Ааспыт нэдиэлэҕэ биир кэлим эксээмэн (БКЭ) хайдах ыытылларын илэ харахпынан көрөр, эт кулгаахпынан истэр чиэскэ тигистим. Төрөппүт буоларым быһыытынан, саас эрдэ эксээмэн хаамыытын кэтээн көрөр дьон наадалар диэбиттэригэр, соччо-бачча үөрбэтэрбин да, сөбүлэспитим.
Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү
Биһиги саҕана оскуоланы бүтэрбиттэр эксээмэни учууталлар иннилэригэр уун-утары олорон, түөрт уонча билиэттэн биири талан ылан туттарарбыт. Онон биир судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация (ГИА) туһунан истэн, ааҕан эрэ билэрим итиэннэ ааранан оннооҕор мин салла саныырым. Оскуоланы ити систиэмэ киириэн иннинэ бүтэрбиппэр, дьылҕабар махтанарым.
Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) уонна сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) буолуо хас да күн иннинэ уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэри ыҥыран үөрэттилэр. Туох эбээһинэстээхпитин, бырааптаахпытын, туох бобулларын кэпсээтилэр. “9-с кылаас үөрэнээччилэрин төрөппүттэрэ — биир кэлим эксээмэни, 11-с кылаас үөрэнээччилэрин төрөппүттэрэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни кэтээн көрөҕүт», — диэтилэр. Биһиги оҕолорбут эксээмэннэрин атын пууҥҥа (оскуолаларга) туттараллар, онон төрөппүттэр бэйэбит оскуолабытыгар кэтээн көрөөччүнэн хаалар буоллубут. Ирдэбил оннук үһү. Дастабырыанньабытын туттардылар. Аҕыйах хонон баран биир кэлим эксээмэни кэтээн көрөр төрөппүттэри туспа ыҥыран эмиэ үөрэттилэр. Эбиитин “памятка” туттартаан ыыттылар.
Үс хос хонтуруол
Маҥнайгы “эксээмэним” буолан, этэргэ дылы, долгуйан түүн сүгүн утуйбатым. Сарсыарда 8 ч 30 мүн хойутааһына суох оскуолаҕа тиийдим. Харабылы, турникеты туох даҕаны уустуга суох ааһан, маҥнайгы этээскэ анал хоско тиийэн соммун, суумкабын хааллардым. Салгыы “ППЭ” диэн ыйыллыбыт хайысханы батыһан, эксээмэн барыахтаах сиригэр тиийдим. Тимири көрдүүр тэрил аттыгар барбах икки киһи турар. Пааспарбын, дастабырыанньабын, хара өҥнөөх гелевай уруучукабын, сурунуом диэн ылбыт ыраас А-4 кумааҕыбын остуолга уурдум, испииһэккэ илии баттаатым. Итиэннэ тимири бэрэбиэркэлиир тэрилинэн (металлоискатель) нөҥүө иһирдьэ ааһан истэхпинэ, тэриллэрэ чыыбыргыы түстэ. Хас биирдии тыаһыыр тимэхпин, баттах туттарарбын, атаҕым таҥаһын барытын көрдүлэр. Итиччэ элбэх тимирдээхпиттэн бэйэм да соһуйдум. А-4 кумааҕым төһө да ырааһын үрдүнэн, биэрбэтилэр. “Көҥүллэммэт” диэн быһа-бааччы биир тылынан хоруйдаатылар. Көҥүллэммэтин төһө да биллэрбин бэрэбиэркэлээн көрөр сыалтан аһара сатаатым да, кыаллыбата. Бэркэ үлэлииллэр эбит диэн испэр хайгыы санаатым. Салгыы ыйыы-кэрдии ылыахтаах хоспутугар аастым. Эксээмэни ыытааччылар номнуо эксээмэн барар аудиторияларынан тарҕаспыттар. Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэри биир-биир ыҥырталаан эмиэ илии баттаттылар, сыһыарыллыбыт кылааспытын ыйдылар, кэтээн көрүүбүтүн сурунар анал нүөмэрдэрдээх акт кумааҕыларын туттардылар, бейджикпитин биэрдилэр.
Эксээмэн буолар пууна
Хонтуруол саҕаланна. Сонун киһи диэх курдук, баҕар, тугу эмэ “бултуйаайабын” (кэһиини булаайабын) диэн баар хостор ааннарын барытын көрөбүн. Эксээмэн ыытыллыбат кылаастара, этээстэр икки ардыларынааҕы ааннар бары бэчээттээхтэр. Мин эппиэттээх аудиториябар Дьокуускай куорат 5-с, 26-с №-дээх оскуолаларын, Саха гимназиятын 15 үөрэнээччитэ эксээмэн туттарыахтаах эбит. Икки эксээмэни тэрийээччи олорор, номнуо барытын бэлэмнээбиттэр. Дорооболоһоот, аны хос иһин кэрийэн көрөбүн. Барыта ирдэбил быһыытынан толоруллубут. Миэстэбин булан олоробун. Чаас аҥаара курдугунан оҕолор кэлитэлээн бардылар. Испииһэги уонна оҕолор пааспардарыгар суруллубут ааттарын тэҥнии-тэҥнии, (бэл ааттара хайдах сурулларыгар тиийэ) ханна олоруохтаахтарын ыйдылар. Бэйэлэрин кытта бытыылкаҕа уу, курдары көстөр салаппаан бакыакка тоһутуллубут сакалаат, пааспар, хара гелевай уруучука, математикаҕа эксээмэн буолан илиниэйкэ итиэннэ ирдэнэр буоллаҕына эмп эрэ илдьэ киирэллэрэ көҥүллэнэр. Учууталлар, оҕолор хас биирдии хамсаныыларын барытын кэтии олоробун.
