Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 6 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Дьокуускай куоракка икки уоруу түбэлтэтэ тахсыбыта бэлиэтэннэ уонна эт-хаан өттүнэн ыарахан эчэйиини ылыы туһунан иһитиннэрии киирдэ.
Бу туһунан СӨ Борокуратуурта иһитиннэрэр.
Киин куоракка уонна Нерюнгрига түөкүннээһин чахчытынан икки холуобунай дьыала тэрилиннэ. Мэдиссиинэ үлэһититтэн түөкүттэр 700 тыһыынча харчытын уордулар. Итини сэргэ Дьокуускай куоракка сүүйүүлээх оонньуулары сокуоннайа суох тэрийиини тохтоттулар.
Суукка иһигэр икки техногеннай баһаары умуруордулар, эчэйбит, өлбүт киһи суох.
Алдан оройуонугар 1989 с.т. эр киһи «Ниссан Серена» мааркалаах массыынанан айаннаан иһэн, уруулун сатаан туппакка, тиэхиньикэ суолтан төкүнүйдэ. Суол быһылаанын түмүгэр суоппар уонна олорсон иһээччи 2004 с.т. киһи эт-хаан ыарахан эчэйиитин ыланнар суорума суолланнылар.
Сайаана Львова, Саха сирэ
This post was published on 16.08.2023 17:01 17:01