«Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар норуот маастара Иван Павлов «Тимир уһаарыыта — өбүгэй үйэлээх үгэһэ» диэн ыстатыйата тахсар. Суруйуу Бүлүү улууһугар былыргылыы тимир уһаарыытын сөргүтүү утумнаахтык ыытыллара уонна онно ыччат дьону уһуйуу курдук уустук үлэлэр сырдатылыннылар. Бүлүү өрүс сүнньүттэн хомуллубут тимирдээх тааһы байытыы, көмөрү бэлэмнээһин, тимири уһаарыы уустук үлэлэрэ сиһилэнэр. Аныгы кэмҥэ уһаарыы уратытын, тимир химическэй, рентгеновскай анаалыстарын чинчийэн көрүү түмүгүнэн, Бүлүү өрүс сүнньүн тааһыгар гематит, сидерит, гетит элбэҕэ дакаастаммыта кэпсэнэр.
Ааптар: Павлов Иван Тимофеевич, Норуот маастара, Бүлүү улууһа, Хампа с.
Саха сиригэр тимири уһаарыы түҥ былыргыттан силистээх-мутуктаах. Учуонайдар, чинчийээччилэр үлэлэринэн сирдэтэн, Саха сирин киэҥ иэниттэн булуллубут тимир таас састаабын тэҥнээн көрөн, Бүлүү өрүс сүнньүттэн хомуллубут тимир тааһы уһааран холонууну саас-сааһынан билиһиннэрэбин. Кинигэҕэ киирбит көмө матырыйаалларынан биһиги суолбутун солооччулар — эдэр көлүөнэ уустар, тимиртэн араас сиэдэрэй оҥоһуктары, күннээҕи туттар тэриллэри оҥоро, тимир уһаарыытын сайыннара сылдьыахтара диэн эрэллээхпит.
Тимир тааһын хомуйуу. Былыр Чап уустара тимир тааһын от үлэтин кэнниттэн балаҕан ыйын иккис аҥарыттан Тоҥуо Үрэх батыытыгар эбэтэр өрүс кытылыгар Булуук, Кылбар аннынан сылдьан, туос ыаҕайанан ыһылла сытар таастартан хара быар курдук өҥнөөх, дьэбин өҥө түспүт тааһын хомуйан, биир сиргэ чохчолууллара. Көлө үс тардыыта буоллаҕына, биир болгуо буолар дэнэрэ. Тулаайах Тоҕойугар уһааралларыгар тимир тааһын дьапталҕа таастан ыллаллара. Онно миэстэтигэр сир кырсын миэтэрэ аҥарын курдук халыҥнаах гына хаһан, ыраастаан баран, биир сиргэ чохчолоон, сараҕатан куурдаллара. Хаар түспүтүн кэннэ, алтынньы ыйга, сыарҕаҕа хаптаһын кэтитэ үрдүктээх хоппо оҥорон, оҕуһунан эбэтэр атынан тиэйэн аҕалан, уһаарар сир таһыгар чохчолууллара. Чап уустара болгуоларын тааһын тус-туспа чохчолууллара уонна уһаарар бириэмэлэрин болдьоһон уочараттаан, үллэстэн кэбиһэллэрэ.
Тимир тааһын уматыы. Тимир тааһын уматыыны Чап уустарыттан үксүн Бэллэ Эҥиэнтэй бэйэтэ толороро эбитэ үһү. Тыаҕа тахсан, куруҥ чэгиэн маһын 3 м уһуннаах гына кэрчиктээн, сыарҕаҕа тиэйэн таһаараллара. Туора сыттык маһы үс сиринэн ууран баран, үрдүгэр 1 м кэтиттээх долгучуок мастарын тэлгэтэ уураллара. Ол үрдүгэр үс тардыы тааһы куталлара. Үрдүнэн ханан да таас көстүбэт гына маһы тэлгэтэ ууран баран, кутааны оттон кэбиһэллэрэ. Мас барыта умайан бүппүтүн кэннэ, тимир тааһын хомуйан ылаллара. Таас кытарыар дылы итийэрэ, сойбутун да кэннэ кытархай өҥнөнөрө. Умайбыт тимир таас бытарыйымтыа буолар. Тааһы мас хорууда иһигэр тойоллоро. Таас тойуутугар оҕолору көмөлөһүннэрэллэрэ биллэр. Тааһы рафинад сахар икки куһуогун холбуу туппут курдук кээмэйдээх гына тойоллоро. Онтон кыра да, улахан да гынары уус сөбүлээбэт этэ. Кыра буоллаҕына, эрдэ ууллан, саах буолан хаалара, оттон бөдөҥ буоллаҕына, тэҥҥэ ууллубакка, хойутаан ууллан, болгуо туругун мөлтөтөрө. Кыраламмыт тааһы сиидэлииллэрэ уонна биир сиргэ чохчолууллара.
