"Билим": Аат туохтууру сэттис кылааска үөрэтии

«Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар ыстатыйаҕа аат туохтууру сэттис кылааска үөрэтии сырдатыллар. Араас сыллааҕы үөрэх кинигэтэ ырытыллар, ону сэргэ биллэр-көстөр мэтэдьиистэр үлэлэриттэн билиһиннэриллэр. Саҥа тахсыбыт учуобунньукка сорох түгэҥҥэ кырамаатыкаҕа болҕомто күүскэ ууруллубута ыйыллар. 

 Ааптар: Гурьев Геннадий Игнатьевич, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата

Күлүүс тыллар: сэттис кылаас, аат туохтуур, учуобунньук, үөрэх босуобуйата, ФГОС.

2016 сыллаахха ФГОС (бэдэрээссийэ үөрэххэ судаарыстыбалыы ыстандаарда) ирдэбилинэн салайтаран 7-с кылааска аналлаах саха тылын кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. 2018 сыллаахха бу учуобунньук Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтин анал испииһэгэр киирбитэ. Онон ФГОС ирдэбилигэр толору эппиэттиир кыахтанна диэн этиэх тустаахпыт.

Учуобунньук кыттыгас ааптара буоларым быһыытынан, кинигэҕэ эбии быһаарыы биэрэр наада буолсу диэн санааҕа кэллим.

Биллиилээх мэтэдьиис Г.Г. Филиппов: “Учуутал кырамаатыка быраабылатын үөрэтии сүрүн сорук буолбатаҕын, киниэхэ олоҕуран үөрэнээччи суруйар, кэпсэтэр, саҥарар тыла баай, бэргэн, хомоҕой буоларыгар дьулуһуохтааҕын өйдүөхтээх, учуобунньук быраабылаларын, эрчиллиилэрин онно хабаатыннаран айымньылаахтык туһанарга кыһаныахтаах”,  – диир [9, с. 3].

Манан салайтаран маҥнай аат туохтуур курдук балачча ыарахан тиэмэни араас кэмҥэ хайдах быһааран кэлбиттэрин быһаарар оруннаах.

Аат туохтууру быһаарыы кэминэн араас буолар эбит. Холобур, Н.Н. Неустроев, П.С. Афанасьев, Н.В. Антонов учууталга аналлаах босуобуйаларыгар 1975 сыллаахха “туохтуур аат (урут “аат туохтуур” буолбакка, “туохтуур аат” дииллэрэ) туохтууртан үөскээбит, этиигэ кэпсиирэ буолбат” диэн санааны этэллэр [1, с. 62].

Н.Н. Неустроев, А.Г. Ядрихинская “тиэмэни өйдөтөргө туохтууру, даҕааһыны, аат тылы тэҥнии тутан быһаарыахха” дииллэр [3, с. 88].

Н.Д. Дьячковскай, о.д.а. 1985 сыллаахха 5-6 кылаастарга үөрэнэр кинигэлэригэр “Предмети хайааһынынан быһаарар эбэтэр ааттыыр туохтууртан үөскээбит падежтанар формалары аат туохтуур дэнэр” диэн арыый кылгастык быһаараллар [2, с. 84]. Ол эрээри “хайааһынынан быһаарар” диэни өйдүүргэ ыарахан.

Г.Г. Филиппов, И.П. Винокуров 1996 сыллааҕы босуобуйаларыгар “Быһаарыы уонна кэпсиирэ буолар кыахтаах кэм суолталаах туохтуур халыыбын аат туохтуур дэнэр” дииллэр [7, с. 148]. Бу эмиэ чуолкайа суох: аат туохтуур туһаан, толоруу, сиһилии буолара умнуллубут.

Г.Г. Филиппов аат туохтууру “даҕааһын уонна аат тыл суолталарыгар туттуллар туохтууртан үөскээбит падежтанар форма” диэн быһаарар [8, с. 55].

Н.Н. Неустроев, А.Г. Ядрихинская, С.С. Семёнова 7-с кылааска үөрэнэр кинигэҕэ “Этиигэ кэм суолталаах быһаарыы буолар туохтуур халыыба аат туохтуур дэнэр” дииллэр [5, с. 31].

