Ыстатыйаҕа С.Ф. Софронов – Феоктист Софронов М.Ю. Лермонтов “Бородино хонуута” хоһоонун тылбааһа тэҥнии тутан ырытыллар. «Тылбаас түөрүйэтигэр билигин даҕаны «поэтическай тиэкис» диэн тиэрмин чопчу өйдөбүлэ суох. Ю.М. Лотман этэринэн, поэтическай тиэкис диэн «организованный язык», который составлен «особым образом». Оттон поэтическай тылбаас диэн тугуй? Лев Львович Нелюбин кинигэтигэр киирии тылга дьон санаатын муһан суруйбутунан, поэтическай айымньыны биир тылтан иккис тылга, атын култуураттан атын култуураҕа поэтическай айымньы курдук тиэрдии буолар «, — диэн ааптардар бэлиэтээтилэр. Салгыы ырытыыга ааҕыҥ.
Ааптардар: Гаврильева Сандаара Руслановна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона; Герасимова Евдокия Софроновна, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана
Күлүүс тыллар: поэтическай тылбаас, хоһоон формата, рифма, сүһүөх, строка.
Билиҥҥи олоххо биир эрэ тылы билэр, биир эрэ тылынан саҥарар, кэпсэтэр, алтыһар киһи диэн суох. Дьон, бары кэриэтэ, икки эбэтэр хас да тылы баһылыыр. Онон тылбаас киһи-аймах олоҕор лаппа улахан суолталаах. Чуолаан сахалыы-нууччалыы, нууччалыы-сахалыы тылбаас саха норуота сайдарыгар улахан оруоллаах. Саха омуга нуучча норуотун кытта алтыһыыта, бу икки норуокка иккиэннэригэр үтүө эрэ өттүнэн дьайбыта саарбаҕа суох.
Саха хоһоонунан уус-уран айымньыта суруллан, литэрэтиирэ быһыытынан сайдыбыта үйэттэн эрэ ордубутун иһин, билигин бигэ тирэхтээх, чаҕылхай инникилээх. Манна тылбаас оруола улахан. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа хоһооҥҥо холонууларын нуучча суруйааччыларын айымньыларын тылбаастаан үөрэммиттэрэ, сайдыбыттара чахчы.
Тылбаас түөрүйэтигэр билигин даҕаны «поэтическай тиэкис» диэн тиэрмин чопчу өйдөбүлэ суох. Ю.М. Лотман этэринэн, поэтическай тиэкис диэн «организованный язык», который составлен «особым образом» [3, с. 272]. Оттон поэтическай тылбаас диэн тугуй? Лев Львович Нелюбин кинигэтигэр киирии тылга дьон санаатын муһан суруйбутунан, поэтическай айымньыны биир тылтан иккис тылга, атын култуураттан атын култуураҕа поэтическай айымньы курдук тиэрдии буолар [4, с. 162].
Николай Гумилев этэринэн, хоһоону тылбаастыыр үс ньыма баар: бастакытынан, тылбаасчыт бастакы өйүгэр кэлбит рифманан уонна кээмэйинэн, ааптарга маарыннаабат, тус бэйэтин тылдьытынан хааччахтанан, оригиналы бэйэтин көрүүтүнэн кылгатан, уһатан тылбаастыыр ньыма – бу маннык тылбааһы сэргээччи тылбааһа диэххэ сөп. Иккиһинэн, эмиэ бастакыга маарынныыр, ол эрээри түөрүйэҕэ олоҕурар. Суруйааччы тылбаастанар тылынан саҥарара буоллар, маннык этиэ этэ диэн итэҕэтэр. Бу ньыма ХVIII-с үйэҕэ тэнийбит. Аны билигин хоһоон кээмэйин уларытыы, рифматын сүтэрии, саҥа уобарастары киллэрии үксээтэ [1, с. 162].
Бельгия теоретига Андре Лефевр Поэтическай тылбаас оригиналга игирэ буолан тылбаастанар тылга олоҕуруохтаах. Онон хоһоон тылбааһа оригиналы кытта үүт-үкчү хайдах да буолбат. Ол иһин майгынныыр «матыыптаах» туспа айымньы быһыытынан сайдар [2, с. 56].
Оригинал тиэкис рифматын, аллитерациятын, сүһүөҕүн ахсаанын тылбаас тиэкискэ хайаан да тутуһуллуохтаах диэн буолбатах. Тылбааска бу халыыптары тэҥнээһин тыл уратытын учуоттаан, төһө кыалларынан тылбаастанар.
Тылбаас үөрэҕэр хайа баҕарар тылы ханнык эмэ ньыманы туһанан тылбаастыахха сөп диэн өйдөбүл баар, ол туһунан Александр Давыдович Швейцер маннык эппит: «отсутствие того или иного элемента в лексической системе одного из языков не является препятствием для переводимости» [7, с. 48].
Семен Титович Руфов хомоҕой тыллаах, дэгиттэр талааннаах поэт буолан, рифмаҕа улахан суолтаны биэрэр этэ. Семен Руфов рифма туһунан маннык диирэ: “Харахха көстүбэт, чуолкайдык биллибэт иҥиир-ситии ис быччыҥа ритм диэн ааттанар, оттон кини харахха көстөр тас кырыыта – рифмаҕа буоллаҕа ол. Инники мин рифма уу долгунун кэриэтэ диэбитим дии – чуумпу ууну өйүллүө да суохха сөп. Оттон уу долгунурдаҕына – хамсаан-имсээн, тыаһаан-ууһаан саҥа таһааран бэйэтин биллэрэргэ соруйан тардарга дылы. Үчүгэй рифма эмиэ оннук – киһи болҕомтотун тардар, өйгө өһүллүбэт курдук хатанар. Итини таһынан үчүгэй рифма диэн – киэргэллээх мааны таҥастаах кыыс кэриэтэ – хоһоону кэрэ оҥорор” [5, с. 20]. Көстөрүн курдук, тылбаасчыт олус уратытык, эйэҕэстик рифма туһунан саныыр.