Оҕолор үгүстэрэ остуолга бүк түһэн сыталлар. Биир уол букатын өндөйөн да көрбөт. 15 мүнүүтэ курдук буолан баран, тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ ол уол туруга хайдаҕын туоһулаһар. Онуоха уол: “Все нормально, просто лежу”, — диэн хоруйдуур.
Эксээмэни тэрийэр иккис учуутал кылаастан тахсан барар. Чочумча буолаат, бакыат тутуурдаах киирэр. Хаҕа ханан даҕаны алдьамматаҕын, тырыттыбатаҕын видеокамераҕа, оҕолорго, уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүгэ көрдөрөр.
Саҕаланна!
Салгыы эксээмэни ыытааччы 10-ча мүнүүтэ устата биир кэлим эксээмэн (БКЭ) туһунан билиһиннэрэр. Туох көҥүллэнэрин, көҥүллэммэтин иһитиннэрэр. 10 чаас буолаатын кытта бакыаты арыйар, лоп курдук 15 устуука баарын ааҕар, оҕолорго индивидуальнай кэмпилиэкт эксээмэн матырыйаалларын туттартыыр. Оҕолор кэмпилиэкт ханан даҕаны алдьамматаҕын бэрэбиэркэлииллэр, арыйаллар. Иһигэр регистарция бланката, хоруй бланката, КИМ (суоттуур матырыйааллара) бааллар. Суруга барыта чуолкайдык көстөрүн бэрэбиэркэлииллэр. Эксээмэни ыытааччыны кытта дуоскаттан көрөн тэҥинэн, ааттарыттан саҕалаан регионнарыгар тиийэ барытын бииргэ толороллор. Дуоскаҕа эксээмэн хас чааска саҕаламмытын уонна хас чааска бүтэрин суруйаллар. Оҕолорго ситиһиини баҕараллар. Эксээмэн саҕаланнаҕа ити. Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү үрдүк аатын сүкпүт киһи быһыытынан барыларын хардары-таары көрөттүүбүн, эксээмэни ыытааччылар (учууталлар) даҕаны ордубаттар. Балачча бириэмэ ааста ини диэбитим, баара-суоҕа 13 эрэ мүнүүтэ одуулаабыппын. Кэтэстэххэ бириэмэ барара бытааныан! Отут мүнүүтэ ааһар. Олоппоско олорортон хал буолан барабын. Ол эрээри, туран хаамарым көҥүллэммэт, кылаастан таҕыстым даҕаны иккистээн киирэрим бобуулаах. Хайыамый?! Олорорбор эрэ тиийэбин. Айаҕалыы сатаан өйбөр күннээҕи үлэбин былаанныыбын. Ол икки ардыгар инники паартаҕа олорор уол илиитин уунар. Чаһыыны көрбүтүм 40-ча мүнүүтэ эрэ толорбут. Эксээмэни ыытааччы киниэхэ тиийэр. Илии баттыыра, хас кумааҕы баарын ааҕаллара, үлэтин кэмбиэргэ уктарара, илии баттатара көстөр. Бүтүн 3 чаас суоттуохтаах үлэтин 40-ча мүнүүтэнэн толорон элэгэлдьитэ охсон кэбистэ. Сыыһа эрэ, сөп эрэ — билбит суох. Кини бараатын кытта, тахсан киирэр сиргэ субуруһуу, бүтэрээччилэр үксүүллэр. Ону кытта чуҥкуйа олорбут киһи “тиллэ” түһэбин. Санаабар, бары бүтэллэрин кэтэһиэх курдук этим да, үс оҕо уһуннук-киэҥник суоттууһулар быһыылаах, 12 ч 23 мүн ааһыыта бириэмэбин сурунан баран аудиторияттан тахсан барабын. Кумааҕыбын туттарабын. Биир кэлим эксээмэни (БКЭ) ыытыыга биир даҕаны кэһиини, сыыһаны-халтыны бэлиэтии көрбөтүм. “Бултуйбатах”, эбиитин олоппоско уһуннук олорон хайаны суулларбыт саҕа сылайан, үлэм диэки хаамабын.
Түмүк
Ити курдук биир кэлим эксээмэн (БКЭ) хаамыытын кэтээн көрөн баран, киһи долгуйара суох эбит диэн түмүк оҥоһуннум. Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүнэн сөбүлэспэтэҕим эбитэ буоллар, арааһа, “БКЭ оннук кутталлаах”, “БКЭ маннык кутталлаах”, “оҕону сордууллар” диэн үһүйээни истэн итэҕэйэ сылдьыам эбитэ буолуо. Илэ харахпынан көрөн баран, төрөппүт быһыытынан икки түмүккэ кэллим. Бастакытынан, оҕо эксээмэн туттарыа икки-үс сыл инниттэн күүскэ бэлэмнэниэн наада эбит. Иккиһинэн, эксээмэҥҥэ суотабай төлөпүөнү, шпаргалканы букатын илдьэ киирбэтэ ордук эбит. Тоҕо диэтэххэ, видеокамера нөҥүө аудитория нөҥүө баар дьон хас биирдии хамсаныыларын барытын кэтии олороллор. Эксээмэн туттарааччыларга ситиһиилэри!