«Билим» альманахха бүгүн бэчээттэнэр ыстыйаҕа тыйаатыр ускуустубатын ньымаларын литэрэтиирэ уруогар, кылааһы таһынан тыйаатыр куруһуогар туһаныы ньымалара сырдатылыннылар. Хоһоонноохтук ааҕыы уонна тыйаатыр ускуустубатын ньымаларын алтыһыннарыыга К.С.Станиславскай үөрэҕэр тирэҕирии оҥоһулунна.
Ааптардар:
Поликарпова Евдокия Михайловна
бэдэгиэгикэ билимин дуоктара, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бэрэпиэссэрэ
Слепцова Анастасия Алексеевна
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн М-ТМФ-20 бөлөх маҕыстыраана
Күлүүс тыллар: уус-уран литэрэтиирэ; ааҕар дьоҕур; тыйаатыр ускуустубата; хоһоонноохтук ааҕыы; ускуустуба ньымалара; өйгө оҥорон көрүү; тылынан дьайыы.
Литэрэтиирэ уруогун сүрүн соруга – киһи, кинини олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах, ыраас, сырдык, көҥүл өйдөөх-санаалаах буолуутугар күнтэн-күн сылайбакка, салгыбакка туруулаһыы.
Оскуолаҕа тыл уйулҕатыгар, ис номоҕор киллэрэргэ дьулуһуу кыайтарбат. Тыл тыына (уйулҕата) болҕомтоҕо ылыллыбат буолан, оҕо тыл, уус-уран айымньы ис киэлитигэр кыайан киирбэт, үрдүнэн туох эрэ туһунан биллэрэр, кэпсиир тиэкис эрэ быһыытынан көрөр. Туох, ким туһунан кэпсэнэрин, ол хайдах түмүктэнэрин эбэтэр быһаарылларын эрэ болҕомтоҕо ылыы уус-уран тиэкиhи өлөрөр, оҕо тус бэйэтин ис санаатын, уйулҕатын таарыйбат, ол иһин киниэхэ ураты санааны, иэйиини уһугуннарбат. Туох туһунан кэпсэнэрин эрэ өйгө тутуу сотору кэминэн умнуллар, симэлийэр.
Дьиҥэр, хас биирдии суруйааччыны, уус-уран айымньыны кытта көрсүһүү – ураты долгутуулаах, олох эргииригэр сүтэн-симэлийэн хаалбат, өрүү, киһи тыыннааҕын тухары илгэлээх тыынынан сайар, өй-санаа угар, ураты, хатыламмат түгэн быһыытынан көрүллүөхтээх, онно дьулуһуллуохтаах.
Бу тирэх санаа ааҕыы уйулҕатын чинчийбит нуучча уһулуччулаах психологтара Н.А. Рубакин, Л.С. Выготскай түөрүйэлэригэр олоҕурар. Айымньыны ааҕыыга киһи иэйиитэ уһугуннаҕына эрэ, ааҕааччы уус-уран тиэкис ис киилигэр, этэр санаатыгар, түгэх сыалыгар киирэр кыахтаах [2], [3].
В.Ф. Асмус уус-уран айымньыны ааҕыыны сүҥкэн өй үлэтинэн, айар, айымньылаах үлэнэн ааттыыр. Онтон үгүстэр өйдөбүллэринэн, уус-уран айымньыны ааҕыы киһи иллэҥ кэмин дьарыга, сынньанарга, бириэмэни ыытарга тоҕоостоох, үтүөкэн дьарык. Биллэн турар, оннук. Ол эрээри иллэҥ кэми табатык туһаныыттан саҕалаан, биллэр бөлүһүөк В.Ф. Асмус бэлиэтиирин курдук, өй өркөнө тиллэр, иэйии истиҥэ, дириҥэ уһуктар, улуу суруйааччылары кытта тыыннаахтыы алтыһар тугунан да солбуллубат – өй-сүрэх мөккүөрүн өрүкүтэр, уйулҕа чэбдигириитигэр тиэрдэр үтүө түгэннэр үөскүүллэр. Ааҕааччы эрэ барыта ити таһымҥа тиийбэт, суруйааччы эрэ барыта итинник таһымнаах тылынан айыыны төрөппөт. Дьиҥ тыл ускуустубата олоҕу, дьону, быһыыны-майгыны киһи (ааҕааччы) тыыннаахтыы, айымньы иһигэр киирэн, ааптары кытта тэҥинэн иэйэн-куойан, өйүн-санаатын сынньан ылынар кыаҕын үөскэтэр» [1, с. 16]. Айымньы уонна оҕо икки ардыгар кэрэ, күлүм түгэн үөскүөхтээх. Оччоҕуна эрэ ааҕааччы умсугуйар, айымньы идиэйэтин, сыалын-соругун сөптөөхтүк тобулар кыахтанар.
