22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Билим": Биир уустаах чилиэҥҥэ соппутуойу туруоруу мунаах түгэнэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүҥҥү «Билим» альманахха бэчээттэнэр ыстатыйаҕа биир уустаах чилиэҥҥэ соппутуойу туруоруу уустук түгэнэ ыйыллар. Сахалыы сурукка-бичиккэ бу хайысхаҕа, төһө да ыйыы-кэрдии киирдэр, билиҥҥэ диэри мунаарар түгэн элбэҕэ холобурданар. Оскуола үөрэнээччилэрэ, бэчээт эйгэтин үлэһиттэрэ соппутуойу туруорууга эрэйи көрсөллөрө итэҕэтиилээхтик сырдатыллар. Нууччалыыттан сүһэн ылбакка, сурук бэлиэтин кэмчилээн туттарга туһуланар.

Ааптар: Гурьев Геннадий Игнатьевич, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана

Күлүүс тыллар: Биир уустаах чилиэн, соппутуой, тылдьыт, кылааска, быһаарыы, холобур.

Сурук-бичик омук култууратын сорҕото буолар. Ол быһыытынан этэр санааны чуолкайдыырга, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр суолталаах. Бэрэпиэссэр И.П. Винокуров ыйарынан, “оҕо алын кылаастан ыла сурук бэлиэтинэн салайтаран суруллубут тиэкиһи сөпкө өйдүүр, истээччигэ өйдөнөр гына хоһоонноохтук ааҕар, салгыы сурук бэлиэтин быраабылаларын билэр уонна сөпкө туһанар буоллаҕына, саныыр санаатын, иэйэр иэйээнин сурукка биэрэр дьоҕурданар” [1, с. 7].

Биллэр-көстөр мэтэдьиис Г.Г. Филиппов 1979 сыллаахха: “Сурук бэлиэлэрэ, син графика уонна орфография кэриэтэ, суруйар уонна ааҕар дьон икки ардыларыгар бодоруһуу средствотын быһыытынан айыллаллар. Сурук бэлиэтин туттуу, сурук ханнык баҕарар атын элеменнэрин курдук, экономнай буолуохтаах. Текст ис хоһоонун өйдөбүлүгэр наадалаах эрэ сурук бэлиэлэрэ ирдэнэр”, – диэн бэлиэтээбитэ [8, с. 91]. Ол аата, сурук бэлиэтин кэмчилээн туттуохха, тиэкис үчүгэйдик өйдөнөр буоллаҕына, соппутуойу туруоруо да суохха сөп диэн санааны эппитэ.

Оскуолаҕа сурук бэлиэтин (соппутуойу) сөпкө туруоруу ордук үһүс кылааска “Этии биир уустаах чилиэннэрэ” диэн тиэмэҕэ көстөр [6, с. 35]. Бу тиэмэни бэһис уонна ахсыс кылааска арыый дириҥэтэн үөрэтиллэр. Холобур, бэһис кылааска үөрэнээччи биир уустаах чилиэни этииттэн, тиэкистэн ыйытыы холоотоххо, ахсыс кылааска үөрэнэр кинигэҕэ “Барамайы араас өттүттэн быһаарар тыл биир уустаах быһаарыы буолбат, онон соппутуой турбат” диэн, үөрэнээччи болҕомтото хатанарын курдук бэлиэтэммит. Холобурга араас кэмнээҕи босуобуйаларга, тылдьыттарга киирэ сылдьар этии бэриллэр: “Хара бараан молойбут сирэйигэр туох да биллибэтэ”. Хара бараан – сирэй өҥө, молойбут – сирэй быһыыта диэн быһаарыллар [5, с. 85]. Чиҥэтэр сыаллаах 136-с эрчиллиигэ быһаарыыны араарарга соппутуой тоҕо турбатын ыйыҥ диэн сорудах бэриллэр. Холобур: Бу үтүө ылааҥы күн ыраас сөрүүн салгыны түөс муҥунан эҕирийэ тыынан, киэҥ суол устун сэргэстэһэ хаамтар хааман, ыраах-ыраах бара турбут киһи ньии! [эмиэ онно]. Хомойуох иһин, оҕо саамай мунаарар тиэмэтигэр бу биир эрэ эрчиллии бэриллибит.

