Улуус үрдүнэн оттуур ходуһаҕа 362 киһи үлэлиир. Бу күн туругунан 1549 туонна от оттонон, былаан 28,4% тэҥнэстэ. Ааспыт сыл бу күннэргэ 1071 туонна ылыллан турар эбит. Улуус салалатата бэлиэтииринэн быйыл отчуттар хотуурдарын ааспыт сылтан эрдэ түһэрбиттэр, диэн «Халыма долгуннара» суруйар.
Номнуо от ыйа түмүктэннэ. Ходуһа аайы от үлэтин үгэнэ салҕанар. Сорох хаһаайыстыбалар быйылгы былааннарын толордулар. Ол курдук биир бастакынан Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр Владимир Слепцов салайааччылаах «Арчы» кэпэрэтиип 60 туонна ылан былаанын толордо. Билигин кэтэх хаһаайыстыбаларга күүс-көмө буолар. Онон бу күн Эбээхтэр отторун былаана 25,1% тэҥнэстэ. Бастакы Мээтискэ Дмитрий Бекренев биригээдэтэ 30 туонна саппаас от бэлэмнээн, былаанын толордо. Билигин кини сайаапка быһыытынан кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо көмөлөһөр. Өлөөкө Күөлүгэр сылгы Собуотун Чоҥкуйа учаастага былаанын 50% толордо.
Маны сэргэ, сылгы Собуотун тэрилтэтигэр, дьарыктаах буолуу киинин өйөбүлүнэн, 10 оҕо үлэлээн-хамнаан сайынын туһалаахтык атаарар. Ол курдук сылгы Собуотун Ойуһардаахтааҕы филиалыгар Родион Бандеров биригээдэтигэр 4 оскуола үөрэнээччитэ (1 оҕо ас астааччы көмөлөһөөччүтэ, 3 оҕо отчут) киирэн үлэлиир.
Өлөөкө Күөлүгэр оҕолор Махса уонна Чоҥкуйа сылгы көрөр учаастактарыгар сылгыһыт көмөлөһөөччүтүнэн, «Сарыал» ынах сүөһү иитиллэр пиэрмэтигэр бостуугунан уонна үүт аһын оҥорор сыахха үлэлииллэр.Тустаах хамсааһын, Орто Халыматааҕы дьарыктаах буолуу киининэн бигэргэммит, 14-тэн 18 саастарыгар диэри сокуоннайа суох саастаах оҕолору иллэҥ бириэмэлэригэр дьарыктаах оҥоруу бырагыраама тосхолунан үлэлиир. Онон үлэһит оҕолор сылгы Собуотун тэрилтэтэ төлүүр хамнаһын таһынан, дьарыктаах буолуу кииниттэн эмиэ материальнай өйөбүл ылаллар.
Сылгы Собуотун салалтата иһитиннэрэринэн, от ыйын 28 күнүгэр «Биир күн дьылы аһатар» девизтээх нэһилиэнньэ күүһүнэн окко субуотунньук буолара былааннанар.
Ааптар: Саргылана Кокорина
This post was published on 28.07.2023 15:45 15:45