1962 с. Феоктист Софронов М.Ю. Лермонтов “Бородино хонуута” (1830-1831 сс.) диэн хоһоонун тылбаастаан, “Кыым” хаһыакка таһаарбыт. Бу айымньы М.Ю. Лермонтов “Бородино” диэн улахан айымньытыгар бэлэмнэнии курдук суруллубут үлэ буолар.
Нууччалыыта – алта строфа (11-дии строкалаах), ол барыта 66 строка, сахалыытыгар эмиэ оннук. Нууччалыытыгар хас биирдии строфа бастакы 4 строкалара 9-8-9-8 сүһүөхтээхтэр, хас биирдии 7-с уонна 11-с строка 6-лыы сүһүөхтээхтэр, онтон ураты 9-туу сүһүөхтээхтэр. Сахалыытыгар үһүс строфа иккис строкатыгар 10 сүһүөхтэммит (9 оннугар), төрдүс строфа төрдүс строкатыгар 9 сүһүөхтэммит (8 оннугар), алтыс строфа иккис строкатыгар 9 сүһүөхтэммит (8 оннугар), төрдүс строка 9 сүһүөхтэммит (8 оннугар), алтыс строка 10 сүһүөхтэммит (9 оннугар), онус строка 8 сүһүөхтэммит (9 оннугар). Бу кыра уларыйыылар тылбаас таһымын уларыппаттар. Феоктист Софронов тылбаастыырыгар тыл суолтатын уонна ис хоһоонун сүтэримээри чопчу тылы туттар, онон, биир сүһүөх эбиллэр биитэр көҕүрээн биэрэр.
Нууччалыытыгар хардарыта (кириэстии) дириҥ уонна чуолкай рифмалааҕа – сахалыытыгар эмиэ баар.
Нууччалыытыгар непогода диэн тылы тылбаасчыт күүстээх тыал диэн тыл ситимэ оҥорбута, эбэтэр не слыхал диэн икки тылы сэргэ тутан үс сүһүөхтээх биир кэрчик оҥорбута табыллыбыт: истибэтэ.
С.Т. Руфов суруйарынан, “Тылбаастанар айымньы этэр санаатын хас хардыытын көтүппэккэ тылбааска оруобуна биэрэн иһиллиэхтээх диэн буолбатах – санааны сахалыы толору эттээн-сииннээн биэрэр туһугар сорох хардыы өҥүн-талатын уларытыахха эбэтэр урут-хойут түһэртээн, атастаһыннартаан биэриэххэ син” диир [6]. Холобур: нууччалыы буря диэни тылбаасчыт тыал диэнинэн биэрбит. Манна тылбаасчыт поэма атмосфератын саха ааҕааччытыгар чугастык биэрэргэ дьулуспут. Леденею диэни ааптар “тоҥобун” диэн суолталаах эппитин, Феоктист Софронов манна эмиэ хаарыйар муустуу диэн сахалыы тыыннаабыт. Бу холобурдарга тылбаасчыт нууччалыы туохтуурдары тылбааска тыаһы үтүктэр туохтуурдарга солбуйбут: тряслася – дьигиһийдэ, понесляся – иһиирдэ. Манна С.Т. Руфов “Дьэ итинник кыра, сиэрдээх уларытыылар санааны толору биэрээри намтаппаттар, хата сатаан туттуллубут уонна саха ааҕааччытын төрүт өйдөбүллэригэр, кини психологиятыгар сөп түбэһэр буоланнар – хоһоон биэрэр санаатын мөлтөппөккө толору тиэрдэллэр” [6] диэн эппит санаата сөп түбэһэр.
Сахалыы рифма оҕуста – охсуута (-та, -та сыһ.), туртайда – туһаайда (айда-айда). Манна тылбаасчыт Иван Арбита туттар рифмалыыр ньыматын туһаммыт: кини сүһүөхтэр аһаҕас дорҕоонноро сөп түбэһэллэрин салайтарара.
Түмүктээн эттэххэ, Феоктист Софронов айымньы икки өрүтүттэн иккитин чахчы кыайбыт – ис хоһоонун биэрбит, уус-уран форматын ситиһэргэ дьулуспут. 66 строкалаах хоһооҥҥо 6 строкаҕа 1-дии сүһүөх түһүүтэ эбэтэр эбиллиитэ – оригиналга чугас.
Литэрэтиирэ:
- Гумилев Н.С. Письма о русской поэзии. О стихотворных переводах. – М.: Художественная литература, 1990. – 162 с.
- Лефевр А. Перевод поэзии: семь способов и один метод. – Нью-Йорк, 1978. – 56 с.
- Лотман Ю. М. Анализ поэтического текста: Структура стиха. – М., Просвещение, 1972. – 272 с.
- Нелюбин Л.Л. Толковый переводоведческий словарь 3-е изд., перераб. – М.: Флинта: Наука, 2003. – 162 с.
- Руфов С.Т. Рифма туһунан // Литература эйгэтигэр: ыст., дакыл., рец., — 20 с.
- Руфов С.Т. Эдэр тылбаасчыт А.Б.-ка сурук // Саха сирэ. – 1994. – муус устар 19 к.
- Швейцер А.Д. Теория перевода. Статус проблемы. Аспекты. – М.: Наука, 1988. – 48 с.