Биир кэлим босуобуйа Саха сиригэр муҥутуур кээмэйэ 26,3 тыһ солк тэҥ

2023 сылга 17-гэр диэри саастаах оҕолоох ыаллар уонна хат дьахталлар биир кэлим босуобуйа ылаллар. Ахсынньы 28 күнүттэн сайабылыанньаны тутуу саҕаланна.

Саха сиринээҕи үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо тиийинэн олоруутун суумата 2023 сылга 22 109 солк, Арктика улуустарыгар — 26 395 солк.

Босуобуйа хас да өйөбүл миэрэтин холбуур — эрдэ учуокка турбут хат дьахталлар төлөбүрдэрин, 3 саастарыгар диэри бастакы, иккис, үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөһүнүнэн бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр, 3 — 7 уонна 8 — 17 саастаахтарга көрүллэр харчынан өйөбүл, маны сэргэ 0 — 16 саастаахтарга ыйдааҕы босуобуйа.

Сиһилии: https://ysia.ru/maksimalnyj-razmer-edinogo-posobiya-dlya-semej-s-detmi-v-yakutii-sostavit-26-3-tysyachi-rublej/

This post was published on 30.12.2022 15:01 15:01