биэрэр. Бу санаатын ис дьиҥин, чахчытын билээри кини арамаанын дьоруойдарын «тыл мөккүөрүгэр» салайар. Арамаан үс кинигэтиттэн 274 диалогу буллубут. Айымньы устатын тухары диалог маннык араастара көстөллөр: быһаарар диалог (холобур, Кытыйа уонна Дархан ойуун эттэтиигэ ойуун үс кута ханна олохсуйуутун туһунан кэпсэтиилэрэ), доппуруостуур диалог (Тойон Киһи Кимбилэрдоҕоортон уолун Хабырыыс туһунан, следователь Чорууттан бассабыыктар тустарынан доппуруостааһыннара), күөн көрсөр диалог (холобур, Сиидэркэ уонна Хара Чөөчөөн сир былдьаһан күөн көрсөн атааннаһыылара, Ньукуу атыыһыт уонна Хабырыыс саанар, буруйдуур майгылаах кэпсэтиилэрэ), ис санааны арыйар диалог, ол эбэтэр монологическай диалог (холобур, Хараанай эмээхсин Кыыстаратыгар күрэххэ барааары туран ис санаатын кэпсиирэ, Тыаһыт уонна Хабырыыс иччи, абааһы туһунан кэпсэтиилэрэ), сөпсөһөр диалог (Бэдэр Харах уонна Огдооччуйа Бэдэр Харах инникитин хайдах салгыы олоруоҕун туһунан сэһэргэһиилэрэ), этиһии диалог (холобур, Тээллэриис уонна Кэтириис Тээллэриис дэриэтинньиги илэ көрбүтүн туһунан кэпсэтиилэрэ). Арамааҥҥа баар диалогтартан саамай ураты көстүүнэн Хобороос бэйэтэ бэйэтин кытта хос куолайынан (чревовещание) албаһыран кэпсэтэрэ буолар (холобур, Хобороос хос куолайынан ньургуһун буолан бэйэтэ бэйэтин саататан кэпсэтиитэ).
«Хара Кыталык» арамаан дьоруойдарын сэһэргэһиилэригэр күннээҕи кэпсэтиигэ көстөр саха бүттүүн билбэт түөлбэ тыллара (өрбөх таҥас, симиир иһит, чуулаан, кыйдыыр), айымньыга икки үйэ кирбиитэ хабыллар буолан, эргэрбит тыллар (чардаат, тордуйа), хайааһын тас быһыытын ойуулуур, саҥарааччы иэйиитин көрдөрөр дэгэт кырааскалаах экспрессивнэй- эмоциональнай тыллар (моһуокка түбэстим, дойҕоххун истэр, сүрдээх суол, тэллэйэ сытыйбыт), өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйан этэр холбуу суолталаммыт ситим – сомоҕо домохтор (хара сордоох, хара ыт, ыт өлүүтүнэн өлбүт, өйүм хоппот), тугу эмэ сирэйинэн ааттыыры, этэри тумнар туһугар туттуллар харыс тыллар (тыатааҕы (эһэ), чыычый (абааһы), бараахтаата (өллө), кыталык (доруоп саа), кытарар (уот), дьоруойдар куруук туттар сыыс тыллара (абааһы тэҥсигэ, кимбилэрдоҕоор, ээх диэ) туттуллубуттара ааҕааччыга бэрсэнээс уобараһын итэҕэтиилээхтик арыйар.
Суруйааччы ааҕааччыны «тыыннаах тыл» эйгэтигэр умсугутаары, бэрсэнээстэр саҥаларын кэпсэтии тылын кытта ыкса ситимнээри дьоруойдар иэйиилэрин арааһын, ис туруктарын билэргэ көмөлөһөр саҥа аллайыылары (үөрүү, махтайыы, дуоһуйуу иэйиитин (иэхэйбиэн, ээй, уой, иэхэй-иэхэй), дьиктиргээһини, дьиибэргэһиини (бай, татат, тыый, оок-сиэ, ама дуо), кутталы, куттаныыны (бабат-татат, тыый, һуу, кэбис), кыһыыны, абаны, кыйаханыыны (чэ, чэ, дьэ), астыммат буолууну, мыыныыны (пахай, па), ыарыы араас дьайыытын, сылайыыны (айаккабыын даа, айыы-айа), тымныыга тоҥууну (ычча), ханнык эмэ хайааһыны (дьайыыны) оҥорорго эбэтэр оҥорбокко (тохтоторго) ыҥырыыны күһэйиини (чэ, бээ, бээ), биһирээһини, сөбүлэһиини, бигэргэтиини (оннук-оннук), утарыыны, бобууну, сөбүлэспэт буолууну, саарбахтааһыны (кэбис) биллэрэр, дьоруойдар бэйэ-бэйэлэрин кэпсэтиигэ ыҥырсар туһулууларын (урууга-аймахха сыһыаннаах (аҕаа, ийээ, эдьиэй, убай)), киһи сыһыанын көрдөрөр (хара ыт, ытык ыалдьытым, илиэһэй кыыһа, күтүр өстөөх, хотун эдьиийим, атаһым), туһулууга эрэ туттуллар анал тылларынан (хотууйдар, тукаам, нохоо), социальнай балаһыанньаны көрдөрөр (тойонуом, суруксут), уопсастыба тутулунан уларыйыытын кытта ситимнээн (табаарыс) анал ааттарынан бэриллибит (Хобороос, Ыраайа, Гаврил Семенович) туһулуулар), этиллибит санааны хайа эрэ өттүттэн, этээччи бэйэтин тус сыһыанын биллэрэн, дьэҥкэрдэн, чуолкайдаан, дэгэттээн биэрэр сыһыан тыллары (арааһа, хор, кырдьык) туттубут.