Бу уустук өй-сүрэх үлэтин уһугуннарар ааҕыыны тэрийиигэ тыйаатыр ускуустубата улахан суолталааҕын үгүс чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Тыйаатыр киһи айымньылаах айар дьоҕурун бары көрүҥнэрин-тылынан дьайыыны, хамсаныыны, муусуканы, өҥү-дьүһүнү- түмэр, онон оҕону эргиччи сайыннарыыга улахан суолталаах.
Тыйаатыр ускуустубатын ньымаларын туһаныыга бэдэгиэктэр К.С. Станиславскай үөрэҕэр тирэҕирэллэр [4]. Кини суруйарынан, артыыс (ааҕааччы) өйүн-санаатын ойууланар быһыыга-майгыга, эйгэҕэ киллэрэргэ «аптаах арай…» тыл ситимэ улахан суолталаах. «Аптаах арай…» айымньылаахтык толкуйдуурга көҕүлүүр суруйааччы сэһэргиир, сиһилиир хартыыналарын эттээн-сииннээн, дьүһүннээн, сыттаан-сымардаан биэрэр. Ааҕааччыны «Мин ону билэбин, көрбүтүм, ааптар санаата миэнин курдук сөптөөх (эбэтэр биир эмэ дьоруой санаата миэхэ чугас)», – диэн санааҕа тиэрдэр.
Оруолу толорооччу биир киһини оонньуур эбит буоллаҕына, уус-уран ааҕааччы айымньыга баар араас быһылааннарга, быһыыга-майгыга барытыгар өйүнэн-санаатынан киирэрэ, онон олороро эрэйиллэр. Испэктээкилгэ, киинэҕэ биирдиилээн оруолу толорооччулар тылынан дьайыыны сэргэ хамсаныынан, сирэйи-хараҕы туттунуунан көрөөччүгэ тиэрдэллэр. Оттон ааҕааччы аҥардас тыл күүһүн таба биэриинэн истээччилэргэ дьайар. Онон кини айымньыны бүтүннүүтүн өйгө киинэ, хартыына курдук көрөргө дьулуһуохтаах. Манна К.С. Станиславскай киһи өйүн, иэйиитин уһугуннарарга аналлаах «аптаах арай…» ньыматын туһаныы көдьүүстээх.
Маҥнай оҕо өйүн быһаччы уус-уран айымньыга баайбакка, айылҕаттан бэриллибит ураты өйгө ойуулаан көрөр дьоҕурун уһугуннарар сорук турар. Дьиҥ бэйэлэрин олохторун эйгэтигэр дьүөрэ олох сытыы түгэннэрин булaн, оҕолор хайдах көрөллөрүн судургу кэпсэттэрииттэн аҕалыахха сөп. Салгыы ол кэпсээни кэҥэтэн биэрэллэрин ситиһэр сыаллаах түһүмэхтэн түһүмэххэ «арай…» диэн араас көстүүлэргэ сыһыаран ырыттарар, быһаартарар наада. Оҕо (ааҕааччы) маннык быһыы-майгы дьиҥ олоххо буоларын итэҕэйэн, толкуйдуурун ситиһэр түгэннэри таба тайаныы улахан суолталаах.
Киһи айылгытын ис көстүүлэригэр олоҕуран, кини айымньылаахтык толкуйдуур, айар кыаҕын арыйыыга туһуламмыт нуучча уһулуччулаах театральнай уһуйааччыта Константин Сергеевич Станиславскай үөрэҕин чинчийэн, кини ньымаларын литэрэтиирэ уруогар уонна кылааһы таһынан дьарыкка киллэрэн туһаныы көдьүүһүн холобурдарга олоҕуран сырдатарга холоннубут.
Тыйаатыр ускуустубатын ньымаларын маҥнай оонньуу кэриҥнээхтик, сыыйа оҕолор дьарыктанан, тиһик иһигэр киирэн бардахтарына, анал үлэ быһыытынан дьоһуннаах эрчиллии таһымыгар тиэрдиэххэ сөп. К.С. Станиславскай үөрэҕин сүрүнэ айымньыны киһи уус-ураннык ылынар уонна тылынан истээччилэргэ дьайар кыаҕын арыйыы, сайыннарыы буолар.
Манна, бастатан туран, улаатан эрэр оҕо өйгө оҥорон көрөр кыаҕын таба туһаныы эрэйиллэр. Уус-уран тыл ис номоҕун ырыта үөрэнэллэригэр аналлаах эрчиллиилэр тиһиктэрин туһаныллар. Холобура, «мин ааттыыр тылларбын (оонньуу, суол, киэһэ, үҥкүү, о.д.а.) болҕойон истиҥ, кинилэр эһиэхэ туох санааны, көстүүнү үөскэтэллэрин, быһыыны-майгыны санаталларын кэпсээҥ», – диэн сорудаҕы биэрэн, оҕолору тугу көрөллөрүн, туох тыл, санаа өйдөрүгэр охсулларын, туох тыаһы-ууһу истэллэрин, салгыы ханнык уобарастар тиллэллэрин кэпсэттэрэн, бүтүн дириҥ ис хоһоонноох хартыынаны, киинэ кэриҥнээх көрүүнү оҥотторуохха сөп. Биллэн турар, үлэ бэрт кыра эрчиллиилэртэн сайдан барар.
