Өбүгэбит түҥ былыр туоска, маска, туойга тугу ордук суолталыырын суруйа сылдьыбыт буолуохтаах. Ол эрээри ити матырыйааллар үйэтэ суох буоланнар, бу күҥҥэ диэри бүтүн тиийээхтээбэтэхтэр. Былыргы дьоҥҥо суорба таастар туруору эркиннэрэ холуста курдук суолталаахтара. Онно суоруллубут / оҥ(й)уллубут / быһыллыбыт / бичиллибит ойуу-мандар, сурук-бичик өр кэм устата өйдөбүнньүк буолан, ааспыты саната, уруккуну туоһулуу турдаҕа. Салгыы «Билим» бүгүҥҥү таһаарыытыгар ааҕыҥ.
Ааптар: Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап, тыл үөрэҕин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ
Киһи аймах билигин туттар суругар-бичигэр тиийиэр диэри 4 түһүмэхтээх сайдыыны ааспыта. Былыргы дьон этэр санааларын тиэрдээри, аан бастаан ойууну (пиктографическай) туһаммыттара, онтон уруһуйдарын судургу болдьох (тамҕатыҥы) бэлиэлэргэ (идеографическай) кубулуппуттара. Үсүһүнэн, тамҕатыҥы бэлиэлэрин тыл сүһүөхтэригэр көһөрбүттэрэ. Төрдүһүнэн, сүһүөхтэри саҥа дорҕооннорунан тилэри тиэрдэр буолбуттара.
Саха сиригэр көстүбүт суругу-бичиги, ойууну-мандары айылҕаттан айдарыылаахтар (ойууттар, удаҕаттар, бас-көс дьон) эрэ суруйбут буолуохтаахтар. Сурук диэн түҥ былыр өбүгэбит Үрдүк Айыыларын, сир-дойду иччилэрин кытта алтыһыытын биир сүдү көрүҥэ этэ. Ол да иһин итинник ойуулар уонна суруктар итэҕэли кытта быһаччы ситимнээхтэр, дьон-сэргэ үҥэн-сүктэн ааһар Ытык Сирдэригэр бааллар. “Руна” диэн санскрит тылыттан силистээх-мутуктаах тиэрмин, ону нуучча тылыгар тылбаастаатахха, “секрет, тайна” диэн буолар. Урууна суруктар ис кистэлэҥнэрин тута арыйан биэрбэт айылгылаахтар, инньэ гынан былыргы суругу чинчийэр учуонайдары үгүстүк толкуйга түһэрбит, саарбахтаппыт, муннарбыт да буолуохтаахтар. Онон бу ыстатыйаҕа өбүгэбит суругун-бичигин үйэлээх кистэлэҥин бэрт сэмэйдик сэгэтэн, таабырынын таайан көрүөхпүт.
Барашков Иван Иванович “Древняя письменность якутов” ыстатыйаҕа сурукка-бичиккэ сыһыаннаах тыллар төрдүлэрин быһаарарга санаммыта олус кэрэхсэбиллээх: “В современном якутском лексиконе сохранились термины: «сурук-бичик», «оһуор-мандаар», «ойуу-бичик», «ойуу-дьэргээ», «халлаан суруксута»; «хааннаах тааска суруллуу», «эрбэҕи хаанныы», «тордуу» и т.п. «Сурук-бичик», «ойуу-бичик» (письмо-резьба), очевидно, имеют древний общетюркский корень. «Сурук» по-монгольски — «дьирук» — картина, рисунок; по-бурятски — «зурак» — картина, изображение, «зурук», «дьурук» — рисунок. Корень якутского «бичик» — «быс» (от глагольной основы режь, отрежь), отсюда «ойуу-бичик» (орнамент); «бичик» по-тюркски «битик», а по-монгольски «битьик». В якутском народном творчестве «үрүҥ, хара сурук» (белое, черное письмо или грамота) пишется Үрүҥ-Элкэнэй Тойоном урааҥхай-сахаларам, живущим за трехъярусным голубым небом. «Халлаан суруксута» (небесный писарь), «суруктаах» — с начертанием, узором, рисунком, письменами; «суруктаах хайа» — гора с писаницами и т.п. — все это свидетельствует о существовании в седую старину у предков современных якутов какой-то идеографической письменности, стертой веками, но оставившей неизгладимые следы в живом сознании народа. Эту древне-идеографическую письменность, очевидно, мы и находим на ленских скалах”[1].
