Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн (БКЭ) кыттыылаахтара 2022 сылга түмүктэрин «Госуслуги» портал туһанан билиэхтэрин сөп, суруйар «Интерфакс» «Рособрнадзор» пресс-сулууспатыгар сигэнэн.
Түмүгү билэргэ «Госуслуги» порталга киирэн, «Документы» түһүмэҕи арыйан, «Образование» диэн бэлиэни булаҕын. Түмүк онно баар буолар. Түмүк портал мобильнай версиятыгар уонна «Рособрнадзор» сайтыгар эмиэ киллэриллэр.
«Госуслугаҕа регионнар БКЭ түмүктэрэ барыта түмүллэр. Билигин онно эрдэлээн туттарыы түһүмэҕин дааннайдара угуллар», — диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата чуолкайдаан биэрдэ.
БКЭ сүрүн түһүмэҕэ быйыл ыам ыйын 26 — от ыйын 2 күннэригэр ыытыллар, ол иннинэ кулун тутар 21 — муус устар 15 күннэригэр эрдэлээн туттарааччылар, салгыы балаҕан ыйын 5 — 20 күннэригэр эбии түһүмэх былааннанар.
This post was published on 18.04.2022 17:01 17:01