Уобарас туругун аҥардас хамсаныынан көрдөрүүгэ сорудах көдьүүстээх. Холобура, «Арай, өртөн атыылаһыаххын баҕарбыт кинигэҕин ийэҥ атыылаһан остуолга ууран кэбиспит… ылаҕын аахпытынан киирэн бараҕын, ону оонньоон көрдөр».
Иккиһинэн, тыл ис номоҕун, ис суолтатын быһаарыыга үлэ. Тыл ис номоҕо саҥарыы интэнээссийэтиттэн улахан тутулуктааҕа биллэр. Манна биирдиилээн этиилэри ойуччу тутан ылан, араас ис санааны уган саҥарыыны истэн ким, хайдах өйдөөбүтүн ырытыһыы. Холобура, «Ким этэн иһитиннэриэй?». Үс төгүл хатылаан, араас тылларга ордук суолта биэрэн саҥарыыга, этии ис хоһоонун кэтээн көрүү – саҥарааччы араас ис номоҕу биэрэр дэгэттэрин ырыттарыы.
Үсүһүнэн, хамсаныы тылын уонна саҥарыы ис номоҕун дьүөрэлииргэ эрчиллиилэр. Манна К.С. Станиславскай «артист на сцене должен прожить кусочек жизни, нужный людям», – диэн бэлиэтээһинигэр олоҕуран, оруолу толорооччу уобарас ис дьиҥэр киирэргэ дьулуурун көрөөччүлэргэ тиэрдии үлэни ырытар эрчиллиилэр киирэллэр [4, с. 89]. Холобура, аҥардас биир тыллаах этиини араас интэнээссийэҕэ хамсаныынан дьүөрэлээн көрдөрүүгэ үлэ. «Сатаммат» диэн тылы бобуу, соруйуу, сөҕүү, көрдөһүү иэйиилэрин туругар киллэрэн саҥарыы, хамсаныынан ситэрии.
Төрдүһүнэн, уус-уран айымньы, уус-уран уобарас ис суолун, тиһигин ырытан, тус суолун быһаарыыга оҕолору кытта биирдиилээн үлэ. Манна, биллэн турар, хас биирдии оҕону кытта тус үлэлэһии ыытыллар.
Бэсиһинэн, үлэни, айымньыны көрүүнү түмүү – биир «түгэх сыаллаах» оонньуу тиһигэр киллэрии. Бу түһүмэххэ эрэ испэктээкили туруоруу, тиһиктээһин, биир сыалга тиэрдии үлэтэ саҕаланар.
Ити курдук, айымньы ханнык баҕарар түгэнигэр тирэҕирэн, оҕолор өйдөрүн үлэлэтэр айымньылаахтык, дьиҥ олоххо баардыы өйгө оҥорон көрөллөрүн ситиһэр кыах баар. Учуутал үөрэтэр оҕолорун тус уратыларын, олохторун ис өрүттэрин билэрэ-көрөрө, онно тирэҕирэрэ, кэпсэтиини ыытара бары өттүнэн көдьүүстээх. Маннык үлэ, бастакытынан, үөрэнээччилэри иитэр, үтүө сиэргэ-майгыга тардар, иккиһинэн, кинилэр өйдөрүн үлэлэтэр, толкуйдуурга, сыаналыырга, түмүктэри оҥорорго күһэйэр, үсүһүнэн, дьиҥ өйтөн-сүрэхтэн тахсар санааны сааһылаан, истээччигэ итэҕэтэрдии, уустаан-ураннаан кэпсиир дьоҕуру сайыннарар, төрдүһүнэн, айар үлэ бары көрүҥэр олук уурар, ханнык эмит үтүө дьайыыны оҥорорго көҕүлүүр, ааҕааччы быһыытынан иитиллиилэригэр тирэх буолар.
Литэрэтиирэ
- Асмус В.Ф. Вопросы теории и истории эстетики. Сб.ст. – М.: Искусство, 1968. – 654 с.
- Выготский Л.С. Воображение и творчество в детском возрасте: Психологический очерк: Книга для учителя.. 3-е изд. – М.:Просвещение, 1991. – 90 с.
- Рубакин Н.А. Психология читателя и книги. –М.;-Л.:Госиздат,1929. – 294 с.
- Станиславский К.С. Работа актера над собой. – М.: Искусство, 1985. – 479 с.
This post was published on 18.02.2022 11:01 11:01