Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт иһинэн саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын уһуйааччылара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» диэн СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн Дьокуускай куорат тэрилтэлэрин таһыгар ыйанан турар ыйынньык суруктарын (вывескаларын, табличкаларын) чинчийэн, ырытан көрдүлэр. Салгыы «Билим» альманахха ааҕыҥ.
Дьокуускай куорат уулуссаларыгар, тэрилтэлэрин, дьиэлэрин таһыгар саха тыла төһө туттулларын чинчийэрбитигэр уокуруктарынан үллэстэн үлэлээтибит. Мин куорат кииниттэн саҕалаан балай да киэҥник тайаан сытар Октябрьскай уокуругу кэрийэн, барыта 213 эбийиэк аатын хаартыскаҕа түһэрдим. Бу уокурукка Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт, автовокзал, “Муус хайа” эрэстэрээн, эргэ куорат, куорат сынньалаҥ паарката, Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба дьиэтэ, куорат киинигэр турар билим үнүстүүттэрэ хабыллаллар.
Маннык курдук сорох тэрилтэ аата нууччалыыттан сахалыы толору тылбаастанан турарын көрөн киһи эрэ үөрэр, киэн тутта саныыр. Ол эрээри, чинчийэн көрүү түмүгүнэн үгүс тэрилтэ нууччалыы эрэ ааттааҕа көһүннэ, кыра аҥаара эрэ сахалыы тылбаастаах, бэрт аҕыйах аан дойду таһымнаах тэрилтэ аангылыйа тыллаах эбит.
Бастатан туран, хайа да киһи хараҕар тута быраҕыллар графическай (техническэй) алҕас балай да баара көһүннэ: ҕ буукуба оннугар 5 сыыппараны тутталлар эбит: Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин оло5ор-дьаһа5ар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт; Саха Өрөспүүбүлүкэтин олорор дьиэ — уот коммунальнай хаһаайыстыба5а уонна энергетика5а министерствота. Аны туран № нүөмэр бэлиэтин оннугар н буукубаны туруорбуттар: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ ГБУ РС(Я) 1-н-дээх поликлиника оҕону эмтиир салаата. Маны таһынан инициал уонна араспаанньа икки ардыгар тэйитии (пробел) суоҕа, буукубаны түһэрии баара бэлиэтэннэ: Дьокуускай куорат уокуругун салалтатын муниципальнай бюджетнай уопсай үөрэх тэрилтэтэ “Н.А.Алексеева техническэй лицейэ”; 105 №-дэх оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо сайдар уһуйаана (Тэрилтэ ааттарыгар баар сыыһа хайдах баарынан уларытыыта суох бэрилиннэ).
Сахалыы таба суруйуу быраабылатын тутуспат буолуу тэрилтэ аатын нууччалыыттан сахалыы тылбааһыгар биирдиилээн тылга көстөр: бэнидиэнньик, бээтинсэ, култуура, космофизическай оннугар бэнидиэльник, бээтиҥсэ, культуура, космофизическэй диэн суруллубут. Тардыы сирэйигэр туттуллар ҥ оннугар н буукуба турбут: Твоя аптека – эн эмтиэкэн. Уопсайынан, ҥ буукубаны да, дорҕоону да сыыһа туттуу кэлин наһаа киэҥник тарҕанна. Сахалыы сурукка олонхо (олоҥхо онн.), эн ийэн (ийэҥ онн.), эһиги кэлин (кэлиҥ онн.) диэн курдук тылы элбэҕи көрөбүт. Саҥаралларыгар эмиэ ҥ оннугар н дорҕоону тутталларын киһи арааран атыҥырыы истэр.
Тэрилтэ аатын тылбааһыгар сурук бэлиэтин сыыһа туруораллара бэлиэтэннэ. Холобур, тириэ оннугар дэпиис турбут: “Оҕо сайдар киинэ — 21 №-дээх “Кэнчээри” оҕо уһуйаана”; Арассыыйа федерациятын киин баанын уһук илиннээҕи сүрүн салалтатын салаата — саха өрөспүүбүлүкэтин национальнай баана. Кэлиҥҥи кэмҥэ тириэни уонна дэпииһи булкуйан туттуу эмиэ үксээтэ. Бу икки сурук бэлиэтин суолтата араас: тириэ араарар, утарыта суолтаҕа туттуллар буоллаҕына, дэпиис үксүгэр ханыылыы ситимнээх тылы холбуур аналлаах. Аны тириэ бэлиэтин тас көстүүтэ эмиэ уратылаах: дэпиис кылгас уонна тэйитиитэ суох суруллар, тириэ дэпиистээҕэр икки төгүл уһун уонна хайаан даҕаны тылтан икки өттүттэн тэйитиилээх буолар.