Сайын тимир тааһын уматар олус сэрэхтээх. Тыал түстэҕинэ, хаппыт сыыһы, сэтиэнэҕи сиэн, баһаар барыан сөп. Ол иһин 3 м усталаах, 1 м туоралаах, 1 м дириҥнээх дьаамаҕа уматаллара. Ол дьаамаларын хабаан диэн ааттыыллара. Оттон ону көрөн-манаан уматар киһи хабаанньыт дэнэрэ. Хабаан түгэҕэр туора сыттык маһы үс сиринэн уураллара. Үрдүнэн бүтэй сиэрдийэтин саҕа суоннаах үөл титириги ыкса гына тэлгэтиллэрэ. Биир болгуо тахсар тимир тааһын тэлгэтэ уураллара. Ол үрдүнэн томточчу сиэрдийэ суонун саҕа суоннаах, 270-280 см усталаах куруҥ маһы сааһылаан кыстыыллара. Сир кырсын лаппаакынан түөрт муннуктуу быһан ылан баран, ыпсары тута-тута хабаан үрдүн быыһылаабат гына сабаллара. Хабаан түөрт муннуга аһаҕас хаалара. Киэһэ, күн быыһыгырбытын кэннэ, түөрт муннугар уот оттон кэбиһэллэрэ. Оччоҕо төлөн таска тахсыбакка эрэ, хабаан иһигэр көөнньөн умайа сытара. Ханнык эмит өттө уота мөлтөөтөҕүнэ, эбии кураанах мас уган, күөдьүтэн биэрэрэ, сабыытын кырсын дьөлө сиэн уот төлөнө уһууран тахсаары гыннаҕына, хабаанньыт буорунан саба ыһан иһэрэ. Оннук түүнү быһа умайан, биир болгуо тахсар уһаарыы тааһа бэлэм буолара.
Көмөрү бэлэмнээһин. Көмөр диэн уустар мас чоҕун ааттыыллар. Ону бэлэмнииргэ сиэрдийэ суонун саҕа суоннаах, чэгиэн, кураанах тиит мастаах саҥа куруҥу булаллара. Оннук сир уустарга былдьаһык буолара. Чугас куруҥнара бүттэҕинэ, ыраах баран бэлэмнииргэ күһэллэллэрэ. Ол иһин сороҕор тоҕоостоох мастаах үөт ойуурга маһы хатырыгын суллаан моонньууллара, оччоҕо ол мас турбутунан хатан, иккис сылыгар бэлэмнииргэ сөп буолара.
