«Биир ньыгыл Россия» баартыйа көхтөөх дьоно Дьокуускайдааҕы «Свеча памяти» аахсыйаҕа кытынна

Фото: пресс-служба партии "Единая Россия"

82 сыл анараа өттүгэр фашистскай Германия Сэбиэскэй Сойууска сэриинэн саба түһүүтүн Өйдөбүл уонна Кутурҕан күнүнэн бэлиэтиибит. Түөрт сыл иһигэр дойду мөлүйүөнүнэн киһини фроҥҥа уонна тыылга сүтэрбитэ.

Дьокуускайга Өйдөбүнньүк уонна Кутурҕан күнүн тэрээһинэ сибэкки ууруутуттан саҕаланна, өлбүттэр кэриэстэригэр чуумпуруу мүнүүтэтэ биллэрилиннэ.

Волонтердар өйдөбүнньүк чүмэтитин түҥэттилэр.

— Өйдөбүнньүк уонна Кутурҕан күнэ — биһиги дойдубут историятын саамай хомолтолоох күнэ. 1418 хонук салҕанан барбыт Аҕа дойду улуу сэриитигэр, официальнай дааннайынан, 27 мөл киһини сүтэрбиппит. Бу алдьархайдаах сыыппараны толкуйдаан көрүҥ! Биһиги ол сыллар кэмнэрин хаһан да умнуо суохтаахпыт. Билигин историяны атыннык суруйа сатыыллар, биһиги норуоппут хорсун быһыыта намтатыллар. Биһиги онно сөбүлэспэппит! Өйдүүбүт уонна курутуйабыт — бу биһиги сорукпут! — диэтэ Руслан Платонов.

This post was published on 23.06.2023 09:33 09:33