Барыллаан түмүгүнэн Саха сиригэр 26 выпускник биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда. Бу туһунан үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжный ааспыт үөрэх сылын түмүктүүр мунньахха иһитиннэрдэ.
«Аҕыс үөрэнээччи 100 баалы нуучча тылыгар, литератураҕа — 13, химияҕа – 2, физикаҕа – 1, биологияҕа – 1, историяҕа – 1 ылла. Биологияҕа устуоруйаҕа бастакытын 100 баалга Нерюнгри 1№-дээх гимназиятын үөрэнээччитэ Ангелина Шавейко суруйда. Итини таһынан Ангелина химияҕа эмиэ 100 баалы ылары ситистэ», — диир Михаил Присяжный.
Эксээмэни 100 баалга өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей, Дьокуускай оскуолаларын, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Нерюнгри, Сунтаар, Чурапчы, СУНЦ үөрэнээччилэрэ суруйтар.
Быйыл барыта оскуоланы 8284 оҕо бүтэрбититтэн БКЭ 5950 оҕо туттарбыт.
This post was published on 06.07.2021 18:09 18:09