Оскуолаҕа биир уустаах чилиэни алын кылаастан тиһиктээхтик үөрэтэр буолан, оҕолор сурук бэлиэтигэр, сүнньүнэн, ыарырҕаппаттар. Арай ахсыс кылааска тиийэн, “бу биир уустаах быһаарыы буолар дуу, суох дуу?” диэн ыйытыыга улаханнык мунаараллар. Ону Г.Г. Филиппов, И.П. Винокуров кырамаатыкалыы ыйынньыктарыгар бэлиэтииллэр: “Этии ханнык баҕарар чилиэнэ биир уустаах буолар уонна үксүгэр судургутук биллэр. Арай быһаарыы мунаах. Биир уустаах быһаарыы предмети биир өттүттэн сырдатар, сурукка запятойунан араарыллар, биир ууһа суох бвһаарыы араас өттүттэн сырдатар буолан, сурукка запятойунан быыһаспат. Маша истиҥ, сылаас, кэрэ тыллары этиэн баҕарбыта. Хаҥас диэки үс атахтаах кыра төгүрүк остуол турара” [2, с. 26].

Урут Г.У. Эргис, П.П. Барашков 7 – 8-с кылаастарга үөрэнэр кинигэлэригэр төрдүс пуунунан “Предмети хас да өттүттэн араастаан быһаарбыт буоллахтарына, оннук быһаарыылары бэйэ-бэйэлэриттэн запятойунан араарыллыбат” диэн ыйбыттара. Холобурга Киһим уһун көнө буор суол устун хаама турда диэн этиини көрдөрбүттэрэ [11, с. 74].

2021 сыллаахха бэчээттэммит 10 – 11 кылаастарга үөрэнэр кинигэҕэ “Этии биир уустаах чилиэннэригэр сурук бэлиэтэ” диэн тиэмэҕэ тоҕо эрэ ити мунаах түгэҥҥэ болҕомто ууруллубатах. Арай хос быһаарыыга “иэйиини күүһүрдэргэ туттуллар, хатыланар тыллар этии биир уустаах чилиэнэ буолбаттар: Суол аһаҕас, аһаҕас” диэн быһаарыллар [4, с. 116].

1975, 2015 сыллардааҕы таба суруйуу тылдьыттарыгар “сырдатар тыллардаах тэнийбит быһаарыылар бэйэ-бэйэлэриттэн соппутуойунан арахсаллар (биир ууһа да суох буоллахтарына)” диэн суруллар [9, с. 181], [3, с. 468]. Итинэн бу кыһалҕа толору быһаарыллыбыт курдук балаһыанньа үөскүүр.

Ол эрээри сахалыы хаһыаттар, кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ чуолаан биир уустаах эбэтэр биир ууһа суох быһаарыыларга соппутуойу туруорууга мунаахсыйаллара үгүс. Манна “барамайы араас өттүттэн быһаарар тыл биир уустаах быһаарыы буолбат, онон соппутуой турбат” диэн быһаарыы ордук мунаардар буолуон сөп. Ону быраабылаҕа чопчу ыйар наада. Холобур, биридимиэт быһыыта-таһаата уонна матырыйаала; өҥө уонна быһыыта-таһаата; кээмэйэ уонна матырыйаала; хаачыстыбата уонна хайа сиргэ баара.

Биллиилээх лиҥкибиис Д.Э. Розенталь “Справочник по русскому языку. Пунктуация” диэн үлэтигэр биир уустаах уонна биир ууһа суох быһаарыыларыгар киһи мунаарара эмиэ элбэх. Биир уустаах быһаарыылары 10 пууҥҥа араарбыт. Онто саха тылын учуобунньугар, тылдьыкка сороҕо сөп түбэһэр. Д.Э. Розенталь 3-с пуунун ылан көрүөххэ: «если, характеризуя предмет с разных сторон, в условиях контекста объединяются каким-либо общим признаком (внешним видом, сходством производимого ими впечатления, отнесением к отдаленному общему понятию, причинно-следственной связью и т.д.): В небе таяло одно маленькое, золотистое облачко – внешний вид; Вода струится по камешкам и прячет нитчатые, изумрудно-зелёные водоросли – общее внешнее впечатление; С бледным, покривившимся лицом он вдруг вскочил и схватил себя за голову – общее понятие» [10, с. 23].