Сахалыы таба суруйуу быраабылатыгар нууччаттан киирбит тылы сахатытан суруйуу баарын үрдүнэн, ону тутуспакка, нууччалыы тылы уларыппакка суруйаллар эбит: Геологический информационный фонд Республики Саха (Якутия) ГУП “Сахагеоинформ” – Саха Республикатын геологическай информационнай фондата (Өрөспүүбүлүкэтин, пуондата онн.); Прокуратура Республики Саха (Якутия) – Саха Республикатын Прокуратурата (Өрөспүүбүлүкэтин Борокуратуурата онн.); Театр юного зрителя – Үүнэр көлүөнэ театра (тыйаатыра онн.).
Тэрилтэ аатын сахалыы аатыгар тыл ситимин нууччалыы толкуйдаан, тардыы ситимин (туох тугун?) оннугар сыһыарыы түһүгү (туохха туга?) диэн туруору тылбаастаабыттара үгүс: Министерство труда и социального развития Республики Саха (Якутия) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ (үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ онн.); Министерство здравоохранения Республики Саха (Якутия) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ (доруобуйа онн.); Министерство по физической культуре и спорту Республики Саха (Якутия) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтэ (култуура уонна успуорт министиэристибэтэ онн.); Министерство транспорта и дорожного хозяйства Республики Саха (Якутия) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ (тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ онн.).
Тэрилтэ аатын нууччалыыттан сахалыы тылбаастыылларыгар сорох тылы, этиини көтүтэллэр, эбэтэр ситэри тиэрдибэттэр, тылбаастаабаттар эбит: Федеральная служба судебных приставов ФССП России) Управление ФССП России по Республике Саха (Якутия) Якутское районное отделение судебных приставов – Суут бириистэптэрин Дьокуускай куораттааҕы салаата; Федеральная служба судебных приставов (ФССП России) Управление ФССП России по Республике Саха (Якутия) Якутское межрайонное отделение по исполнению особо важных исполнительных производств – Ураты суолталаах үлэни толорууга саха сирин оройуоннар икки ардыларынааҕы салаалара; Федеральная служба по надзору в сфере природопользования Управление Федеральной службы по надзору в сфере природопользования по Республике Саха (Якутия) – Айылҕа эйгэтин туһаныыны хонтуруоллуур Федеральнай сулууспа Саха сиринээҕи салаата. Манна хараардан бэлиэтээбитим сахалыы тылбааһа суох, ол аата толору тылбаастамматах вывеска элбэх.
Маны таһынан нууччалыытыгар бастакы буукубаларынан кылгатан суруллар тыллары (аббревиатураны) сахалыытыгар эмиэ ситэри тылбаастаабакка бэйэтинэн хааллараллар: МВД России Управление по вопросам миграции Министерства внутренних дел по Республике Саха (Якутия) – МВД России Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыалаҕа министиэристибэтин миграция боппуруостарын быһаарар салалтата; Министерство здравоохранения РС (Я) ГБУ РС(Я) “Поликлиника №1” Детское отделение – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ ГБУ РС(Я) 1-н-дээх поликлиника оҕону эмтиир салаата; Институт физико-технических проблем севера им. В.П. Ларионова сибирского отделения Российской Академии наук (ИФТПС СО РАН) – Россия наукаларын академиятын сибиирдээҕи салаатын В.П. Ларионов аатынан хотугу сир физико-техническэй проблемаларын чинчийэр института (ИФТПС СО РАН).
Уһун ааттаах тэрилтэлэргэ, холобура, уһуйааннар ааттарыгар этиигэ тыл бэрээдэгин кэһэллэр: “Детский сад общеразвивающего вида с приоритетным осуществлением деятельности по позновательно-речевому развитию детей №43 “Улыбка” – “Дьокуускай Куорат” уокуругун дьаһалтата “Оҕо тылын-билиитин сайыннарар хайысхалаах №43 “Улыбка” оҕо уһуйаана; Мунииципальное образовательное бюджетное учреждение окружной администрации города Якутска “Центр развития ребенка” – Детский сад №105 “УМКА” Городского округа “город Якутск” – “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокуругун мунииципальнай үбүнэн хааччыллар оскуола ининээҕи оҕолор үөрэхтэрин тэрилтэтэ “Оҕо сайдар киинэ 105 №-дээх Умка” 105 №-дэх оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо сайдар уһуйаана “УМКА”.
Бу курдук, киһи хараҕар тута быраҕыллар сыыһа-халты элбэх буолан биэрдэ. Маннык көстүү сорох эйгэҕэ билиҥҥи саха тыла бигэ туруга суоҕун туоһулуур. Тыл халбаҥнаабат чиҥ туруктаах буоллаҕына, норуоппут эмиэ сарсыҥҥылаах, кэскиллээх, инникигэ эрэллээх буолуоҕа. Онон куорат тас эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тылларын толору, сөпкө туттары тэрилтэлэртэн ирдиэх тустаахпыт. Тылбытын харахпыт харатын курдук харыстыахха, тылбыт туһугар туруулаһыахха диэн ыҥырабын.
This post was published on 07.11.2024 14:01 14:01