Диалог ыйытыы-хоруй тутуллаах буолан, айымньы дьоруойдарын сэһэргэһиилэригэр этии тиибэ барыта туттуллар: ыйытыы (Арай таҥара суох буоллун?; Туох даа?; Боруобалаан көрөбүт дуо?), сэһэн (- Биһиги ини-бии булчуттар этибит. Ити Ынчыктыыр хайа эргин таас үрэхтэри сыыйан бултуурбут. Кырдьаҕас аҕабытын тиэйэ сылдьарбыт. Аҕабыт, икки хараҕа суох да буоллар, ичээн киһи этэ…Булт баар сирин биһиэхэ чопчу ыйан биэрэрэ.), соруйуу (Биһиэхэ мэлдьи эрэниҥ!). Дьиҥ ыйыппат, мөккүөрэ суох суолу чиҥэтэн бигэргэтэр ис хоһоонноох, киһи болҕомтотун тардар риторическай ыйытыылар эмиэ бааллар: Дьэ элбэх сонуннаах дьоннор буолуо… Бачча баҕайылары барыларын аахпыт киһиэхэ ама өй киириэ суоҕа дуо?; Иһиттигит дуо ити тыллары? Ити саха норуотун сарсыҥҥы күнэ, кэскилэ андаҕар биэрдэ. Ити аата манна биһиги хааларга үлэлээбэтэх эбиппит. Бу хаар-муус кыраайга саҥа үйэ хагдарыйбат кэнчээритин үүннэрэн бардыбыт диэн эрэх-турах сананар бырааптаахпыт… Этэр санааҕа үөрүү, соһуйуу, хомойуу, күүркэтии, о.д.а. иэйии кыттыһан, этии ис хоһоонун уларытан, сэһэн, ыйытыы, соруйар этии барыта күүһүрдүү буолуон сөп: Сымыйа! Таптал диэн суох!; — Быраһаай даа? Букатын дуо?!. Суох! Суох!; — Ыар буруйгун бырастыы гынарыгар эдэр тойоҥҥуттан Хабырыыстан ааттас!!! Кэпсэтэргэ санааны судургутук, быһаччы этэр туһуттан тэнийбэтэх этии диалогтарга көстөр: Мин… Мин кинини хаһан да… Хаһан да…Өчөһүмэ… Умна сатаа… Көрдөһөбүн. Көрдөһүмэ-хайаама… Мин кинини эрэ…Оттон миигин?..; Хабырыыс!… Эн буолбаккын дуо? Мин!.. Чэрэлийэр! Тыыннаах эбиккин!.. Тыыннаахпын!.. Эн эмиэ?.. Көрөрүҥ курдук, мин эмиэ тыыннаахпын!.. Арамаан диалогтартан турарын быһыытынан дьоруойдар сэһэргэһиилэригэр тэнийбит, ис хоһоонунан баай, этигэн, хомоҕой тыллаах этиилэр үгүстэр: Огдооччуйа эмээхсиэн, эйигин кытта кэпсэттэхпинэ дууһам сырдыыр… Мин көмүстээх тайҕа атамаана, уһун суол ороспуонньуга ааттаахпын. Дьоннор миигиттэн куттаналлар эрэ. Ыалдьар дууһалаах, таптыыр сүрэхтээх, чараас тириилээх буолуо дии санаабаттар… Мин даҕаны киһибин эбээт. Киһилии олоруохпун баҕарбат үһүбүн дуо?! Сааһырдаҕым аайы ол санаам тулуппат буолла…; — Бүгүн мин сэһэним тахсыах, былыргылыы эттэххэ, көй боллоҕум тобуллуох курдук…
Ити курдук, И.М. Гоголев – Кындыл «Хара Кыталык» арамааныгар диалог бэрсэнээс саҥатын биэрии сүрүн ньыматын быһыытынан дьоһун миэстэни ылар. Бэрсэнээстэр диалогтарын нөҥүө дьоруойдар майгылара-сигилилэрэ, өйдөрө-санаалара арыллар. Иван Гоголев хас биирдии бэрсэнээһин тылын-өһүн, тутта-хапта сылдьарын тыл көмөтүнэн ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик тиэрдэр.
Литэрэтиирэ
- Бахтин М.М. Проблемы поэтики Достоевского. – М.: Советская Россия, 1979. – 320 с.
- Виноградов В.В. О художественной прозе. – Москва, 1963. – 256 с.
This post was published on 18.03.2022 11:01 11:01