Биир оҕолоох дьахталлар биэнсийэҕэ эрдэ тахсалларын туруорсаллар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Билигин  «О страховых пенсиях» сокуон быһыытынан, Саха сиригэр олорор, 1 оҕолоох дьахтар төһө да ыстаастаах буоллун, 55 сааһыгар биэнсийэҕэ тахсар. Оттон иккиттэн элбэх оҕолоох дьахталлар 50 саастарыгар тахсаллар, суруйда Саха сирэ саайт.
Тохсунньуга «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа дьокутааттара Сергей Миронов уонна Федот Тумусов Госдуумаҕа саҥа сокуон барылын киллэрдилэр. Бу сокуон барылын чэрчитинэн, Уһук Хоту эрэгийиэнигэр олорор, 1 оҕолоох дьахтар ыстааһа тиийэр буоллаҕына, биэнсийэҕэ 50 сааһыгар тахсыахтаах.
Билигин  «О страховых пенсиях» сокуон быһыытынан, Саха сиригэр олорор, 1 оҕолоох дьахтар төһө да ыстаастаах буоллун, 55 сааһыгар биэнсийэҕэ тахсар. Оттон иккиттэн элбэх оҕолоох дьахталлар 50 саастарыгар тахсаллар.
«1 оҕолоох, уопсай страховой ыстааһа 20 сылтан итэҕэһэ суох, ону тэҥэ, Уһук Хоту үлэлээбит 12 сыл ыстаастаах, эбэтэр, Уһук Хоту оройуонугар тэҥнэһэр эрэгийиэннэргэ үлэлээбит 17 сыл ыстаастаах дьахтар 50 сааһыгар биэнсийэҕэ тахсар бырааптаныахтаах.
Бу «О страховых пенсиях» сокуон хотугу эрэгийиэннэргэ билиҥҥи социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаны ситэри учуоттаабат. Тыйыс усулуобуйалаах Уһук Хоту уонна онно тэҥнэһэр эрэгийиэннэргэ олорон үлэлээһин доруобуйаҕа охсуулаах. Бу маннык ыарахан усулуобуйаҕа олорон, дьахтар кимнээҕэр элбэхтик үлэлиир уонна оҕону иитэр, аһатар-таҥыннарар.
Онон бу чэпчэтии ийэлэргэ барыларыгар тэҥ буолуохтаах. Дьахтар хас оҕону төрөппүтүнэн буолбакка, хотугу экэниэмикэ сайдыытыгар төһө кылаатын киллэрбитинэн сыаналаныахтаах», — диэн баартыйа салайааччыта Сергей Миронов тоһоҕолоон бэлиэтээтэ диэн «РИА-Новости» суруйар.

This post was published on 03.02.2026 17:35 17:35