Учуонай бу быһаарыытын сыныйан аахтахха, киһи туһанара олус элбэх. Ол эрээри бичик диэн тыл быс диэнтэн тахсыбытын туһунан сабаҕалааһынын кыратык чопчулуохпун баҕарабын. Бичик диэн тылбыт “бис” уонна “быс” диэн туохтуурдартан иккиэннэриттэн тэҥинэн бэриһиннэрэн үөскээбит буолуон сөп. Бу тыл төрүкү ис хоһоонугар соһону биһэн да, ойо быһан да суруйуу икки көрүҥэ түмүллүбүт диэн баардылыыбын. “Бичик” диэн түүр төрүттээх түҥ былыргы тыл буолара мантан да көстөр.
Маҥнайгы түҥ былыргы сурук суорба тааска суруллар. Бу этиигэ “суорба” диэн тыл эмиэ “суор” диэнтэн үөскээбитэ илэ көстө сылдьар. Саамай үйэлээх сурук – суоран суруйуу. Онон билигин туттар “Суруллубут – суоруллубат” диэн өс хоһооммут төрүт эрдэтээҥҥи көрүҥэ “Суоруллубут – суоруллубат” диэн буолан тахсар. Ону тыл хайдах уларыйан испитэ (эволюция) да бигэргэтэр: суор – сур(аа) / дьур(аа) – сур(ааһын) — сур(уй) – сур(ук). Көстөрүн курдук, суор диэнтэн сур диэн тыл олоҕо (этимон) үөскээн сайдан киирэн барбыт. Онон үтүмэн үйэни өтө көрөр өбүгэбит Уһун Дьурантаайы суруксут, Суор Суруксут диэннэри түбэһиэх ааттаабатах эбит. Бу барыта бэйэ бэйэтин кытта ыкса ситимнээх тыллар буолан тахсаллар.
Үөһэ сиһилэммити түмэн этэр буоллахха, сурукка-бичиккэ, ойууга-мандарга сыһыаннаах аат тылларбыт маннык туохтуурдартан үөскээбиттэр:
- Суор » сураа (дьураа) » сурааһын
Суруй » сурук
- Быс » быһыы » (бычык)
Бис » биһии » бичик
- Оҥ » оҥуу (оҥо быһыы)
Ой » ойуу (ойо быһыы)
Антонов Н.К. ойуу уонна быһыы диэн тыллар төрдүлэрин-төбөлөрүн субу курдук быһаарар: “Курыканские писаницы нанесены на скальной поверхности резной техникой, глубокими штрихами и выемками. В якутском языке от подобной техники рисования возникло слово ойуу – изображение, рисунок, орнамент, образованное от глагола ой – вырезать, сделать выем. Ныне связь слова от его основы не осознается, забыта, точно также как и слова быһыы – нрав, поведение, черта от основы быс – резать”[2].
