Ыстатыйаҕа айар үлэтэ эрдэ үөрэтиллибэтэх ааптар Иннокентий Давыдович Винокуров поэтическай нэһилиэстибэтин туһунан суруллар. Ааптардар хоһоонньут айар үлэтэ хаһааҥҥыттан саҕаламмытын анаан бэлиэтииллэр, айымньыларыгар сүрүннүүр уобарастары чинчийэллэр, сонун тиэмэлэргэ болҕомтолорун уураллар. Дойдутутуттан ыраах олорбут ааптар ордук кэнники кэмнээҕи хоһоонноругар алаас ахтылҕана сүрүн матыып буолан иһиллэрин бэлиэтииллэр. Салгыы ырытыыны бүгүҥҥү «Билим» альманахха ааҕыҥ.
Ааптардар: Попова Матрена Петровна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата; Емельянова Ньургустаана Вячеславовна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуона
Күлүүс тыллар: Иннокентий Винокуров; лиирикэ; матыып; төрөөбүт дойду; алаас; Ярославль куорат.
Саха хоһоонньуттарын ортолоругар өтөрүнэн иһиллибэтэх ааппыт ааттанар буолла. Ол – Таатта Уолбатыттан төрүттээх, 60-тан тахса сыл Ярославль куоракка олорбут, тутааччы идэлээх Иннокентий Давыдович Винокуров буолар.
Төһө да ыраах, дойдутуттан тэлэһийэ сырыттар, Арассыыйа киинигэр олохсуйдар, Иннокентий Давыдович ийэ тылынан айарын, хоһоон суруйарга холонорун тохтоппотох эбит. Дойду тардыыта күүстээҕиттэн эбитэ дуу, биитэр айар дьоҕур баарыттан эбитэ дуу, саха тылынан санаатын сайа этэн, ону кумааҕыга тиһэн балачча элбэх поэтическай хомуурунньугу таһааттарбыт.
Билиҥҥи биһиги уопсастыбабытыгар айар үлэнэн үлүһүйэр, көрбүтүн-билбитин, тус иэйиитин, санаата оонньооһунун хоһоон куорматыгар кутар ааптар аҕыйаҕа суох. Ол барыта биһиги норуоппут дууһата баайын, поэтическай көрүүтэ күүстээҕин туоһулуур. Онон, норуот духуобунаһа үрдүк кэрдиискэ турар диэн этэр кыахтаахпыт. Улуус аайы литературнай түмсүүлэр үлэлииллэр, норуот ырыаһыттара, олоҥхоһуттара дьон-сэргэ сэҥээриитин ылаллар.
Оттон дьонуттан-сэргэтиттэн тэлэһийэ сылдьар, иккис дойдута Ярославль куорат буолбут Иннокентий Винокуров сахалыы суруйуулара туох төрүөттээхтэрий? Кимиэхэ-туохха туһуламмыттарый? Кини хаһааҥҥыттан суруйар буолбутуй?
2016 с. муус устар 14 күнүгэр “Туймаада” хаһыакка тахсыбыт Иван Нелунов “58 сыл буолан баран” диэн ыстатыйатын аахтахха, маннык хартыына ойууланар: 1957 с. Үөһээ Бүлүүгэ райком бастакы сэкирэтээрэ Г.И. Чиряев салалтатынан, итиэннэ хомсомуол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Ю. Прокопьев көҕүлээһининэн суруйар дьоҕурдаах эдэр ыччат түмсүүтэ тэриллибит. Манна Сэмэн Руфов уонна Иннокентий Винокуров көрсөн, билсэн, устунан доҕордоһон киирэн барбыттар. Сэмэн Руфов кэлин ахтыбытынан, Иннокентий оччотооҕу кэмҥэ пьесалары, сценкалары суруйарга холонор кэмэ эбит. Ол аата, айымньылары суруйарга эдэр эрдэҕиттэн ылсыбыт. Соҕуруу төһө да тутуу эйгэтигэр салайар үлэҕэ сырыттар, “Советская Ярославия”, “Ярославский курьер” хаһыаттарга анал корреспонденынан үлэлээбит.