2009 сыллаахха тахсыбыт “Саха билиҥҥи тыла. Морполуогуйа” диэн устудьуоҥҥа аналлаах үөрэх кинигэтигэр “Аат туохтуур – даҕааһын аат уонна тус туохтуур курдук ис хоһоонноох туохтуур туттулук халыыба” диэн быһаарыллар [4, с. 171].

2016 сыллаахха тахсыбыт 7-с кылааска үөрэнэр кинигэҕэ “Туохтуур быһаарыы уонна кэпсиирэ оруолугар тэҥинэн туттуллар арааһын аат туохтуур дэнэр” диэн быһаарыллар [6, с. 56].

Көрбүппүт курдук, аат туохтууру араас-араастык быһаарыы баар. Ол сөп. Холобур, Г.Г. Филиппов “Этии диэн тугун быһаарарга үөрэхтээхтэр 300-чэ араас, бэйэ-бэйэлэрин хатыласпат быһаарыылары биэрбиттэрэ” диэбитэ даҕаны бу тиэмэ уустугун туоһулуур [9, с. 19].

Төрүт аат туохтуурдар билиҥҥи түүр тылларыгар маннык ис хоһоонноох суолталаммыттарын холобурдуохха сөп: 1) дьиҥ киэҥ туттуллуулаах аат туохтуурдар; быһаарыы эрэ суолталаах аат туохтуурдар; 3) туохтуур атын арааһыгар көспүт аат туохтуурдар; 4) атын саҥа чааһа буола кубулуйбут аат туохтуурдар [4, с. 171]. Билим кэнники арыйыыта – аат туохтуур кэпсиирэ оруоллаах түһүктэниитэ [эмиэ онно]. Көстөрүн курдук, аат туохтууру үөрэтии уустугуран иһэр.

7-с кылааска аат туохтууру 5 уруокка үөрэтиллэр. Маныаха 3 чаас ситимнээх саҥа эбиллэн, уопсайа 8 чаас буолар.

18-с бараагырапка (56 сирэйгэ) үөрэнээччи аат туохтууру быһаарарыгар мунаах түгэн үөскээбит. Холобур, бэлиэтэммит аат туохтууру болҕойон көр, тылга хайдах уларыйар эбитий? Мин кэлбитим, Эн кэлбитиҥ, Кини кэлбитэ, Биһиги кэлбиппит, Эһиги кэлбиккит, Кинилэр кэлбиттэрэ. – Сирэй сыһыарыытын ылбыт [6, с. 56]. Үөрэнээччи мин кэлбитим диэн тыл ситимин сирэй солбуйар аат+туохтуур диирэ чуолкай. Нууччалыы я пришёл диэн тылбаастыаҕа уонна туохтуур (глагол) эбит диэҕэ. Маны атыннык холобурдуохха сөбө. Холобур: Мин кэлбитим – кылааска ким да суоҕа. Түмүктүүр суолталаах тэҥҥэ холбоммут этии. Ол эрээри бу тиэмэни 9-с кылааска үөрэтиллэр. Онон олус уустугурдан быһаарыы буолан тахсар.

Бу сирэйгэ (мунаах быһаарыы кэнниттэн) тиэмэни арыый судургутук быһаарар ньыманы көрөбүт. Холобур: Мин кэлбиппэр ийэм үөрбүтэ. Мин кэлбиппин эн билэҕин. Мин кэлбиппиттэн эдьиийим соһуйбута. Мин кэлбиппин дьонум астыммыттар. – Аат туохтуур кэпсиирэ түһүктэнэр. Ити – тус туохтууртан уратыта [эмиэ онно]. Ол аата салаа этии кэпсиирэтэ. Эмиэ үөһэ этиллибитин курдук, 7-с кылаас үөрэнээччитэ ити тиэмэни үөрэтэ илик.

Н.Н. Неустроевтаах аат туохтууру судургутук быһаараллар. Холобур: Коля куруук үчүгэй сыананы ылар.  Ылар илии билбэт [5, с. 31].