Өбүгэбит барахсан таас хайа эркинигэр суруйан-бичийэн, үс саха төрүөҕэр, кэлэр кэнэҕэски кэнчээритигэр оччотооҕу өйүнэн (кыаҕынан / таһымынан) кэс тылын эттэҕэ, аман өһүн анаатаҕа. Дьону-сэргэни, кыылы-сүөлү судургутук үтүктэн ойуулаан (антропоморфные, зооморфные изображения), хамсаныынан кэпсиир суругунан (кинетическая речь) саныыр санаатын тиэрдэ сатаатаҕа. Ону өйдүүр туһугар биһиги оччотооҕу кэм тыынын өйдүүн-сүрэхтиин бүүс-бүтүннүү ылынан, санаабыт күүһүнэн ол кэмҥэ ыалдьыттаан, өбүгэбит “тириитин кэтэн”, кинилэр олохторун бу буола турарыныы бэйэҕин курдат аһардыахтааххын. Оччоҕо эрэ охсуһуулаах тоҕойдорго, араллааннаах сахтарга урааҥхай ууһа таабырыннаах уруһуйунан (рисунки-ребусы) тугу этэ сатаабытын син балай эмэ ыйдаҥардыахпыт этэ.
Былыргы сурукка биһиги билигин ситэ быһаара илик көстүүбүт үгүс. Тоҕо диэтэххэ, былыргы быдан дьылларга итэҕэлгэ сыһыаннаах ойуулар сыл-хонук аастаҕын аайы болдьох бэлиэҕэ кубулуйаллара, ону билигин кэлэн ааҕар олус уустук. Инньэ гынан, ойуу — тамҕа — сурук суолун сонордоһор манан аҕай дьыала буолбатах.
Өбүгэбит кыыл-сүөл ойуутун дьиҥ бэйэлэригэр балачча чугаһатан, ардыгар хайдах баарынан уруһуйдуу сатыыр эбит буоллахтарына, дьону ойуулуурга исхиэмэтиҥи тутулу бэрт хойукка диэри илдьэ кэлбиттэр. Холобур, киһини туруору биир сурааһынынан | бэлиэтииллэрэ. Үрдүк Айыыларга үҥэ-сүктэ турар киһини Υ Ψ бэлиэлэринэн (илиитин өрө ууммут киһиэхэ майгыннатан) көрдөрөллөрө. Итинэн сиэттэрдэххэ, өбүгэбит киһини үтүгүннэрэн үүт-үкчү ойуулууру хара ааныттан, түҥ былыргыттан аньыыргыыр эбит. Инньэ гынан итэҕэлтэн сэдиптээх үгэһин хойуккааҥҥа диэри тута сылдьыбыт. Итини ХХ үйэҕэ диэри ойууттар тутта сылдьыбыт эмэгэттэрэ да кэрэһилиир. Онтон атын, XVII-XVIII-XIX үйэҕэ олоро сылдьыбыт дьоммут үтүө мөссүөннэрин, кэрэ сэбэрэлэрин субу баардыы тутан олорон астына-дуоһуйа көрүөх этибит. Саха тарбаҕар талааннаах омук буоллаҕа. Ити эрэ түгэн дьону илэ бэйэлэрин уруһуйдаан үйэтитэр үгэһи хам хааччахтыы сырыттаҕа.
Саамай хотугу урууна сурук (“Петровская” надпись)
Сиинэ өрүс төрдүттэн 12 км аллара Сайыҥҥы Аартык (“Кыһыл үрэх төрдүгэр, Петровскай дэриэбинэ аттыгар”[3]) диэн сиргэ баар “саамай хотугу урууна суругу” (“самая северная руническая надпись”[4]) акадьыамык А.П. Окладников 1941 с. булбута итиэннэ былыргы түүр тылын чинчийээччи Сергей Ефимович Маловка аахтара ыытар. Ол гынан баран С.Е. Малов ити суругу аахпытын туһунан туох да сибидиэнньэ билиҥҥитэ көстө илик.
Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ кытылыгар көстүбүт уруунатыҥы суруктары Окладников А.П., Барашков И.И. түүр тыллаах биис уустара суруйан-бичийэн хаалларбыттар диэн бигэргэтэллэр: “Открытые экспедицией в 1941 году новые места наскальных изображений и писаниц в верховьях Лены ясно показывают, что какой-то неведомый лесной народ, оставивший верхнеленские письменные памятники, говорил па тюркском наречии и знал оригинальную руническую письменность древних тюрков. Среднеленские наскальные изображения и надписи помимо верхнеленской рунической письменности можно разделить на две группы. Первую группу составляют наскальные изображения, рисунки, не имеющие следов письменных знаков. Вторую группу составляют наскальные изображения, носящие следы рунообразных знаков. Первая группа ленских наскальных изображений не имеет никакой точной, последовательной связи с известными нам историческими эпохами. Очевидно, она уходит бесследно куда-то в глубину веков доисторического времени. Вторая группа, изображений содержит буквообразные или руноподобные знаки. Она имеет более или менее ясную историческую канву и связь с эпохой орхонско-енисейских письменных памятников VII-IX веков н. э.”[5]
Устуорук А.П. Окладников 1945 с. ахсынньы ыйга былыргы сурук куоппуйатын Анатолий Натович Бернштамҥа ыытар. Ону А.Н. Бернштам “Древнетюркское письмо на р. Лена” үлэтигэр “аз йинчэ эд эб” (“азские бусы-добро (в значении “имущество”) дом…”) диэн тылбаастаан аахпытын киллэрэр. Онно бу сурук б.э. IX үйэтин эргин суруллубут буолуон сөп диэн сабаҕалыыр итиэннэ Орхон-Енисей суругун бэлиэлэригэр чугаһатар.
11 киһилээх эспэдииссийэ 2019 с. балаҕан ыйын 28 күнүгэр “саамай хотугу урууна суругу” чинчийэ баран кэлбитэ. Эспэдииссийэ састаабыгар бааллара: 1) М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэттэн 9 киһи: Билим уонна саҥалыы сайдыы дэпэртээмэнин үлэһиттэрэ Малышева Н.В., Тохтобина Я.Е.; Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн уһуйааччылара Шамаева А.Е., Торотоев Г.Г.; Сурук-бичик түмэлин үлэһиттэрэ Горохов Е.Е., Филиппов Б.Ю.; үнүбэрситиэт чинчийээччилэрэ Мухин В.В. (хиимик), Иванов Н.И. (географ) уонна суоппар Неустроев В.В.; 2) ИДьМ кириминээли чинчийэр киинин эспиэртэрэ Дегтярева Т.П. (мойуор), Омельяненко Д.В. (хапытаан).
Киэҥ хабааннаах эспэдииссийэ сүрүн түмүктэрэ манныктар:
- Хапчаанныҥы хайа эркинигэр харах-көс араарарынан барыта 6 уруунатыҥы бэлиэ дьэҥкэтик көстөр. Дьиҥэр, эрдэтээҥҥи матырыйаалларга олоҕурдахха, итиннэ 9 бэлиэ баар эбит, олортон 2 бэлиэтин тыал-куус уонна сиик-силбик көстүбэт гына сотон-суурайан кэбиспит. Бу былыргы сурук тулатыгар араас ойуу-бичик элбэх, инньэ гынан бу кэс сурук үйэлээх сүдү хартыына сорҕото, ханнык эрэ чааһа буолар. Онон сурук кистэлэҥ “күлүүһүн” таайарга атын уруһуйдар эмиэ тирэх-көмө суолталаахтар.
- Сурук тарбах иминэн (“ногтевые фаланги пальцев человека”) суруллубут, бу суругу суруйбут киһи тарбаҕын муҥур сүһүөҕүн кээмэйэ — 21х14 (мм). Суруйбут киһи төһө бөдөҥүн-садаҥын быһаарар туһуттан оҥкуллааһын (моделирование) ньыматын туһанабыт. Онуоха харах уун-утары көрөр таһымын учуоттуубут, бу суругу суруйарыгар киһи илиитин хайдах быһыылаахтык уунан туруон сөбүн үтүктэн көрөбүт. Итинник эспэримиэннээн, бу суругу бичийбит киһи үрдүгэ быһа холоон 172-175 см эбит диэн түмүккэ кэлэбит.