Кураанах маһы 3 м уһуннаах гына бысталыыллара. Көмөр бэлэмниир сири хаарын күрдьэллэрэ. Эрдэ умайбатын диэн 120 см усталаах үөл маһынан сыттыктыы, үс сиринэн уураллара. Оттон кураанах маһынан оҥордоххо, эрдэ умайан, аллара тэлгэммит мастар буорга сыстан, умайбакка эбэтэр эрдэ умайан, күл буолан хаалыахтарын сөп. Бастакы сыттык үрдүгэр иккис хос сиэрдийэ маһын курдук кураанах мас тэлгэнэрэ. Үрдүгэр кураанах маһынан үс сыттык ууран баран эмиэ икки хос тэлгэтиллэрэ, ол курдук хаста да ууран таһааран баран, саамай үрдүкүтун халыҥ гына үрүт – үрдугэр томточчу кыстаан кэбиһэллэрэ. Чохчо уопсай үрдүгэ 1 м 30 см, киһи түөһүнэн үрдүктээх буолтун кэннэ, икки өттүнэн чыппаан оҥорон уматыллара. Кутаа умайан таҕыстаҕына, кыра синньигэс мастаах өттүттэн урут чох тахсар. Чоҕу сиргэ тарыйан түһэрэн баран, онно сыа хаары ылбакка, көмүрүө хаарынан ыһыалаан умуруораллара.Үөл ураҕаһынан булкуйан, умуллубут чоҕу арааран, хара буорга чөкөтөн иһэллэрэ. Умайаары гыннаҕына, хаары ыһыалаан, умулуннаран иһиллиэхтээҕэ. Ол курдук чохчо кутаата барыта чох буолуор дылы уматаллара. Кыра-кыра гына чохчолоон умулуннаран баран, көмөр сиидэтинэн сиидэлииллэр. Сиидэ маһын көнө саастаах тиит мастан кыраабыл тииһин саҕа суоннаах гына төкүнүтэ кыһан оҥорон баран, икки ардын 1 см тэйиччи гына иҥиннэрэллэр. Көмөрү сиидэлээтэххэ, хатырыгын чоҕо, күлэ сиидэлэнэн түһэн хаалар. Бөдөҥ чохтоох көмөрү уһаарарга ордук сөбүлүүллэр. Биир эмит чоххо уот хаалбыт буоллаҕына, чох көмөрүн барытын сиэн кэбиһээччи. Оннук түбэлтэ таҕыстаҕына, улахан сэмэлэһии буолааччы. Онон уот хаалбатын курдук кыһанан-мүһэнэн үлэлииллэрэ. Чох ыраас буоларын ирдииллэрэ. Хаар ууллубутун кэннэ көмөр бэлэмнииргэ садырым ыраас уутун ыллараллара. Кырдьаҕас уустар кирдээх уунан умуруортарбат этилэр. Оттон сыа хаарынан ыстахтарына, чөмөхтүү сыстан хаалан, муус кыырпахтара үөскүүллэрэ. Ол көмөр умайарыгар итиитин, сыралын (эниэргийэтин) кыччатара.
Тимири уһаарыы. Тимири уһаарарга күөртүүр сорҕо үксүн итиигэ — тымныыга үлтүрүйэн алдьанааччы. Ол иһин уус сорҕону туойтан оҥорор. Үчүгэй туруктаах иһити оҥорорго сөптөөх туойу уус эрдэттэн хаһаанан уура сылдьар.
Туойу ууга илитэн, иһиккэ биир күн сылытыллар. Онтон эллээн, таптайан, мэһийэн сөптөөх сыстаҥнас, сымнаҕас буолтун кэннэ бастакы төбөтө 5 см, оттон иккиһэ 7 см диаметрдаах, 60 см уһуннаах эрдэттэн бэлэмнэммит төгүрүк маһы эргиччи сыбаан, туруба оҥорон таһаараллар. Иһиннээҕи хайаҕаһын диаметра ити мас кээмэйин саҕа буолар, оттон халыҥа 1,5-2 см, уһуна 50-60 см буолар. Көмүлүөк иннигэр туруору тутан туруоран, уот сыралҕаныгар эргитэ сылдьан аргыый куурдуллар. Туой бэйэтэ уйуттар буоллаҕына, иһиннээҕи маһын ылан баран куурдуу салҕанар. Көмүлүөккэ умайбыт мас чоҕун аллара тардан баран, ол үрдүгэр сорҕону туруоруллар. Оһоҕу оттон кэбиһэллэр. Сорҕо кып-кыһыл өҥнөөх буола кытаран тахсар. Уота умайан бүппүтүн кэннэ, сорҕону таһааран, холумтан кытыытыгар сойутаҕын. Сорҕо ханан да хайдыыта суох, илиигинэн тыгыалаан көрдөххүнэ, фарфоровай чааскы курдук лыҥкынас тыастаах буолуохтаах.
Көмөр холботун 120 см усталаах, тимир тааһын холботун 80 см усталаах, 30 см кэтиттээх, 20 см үрдүктээх гына суон тиит маһы хаһан оҥороллор. Уруккуга тимир уһаарааччы уус Бэллэ Эҥиэнтэй кураанах маһынан чыыппааннаан баран, кураанах кыра маһынан оһох үрдүгэр аал уот отторо, уус төрдүгэр Кудай Бахсыга туһаайан, алҕаанаал уотун аһатара: лэппиэскэ, арыы, сиэл, эт, табаах биэрэ-биэрэ үҥэрэ-сүктэрэ. Хаһан да аал уотун аһаппакка эрэ уһаарыыны саҕалаабат этэ. Өскөтө, ас биэрэн, уус төрдүттэн алҕаан көрдөспөтөххө, Кудай Бахсы кыыһырар, болгуолара кыайан тахсыбат уонна уус төбөтүнэн чокуттаран (оҕустаран) ыалдьыан сөп үһү диэн итэҕэллээх этилэр.
