9-с, 11-с кылааска үөрэнэр кэм төһөнөн чугаһыыр да, соччонон оҕолор, төрөппүттэр эксээмэнтэн куттанарбыт үксүүр. Сорохтор «эксээмэннээх этибит дуу» диэн, дьэ, өй ылан бэлэмнэммитэ буолаллар. Оттон атыттар хайдах эрэ уустуга суох 100 баалга туттаран ааһаллар. Ол кистэлэҥэ туохханый? Хайдах гынан эксээмэҥҥэ үрдүк баалы ылыахха сөбүй? Бүгүн бу ыйытыыларга хоруй буларга соруннубут, диэн edersaas.ru иhитиннэрэр.
Кинигэлэри хаһаан
Абитуралыыр кэммитигэр преподавателлэр ыытар консультацияларыгар дьарыктанар этибит. Онно биир кандидат оҕонньор бэйэтин кинигэтин атыылыырыгар: “Кинигэни кургутун ыга тардынан да туран атыылаһар буолуҥ. Кинигэ хаһан даҕаны хаалбат”, — диэбиттээх. Оччолорго, «кинигэтин батара сатаан туттар албаһа ини» диэтэрбин даҕаны, атыыласпытым. Онтум, үөрэхпин бүтэриэхпэр, букатын тырыттан хаалыар диэри туһалаабыта.
Эмиэ ол кэриэтэ, эксээмэн буолуо икки хас сыл инниттэн саҕалаан, кургун ыга да тардынан туран, туһалаах диэбит кинигэлэргин атыылаһа сылдьыбытыҥ ордук. Билигин хайа баҕарар маҕаһыыҥҥа хастыы даҕаны барыйааннардаах, бэлэм хоруйдаах садаанньалардаах кинигэ арааһа баар. Математика уонна нуучча тыла булгуччулаах эксээмэннэр. Ол эрээри, атын икки талар биридимиэппит улахан суолтата суох диэн толкуйдуур сыыһа. Барытыгар суолта биэрэн бэлэмнэнэр ордук.
Эбии дьарыктан
Бастатан туран, бириэмэҕин сөпкө аттара, былаанныы үөрэн. Ол инниттэн кыра блокнот оҕотун атыылас. Хас киэһээ аайы сарсыҥҥы былааҥҥын нүөмэрдии-нүөмэрдии суруйталаа. Туолбуттаргын сотон ис. Бу кэлин үгэскэ кубулуйдаҕына, үлэһит да буоллаххына туһалыаҕа.
Иккиһинэн, оскуолаҕа уруок баара-суоҕа 45 мүн эрэ устата барар. Бу кылгас бириэмэ устата учуутал тиэмэ сүрүнүн эрэ быһаарар. Төһө даҕаны тиэмэни биэс сыанаҕа өйдөөтүм дии санаабытыҥ иһин, дьиэҕэр тиийэн сынньана түһэн баран, тэтэрээккин ылан хат көр. Уруокка өйдөөбүккүттэн төһөтө хаалбытый?
Үсүһүнэн, учуутал кэпсээбитинээҕэр өссө элбэҕи билэргэ дьулус. Уруогу таһынан күҥҥэ 1,5-2 чаас дьарыктан. Бибилэтиэкэттэн кинигэтэ уларсан эбии аах. Интэриниэт баар буоллаҕына өссө үчүгэй. Муҥура биллибэт ситимтэн элбэҕи туһаныахха сөп.
Төрдүһүнэн, биир күн хастыы даҕаны биридимиэккэ тэҥинэн бэлэмнэнимэ. Итинник ньыма туһатынааҕар алдьатыыта улахан буолуон сөп. Холобур, бэнидиэнньиккэ математикаҕа бэлэмнэн, барбыт тиэмэлэргин хатылаа. Оптуорунньукка нуучча тылын үөрэт. Ити курдук, күннэринэн аттар.