Бу кинигэҕэ аат туохтуур уонна туохтуур формата үкчү, ол эрээри тус-туспа ыйытыыга хоруйдуур диэн хос быһаарыылаах. Онон аат туохтууру оскуолаҕа үөрэтии соруга, Неустроевтаах этэллэринэн, 1) аат туохтуур үөскээһинин уонна араастарын өйдөтүү; 2) аат туохтуур даҕааһын аакка, аат тылга уонна туохтуурга маарынныыр өрүттэрдээҕин уонна кинилэртэн уратыларын биллэрии; 3) аат туохтууру сурукка уонна тылынан кэпсэтиигэ туттарга үөрэтии эбит [3, с. 89].

Маныаха холоотоххо, Н.Д. Дьячковскайдаах аат туохтууру этиигэ кэпсиирэттэн ураты хайа баҕарар чилиэн – быһаарыы, туһаан, толоруу эбэтэр сиһилии да буолуон сөп. Оттон кэпсиирэ аат туохтуурунан бэриллибэт диэн чопчу быһаарыылаахтар [2, с. 85]. Ол гынан баран итинник быһаарыы билим билиҥҥи көрүүтүн кытта дьүөрэлэспэт.

Саҥа кинигэҕэ үөрэнээччи аат туохтууру тус туохтууртан араарарыгар хас да эрчиллии баар. Олортон биир ыарахан соҕустара 118 №-дээх эрчиллии буолар. Сорудаҕар этиллэр: “Бэлиэтэммит тыл барыта аат туохтуур. Тус туохтуур оруолугар туттуллубуттар. Тус туохтууртан уратылара – түһүк сыһыарыытын ылынан хос хайааһын оруолугар туттуллуохтарын сөп. Этии кэпсиирэтин түһүккэ туруоран этиитэ оҥор. Суолтатын быһаар”. Мантан салгыы холобур бэриллэр: Убайым кэлбитин мин көрсүбэтэхпин. Убайым кэлбитигэр үөрбүтүм. Убайым кэлбититтэн соһуйдум [6, с. 57]. Бу эрчиллии бастакы этиитэ “Убайым куораттан кэлбитэ” буолуон сөп. Дьэ, ол кэнниттэн кэпсиирэни ити курдук туохтуу, сыһыарыы, таһаарыы түһүктэргэ туруоруллуохтааҕа буолуо. Ыйытыы үөскүүр: атын түһүктэри тоҕо умуннубут?

Эрчиллиигэ биир да тыл бэлиэтэммэтэх. Холобур: Баай дьадаҥыны аһыммат. Киһи иккитэ төрөөбөт. Таайдахха, “аһыммат, төрөөбөт” диэн тыллары үөһэ этиллибит үс түһүккэ туруоран этии оҥоруллуохтаах эбит. Сүрүн сыал – аат туохтуур тус туохтууртан түһүккэ турарынан уратылаах диэн көрдөрүү. Бу эрчиллиигэ “суолтатын быһаар” диэн сорудах баар. Ол аата үөрэнээччи хайааһын аата дуу, хайааччы аата дуу диэн быһаарыах тустаах.

Бу эмиэ биир туспа ыарахан сорудах. Оҕо эрдэттэн хайааһын, хос хайааһын, ойоҕос хайааһын, хайааччы, хайанааччы, хайатааччы диэн тыллар суолталарын эндэппэккэ билиэхтээх эбит. Мантан көстөрүнэн, аат туохтуур тус туохтууртан туох уратылааҕын олус уустук гына быһаарыллыбыт.

7-с кылаас учуобунньугун сорох учуутал “эрчиллиитэ аҕыйах” диэн кириитикэлиир. Дьиҥэр, аат туохтууру үөрэтии холобуруттан да ылан көрдөххө, оҕоҕо сөптөөх эрчиллии элбэх. Өссө ситимнээх саҥаны сайыннарыыга, тыл култууратыгар, истиилгэ тиэмэҕэ сыһыаран балачча эрчиллии киирбит. Холобур, 134, 135, 136, 138 №-дээх эрчиллиилэр.

“Аат туохтууру саҥарар саҥаҕа туттуу” диэн 20-с бараагырапка аат туохтууру эгэлгэлээн туттан, хомоҕой, бэргэн этиилэри оҥорор холобур толору бэриллибит. Холобур:

  1. Аат туохтуур быһаарыылаах өс хоһоонноро: Тэбэр сүрэхтээх, тардар тымырдаах, оонньуур хааннаах киһи. Билэр күөлүм балыга.
  2. Ааттыйбыт аат туохтуур туһаан, толоруу: Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар. Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ [6, с. 65].

Түмүк. Билимҥэ саҥаны арыйыы киирэн иһэрин быһыытынан, учуобунньукка ол эмиэ сырдатыллыахтаах. Ол сиэринэн 7-с кылааска аат туохтууру үөрэтиигэ уруккутааҕар киэҥ быһаарыы баар. Холобур, аат туохтуур этиигэ туһаан, толоруу, быһаарыы, сиһилии буоларын таһынан кэпсиирэ буолар диэн этиллибит. Эрчиллии элбэх. Ол эрээри билиҥҥи үөрэнээччигэ – төрөөбүт тылын да умнан эрэр дьадаҥы тыллаах-өстөөх оҕоҕо – кырамаатыканы (түөрүйэни) дириҥэтэн үөрэтии сөбө суох.

7-с кылаас үөрэнээччитэ аат туохтууру үөрэтиэн иннинэ 9-с кылааска үөрэтиэхтээх тиэмэтин – холбуу этии арааһын билиэхтээх буолан тахсар. Ол аата, кэлтэйдии кырамаатыкаҕа охторугар тиийэр. Үөрэнээччи аат туохтуур туһунан сүрүн өйдөбүлү иҥэриннэҕинэ, ол да сөп буолуо. Үөрэтии технологиятыгар саха тылыгар көмпүүтэр анал бырагырааматын оҥордоххо, ити уустук суолтан туоруохха сөп этэ. Маныаха анал программист наада.

Литэрэтиирэ

  1. Антонов Н.В., Неустроев Н.Н., Афанасьев П.С. Саха тылын уруоктара. 5-6 кылаастарга (Уроки по якутскому языку. 5-6 кл. Методическое пособие для учителей). – Якутск: Кн. изд-во, 1975. – 104 с.
  2. Дьячковскай Н.Д., Афанасьев П.С., Сосин Г.Д., Анисимов В.М. Саха тыла. Морфология: 5 уонна 6 кылаастарга үөрэнэр кинигэ // 5-с тахсыыта. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985. – 248 с.
  3. Неустроев Н.Н., Ядрихинская А.Г. Ситэтэ суох орто оскуолаҕа саха тылын морфологиятын үөрэтии методиката: Учууталларга көмө. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1984. – 104 с.
  4. Саха билиҥҥи тыла. Морполуогуйа : устудьуоҥҥа аналлаах үөрэх кинигэтэ / б.н.д., бэрэпиэссэр Н. К. Антонов [уо.д.а.] ; кылаабынай эрэдээктэр б.н.д., бэрэпиэссэр Г. Г. Филиппов. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 288 с.
  5. Саха тыла : Морфология : 7 кылааска үөрэнэр кинигэ // Н.Н.Неустроев, А.Г.Ядрихинская, С.С.Семёнова. – 1999 сыллааҕы учебник тираһыгар эбэн таһаарыы. – Дьокуускай :Бичик, 2009. – 112 с.
  6. Саха тыла : уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх кинигэтэ : 7 кылаас // [ааптардар: Г.Г. Филиппов, Г.И. Гурьев, Л.Е. Манчурина, А.Д. Семёнова]. – Дьокуускай: Бичик, 2016. – 176 с.
  7. Филиппов Г.Г., Винокуров И.П. Саха тыла. Тыл баайа. Саҥа дорҕооно. Тыл тутула // Бастакы тахсыыта. – Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1996. – 192 с.
  8. Филиппов Г.Г. Тыл – омук тыына // Сборник статей по методике преподавания якутского языка. – Якутск: Изд-во Якутского госун-та, 1997. – 88 с.
  9. Черосов М.А., Филиппов Г.Г., Тимофеев С.И. Саха тылын 7-8 кылаастарга үөрэтии // Метод. ыйыылар. Ред. Г.Г. Филиппов. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1979 с. – 104 с.

This post was published on 03.06.2022 11:01 11:01