Иннокентий Винокуров айар үлэтигэр “алаас ахтылҕана” матыып курдаттыы ааһар. Ону биһиги тиэрмин быһыытынан “мотив Малой Родины” диэн ааттыыбыт. Ааптар ордук сааһыран баран суруйбут хоһоонноругар “дойду ахтылҕана” биир кэм иһиллэр. Иннокентий Давыдович хоһоонноругар суруллубут сылларын ыйбатах, ис хоһоонуттан эрэ биһиги кэнники кэмнээҕи айымньылара эбит диэн сабаҕалыыбыт.
Төрөөбүт дойду туһунан хоһоонноругар маннык уобарастар сүрүннүүллэр: Таатта үрэх, сэргэ, балаҕан, көмүлүөк, күөл, сулус, ньургуһун, маҥнайгы таптал, өбүгэ. Холобур:
Мин оҕо сааһым
Саха алааһыгар хаалбыта.
Сыгый кырынаас буолан
Сыһыы устун сүүрбүтэ.
Онно тохсунньу тымныытыгар
Чугас тыа туһаҕын кэрийэрим.
Сайын тыымпы күөл хомуһугар
Куска тиргэ иитэрим.
Онно дьэдьэн сыттаах чараҥҥа
Бастаан кыыһы уураабытым.
Алааһым үрдүк дулҕаларын
Кэрийэ сүүрэн улааппытым.
Сорох хоһоонноругар ааптар дойдутуттан хаһан да тэлэһийэ барбатаҕын, тыа киһитин сиэринэн от оттоон, мас мастаан олох олорорун курдук саныыгын. Холобур:
Күн аайы эрдэ уһуктан
Оһоххун отторгун умнума.
Чэйгин өрөн, аккын ыҥыырдаан
Уһун суол күүтэрин умнума.
Өссө умнума чугас ыалгын
Үтүө күнүнэн эҕэрдэлииргин.
Күннээҕи олоҕор, түбүгэр
Ситиһиини, дьолу баҕараргын.
Ааптар Арассыыйа айылҕатыгар даҕаны төрөөбүт дойдутугар дьүөрэлии көстүүлэри бэлиэтиир. Холобур:
Нуучча сиригэр саас эрдэ
Ньургуһун эмиэ үүнээччи,
Аллея, сквер аайы
Симиктик үөрдэһэн турааччы.
Дорообо, саха ньургуһуна!
Кэрэ дьүһүҥҥүн кэрэхсиибин,
Ыраах сахам алааһын
Санаппыккар махтанабын.
Олоҕу уобарастаан, бөлүһүөктээн анаарар айымньыларыгар ааптарга киһи олоҕо – туос тыы, сороҕор эрдиилээх, сороҕор суох, киһи олоҕо – күүгэн курдук уостар. Маны таһынан, саха тылыгар уларыйбат тыл ситимин, өс хоһооннорун балай да туттар эбит: мин оҕом саары этэрбэстээх, киһи санаата холлор, дьол хараҕа суох, үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах, киэҥ иһит салааһыннаах, түүлээх уллуҥах, саха сааппат, ыт харбат, үтэһэтэ туолбут, быһах угун кыстыммат.
Иннокентий Давыдович хоһоонноругар ойуулуур географията киэҥ: Таатта улууһун Уолба бөһүөлэгэ уонна Ярославль, Москва, Киев, Новгород, Париж куораттар. Таатта үрэх, Өлүөнэ уонна Волга өрүстэр. Оҕо саас, төрөөбүт дойду ахтылҕанын туһунан хоһооннорго Уолба хоһуйуллар эбит буоллаҕына, олохсуйбут куората Ярославль нуучча норуотун култууратын эргийэр киинэ буолан ойууланар. Онон, ааптар хоһоонноро киэҥ эйгэни, сири-уоту хабалларынан да сонуннар, сахалыы тылынан Арассыыйа, аан дойду олоҕун хоһуйарынан да кэрэхсэбиллээхтэр. Аны кэм-кэрдии кини хоһооннорун хомуурунньугар хааччаҕы эмиэ билиммэт. Холобур, ааптар былыр үйэҕэ олорон ааспыт аҕатын олоҕун бу билигин баар курдук ойуулуур:
Сайыҥҥы чуумпу киэһээ…
Ыраах тыа күлүгүрэр.