Сороҕор нууччалыытыгар майгыннатан этиини, быраабыланы оҥорор үгэс баар. Холобур, ити этиилэри тылбаастаатахха: Халлааҥҥа кыра, көмүс курдук күлүмүрдээбит биир былыт өһөн эрэрэ – тас көстүү. Уу таастарынан тэйиэккэлиир уонна сап курдук субуруйбут, сырдык күөх салахайдары саһыарар – тас көстүү сүрүн өйдөбүлэ. Кубархай, сөрүөччү барбыт сирэйдээх ойон тураат, төбөтүн хаптан ылбыта – уопсай өйдөбүл.

Бу аҕыйах холобуртан көрдөххө, тоҕо соппутуой турбутун “тас көстүү”, “тас көстүү сүрүн өйдөбүлэ”, “уопсай өйдөбүл” диэн быһаараллар. Ол эрээри тылбаас табыллыбатах буоллаҕына, мунаах түгэн улаатара чуолкай.

Г.Г. Филиппов саха тылыгар нууччалыыттан көһөрөн ылан туттуу сурук бэлиэтин олус уустугурдар диэн эппиттээх: “Судургутук эттэххэ, нуучча тылыгар маннык түбэлтэҕэ араарыллар, биһиги да араарыаҕыҥ диэн тахсан кэлэр” [8, с. 93].

Халыыбынан биир уустаах чилиэн курдук эрээри, биир уустаах чилиэн буолбатах түгэннэрэ баар буолар. Холобур: Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Уйбаныап Уйбаан Уйбаанабыс мунньахха тыл эттэ. Бу түгэҥҥэ улууһун кэнниттэн соппутуой туруордахха, Уйбаныап улуус да, нэһилиэк да бочуоттаах олохтооҕо буолан тахсар. Соппутуой турбатаҕына, аҥаардас нэһилиэк эрэ бочуоттааҕа буолара көстөр.

Онон тиэкис ис хоһооно судургутук өйдөнөр буоллаҕына, сурук бэлиэтин туруорумуохха сөп.

 Литэрэтиирэ

  1. Винокуров И.П., Винокурова Н. И. Саха тылын пунктуацията: Үөрэнэр пособие. – Дьокуускай: СГУ издательствота, 2005. – 70 с.
  2. Г.Г. Филиппов, И.П. Винокуров. Саха тыла. Синтаксис / Иккис тахсыыта. – Дьокуускай: РНА ССНК изд-вота, 2007. – 72 с.
  3. Сахалыы таба суруйуу тылдьыта: [эрэдээксийэлиир хамыыһыйа: А. Г. Нелунов уо.д.а.] – Дьокуускай : Бичик, 2015. – 480 с.
  4. Саха тыла : 10-11 кылаас : уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэнэр кинигэ / Г. Г. Филиппов, Г. И. Гурьев, А. К. Прокопьева, Ф. Н. Болдовская. – Дьокуускай : Айар, 2021. – 184 с. – (“Саха оскуолата” систиэмэ).
  5. Саха тыла : уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх кинигэтэ : 8 кылаас / И.П. Винокуров, Г.Г. Филиппов, Г.И. Гурьев, Н.А. Ефремова, М.Е. Исакова. – Дьокуускай : Бичик, 2016. – 184 с. – (“Саха оскуолата” систиэмэ)
  6. Саха тыла : үлэлиир бырагыраама : 1-4 кылаас / Л. В. Захарова. – Дьокуускай : Бичик, 2017. – 48 с. (Саха оскуолата).
  7. Саха тыла : үлэлиир бырагыраама : 5-9 кылаас / Г. Г. Филиппов, Г. И. Гурьев. – Дьокуускай : Бичик, 2016. – 40 с. (Саха оскуолата).
  8. Саха тылын 7-8 кылаастарга үөрэтии: Метод. Ыйыылар. Ред. Г. Г. Филиппов – Якутскай: Кинигэ издательствота, 1979 с. – 104 с.
  9. Саха тылын орфографическай тылдьыта. Көннөрөн, эбэн хос таһаарыы. Л. Н. Харитонов, Н. Е. Петров редакцияларынан. – Якутск. Кн. изд-во, 1975. – 192 с.
  10. Справочник по русскому языку. Пунктуация / Д. Э. Розенталь. – М.: Издательский дом “ОНИКС 21 век” : Мир и Образование, 2003. – 257, [15] с.
  11. Эргис Г.У., Барашков П.П. Саха тылын грамматиката. Синтаксис. VII-VIII кылаастарга үөрэнэр кинигэ. 7-с тахсыыта. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1966 с. – 136 с.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА