Биир кэлим эксээмэн алын баала быһаарылынна

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Билим уонна үрдүк үөрэх министиэристибэтэ 2025-2026 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсарга ирдэнэр биир кэлим эксээмэн алын баалын быһаарда, суруйар Саха сирэ саайт.

Бирикээскэ олоҕурдахха, биирдии баал эбиллибит математика уонна история биридимиэттэриттэн ураты биридимиэттэргэ алын баал 2024-2025 үөрэх дьылынааҕы таһымынан хаалла.

Аттестат ыларга ирдэнэр биир кэлим эксээмэн баала:

Математика (базовай) — 3 баал (5 бааллаах шкаланан)

Математика (профильнай) — 27 баал (100 бааллаах шкаланан)

Нуучча тыла — 24 баал (100 бааллаах шкаланан).

Оскуоланы туйгун сыананан бүтэрээччилэр булгуччулаах биридимиэттэргэ арыый үрдүк баалы ылаллара ирдэнэр:

Математика (базовай) — 5 баал (5 бааллаах шкаланан)

Математика (профильнай) — 70 баал (100 бааллаах шкаланан)

Нуучча тыла — 70 баал (100 бааллаах шкаланан).

Үрдүк үөрэххэ туттарсарга талар биридимиэттэргэ ирдэнэр алын бааллар:

Литэрэтиирэ — 32 баал

История — 32 баал

География — 37 баал

Обществознание — 42 баал

Физика – 36 баал

Информатика — 40 баал

Химия — 36 баал

Биология — 36 баал

Омук тыллара – 22 баал.

Бэлиэтээн эттэххэ, үөрэх тэрилтэлэрэ алын баалы бэйэлэрэ быһаарар бырааптаахтар, бу ыйыллыбыт бааллартан уратылаах буолуон сөп. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин телеграмыгар суруйаллар.

This post was published on 20.03.2025 14:13 14:13