Тиит мутукчатын сыта
Саха сүрэҕин көбүтэр.
Оҕо-уруу саҥата,
Сүөгэй, алаадьы сыта,
Эйэлээх кэргэн, дьукаах ыала
Аҕам таптыыр олоҕо.
Бу быһа тардыыга биһиги иннибитигэр саха олоҕун 1930-1940-ус сыллара ойууланар. Ааптар ону ахтыы быһыытынан, урукку кэми ойуулуур курдук буолбакка, билиҥҥи кэм курдук ойуулаан, тыаҕа улааппыт саха эрэ барыта сэргиирин курдук тылынан хартыынаны ойуулуур (“деревенский пейзаж”).
Иннокентий Давыдович хоһоонноруттан кини олус сэргэҕин, судаарыстыбаҕа буолар бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй уларыйыылары, бэл реклама олус дэлэйбитин барытын кыраҕы хараҕынан бэлиэтии көрөр, сөбүлээбэт өрүттэрин кириитикэлиир, гражданскай позициялаах киһи эбит диэн сыаналыыгын.
Ааптар 1990-с сыллардаахха судаарыстыбаҕа тахсыбыт уларыйыылары, сэбиэскэй былаас сууллуутун, капитализм олоҕо кэлбитин, ону сөбүлээбэтин, умнаһыт элбээбитин, дьон олоҕо сатарыйбытын хоһоон тылын нөҥүө кириитикэлиир:
БЫЛААС үрдүк сололоохторо,
Тоҕо хамнаспыт, пенсиябыт
Европаттан саамай аччыгыйый?
Тоҕо дойду улахан аҥаара
Дьадаҥылар диэн ааттанабытый?
Кэнэҕэски үүнэр ыччаппытын
Эрдиитэ суох тыыга олортубут.
Иннокентий Давыдович Винокуров хоһооннорун ааҕан, билсэн баран маннык уопсай түмүк санааҕа кэлэҕин: алаас уола, сир түннүгэ, ыраата-тэлэһийэ да сырыттар, дойдутун дьонун олоҕун-дьаһаҕын, оннооҕор төһө кыраадыс кыһын буолбутун барытын истэ-билэ, сэргии олорбут. Кини – патриот. Ону аҥаардас кэмсинии матыыптаах хоһоонноругар кытта истэбит:
Сахалыы билэр, ааҕар эрээри
Саха кинигэлэрин, хаһыаттарын аахпатым.
Үйэ аҥаара ыраах олорон
Сахалыы саҥарбакка кырыйдым.
Эбэтэр:
Ыраахтан анааран көрдөххө
Барытыгар буруйдаах курдукпун.
Төрөөбүт алааспын, бар-дьоммун
Таҥнарбыт айыылаах быһыылаахпын.
Маннык этинэр биллэн турар, уустук. Иннокентий Давыдович дойдутун, дьонун-сэргэтин, сахатын ыраах да олорон олус таптаабытын, кини туһугар олус диэн долгуйбутун өйдүүбүт.
Ыстатыйабыт саҕаланыытыгар ыйыппыт ыйытыыбытыгар Иннокентий Давыдович хоһоонуттан эппиэти булабыт:
Төрөөбүт уйа, силис
Умнуллубат буолар эбит.
Төһө да ыраах сырыттарбын
Сүрэхпэр чугас тутабын.
Ол иһин өлбөөдүйбэт
Төрөөбүт дойдум эйгэтэ,
Өрүү санаабыттан арахпат
Саха алааһа, күөлэ, күөрэгэйэ.
This post was published on 15.04.2022 11:01 11:01