Күөртээһин биир тэҥник барыахтаах. Оттон сабырҕаччы күүскэ-күүскэ баттыалаан күөртүүр киһи болгуону дьөлө үрдэрэн кэбиһэр, онон сэмэлэнээччи. Тоҕус кутуу көмөр, тоҕус кутуу тимир тааһа күөртээтэх аайы умайан, ууллан, аллараа түһэн барара, оһох үөлэһинэн күөх төлөн уһуурар. Сороҕор оһох эркиниттэниҥнэн түспэккэ хаалааччы, оччотугар тимир уһаарааччы уус оһох үөлэһинэн сотору-сотору өҥөйөн көрөн, үөл ураҕаһынан сууралаан аллара түһэрэр. Ууллан, умайан оһох ортотун эргин түһүүтэ оһох аанынан төбөлөөх луомунан оһох түгэҕиттэн 30 см кэриҥинэн дьөлөн, 2 см диаметрдаах хайаҕас оҥоһуллар, онон уулла сылдьар тимир сааҕа (шлага) сүүрэн сорҕочуйан түһэр. Ол сүүрүүтүгэр араас дьүһүннээх буола сойон, кытаатан хаалар. Оттон ыарахан тимирэ оһох түгэҕэр, болгуо уйатыгар түһэн, сөҥөн иһэр.
Чап уустара төһө бириэмэнэн тимири уһааран, араас тэрили, боотур куйаҕын, ойуун кыаһаанын, сэрии сэбин, булт тэрилин, дьиэ тээбиринин, араас киэргэли оҥорон, урааҥхай саха тыйыс айылҕаны кытта охсуһарыгар, өлөн-сүтэн хаалбакка, сайдан сириэдийэн баччаҕа кэлэригэр төһөлөөх өҥөлөөх буолуохтарай?! Киһи тылынан кыайан эппэт сүдү өҥөлөөхтөрө биллэр. Саха сиригэр хайа да улууска Чап уустарын курдук элбэх уус уһаммыт, кинилэр курдук таһаарыылаахтык үлэлээбит буолуохтаахтар дии саныыбын. Чап алаастарыгар биир бириэмэҕэ түөрт уон түөрт уус кыһаҕа уһанар этэ диэн ахтан кэпсииллэрэ кураанах тыл буолбатах буолуохтаах.
Бүлүү өрүс тимир таастарын чинчийии. Бүлүү өрүс хаҥас тардыытыгар Бүлүү куоратыттан 100 км аллара сытар Тимирдээх Хайатын тааһын чинчийэн көрүү түмүгэр маннык састааптаах эбит: кварц-полевошпатовай кумах тобоҕо, сиэмэннэммит гетит-гематит-сидеритовай эттик MnO (оксид марганца) 1,5 — 2% булкаастаах. Бороҥ өҥнөөх тимирдэр боруодалара Буотама үрэххэ үөскээбит сирдэрэ эмиэ бааллар.
Ниэпуоннагааспроблемаларыннаучнайсотруднига, Культурауонна искусство колледжын преподавателя Александр Романович Александров Тимирдээх Хайа уонна Ахтальян тимир таастарын хомуйан, чинчийии үлэтин ыытарга көмөлөстө. Институтка ренгенофазовай уонна ренгеноспектральнай анаалыс оҥорбуттарыгар маннык түмүктээх буолан тахсыбыт:
Химическэй састааба (спектрометр SRS-3400)
Номера проб | Процентное содержание оксидов, % | |||||||||||
SiO2 | TiO2 | Al2O3 | Fe2O3 | MnO | MgO | CaO | K2O | Na2O | P2O5 | SO3 | Cумма | |
ТМД-1 | 11,4 | 0,1 | 4,7 | 79,2 | 2,1 | 0,3 | 0,6 | 0,4 | 0,1 | 0,6 | 0,0 | 99,5 |
ТМД-2 | 9,4 | 0,1 | 3,5 | 81,8 | 2,2 | 0,3 | 0,8 | 0,3 | 0,2 | 0,9 | 0,1 | 99,6 |
ТМД-3 | 17,4 | 0,1 | 1,6 | 53,1 | 0,3 | 1,2 | 25,0 | 0,1 | 0,1 | 0,7 | 0,2 | 99,8 |
Среднее содержание | 12,7 | 0,1 | 2,3 | 71,4 | 1,5 | 0,6 | 8,8 | 0,3 | 0,1 | 0,7 | 0,1 | 99,6 |
Сидеритовай руда дьапталҕатын химическэй элэмиэннэрин элбэх сыаллаах түһэрэр микроскобунан JSM-6480LV чинчийии түмүгэ маннык буолбут.