Аны хас биирдии биридимиэт бэйэтэ туспа бэлэмнэнэр кистэлэҥнэрдээх, уратылаах. Холобур, математикаҕа бэлэмнэнэргэр тиэһи түөрт бөлөххө араарыахха сөп: базовай чааһа, алгебра, геометрия уонна С садаанньаттан уустук сорудахтар. Хас биирдии бөлөҕү барытын толорорго дьулус. Оттон нуучча тылыгар БКЭ (ЕГЭ) тиэстэрин нэдиэлэҕэ биирдэ А, Б чаастарын толор. Икки нэдиэлэҕэ биирдэ өйтөн суруй. Өскөтүн эксээмэҥҥин үрдүк баалга туттарыаххын баҕарар буоллаххына, уустук садаанньалары толорорго дьулус. Орфограмманы, сурук бэлиэтин, морфологияны хатылаа. Экспердэр бэлиэтииллэринэн, олус элбэх оҕо итиннэ сыыһар эбит.
Бэсиһинэн, дьарыктанар бириэмэҕэр аралдьытар биридимиэттэри (төлөпүөнү, араас сурунааллары) харах дала ылбат сиригэр тэйиччи уур. Остуолга үөрэххэ сыһыаннаах тээбириннэр эрэ баар буолуохтаахтар.
Сынньалаҥҥын сөпкө аттар
Биир сүрүн оруолу дьарык кэмигэр сынньалаҥ ылар эбит. Маныаха исписэлиистэр дьарыктана олорон сылайбыт, болҕомтоҥ ыһыллыбыт курдук буоллаҕына, сынньана түс диэн сүбэлииллэр. Ол эрээри, биири өйдөө. Сынньанар диэн көмпүүтэргэ оонньуур дуу, сурунаал, тэлэбиисэр көрөр дуу буолбатах. Көннөрү уонча мүнүүтэ хараххын симэн ороҥҥо сыта түс эбэтэр туран кыралаан хамсаныылары оҥор дииллэр. Сынньалаҥ сүүрбэччэ мүнүүтэҕэ тиийэ уһуон сөп. Күннэтэ икки чаас дьарыктанар буоллаххына, баскыһыанньаҕа сынньанар ордук эбит.
Шпаргалка наада дуо?
Сорохтор эрдэттэн бэлэмнэммэккэ гынан баран, туохха эмэ шпаргалка сурунан эксээмэҥҥэ илдьэ киирбит киһи диэн толкуйдаахтар. Ол эрээри, шпаргалканы суруммут үгүс оҕо билиммитин ырытан көрдөххө, туһалыырынааҕар аралдьытара элбэх эбит. Тоҕо диэтэххэ, оҕо эксээмэн сорудаҕын толорор оннугар, шпаргалканы хайдах эрэ гынан туһаммыт киһи диэн толкуйдуур эбит. Шпаргалка оннугар, хас биирдии биридимиэккэ блокнотта оҥоһун. Туох баар түөрүйэтин, формулатын барытын кылгастык онно тис. Саамай сүрүнэ – ханнык идэҕэ үөрэнэ киириэххин баҕараргын эрдэттэн быһаарын. Эксээмэҥҥэ ханнык биридимиэттэри таларыҥ онтон тутулуктаах. Итиэннэ күн аайы кыра-кыралаан бириэмэ булан бэйэҥ эбии дьарыктан.
Эксперт санаата
Екатерина Широких В.П.Ларионов аатынан Дьокуускайдааҕы физико-техническэй лицей химияҕа учуутала, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үтүөлээх учуутала, “РФ бастыҥ учуутала” Грант хаһаайката, УСЭ (ОГЭ) Саха сиринээҕи эксээмэн хамыыһыйатын чилиэнэ, химияҕа БКЭ (ЕГЭ) конфликтнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, химияҕа ОГЭ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
— Бастатан туран, түөрүйэни чаҕылхайдык билиэхтээхтэр. Сорох түгэннэргэ химияны букатын өйгө үөрэтиэххэ наада. Ол эрээри, күдээринэ буолбакка, толкуйдуу-толкуйдуу үөрэтэр ирдэнэр. Ахсыс кылааска тиэрминнэри өйгө үөрэтэллэрин ирдиибин. Оччоҕо оҕо кэлин аттаран, толкуйдаан таһаарыан сөп. Химия уустук биридимиэт. Онон тиэмэлэрин өйдүүллэрин туһугар бэйэм олус элбэхтик быһаарабын уонна оҕолортон күүскэ ирдиибин. Түмүк: теорияны биэс тарбах курдук билии.
