Билии күнүгэр маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго күннүктэри туттарыахтара

Хаартыска: СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ

Маҥнайгы кылааска киирэр кырачаан оҕолорго саҥа үөрэх дьыла – улахан эрэл, саҥа арыйыылар, кыахтар аһыллар кэмнэрэ чугаһаата. Бу бэлиэ күнтэн билии ураты дойдутугар умсулҕаннаах айаннара саҕаланар. Билиигэ хардыылыылларыгар кинилэргэ СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр анаан оҥорбут ураты күннүгэ көмөлөһүөҕэ диэн «Саха сирэ» саайт суруйар.

Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ номнуо иккис сылын үөрэххэ ситиһиини хонтуруоллуурун таһынан, үөрэтэр уонна култуураҕа сыһыарар аналлаах сахалыы, нууччалыы икки тыллаах күннүгү таһаарар.

«Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ икки судаарыстыбаннай тылынан тахсар күннүгэ төрөөбүт тылы хараанныыр, сайыннарар эрэ аналлаах буолбатах, оҕолорго биһиги эрэгийиэммит элбэх тыллаах култууратыгар ытыктабылы иҥэрэн иитэр суолталаах. Күннүк оҕолор күннээҕи олоххо икки тылы тутталларыгар үөрэтиэҕэ. Ону таһынан, бу курдук таһаарыылар оҕолор уонна төрөппүттэр бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэринэн киэн туттан, араас култууралары ытыктыы үөрэнэллэригэр сирдиэҕэ. Бу икки тыллаах күннүк бастакы кылааска киирэр оҕолорбутугар билии киэҥ аартыгар аргыс буоларыгар эрэллээхпит. Күннүк хас биирдии илииһэ улахан ситиһиигэ кыра хардыынан буоллун!» – диэн миниистир Нюргуна Соколова эппит.

Күннүктэри Билии күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр – 2024 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр туттарар былааннаахтар. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии маҥнайгы кылааһыгар киирэр үөрэнээччитэ тутуоҕа диэн туһааннаах министиэристибэ саайтыгар суруйаллар.

This post was published on 19.08.2024 11:02 11:02