Химическэй элэмиэннэрэ
(сканирующий микроскоп JSM-6480LV)
Номера анализов | Процентное содержание элементов, % | ||||||||||
C | O | Al | Si | Ca | Mn | Mg | Fe | K | Na | Cумма | |
1 | — | 30.00 | — | 0.09 | 0.15 | 1.52 | — | 55.02 | — | — | 86.79 |
2 | — | 30.66 | — | 0.36 | 0.21 | 1.91 | — | 53.61 | — | — | 86.75 |
6 | 5.95 | 32.06 | 0.55 | 1.27 | 0.47 | 0.77 | — | 47.45 | — | — | 88.52 |
7 | 6.72 | 37.71 | — | 0.76 | 0.48 | 1.19 | — | 48.66 | — | — | 95.51 |
8 | 8.68 | 34.50 | 0.39 | 0.45 | 0.44 | 1.49 | 48.71 | — | — | 94.66 | |
9 | 8.97 | 34.18 | — | 0.38 | 0.49 | 1.50 | — | 46.45 | — | — | 92.28 |
Среднее содержание | 6.56 | 35.95 | 0.69 | 5.21 | 0.32 | 1.24 | — | 46.86 | — | — | 96.84 |
Ренгеновскай фазовай анаалыс. Дифрактометр D8 Discover прибор кɵмɵтүнэн тимир рудатын минералларын састаабын быһаартардыбыт. Бу чинчийии түмүгүнэн кɵрдɵххɵ, боруодаларбыт минералларын састааптара бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһаллар. Бу чинчийбит тимир рудабытыгар сүрүн минералларынан гематит, сидерит уонна гетит буолаллар эбит.
Ренгеновскай фазовай анаалыс (дифрактометр D8 Discover)
Номер проб | Минералы |
ТМД-1 | Гематит, сидерит |
ТМД-2 | Гематит, сидерит |
ТМД-3 | Гематит, гетит |
Ол курдук Бүлүү тимир таастарын састааптара туойдаах, кумахтаах, карбанатовай минераллардаах буолан, туттарга хаачыстыбалаах тимир тахсар [1 cыһыарыы].
Сиикэй тимири умайбыт мас чоҕун үрдугэр уулларын аналитик Н. Н. Емельянова кэтээн көрүүтүнэн, 270° С оһох гааһа үөскээһинигэр (СО, Н2 уонна СН4 айылҕа гааһа) ууллар диэн. 500- 700° С саҕалаан төттөрү чөлүгэр түһэн барар. Онтон 1000-1200-1400° С руда уһаарыллар болгуо тимир буола кубулуйар. Былыргы уустар уот итиитин сатаан туһаналлара. Бу уот суоһа наһаа итийдэҕинэ, руда чугууҥҥа кубулуйарын билэллэрэ. Онон өбүгэлэрбит уһаарыы кэмигэр оһох итиитин кыраҕытык кэтээн, мэлдьи көрөллөрө-истэллэрэ, маныыллара.
Тимир тааһын аныгы кэмҥэ уһаарыы уопута. Уһаарыы уопутуттан кэпсээтэххэ, өбүгэлэрбит курдук, тимир тааһы уһаарыыга олох эрдэттэн уһаарар сиргин булан оҥостоҕун. Тыаттан куруҥ, чэгиэн маһыбулан, тиэнэн аҕалаҕын.Тимир тааһын уматыыны билигин үксүн тимир буочукаҕа уматабыт. Тимир буочука түгэҕин эрбээн, быһан ылан быраҕаҕын. Буочуканы туруору тутан уурабыт уонна ортотугар мас угулларыгар сөптөөх гына аан хайаҕаһын оҥоробут. Маһы сааһылаан уурталаан баран уматабыт. Буочука үрдүгэр тимир эрэһиэҥкэни уурабыт. Үрдүгэр уһаарар тааһы кутабыт. Итиини кээмэйдиир приборунан (пирометр) кутаа уотун итиитин маныыбыт. Өбүгэлэрбит уот итиитин куоттарбат курдук маныыллар этэ. Биһиги эмиэ уоппут итиитин приборунан көрөн, кээмэйдээн иһэбит. Уоппут суоһун 1200о С диэри тириэрдэбит. Таас кытарыар дылы итийэр, сойбутун кэннэ кытархай өҥнөнөр. Умайбыт тимир тааһа бытарыйымтыа буолар. Мас хорууда иһигэр тааһы тойон бараҕын, кыра гына куһуок оҥороҕун.
Көмөрү былыргылыы дьаама хаһан эбэтэр тимир буочукаҕа уматабыт. Онтон уота умайан уҕараабытын кэннэ ыга хаппахтаан бүөлүүбүт. Сойбутун кэннэ тимир сиэккэҕэ кутан, ыраастаан ылабыт.
Уһаарар оһоҕу урукку курдук туой бадараанынан сыбаан оҥорбокко, билигин умайбыт, уоту тулуйар (огнеупорнай) кирпииччэнэн тутабыт. Манна өбүгэлэр оһоҕу тутар кээмэйдэрин тутуһан оҥоробут. Сыбаҕын маҥан өҥнөөх үрдүк хаачыстыбалаах (коалиновай) туойунан мэһийэн сыбыыбыт. Бу туой итии суоһун улахан кыраадыска диэри тулуйар.
Сорҕону эмиэ өбүгэлэрбит курдук оҥоробут. Сорҕо уһун ньолбуһах (конуснай) 60 см уһуннаах төкүнүк мас буолар. Илин өттө 3,5 см, кэлин өттө 7 см диаметрдаах буолар. Маспытын кумааҕынан эбэтэр аһылык пленкатынан эрийэ тутабыт, онтон үрүҥ туойунан сыбыыбыт. Сыбах халыҥа 1,5-2 см буолуохтаах. Сараҕайбытын кэннэ маһын тууран ылабыт уонна арыый сылаас сиргэ, күн көрбөт сиригэр куурда уурабыт. Олох хаппытын кэннэ уокка уматан ылабыт, оччоҕо таас курдук лыҥкынас буолар.
Түмүктээн эттэххэ, төһө даҕаны техническэй прогресс, промышленность муҥуутуур сайдыбытын иһин, тимиргэ наадыйыы син биир баар буолар. Билиҥҥи кэмҥэ тимир уустара олоххо-дьаһахха ордук суолталаах буолаллар. Республика сорох улуустарыгар дьоҕурдаах дьон түмсэн, тимиртэн арааһы оҥорор, техниканы өрөмүөннүүр сыахтары, уһанар дьиэлэри тэринэн үлэлээн, үбү-харчыны киллэриэххэ, үлэ миэстэтин таһаарыахха сөп. Онуоха инженер, тимир уустара улахан наадалаах, туһалаах үлэһит буолуох этилэр.
Бэлиэтээhин
Химический анализ образцов сделан на атомно-эмиссионномспектрометре «Foundry master» производство Германии. В таблице приведены усредненные данные по результатам 7 съемок.