Иккиһинэн, интэриниэккэ www.fipi.ru сайтка элбэх сорудах баар. 9 кылааска эксээмэҥҥэ сорудах онтон эрэ бэриллэр. Хас биирдии боппуруоска сөпкө эппиэттээтэҕинэ, суоттаатаҕына ол аата оҕо бэлэм. Оттон 11 кылаастарга сорудаҕа атын. Билигин эксээмэн 3 ч 30 мүн диэри уһаата. Ону кытта садаанньата уустугуран биэрдэ. Быйыл букатын даҕаны бэлэм хоруйдар суохтар, оҕо бэйэтэ аттаран толкуйдаан таһаарыахтаах. Түмүк: www.fipi.ru сайтка оҕо бэйэтэ дьарыктанар.
Үсүһүнэн, “Сдам ОГЭ”, “Сдам ЕГЭ” курдук интэриниэккэ араас сайтар бааллар. Манна сорудаҕы толордуҥ да, хас сыананы ылбыккын уонна туохха сыыспыккын көрдөрөр. Биһиги СтатГрад сайтынан билиилэрин таһымын, динамикатын быһаарар үлэлэри ыытабыт. Эксээмэҥҥэ курдук 3 ч 30 мүн устата олорон толороллор. Бэрэбиэркэлиибин, көмпүүтэргэ киллэрэбин, оччоҕо оҕо хас бырыһыан толорбутун түмүгүн көрдөрөр. Итинник үлэни сылга үстэ-түөртэ ыытабыт. Биллэн турар, уустук садаанньалар бэриллэллэр, хайа эрэ түгэҥҥэ, БКЭ (ЕГЭ) даҕаны сорудахтарыттан уустук буолар. Түмүк: оҕо билиитин таһымын, динамикатын кэтээн көрүү.
Төрдүһүнэн, мин маҥнай лицейгэ кэлэн баран (ол иннинэ нуучча тыллаах оскуолаҕа үлэлээбитим), саха оҕолоро тылбаастыылларын бэлиэтии көрбүтүм. Учуутал быһаарбытын сахалыы өйдүүллэр, онтуларын нууччалыы тылбаастыыллар, сахалыы “буһаран”, толкуйдаан баран нууччалыы суруйаллар. Ол уустук. Билиилэрэ суох, бытааннар эҥин диэн буолбатах, бириэмэлэрэ тылбаастыылларыгар барар. Ол иһин, мин билигин 3 ч 30 мүн бириэмэ оннугар 2 чаас иһигэр толороллорун ирдиибин. Бириэмэлэрэ кылгас буоллаҕына, өйдөрүн-санааларын барытын түмэн түргэнник үлэлии үөрэнэллэр. Сорохтор букатын 30 мүн иһигэр толороллор. Оччоҕо бэрэбиэркэлэнэргэ бириэмэ хаалар. Түмүк: кылгас бириэмэ иһигэр үлэлииргэ үөрэтии.
Бэсиһинэн, таһыччы билиилээх оҕолор атын үөрэнээччилэргэ быһаараллар. Тоҕо диэтэххэ, оҕо оҕону кэбэҕэстик өйдүүр. Итиэннэ быһаарар оҕо өссө үгүһү толкуйдаан таһааран иҥэринэрэ элбэх буолар. Түмүк: атыттарга көмөлөһөллөр уонна бэйэлэрин билиилэрин чочуйаллар.
Алтыһынан, БКЭ (ЕГЭ) эрдэттэн бэлэмнэнии ирдэнэр. Сорохтор ханнык эксээмэни талалларын 11-с кылааска тиийэн эрэ баран быһаарыналлар. Ити түгэҥҥэ, оҕо хайдах даҕаны үрдүк баалы ылар кыаҕа суох. Өскөтүн кылааска эбии куурус суох буоллаҕына, репетиторданар ордук. Мин үөрэнээччилэрбэр, сороҕор, репетиторданыҥ диэн сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, куруук үөрэтэр буолан, баҕар, тугу эрэ өйдөөн көрбөккө сылдьарым буолуо. Туора киһи ону тута бэлиэтии көрүөн сөп. Түмүк: БКЭ эрдэттэн бэлэмнэнии.