- Сурук бэлиэлэрэ кыһыл соһонон (красная охра) бичиллибит. Сабаҕалааһын быһыытынан, соһо кырааска “бороһуогун” (туойдаах тимир булкадаһыга) суорба таас эркиниттэн кыһыйан ылан, туох эрэ убаҕаска (хаан эбэтэр үүт буолуон сөп) суурайан, кыһыл соһо кыраасканы таһаарбыттар. Кыһыл өҥү гематит уонна Fe3+ холбоһуга биэрэр. Ону уотунан салаттахха, өссө ордук кытарар итиэннэ үйэлээх буолар эбит. Былыр өбүгэбит тирии таҥаһын дьураатын-дьарҕаатын кытардарыгар кыһыл соһону эмиэ тутта сылдьыбыт буолуохтаах.
- Эспиэрдэр Дегтярева Т.П., Омельяненко Д.В. былыргы суругу хаартыскаҕа түһэрэн баран, буочары чинчийэр анал лабаратыарыйаҕа дактилоскопическай луупанан 4 төгүл улаатыннаран, сыныйан ырыппыттара.
Чинчийии түмүгэр А.Н. Бернштамҥа тиксибит куоппуйа икки алҕастааҕа чопчу быһаарылынна.
1) Р бэлиэ икки тус-туспа бэлиэттэн — Ⅾ уонна ǀ бэлиэлэртэн турара чуолкайданна. Эспиэртээһин түмүгэ бигэргэтэринэн, алларааҥҥы сурааһын ǀ үөһээҥҥи эрээт сурулла илигинэ эрдэ тардыллыбыт. Ону Ⅾ бэлиэттэн соһо кырааска аллара ньалҕарыйан түспүтэ туоһулуур. Оччотугар иккис устуруока таһымыгар хаалар ǀ (сымнаҕас С) бэлиэ А-ҕа майгынныыр бэлиэ кэнниттэн туспа бэлиэ быһыытынан ааҕыллыах кэриҥнээх. Манна эмиэ туох эрэ кистэлэҥ кичэллик харалла сытар.
2) Киһи хараҕар тамҕа ойуута ситэтэ суоҕа тута быраҕыллар, ол курдук бэлиэ уҥа ойоҕоһо уонна алларааҥҥы иэҕиитэ ойууламматах.
Сыысхаллаах матырыйаалга олоҕурбут буолан, А.Н. Бернштам ааҕыыта (аz jinčä äd äb) билигин кэлэн салҕыы чопчуланыах тустаах. Кини ити суругу ааҕарыгар бу оробуочай барыллаан ааҕыы диэн эрдэттэн сэрэтэр. Оттон Рафаилов А.М. “1) Тэгинч дьиэ Өксөкү Эб; 2) Тэгин Ча дьиэ — Өксөкү Эбэ” диэн ааҕыыта билим өттүнэн тирэҕэ суох буолан тахсар. Онон былыргы түүр тылын чинчийэр учуонайдар бу суругу хос ааҕыахтара, сөпкө анаарыахтара диэн эрэнэбин.
Тамҕаны тойоннуурга холонуу
Тамҕа, аныгы тылынан быһаардахха, дьүһүлгэни (уобараһы) арыйар Им бэлиэ (бэчээт) диэххэ сөп. Ол иһин саха аҕа уустара кимнэрин-туохтарын (ТУСтарын уонна МИНнэрин) арыйаары, тамҕаны тутталлара. Онно кинилэр былаастара, таһымнара, баайдара-дуоллара, туох уратылаахтара барыта түмүллэн көрдөрүллэр.
Бу тамҕаҕа тарбах суола хаалбытын киһи хараҕа балачча арааран көрөр. Итини чинчийэн, онно олоҕуран, ким суруйбутун (эр киһи/дьахтар), ол киһи хас саастааҕын ыйдаҥардыахпыт дии санаабыппыт. Ону баара, күн-дьыл өксүөнэ өлбүт өбүгэбит тарбаҕын суолун ситэ-хото көстүбэт гына сотон кэбиспит буолан, эспиэрдэр ити ыйытыыга чопчу хоруйу биэрбэтилэр.
Тамҕаҕа хас да араҥа номох тэҥинэн хосуһа сылдьыан сөп. Инньэ гынан тамҕа ис номоҕун тойоннуур уустук, ол да буоллар өбүгэбит бу бэлиэнэн тугу этэ сатаабытын саас-сааһынан быһаарарга холонон көрүүм.
Тамҕаҕа 4 араҥа номох үрүт-үрдүгэр дьапталлан, бэйэ-бэйэтиттэн ситимнээх биир көһөҥө өйдөбүлү үөскэтэр:
1-кы араҥа номох: Хомпоруун Хотой Тойон кыыл (тотем)[6].
2-с араҥа номох: үс кырыылаах төбөлөөх дараҕар сарыннаах сөһүргэстээн турар Эр бэрдэ.
3-с араҥа номох: ытардыы бэлэм сылдьар куоһаммыт кустуктаах оноҕостоох ох саа.
4-с араҥа номох: үөһэ диэки ыйар эркээйи, Үрдүкү Күүстэри кэрэһэлиир бэлиэ.
Бу түөрт хос түгэхтээх иһитиннэриини төрдүн түөрэн, ис иһиттэн ситимнээн аахтахха маннык буолар: Хомпоруун Хотой Тойон кыыллаах, “үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах” (уһугун-кырыытын ахсаана итиччэ) Эр Соҕотох, “кустук курдук куоһанан, ох курдук оҥостон” (үчүгэйдик бэлэмнэнэн-тэринэн диэн суолтаҕа), Үрдүкү Күүстэртэн (Айыылартан) көрдөһөн, бу Ытык сиргэ сиэр-туом толордум”.
Мантан да көстөрүнэн, саха омук Тойон ууһун Аҕа баһылыгын (Дархан, Эллэй, Саарын, Тыгын) туһунан төрүт өйдөбүлү бүүс-бүтүннүү сүгэ сылдьар тамҕа эбит. Онон бу харахха көстөр дьүһүлгэни (визуальный образ) саха омук төрдүн-төбөтүн кэпсиир ытык бэлиэ курдук ылынан, Ил бэлиэтин быһыытынан киэн тутта киэҥник туһаныахха сөп этэ.
Суруктар, тамҕалар, ойуулар аһаҕас халлаан анныгар туран, соһо кырааскалара суураллан, таастара көөрөйөн сүтэн-оһон хаалар кутталлаахтар. Бу түҥ өбүгэбит араас ньыманы туһанан, былыргы быдан дьылларга, ааспыт араллааннаах сахтарга “эппит кэс тылын” харыстыах, кэлэр көлүөнэлэргэ чөл хаалларыах тустаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтата, туһааннаах тэрилтэлэр бу кыһалҕаҕа ураты болҕомтотун хатыахтара, туох эмэ миэрэни ылыныахтара диэн бүччүм санаалаах олорон, бу ыстатыйабын түмүктүүбүн.
[1] Окладников А.П., Барашков И.И. Древняя письменность якутов. — Якутск: Государственное издательство ЯАССР, 1942. – С. 38.
[2] Антонов Н.К. Наследие предков. – Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1993. — С. 85.
[3] Антонов Н.К. Былыргы тюрк тыла. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1970. – С. 9.
[4] Бернштам А.Н. Древнетюркское письмо на р. Лена // Эпиграфика Востока (Издательство Академии Наук СССР). – 1951. — Т. IV. — №6. – С.78.
[5] Окладников А.П., Барашков И.И. Древняя письменность якутов. — Якутск: Государственное издательство ЯАССР, 1942. – С.26.
[6] Өксөкү туһунан сабаҕалааһын Рафаилов А.М. “Руническая надпись на береговой скале Средней Лены” (Проблемы востоковедения. — 2010. – 1(47). – С. 68-71) ыстатыйатыгар баар.