Поэлементный химический состав выплавленных образцов из руды:
Элемент | Образец
№ 1 |
Образец
№ 2 |
Образец
№ 3 |
Образец
№ 4 |
Образец
№ 5 |
Образец
№ 6 |
Образец
№ 7 |
Fe % | 98,5 | 99,1 | 97,6 | 98,0 | 97,6 | 98,6 | 98,7 |
C % | 8,895 | 0,663 | 1,57 | 1,35 | 1,60 | 0,864 | 0,828 |
Si % | 0,217 | 0,0598 | 0,477 | 0,320 | 0,509 | 0,156 | 0,185 |
Mn % | 0,0605 | 0,0193 | 0,119 | 0,0995 | 0,112 | 0,0135 | 0,0101 |
P % | 0,0980 | 0,0303 | 0,0974 | 0,0751 | 0,0694 | 0,0736 | 0,0503 |
S % | 0,0156 | 0,0032 | 0,0124 | 0,0155 | 0,0083 | 0,0230 | 0,0159 |
Cr % | 0,0030 | 0,0030 | 0,0030 | 0,0030 | 0,0030 | 0,0422 | 0,0349 |
Mo % | 0,0074 | 0,0050 | 0,0050 | 0,0050 | 0,0050 | 0,0050 | 0,0050 |
Ni % | 0,0116 | 0,0124 | 0,0125 | 0,0041 | 0,0129 | 0,0339 | 0,0266 |
Al % | 0,0494 | 0,0156 | 0,0013 | 0,0010 | 0,0017 | 0,0010 | 0,0045 |
Co % | 0,0033 | 0,0083 | 0,0046 | 0,0026 | 0,0050 | 0,0065 | 0,0056 |
Cu % | 0,0032 | 0,0034 | 0,0059 | 0,0040 | 0,0075 | 0,0728 | 0,0100 |
Nb % | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 |
Ti % | 0,0058 | 0,0025 | 0,0056 | 0,0035 | 0,0051 | 0,0020 | 0,0020 |
V % | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 |
W % | 0,0362 | 0,0100 | 0,0146 | 0,0607 | 0,0140 | 0,0100 | 0,0100 |
Pb % | 0,0500 | 0,0500 | 0,0500 | 0,0500 | 0,0500 | 0,0500 | 0,0500 |
Sn % | 0,0020 | 0,0026 | 0,0053 | 0,0020 | 0,0036 | 0,0036 | 0,0033 |
B % | 0,0010 | 0,0010 | 0,0010 | 0,0022 | 0,0010 | 0,0015 | 0,0019 |
Ca % | 0,0007 | 0,0006 | 0,0003 | 0,0003 | 0,0005 | 0,0004 | 0,0001 |
Zr % | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 | 0,0020 |
As % | 0,0050 | 0,0050 | 0,0050 | 0,0073 | 0,0050 | 0,0050 | 0,0050 |
Примечание:
Образец № 1 — вырезан из периферийной (край) части первого плавления (крица) из руды месторождения «Сата» вблизи деревни ХангаласНюрбинского района РС (Я). Т = 1640 С°.
Образец № 2 — вырезан из центральной (середина) части первого плавления (крица) из руды месторождения «Сата» вблизи деревни ХангаласНюрбинского района РС (Я). Т = 1640 С°.
Образец № 3 – первый переплав выплавленной крицы в тигельной печи.
Образец № 4 — первый переплав выплавленной крицы в тигельной печи + ковка + закалка при Т = 760 С° + отпуск при Т = 200 С° в воздухе.
Образец № 5 — второй переплав флюс из доломита и стекла.
Образец № 6 — третий переплав.
Образец № 7 — четвертый переплав.
Литэрэтиирэ
- История Якутской АССР, том 2. М., 1957, — 90 с.
- Токарев С.А. Общественный строй якутов 17-18 в. – Якутск, 1945.
- Архипов Н.Д.Древняя Якутия. Ч. I, – Якутск, 1993, 1994 г.г.
- Окладников А.П. История Якутской АССР, т.1, — М.-Л., 1955 г.
- Архипов Н.Д. Древние культуры Якутии. – Якутск, 1989.
- Маак Р.К. Вилюйский округ Якутской области. 1994 г.
- Мачахов А.П. Чапуустара. – Дьокуускай, «Кудук» изд. дьиэтэ, 1997. – 92 с.
- Мочанов Ю.А. Древнейшие этапы заселения человеком Северо-Восточной Азии. – Новосибирск: Наука,
- Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. – 2-е издание. – М.: РОССПЭН,1993. – 736 с.
- Токарев С.Л. Очерки истории якутского народа. 1940 г.
- Уткин К.Д. Черная металлургия якутов второй полвины XIX — начала XX вв. – Якутск: Кн. Изд-во. 1992. – 88 с.
- Уткин К.Д. – Нүһүлгэн. КылыадьыУус. Документ, сэһэн / Бүлүү улууһун дьаһалтата, улуустааҕы управлениета. И.Ф. Захаров аатынан хомус дьиэтэ. — Бүлүү, 2001. – 120 с.
- Уткин К.Д., Гагарина К.Е. Саха уус удьуора. – Дьокуускай: Медиа-холдинг Якутия, 2008. – 168 с.
This post was published on 11.06.2021 13:01 13:01